Архивы Культура - Блоги Якутии

3 часа назад

“Көмүс устуудьуйа” көмүс түгэни бэлэхтээтэ

Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены 1974 сыллаахха бүтэрбит устуудьуйа 50 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар буолла. Маҥнай сыанаҕа баар кыра быыс аһыллар, онно “көмүс устуудьуйа” диэн ааттаммыт, 50 сыллааҕыта үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбит артыыстар тураллар. Бары сахалыы таҥастаахтар. Тэрээһини биллиилээх режиссер Андрей Саввич Борисов иилээн-саҕалаан ыытта. Бары да ааттаах-суоллаах норуот таптыыр Далее…

2 дня назад

Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт

Аныгы дьон оҕону бэйэ эрэ холобурунан иитэр кыахтааххын бэркэ өйдүүр буолан, ааҕыыны көҕүлүүргэ ийэ, аҕа, эбэ, эһэ бары кыттыһаллара хайҕаллаах. Ол туоһута бу роликтар – дьиэ кэргэнинэн хоһоон ааҕалларын уонна уус-уран айымньыны билиһиннэрэр буктрейлердары оҥорбуттарын сэҥээрэн көрүҥ. Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сыллара түмүктэнэн эрэр. Ил Дархан кэлэр 2025 сылы Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Далее…

5 дней назад

Биһиги Панабыт

Мин Пантелеймон Иннокентьевич Степановтыын биир кылааска үөрэммиппит. Кини оҕо эрдэҕиттэн сүрдээх сэргэх, көрдөөх-нардаах, онон кини баар буолла да, сэһэн-сэппэн көҕүлүттэн тутуллар, көннөрү да чахчыттан үчүгэйин, көрүдьүөстээҕин булан ылан кэпсээн, биһигини куруук күллэртиир. Биһиги кылаас уолаттарбыт элбэх буолан, мэниктэр ахсааннарыгар киллэрэллэр эбит. “Ол гынан баран, оччотооҕу оҕолор туох куһаҕаны оҥоруохтарай, көннөрү мэниктээһиннэрэ уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта тутуһан Далее…

5 дней назад

Айымньыны ойуулугунан билиһиннэрэбит

Эдэр  худуоһунньуктар ыччакка сахалыы айымньылары аахтарар туһуттан оҥорбут ойуулуктарын түмэн таһаарабыт. Төрөппүттэр оҕолоргутугар, учууталлар үөрэнээччилэргитигэр бу анимационнай буктрейлердары көрдөрүҥ. Буктрейлердары сөбүлээбит буоллаххытына, “лайк” туруоруҥ.

6 дней назад

Тыйаатыр баарын тухары кини аата ааттаныа

Бу күннэргэ РСФСР, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Федот Федотович Потапов төрөөбүтэ 95 сылын туолар. Амма улууһугар үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ ыҥырыллыбыттар – Ф.Ф. Потапов огдообото, саха норуодунай, үтүөлээх артыыһа, П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Зоя Багынанова, кыыһа СӨ үтүөлээх артыыһа Елизавета Потапова, сиэнэ Спартак Слепцов, күтүөтэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Павлов уонна Саха тыйаатырыттан култуура үтүөлээх Далее…

1 неделя назад

Хаһан эрэ тыа сирин кулуубугар…

1997 сыллаахха Таатта Дьохсоҕонугар буолбут кэнсиэрдэртэн нүөмэрдэр. Норуот тапталлаах ырыаһыттара Эдьиий Марыына, Анастасия Варламова, Владимир Заболоцкай, Степан Васильев, Аскалон Павлов, Бүөккэ Бөтүрүөп, “Айыы Куо” муода тыйаатыра, йогалар, “Доҕордоһуу” норуодунай ансаамбыл  үҥкүүһүт кыргыттара уонна конферансье Александр Тойтонов көстөн ааһыахтара. Ааспыт 90-с сыллары ахта-саныы, кэнсиэри көрөргүтүгэр ыҥырабыт. “Айыы Куо” муода тыйаатырын кыргыттарын, өрөспүүбүлүкэ ааттаах-суоллаах бастакы кырасаабыссаларын – Далее…

2 недели назад

Сотрудники Национальной библиотеки Якутии приняли участие во Всероссийской научно-практической конференции «Библиотеки и читатели, книги и тексты в цифровую эпоху»

4-5 декабря 2024 г. в Российской национальной библиотеке состоялась Всероссийская научно-практическая конференция «Библиотеки и читатели, книги и тексты в цифровую эпоху», на которой участники обменялись результатами научной и практической деятельности, обобщили опыт работы и собрались для межпрофессиональной коммуникации по актуальным проблемам чтения, читательской деятельности и книжной культуры. Кроме пленарного заседания, были организованы четыре сессии: «Чтение Далее…

2 недели назад

Оҥоһуу өй сахалыы саҥардаҕына, тылбыт хаһан да сүтүө суоҕа

Дьэ, доҕоор, махтал буоллун, улахан уонна суолталаах үлэҕэ кыттыһарга соруммуккар! Бастаан маны болҕойон аах дуу… Бу билиҥҥи кэммитин, олох үөһүттэн буолбакка, ханна эрэ үөһэ тахсан, ыраахтан одуулаатахха, билигин саха тылын, култууратын туһугар ыытыллар үлэбит, дьаһалларбыт, тэрээһиннэрбит, күрэхтэрбит үксэ күн бүгүн манна олорор уонна кэлэр үс-түөрт көлүөнэ дьоҥҥо эрэ туһуланаллар эбит. Ол диэн, бириэмэ түмүгэ биллибэт Далее…

2 недели назад

Кини саха дьахтара сайдар саргытын түстээбитэ

Мин уолбалар ыытар тэрээһиннэрин наһаа сөбүлүүбүн – кинилэр киэнэ өрүү дириҥ ис хоһоонноох буолар. Аатыгар эрэ тэрийэр буолбакка, хайаан да суолтатын хас биирдии киһи өйдөөн барарын курдук былааннаан, сценарийдаан, бэлэмнээн ыытар уратылаахтар.   Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн, Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин дьаһалтата, култуурата, оскуолата, этэргэ дылы, бүтүннүү көһөн киирэн, Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр биир дойдулаахтара Мария Николаевна Далее…

3 недели назад

Эллэй хоһооннорун аныгы ньыманан тиэрдэргэ сорунан

Саха суруйааччыларыттан бастакынан норуодунай поэт буолбут Серафим Романович Кулачиков-Эллэй бүгүн сэтинньи 29 күнүгэр төрөөбүтэ 120 сылын туолла. “ҺӨҔҮҤ” хамсааһын чэрчитинэн, Национальнай бибилэтиэкэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук оҕолорго видеопоэзия күрэҕин ыыппыта. V-VII кылаастарга Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин Г.В. Ксенофонтов аатынан оскуолатын  үөрэнээччитэ Лилиана Гоголева кыайыылаах тахсыбыта (сал. Л.А. Гоголева, Р.И. Самсонова). Лилиана Эллэй Далее…