Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 3 из 20
Всего записей: 199

2 месяца назад

Хорсун санаалаах уолаттарбытын умнубаппыт

Арассыыйаҕа сэтинньи 8 күнэ – Сулууспаларын эбээhинэhин толоро сылдьан, олохторун толук уурбут Ис дьыала уорганын үлэhиттэрин кэриэстиир күн.  Бу күн биhиги оскуолабытыгар биир дойдулаахпыт Никифоров Конон Николаевич туhунан ахтан-санаан, оҕолорго билиhиннэрэр Кэриэстэбил күн буолла. Конон Николаевич Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын дьуhуурунай чааhыгар милиционерынан үлэлии сылдьан, Бүлүү куоратыгар сулууспатын кэмигэр, баара-суоҕа 25 сааhыгар, 1995 сыл ыам Далее…

2 месяца назад

Эрэл көмүс далаһатын устун…

         “Олох суолун хайыһар трассатыгар холуохха сөп. Биир түгэҥҥэ старт бэриллэр уонна ханна эрэ хайаан да биэтэгэ кэтэһэр. Трасса түһүүтэ-тахсыыта суох буолбат, сыырдары дабайыылаах, иҥнэри сирдэринэн ааһыылаах, хабылык-халтархай хаардардаах”. Итинник диэн киирии тылтан – олох уонна хайыһар суолун тэҥнии тутан  хоһуйууттан саҕаланар – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хайыһардьыт, 9 төгүллээх чөмпүйүөн, Саха сирин спордун сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх Далее…

2 месяца назад

Тобуруокап Тарааһа, Танюшата уонна да атын доҕотторбут

Алтынньы 25 күнүгэр Саха Сирин норуодунай поэта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, култуура үтүөлээх үлэһитэ Бүөтүр Тобуруокап 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Ороһутугар күн сирин көрбүтэ. Онон бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноругар оҕолор оҥорбут роликтарын түмэн таһаарабыт. Бу  тэттик киинэлэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук, итиэннэ “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, сахалыы Далее…

2 месяца назад

Махтал кинигэтэ

Махтал диэн наһаа күүстээх ньэгир. “Ол иһин хардарыта махтанан, эрчими эбэр эниэргийэни иҥэриниэхтээххит”, – диэн уйулҕаһыттар сүбэлииллэр.          “Норуот эмчитэ Михаил Фомич Чашкин” диэн кинигэни Дьокуускай олохтоохторугар билиһиннэрэр дьоро күҥҥэ Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалата МАХТАЛ сылаас тыынынан илгийдэ. Тыл эппиттэр бары айылҕаттан айдарыылаах Чааскыннарга уонна бу кинигэни таһаарбыт “Таатта” хаһыат эрэдээксийэтигэр махтаннылар, оттон хомуйан Далее…

2 месяца назад

Киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ

Иннокентий Васильевич Степанов биһигини саха тылыгар, литературатыгар үөрэппитэ. Онно аан маҥнай айымньыга биһирэмнээх, омсолоох геройдар баалларын билбиппит. Ол иннинэ син эппиттэрэ буолуо да буоллар, иҥэн-хаһан долоҕойбутугар тохтоппотохпут быһыылаах. Хайа да уус-уран айымньы конфлига суох буолбатын чиҥник биллэрбитэ. Чахчы, киэҥ уонна дириҥ билиилээх учуутал эбит этэ. Степановтар Далырга ананан учууталлыы кэлбиттэрэ. Иннокентий Васильевич завуч буолбута. Долгуннурар Далее…

2 месяца назад

Дьоруойу чиэстиир дьоро тэрээһин

Кыстык хаар түһүөхтээх Бокуруоп күнүгэр Дьокуускай, үрүҥ үллүгүн бүрүнэн, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх көстүүтэ буолла  – тула сып-сырдык, барыта ып-ыраас, мааны кыыстыы мап-маҥан… Ол үөрүү үлүскэнин үрдэтэ, Бырабыыталыстыба 1-кы №-дээх дьиэтин саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев РФ Дьоруойун албан аатын ылбыт Родимир Дмитрьевич Максимовы өрөгөйдөөх быһыыга-майгыга көрсөн эҕэрдэлээтэ. Бурхаат байыаспыт кырыктаах кыргыһыыга көрдөрбүт  хорсун быһыытын Далее…

3 месяца назад

Тоҕо мин биэрбит кинигэм арыллыбатый?

“Бэйэм үппэр чааһынайдарга таһаартарбыт кинигэбиттэн 3 эксэмпилээрин Национальнай бибилэтиэкэҕэ илдьэн биэрбитим. Ол оннук хаалбыта, умнан да кэбиспитим. Арай биир үтүө күн дьүөгэм миэхэ сигэ ыытта. “Бу мин кинигэм сыылката, ааҕаар”, – диэтэ. Арыйан көрөн баран: “Наһаа үчүгэй эбит дии, кинигэни маннык бүтүннүү куоппуйалаан угаллара”, – диэн биһирээтим. “Национальнай бибилэтиэкэ электроннай бибилэтиэкэтин кинигэлэрин итинник онлайн ааҕыахха Далее…

3 месяца назад

Арассыыйа Дьоруойа дойдутугар кэллэ

“Кимий?” – диибин, “Кини”, – дииллэр, Кими эрэ кэтииллэр… Ити ырыаҕа сырдык уоттаах дьиэттэн Үлэ Дьоруойун  оһуохайга кэлэрин күүтэр эбит буоллахтарына, биһиги, таатталар, алтынньы 9 күнүгэр сарсыардаттан Арассыыйа Федерациятын Дьоруойун албан аатын сүкпүт РОДИМИР ДМИТРИЕВИЧ МАКСИМОВЫ  күүттүбүт. Оборона миниистирэ Андрей Белоусов илиититтэн Көмүс Сулуһу түөһүгэр иилиммит Дьоруой уолбут сарсыарда 7 чааска Москубаттан көтөн кэлиэхтээх этэ. Ону Далее…

3 месяца назад

Бэдьимэ иитэр-үөрэтэр кыһатын бүгүҥҥү олоҕуттан…

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин уонна “Саха Сирин култуурата” айар ыччат уопсастыбаннай холбоһугун ҺӨҔҮҤ диэн саха тылын сонун ньымаларынан тарҕатарга туһуламмыт бырайыагын чэрчитинэн буктрейлер уонна видеопоэзия күрэхтэрин тэрийэн ыыппыппыт. Онно иккиэннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ Н.Д. Неустроев аатынан оскуолата көхтөөхтүк кыттыбыта. Онон кинилэргэ биһирэбил бириис быһыытынан Национальнай бибилэтиэкэ медиа-киинин видеографа Михаил Эверстов-Соргу ролик оҥорон биэриэхтээх диэн эрэннэрбиппит. Далее…

3 месяца назад

Киинэ устуута саҕаланна

Өрөбүлгэ Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр Трудовойугар барыахтаах этибит. Мэйиктэн биһигини ыла кэлэ испит массыынабыт Горнай Аһыматыгар чугаһаан иһэн алдьанан хаалбыт. “Хата, кэлэн иһэн алдьаммыт, баран иһэн алдьаммыта буоллар, куһаҕан буолуо этэ”, – дэстибит. Оскуола дириэктэрэ Николай Анисимович Саввинов, бэйэтинэн саппаас чаас булан, түүннэри кэлэн оҥорбуттар. Онон сарсыныгар күнүс биир чаас диэки Дьокуускайтан хоҥуннубут. Оҕону таһар Далее…