Архивы История - Блоги Якутии

3 часа назад

“Көмүс устуудьуйа” көмүс түгэни бэлэхтээтэ

Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены 1974 сыллаахха бүтэрбит устуудьуйа 50 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин П.А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар буолла. Маҥнай сыанаҕа баар кыра быыс аһыллар, онно “көмүс устуудьуйа” диэн ааттаммыт, 50 сыллааҕыта үөрэхтэрин бүтэрэн кэлбит артыыстар тураллар. Бары сахалыы таҥастаахтар. Тэрээһини биллиилээх режиссер Андрей Саввич Борисов иилээн-саҕалаан ыытта. Бары да ааттаах-суоллаах норуот таптыыр Далее…

5 дней назад

Айымньыны ойуулугунан билиһиннэрэбит

Эдэр  худуоһунньуктар ыччакка сахалыы айымньылары аахтарар туһуттан оҥорбут ойуулуктарын түмэн таһаарабыт. Төрөппүттэр оҕолоргутугар, учууталлар үөрэнээччилэргитигэр бу анимационнай буктрейлердары көрдөрүҥ. Буктрейлердары сөбүлээбит буоллаххытына, “лайк” туруоруҥ.

2 недели назад

Оҥоһуу өй сахалыы саҥардаҕына, тылбыт хаһан да сүтүө суоҕа

Дьэ, доҕоор, махтал буоллун, улахан уонна суолталаах үлэҕэ кыттыһарга соруммуккар! Бастаан маны болҕойон аах дуу… Бу билиҥҥи кэммитин, олох үөһүттэн буолбакка, ханна эрэ үөһэ тахсан, ыраахтан одуулаатахха, билигин саха тылын, култууратын туһугар ыытыллар үлэбит, дьаһалларбыт, тэрээһиннэрбит, күрэхтэрбит үксэ күн бүгүн манна олорор уонна кэлэр үс-түөрт көлүөнэ дьоҥҥо эрэ туһуланаллар эбит. Ол диэн, бириэмэ түмүгэ биллибэт Далее…

4 недели назад

“Төлкөнү” билбэт төлкөлөнүмүөххэ

Сэтинньигэ элбэх суруйааччы төрөөбүт: Ойуунускай, Алампа, Чысхаан… Оттон бүгүн сэтинньи 22 күнүгэр Николай Гаврилович Золотарёв-Якутскай  күнү көрбүт (1908-1995 сс). Былырыын бу “Блоги Якутии” интэриниэт-сурунаал “Сахалыы сэһэргиэх” былаһааккатыгар Мария Неймохова ыстатыйатын таһаарбыппыт. Онно кини  1988 сыл балаҕан ыйыгар кэргэнэ Егор Неймохов Николай Якутскайы, 80 сааһын үбүлүөйдээх тэрээһиннэринэн, Бүлүү улуустарынан арыаллаабытын туһунан суруйбута. Ол айаҥҥа сылдьыспыт Иван Далее…

1 месяц назад

Семинар-практикум «Академия читательского мастерства»

1–2 ноября в Москве состоялся ежегодный семинар-практикум «Академия читательского мастерства», организуемый Русской ассоциацией чтения (РАЧ) совместно с Всероссийской государственной библиотекой иностранной литературы (ВГБИЛ).

1 месяц назад

Улуу суруйааччы хоһооннорун улуу артыыс ааҕар

Бүгүн Анемподист Иванович Софронов-Алампа  төрөөбүт күнүнэн кини хоһооннорун норуодунай артыыс Гаврил Гаврильевич Колесов 1996 сыллаахха суруйааччы төрөөбүтэ 110 сылын  бэлиэтиир дьоро тэрээһиҥҥэ аахпытын таһаарабыт. Бу үбүлүөйдээх тэрээһин Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр буолбута. Алампа аатынан кулуупка, билиҥҥинэн Норуот айымньытын дьиэтигэр.

1 месяц назад

Сырдык уобараһа «Үйэлэри уҥуордаан» сыдьаайа тыктаҕа…

Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларын турууласпыттар – сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэркээн бэйэлээх уолаттар этилэр. Уонна хайдах курдук, улахан бэлиитиктии мындырдык, наада буоллаҕына ньуолбардык, ситиһии туһугар киирсибиттэрэй?! Киһи сөҕөр эрэ.  Ол уолаттартан биирдэстэрин Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан режиссёр Руслан Тараховскай Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов “Үйэлэри уҥуордаан” саҥа испэктээгин Далее…

1 месяц назад

Хорсун санаалаах уолаттарбытын умнубаппыт

Арассыыйаҕа сэтинньи 8 күнэ – Сулууспаларын эбээhинэhин толоро сылдьан, олохторун толук уурбут Ис дьыала уорганын үлэhиттэрин кэриэстиир күн.  Бу күн биhиги оскуолабытыгар биир дойдулаахпыт Никифоров Конон Николаевич туhунан ахтан-санаан, оҕолорго билиhиннэрэр Кэриэстэбил күн буолла. Конон Николаевич Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын дьуhуурунай чааhыгар милиционерынан үлэлии сылдьан, Бүлүү куоратыгар сулууспатын кэмигэр, баара-суоҕа 25 сааhыгар, 1995 сыл ыам Далее…

2 месяца назад

Тобуруокап Тарааһа, Танюшата уонна да атын доҕотторбут

Алтынньы 25 күнүгэр Саха Сирин норуодунай поэта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, култуура үтүөлээх үлэһитэ Бүөтүр Тобуруокап 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Ороһутугар күн сирин көрбүтэ. Онон бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноругар оҕолор оҥорбут роликтарын түмэн таһаарабыт. Бу  тэттик киинэлэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук, итиэннэ “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, сахалыы Далее…

2 месяца назад

Махтал кинигэтэ

Махтал диэн наһаа күүстээх ньэгир. “Ол иһин хардарыта махтанан, эрчими эбэр эниэргийэни иҥэриниэхтээххит”, – диэн уйулҕаһыттар сүбэлииллэр.          “Норуот эмчитэ Михаил Фомич Чашкин” диэн кинигэни Дьокуускай олохтоохторугар билиһиннэрэр дьоро күҥҥэ Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалата МАХТАЛ сылаас тыынынан илгийдэ. Тыл эппиттэр бары айылҕаттан айдарыылаах Чааскыннарга уонна бу кинигэни таһаарбыт “Таатта” хаһыат эрэдээксийэтигэр махтаннылар, оттон хомуйан Далее…