Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 8 из 20
Всего записей: 199

1 год назад

Култуура – дойду СИЭРкилэтэ

Таатта оройуона тэриллибит күнүн көрсө, ахсынньы 20 күнүгэр Дьокуускай куоракка, Саха тыйаатырыгар, Таатта култууратын салалтата “Култуура – дойду сиэркилэтэ” диэн  аһаҕас кэпсэтиини тэрийэн ыытта. Атах тэпсэн олорон, салгыы сайдар суоллары тобулар сэһэргэһиигэ Дьокуускайга култуура эйгэтигэр айа-тута үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарын ыҥырбыттар. Туох барыта ырылхайдык тэйиччиттэн ордук көстөр дииллэринии, ыраахтан уонна тастан кэтээн көрөр дьон сүбэ-соргу Далее…

1 год назад

Олоҥхолоох ыччат – Олоҥхо ыһыахтаах Аммаҕа

“Олоҥхолоох айан” суола Тааттаттан Аммаҕа тыргыллан, ахсынньы 14 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Айыы балаҕаныгар тиэртэ. Онно дэлэгээссийэни улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Олоҥхо ассоциациятын Амматааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Ньургуйаана Ивановна Илларионованы кытта култуура салалтата көрүстэ.          Үйэлээҕи үксэтэ, үтүөнү үөдүтэ сылдьар ырыаһыт ыллам ыччаты Айыы балаҕанын дириэктэрэ Василий Васильевич Кочаткин арчылаата, сырыылара сатанарыгар аман тылынан алҕаата. Ньургуйаана Далее…

1 год назад

«Эргиччи эриэккэс» – эҥин эгэлгэ

Бүлүү Илбэҥэтигэр ахсынньы 15 күнүгэр Учуутал уонна уһуйааччы, итиэннэ нэһилиэкпитигэр Үйэтитии сыллара түмүктэнэн эрэллэринэн «Эргиччи эриэккэс» диэн бэрт сонун быыстапкалаах тэрээһин буолан ааста.  Учууталлар үлэлэрин таhынан сѳбүлүүр араас малларын, сылы сылынан мунньубут кэллиэксийэлэрин оскуола оҕолоругар уонна тѳрѳппүттэргэ аҕалан кѳрдѳрдүлэр. Бу ураты дьарык быыстапкаҕа И.Н. Жиркова таас сувенирдарын, чуораанчыкатарын; У.Н. Никифорова ньуоскаларын, брелоктарын, чуораанчыкатарын; А.С. Винокурова Далее…

1 год назад

Ытык Таатта Ытык Күөлүгэр

Улуу олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” айыллыбыт, уран тыл маастардара тахсыбыт ытык Таатта сиригэр “Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана сырыытын Ытык Күөлүнэн түмүктээтэ. Дэлэгээссийэни Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр көрүстүлэр, тыйаатыры көрдөрдүлэр. “Оҕобун маннык дьыссаакка үөрэ-көтө биэриэм этэ…” Оҕону олоҥхо педагогикатынан иитэр “Арылы Кустук” үөрэхтээһин уопсастыбаннай түмсүүтүн көрдөһүүтүнэн, “Олоҥхолоох айан: ноо!” десант кыттыылаахтара Ытык Күөлгэ Далее…

1 год назад

“Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо – Мэҥэ Алдаҥҥа

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан Мэҥэ Алдаҥҥа олоҥхо дьоро киэһэтэ буолла. Фойеҕа урукку туруорбут олоҥхолорун хаартыскалара, көстүүмнэрэ быыстапкаҕа туруоруллубуттар. Онон көрөөччү кулуупка киирээт, олоҥхо алыптаах эйгэтигэр куустарар. Егор Неймохов аатынан литэрэтиирэни уонна кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ А.П. Ефремова быыстапка экспонаттарын кэпсиирин иһиттилэр. Өссө түмэл үлэһиттэрэ М.Г. Комиссарова, А.П. Ефремова, Д.Н. Кривошапкина Далее…

1 год назад

Тустуу куттаах Дьууруй

Биһиги аҕабыт Юрий Гаврильевич Васильев ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Томпо оройуонун уонна Байаҕантай нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина олоҕун спорка анаабыта. Кини 1946 сыл кулун тутар 21 күнүгэр Сунтаар оройуонун Хоро нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ төрүт уус Хоро дьоно этилэрэ. Аҕата Васильев Гаврил Гаврильевич, оччотооҕу дьон сиэринэн, Далее…

1 год назад

Саха кыыһын аатын өрүү үрдэтэ сырыт!

“Cахалар бары маннык үрдүк уҥуохтааххыт, өйдөөххүт уонна кыраһыабайгыт дуо?” – диэн ыйыталлара киниттэн Анапаҕа бииргэ үөрэнэр оҕолоро. Оччоҕо Валя хайҕабыл аҥаардаах тыллартан долгуйан, истиҥник мичээрдиирэ, оттон биһиги ону истэн, норуотун туһунан атын дойдуга үтүө өйдөбүлү биэрэр балтыбытынан киэн туттарбыт. Чахчыта да, Валентина Михайлова оҕо эрдэҕиттэн таһым уонна дьоһун киһи. Ол иһин Ставропольга буолбут “Мисс Студенчество Далее…

1 год назад

Мэҥэ тойуктаах норуоттарга холобур буолабыт

Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сыл ыам ыйын 17 күнүнээҕи дьаһалыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ үбүлээһининэн, олоҥхо энциклопедията хомуллан-таҥыллан оҥоһуллуохтаах. Бу научнай үлэ 5 томнаах буолар: бастакыта – олоҥхоһуттарга, иккиһэ – олоҥхо сюжеттарыгар, үсүһэ – олоҥхо персонажтарыгар, төрдүһэ – олоҥхо уопсастыбаҕа суолтатыгар, бэсиһэ – олоҥхону билим таһымыгар үөрэтии түмүктэригэр ананыаҕа. Олоҥхоһуттар тустарынан бастакы том номнуо кэлэр 2024 Далее…

1 год назад

Ойуунан олоҥхолообута  

Ким да солооботох, тэпсибэтэх, хаампатах суолунан бастакы барар хаһан баҕарар уустук. Сыралааҕын-сылаалааҕын ааһан, Махатма Ганди эппитинии: «Сначала они тебя не замечают, потом смеются над тобой, затем борются с тобой. А потом ты побеждаешь».   Итинник эндирдээх суолу СӨ норуодунай худуоһунньуга Тимофей Андреевич Степанов ааспыта. Олоҥхону, ойууннааһыны, сиэри-туому улаханнык сэҥээрбэт кэмнэригэр кини, илиитин араарбакка, саха итэҕэлигэр, Далее…

1 год назад

Ил Дархан истипиэндьийэтин туоһу суругун туттулар

Олоҥхо күнүн көрсө, Ил Дархан Айсен Николаев олоҥхону толорооччуларга, оһуокай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар анал истипиэндьийэтин туттарда. Үгэс буолбут төрүт дьарыкпытын, култуурабытын илдьэ, сайыннара, тарҕата, уһуйа сылдьааччыларга Ил Дархан ис сүрэҕиттэн махтанна. Кини сайдыы балысханнык барар бу тэтимнээх кэмигэр, күннэтэ уларыйа турар аан дойдуга төрүт култуурабытыгар тирэниэхтээхпитин тоһоҕолоон эттэ. Ол иһин кэнники сылларга бу эйгэҕэ Далее…