Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 7 из 20
Всего записей: 199

10 месяцев назад

Хатастар “ревизордара” куоракка кэлэн барда

Улуу суруйааччы Николай Гоголь икки үйэ анараа өттүгэр суруйан кэбиспит “Ревизор” кэмиэдьийэтэ күн бүгүнүгэр диэри суолтатын сүтэрбэт буолан, режиссердар бу былыргыттан быйылгыга диэри тыһыынчата сыанаҕа оонньоммут айымньыга интэриэстэрэ уҕараабат, бэйэлэрин көрүүлэринэн уратытык туруоран, сонун испэктээктэри көрөөччүгэ билиһиннэрэ тураллар. Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр режиссера Евдокия Семенова туруорбут “Ревизора” аныгы кэм салгынынан илгийэргэ дылы. Ол курдук, Гоголь күлүү-элэк Далее…

11 месяцев назад

Ноҕуруодап уҥуоҕар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут

Саха алпаабытын оҥорбут лингвист учуонай С.А. Новгородов төрөөбүт олунньу 13 күнүн бастакы бэрэсидьиэммит М.Е. Николаев 1996 сыллаахха Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэрбитэ. Бу күн Санкт-Петербург куоракка, Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин салайыытынан, Смоленскай кылабыыһаҕа, Ксения Петербургская часовнятын аттыгар, С.А. Новгородов уҥуоҕар сахалар мустан, сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Бэрэстэбиитэлистибэттэн С.Константинов, Е. Петров, “Саха – Санкт-Петербург” уопсастыба салайааччыта Далее…

11 месяцев назад

Саха Сирин эмтээх үүнээйилэрин биир бастакынан чинчийбит учуонай аатынан ааҕыылар

 Оскуола бибилэтиэкэтигэр алын сүһүөх кылаас оҕолорун кытта олоробун. “Хайа, ким ааҕыыларга кыайардыы кэллэ?” – диэн ыйытар учууталлара. Онуоха: “Мин, мин!” – диэн бары былдьаспыттыы эппиэттииллэр. “Маладьыастар, бойобуойдуу туруктаах кэлбиккит үчүгэй!” – диэн хайгыыр. Онтон оҕолор, биир-биир чугаһаан, учууталларыгар дакылааттарын кэпсээн, бэлэмнэммитинэн бараллар. Бу кырачаан кыттааччылар Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтин А.И. Софронов-Алампа аатынан 1-кы №-дээх Далее…

11 месяцев назад

Хатыламматы хамсыыр хартыыҥкаҕа хатаан…

Саха киинэтэ аан дойду таһымыгар тахсар саргылаах суолун тэлбит дьонтон биирдэстэрэ Николай Маркович САНТАЕВ буолар. Кини, оҕо сааһын ыра санаатын толорон, ыраах Москуба куоракка Кинематография Бүтүн Сойуустааҕы судаарыстыбаннай университетыгар үөрэнэн, 1967 сыллаахха идэтийбит оператор  буолбутун туоһулуур дипломнаах Дьокуускайга төннөр.  Онтон ыла олох хатыламмат түгэннэрин хамсыыр хартыыҥкаҕа хатыыр үйэлээх үлэҕэ олоҕун аныыр. Оччотооҕу уһулар тэрил наһаа Далее…

11 месяцев назад

Бииргэ – ситиһиилээх сарсыҥҥыга!

Олунньу 3 күнүгэр Бүлүү улууһун Баппаҕаайы М.А. Алексеев аатынан уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар Горнай, Бүлүү улуустарын оскуолалара кыттыылаах «Вместе в успешное завтра» диэн дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста. Кэлбит ыалдьыттары сахалыы сиэринэн боҕуруускай отунан  ыраастаан, арыылаах  алаадьынан, кымыстаах  чороонунан  айах  тутан,  сахалыы тойугунан  көрүстүбүт. Дириэктэр Макаров Виталий Владиславович оскуола үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр экскурсияны  ыытта. Норуодунай учуутал Далее…

11 месяцев назад

Соҕотох бэйэтэ биир кыра нэһилиэк саҕа буола тэнийэр дьылҕата тартаҕа…

(Ленинград блокадатыттан босхолонуу 80 сылыгар) Уруккуну умуннахха утумҥун, ааспыты аахайбатаххына тирэххин сүтэриэҥ… Кырдьыга да оннук. Наар бүгүҥҥүгэ бүктэххэ, инникини ыраланарга ычаҥ кыараҕас буолара чуолкай. “80 сыл анараа өттүгэр Ленинград куоракка буолбут түгэҥҥэ тыһыынчанан көс ыраах сытар Саха Сирин олохтоохторо быһаччы сыһыаннаахтара дуо?”  – диэччи эмиэ баар буолуон сөп курдук… Ол эрээри ити төрдүттэн сыыһа санаа Далее…

11 месяцев назад

Куппут кылын таарыйар кыл кылыһаҕа кутулунна… 

Кырыымпа, кылыһахтаах куолас курдук, кыҥкынас тыаһа, дьикти дьүрүскэн буолан кутуллан, алыптаах дорҕооно көрөөччүлэри абылаата, бүдүмүк түгэх өйдөрүгэр дуораһыйан, сахалыы куттарын уһугуннарда, өбүгэлэрин кытта быстыспат ситимнэрин бөҕөргөттө… Оннук дьикти турукка киллэрбит бэртээхэй кэнсиэри СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа театральнай, Саха Сирин музыкальнай диэйэтэллэрин сойуустарын чилиэнэ Анна Томская бэлэхтээтэ. Чахчыта да, ураты култууралаах омук буоларбытын Далее…

11 месяцев назад

Кэрэ көмүскэлигэр…

Ленинград куората блокадаттан босхоломмута 80 сылын туолла. Онон сибээстээн П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра ”Кэрэ көмүскэлигэр” диэн испэктээги саҥалыы туруоран премьералаата. Былырыын ”Блокада килиэбэ” аахсыйа туһунан ыстатыйабар маннык суруйбут эбиппин. Ону уопсай билиһиннэрии быһыытынан ахтан аһарыым: ”Блокада 1941 сыл балаҕан ыйын 18 күнүттэн 1944 сыл тохсунньу 27 күнүгэр диэри 872 уһун унньуктаах күн устата барбыта. Далее…

12 месяцев назад

Биһиэхэ бэртээхэй бал буолла!

Араас хааччахтарынан бал буолбатаҕа ырааппыт эбит. Быйылгы Бэчээт күнүгэр, дьэ, көрсөн, суруналыыстар дуоһуйа сынньанныбыт, үөрэ-көтө үҥкүүлээн, оҕо курдук оонньоон-көрүлээн сэргэхсийдибит, махтал-хайҕал тылларыттан эрчимирэн, өссө айымньылаахтык үлэлииргэ күүс-сэниэ ылынныбыт.   Тэрээһин үөрүүлээх-өрөгөйдөөх чааһын саха араадьыйатын көмүс куоластара, тыыннаах номохторо Альбина Тарабукина уонна Эдуард Рудых иилээн-саҕалаан ыыттылар, оттон аралдьытар-сынньатар бырагырааматын ырыа куттаах биир идэлээхпит Иван Тарасов-Эрилик тамадалаан Далее…

1 год назад

Учуутал уонна уhуйааччы сылын түмүктүүбүт

Хас биирдии киһи олоҕор, дьылҕатыгар учуутал олус улахан оруолу ылар. Учуутал киһи дууһатыгар, ѳйүгэр-санаатыгар, үлэтигэр-хамнаһыгар олоҕун усталаах туоратын тухары сирдьит буолан хаалар. 2023 сыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна уhуйааччы сылынан биллэриллиэҕиттэн, Баппаҕаайы оскуолатын учууталлара, иитээччилэрэ араас таhымнаах куонкурустарга ситиhиилэрэ элбэх.  Учуутал уонна уhуйааччы сыла түмүктэнэн эрэринэн, М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын 2023-2024 үѳрэх дьылын былааныгар олоҕуран, Далее…