Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 6 из 20
Всего записей: 199

9 месяцев назад

“Оҕо сатабыла” – дьиэ кэргэн иллээх эйгэтэ

Тааттаҕа сэттис сылын “Оҕо сатабыла” (“Умения детей”) диэн чемпионат буолан ааста. Быйыл оруобуна Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, оттон Тааттаҕа Итэҕэл, эрэл, таптал сыллара.  Бу чемпионат уратыта диэн, манна оҕолор айар-тутар сатабылларын эбээлэрин-эһээлэрин, ийэлэрин-аҕаларын, эдьиийдэрин-убайдарын, доҕотторун  кытта кыттыһан бииргэ көрдөрөллөр. Бу да сырыыга эмиэ үчүгэйдик бэлэмнэн кэлбит, 24 киһилээх хамаанданы 6 массыынан тиэйэн Далее…

9 месяцев назад

“Kommuniist”-“Таатта”=85 сыл

“Таатта” хаһыат улуус олоҕун сырдаппыта, оройуон устуоруйатын сурукка тиспитэ, нэһилиэнньэни үтүөҕэ, ситиһиигэ көҕүлээбитэ, маассабай үлэни тэрийбитэ 85 сыл буолбут. Бу бэлиэ түгэҥҥэ биир идэлээхтэрин ыҥыран, кулун тутар 21-22 күннэригэр бэртээхэй бырагыраамалаах тэрээһиҥҥэ сырытыннардылар. Тыҥ хатыыта уһуктан, халлаан суһуктуйуута куораттан турунан, күнү көрсө айаннаан, Чурапчыга диэри аспаал суолунан начаас элэҥнэтэн, ытык Таатта кыраныыссатыгар сарсыарда 9 чааска ыраахтан-чугастан Далее…

9 месяцев назад

“Доҕордоһуу” түмэлэ: кэми, көлүөнэлэри, норуоттары ситимнээн

“Хараабылы хайдах ааттыыгын да, соннук устуо” диэн этэллэринии, Өлүөнэтээҕи судаарыстыбаннай историко-архитектурнай заповедник-музей “Доҕордоһуу” диэн ил истиҥ иэйиитинэн илгийэр иһирэх ааттаах буолан, манна өрүү ыраахтан-чугастан араас омук дьоно тоҕуоруһа мустар, дуоһуйа сынньанан, астынан барар. Чахчыта да, бу түмэл норуоттар доҕордоһууларын эйэлээх эйгэтин түстүүр  тосхолун түөрт уонча сыл кэриҥэ туллаҥнаппакка тутуһан кэллэ. – 1632 сыл бэс ыйыгар Өлүөнэ Далее…

10 месяцев назад

Дьиэ кэргэн олимпиадата

Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларынан,  Балыктаахха кулун тутар 14 күнүгэр өр сылларга Балыктаах оскуолатыгар  математика учууталынан өр кэмҥэ үлэлээбит, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина, СӨ Учууталларын учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Марфа Захаровна Федорова аатын үйэтитэр сыаллаах V-VI кылааска үөрэнэр оҕолордоох дьиэ  кэргэттэргэ математикаҕа олимпиада буолла. Матта, Тарат, Төҥүлү, Тумул, Дьабыыл оскуолаларыттан барыта 27 Далее…

10 месяцев назад

Баппаҕаайыга эдэр педагогтар тоҕуорустулар

Кулун тутар 14 күнүгэр Бүлүү улууһун Баппаҕаайы М.А. Алексеев аатынан оскуолатыгар «Молодые педагоги – радость полета» диэн VI региональнай куонкурус Баппаҕаайы оскуолата тѳрүттэммитэ 95 сылыгар уонна саха тылын, литературатын учуутала, кыраайы үѳрэтээччи, РСФСР үѳрэҕириитин уонна Саха АССР физкультуратын, спордун туйгуна, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Егор Сидорович Алексеев төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах буолла. Е.С. Алексеев төрөөбүт Далее…

10 месяцев назад

Кэрэни көрбүппүт…

1996 сыллаахха Таатта Дьохсоҕонугар улахан тэрээһин буолбута. Чөл олох тула кэпсэтиилээх, кэмпириэнсийэлээх уонна киэһэтин кэнсиэрдээх. Дьэ, ол кэнсиэр улаатан эрэр кыргыттарга, биһиэхэ, улаханнык сабыдыаллаабыта: ол күн кэрэни илэ көрбүппүт… Уонна бары, кинилэр курдук, кырасыабай буолуохпутун баҕарбыппыт…    “Айыы Куо” муода тыйаатырын бастакы уонна бастыҥ кэрэчээнэлэрэ: Алена Алексеева, Наталия Баишева, Юлия Чумаевская уонна Лана Лугинова, биһиги Далее…

10 месяцев назад

Олоҥхону чинчийэр оҕолор

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Аммаҕа кулун тутар 21-22 күннэригэр «Ысыах олонхо в Амге: эпос, диалог поколений, взгляд в будущее» диэн научнай-методическай XIV кэмпириэнсийэ ыытыллар. Бу кэмпириэнсийэҕэ кыттыахтаах 17 оҕо, Амма улууһун Мээндиги, Бөтүҥ, Өнньүөс, Болугур, Эмис, Соморсун, Сулҕаччы, Абаҕа оскуолаларыттан түмүллэн, чинчийэр эспэдииссийэни тэринэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр үлэлээтилэр. -Аммалар “Айыы намыһын ырыаһыттар” диэн бырайыактаахпыт. Ол чэрчитинэн Далее…

10 месяцев назад

Буктрейлер күрэҕин кыттыылаахтара “Сосновый бор” лааҕырга сынньаннылар

“Саха Сирин култуурата” айар холбоһук саха тылын харыстыыр, сайыннарар, үйэтитэр уонна тарҕатар соруктаах “ҺӨҔҮҤ” хамсааһынын чэрчитинэн, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ өйөбүлүнэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ былырыын “ҺӨҔҮҤ: сахалыы айымньы” диэн буктрейлер өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕин киэҥ далааһыннаахтык уонна үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыта. Алын сүһүөх кылаастартан саҕалаан, 35-тэригэр диэри саастаах ыччат дьон Булуҥтан, Мииринэйтэн, Өлөөнтөн, Абыйтан, Орто Халыматтан, Өлүөхүмэттэн, Далее…

10 месяцев назад

Сахалыы тыыны күүһүрдэр, эр киһи сүрүн бөҕөргөтөр күрэх

Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕар уолаттарга аналлаах “Тыл хоһууна-2024” тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Бу күрэҕи 2012 сыллаахха Анна Андреевна Холмогорова, Дорҕоон Дохсун  Аллараа Бэстээххэ ыыппыттара. Онно Балыктаах агрооскуолатын саха тылын учууталлара Молукова Сардаана Степановна уонна Цыпандина Күннэйэ Николаевна, нуучча тылын учууталлара Бурнашева Анна Филаретовна уонна Говорова Ангелина Николаевна, улаатан эрэр уолаттары хоһоон ааҕыытыгар уһуйан, көхтөөхтүк кытыннарбыттара. Далее…

10 месяцев назад

Атаҕастабыллаах кырдьык туһунан

Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар Гаврил Иннокентьевич Адамов-Сайдам саҥа тахсыбыт “Атаҕастабыллаах кырдьык» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Дьон элбэх кэлбит. Мин кинигэни атыылаһарбар, Гаврил Иннокентьевич: “Тылла этээр”, – диэбитэ. Ол иһин кинигэни кытта билистим. Син эттээх кинигэ буолбут. Олоххо буолбут чахчыларга олоҕуран суруллубут историческай роман  эбит. Урут оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, Степанов Иннокентий Васильевич диэн дириэктэрбит саха тылын үөрэтэрэ. Далее…