Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии
Всего записей: 183

12 часов назад

Чысхааннаах дойду номоҕо

Бүгүн сэтинньи 21 күнүгэр Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан төрөөбүт күнэ. Айар аата да этэринии, кини тымныы оройунан сураҕырар Өймөкөөҥҥө 1908 с. күн сирин көрбүтэ. Айар үлэтин саҕаланыытыгар Ойуунускай хайҕалын ылбыт уран тыл маастара Чысхаан биһиэхэ бэртээхэй айымньылары суруйан хаалларбыта. Олортон саха дьоно саамай билэрэ –  “Мааппа”. Оруобуна бу күннэргэ режиссер Алексей Романов ити кэпсээҥҥэ олоҕуран устубут  “Хаар Далее…

1 неделя назад

Улуу суруйааччы хоһооннорун улуу артыыс ааҕар

Бүгүн Анемподист Иванович Софронов-Алампа  төрөөбүт күнүнэн кини хоһооннорун норуодунай артыыс Гаврил Гаврильевич Колесов 1996 сыллаахха суруйааччы төрөөбүтэ 110 сылын  бэлиэтиир дьоро тэрээһиҥҥэ аахпытын таһаарабыт. Бу үбүлүөйдээх тэрээһин Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэр буолбута. Алампа аатынан кулуупка, билиҥҥинэн Норуот айымньытын дьиэтигэр.

1 неделя назад

Ойуунускайга анаан уһуллубут роликтар

Бүгүн халандаарга 11.11. чыыһыла. Сэтинньи 11 күнэ. Улуу убайбыт Ойуунускай төрөөбүтэ 131 сылын туолла. Барытыгар “1” сыыппара баарын курдук, кини үйэлэр тухары бастакы уонна бастыҥ буола туруоҕа. Бу бэлиэ күҥҥэ, үгэс курдук, дьон кини пааматынньыгар тоҕуоруһа муһунна, мэҥэ бэлиэтигэр сибэкки дьөрбөтүн ууран сүгүрүйдүлэр, ахтан-санаан аастылар. Оттон биһиги бүгүн Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускайга анаммыт уонна кини бэйэтэ Далее…

2 недели назад

Сырдык уобараһа «Үйэлэри уҥуордаан» сыдьаайа тыктаҕа…

Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларын турууласпыттар – сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэркээн бэйэлээх уолаттар этилэр. Уонна хайдах курдук, улахан бэлиитиктии мындырдык, наада буоллаҕына ньуолбардык, ситиһии туһугар киирсибиттэрэй?! Киһи сөҕөр эрэ.  Ол уолаттартан биирдэстэрин Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан режиссёр Руслан Тараховскай Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов “Үйэлэри уҥуордаан” саҥа испэктээгин Далее…

2 недели назад

Хорсун санаалаах уолаттарбытын умнубаппыт

Арассыыйаҕа сэтинньи 8 күнэ – Сулууспаларын эбээhинэhин толоро сылдьан, олохторун толук уурбут Ис дьыала уорганын үлэhиттэрин кэриэстиир күн.  Бу күн биhиги оскуолабытыгар биир дойдулаахпыт Никифоров Конон Николаевич туhунан ахтан-санаан, оҕолорго билиhиннэрэр Кэриэстэбил күн буолла. Конон Николаевич Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын дьуhуурунай чааhыгар милиционерынан үлэлии сылдьан, Бүлүү куоратыгар сулууспатын кэмигэр, баара-суоҕа 25 сааhыгар, 1995 сыл ыам Далее…

2 недели назад

Эрэл көмүс далаһатын устун…

         “Олох суолун хайыһар трассатыгар холуохха сөп. Биир түгэҥҥэ старт бэриллэр уонна ханна эрэ хайаан да биэтэгэ кэтэһэр. Трасса түһүүтэ-тахсыыта суох буолбат, сыырдары дабайыылаах, иҥнэри сирдэринэн ааһыылаах, хабылык-халтархай хаардардаах”. Итинник диэн киирии тылтан – олох уонна хайыһар суолун тэҥнии тутан  хоһуйууттан саҕаланар – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хайыһардьыт, 9 төгүллээх чөмпүйүөн, Саха сирин спордун сайдыытыгар сүҥкэн өҥөлөөх Далее…

4 недели назад

Тобуруокап Тарааһа, Танюшата уонна да атын доҕотторбут

Алтынньы 25 күнүгэр Саха Сирин норуодунай поэта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, култуура үтүөлээх үлэһитэ Бүөтүр Тобуруокап 1917 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Ороһутугар күн сирин көрбүтэ. Онон бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноругар оҕолор оҥорбут роликтарын түмэн таһаарабыт. Бу  тэттик киинэлэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна “Саха Сирин култуурата” айар холбоһук, итиэннэ “Ил Түмэн” издательскай дьиэ, сахалыы Далее…

4 недели назад

Махтал кинигэтэ

Махтал диэн наһаа күүстээх ньэгир. “Ол иһин хардарыта махтанан, эрчими эбэр эниэргийэни иҥэриниэхтээххит”, – диэн уйулҕаһыттар сүбэлииллэр.          “Норуот эмчитэ Михаил Фомич Чашкин” диэн кинигэни Дьокуускай олохтоохторугар билиһиннэрэр дьоро күҥҥэ Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалата МАХТАЛ сылаас тыынынан илгийдэ. Тыл эппиттэр бары айылҕаттан айдарыылаах Чааскыннарга уонна бу кинигэни таһаарбыт “Таатта” хаһыат эрэдээксийэтигэр махтаннылар, оттон хомуйан Далее…

1 месяц назад

Киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ

Иннокентий Васильевич Степанов биһигини саха тылыгар, литературатыгар үөрэппитэ. Онно аан маҥнай айымньыга биһирэмнээх, омсолоох геройдар баалларын билбиппит. Ол иннинэ син эппиттэрэ буолуо да буоллар, иҥэн-хаһан долоҕойбутугар тохтоппотохпут быһыылаах. Хайа да уус-уран айымньы конфлига суох буолбатын чиҥник биллэрбитэ. Чахчы, киэҥ уонна дириҥ билиилээх учуутал эбит этэ. Степановтар Далырга ананан учууталлыы кэлбиттэрэ. Иннокентий Васильевич завуч буолбута. Долгуннурар Далее…

1 месяц назад

Дьоруойу чиэстиир дьоро тэрээһин

Кыстык хаар түһүөхтээх Бокуруоп күнүгэр Дьокуускай, үрүҥ үллүгүн бүрүнэн, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх көстүүтэ буолла  – тула сып-сырдык, барыта ып-ыраас, мааны кыыстыы мап-маҥан… Ол үөрүү үлүскэнин үрдэтэ, Бырабыыталыстыба 1-кы №-дээх дьиэтин саалатыгар Ил Дархан Айсен Николаев РФ Дьоруойун албан аатын ылбыт Родимир Дмитрьевич Максимовы өрөгөйдөөх быһыыга-майгыга көрсөн эҕэрдэлээтэ. Бурхаат байыаспыт кырыктаах кыргыһыыга көрдөрбүт  хорсун быһыытын Далее…