Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 9 из 20
Всего записей: 199

1 год назад

Саһарбыт лиистэрдээх сурунааллар, хаһыаттар

Оскуола библиотекатын норуоттар икки ардыларынааҕы күнүнэн Баппаҕаайы оскуолатын библиотекара Платонова Саргылана Семеновна үөрэнээччилэргэ анаан урукку кэмнээҕи кинигэлэр, сурунааллар, учебниктар быыстапкаларын тэрийдэ. Быыстапкаҕа кэлбит оҕолорго элбэх интэриэhинэйи кэпсээтэ. Урут эбээлэрбит почтанан суруттарбыт сурунаалларын биллибит. Ол курдук, көрдөрүүгэ баара: «Советская женщина» (1976 с.), «Работница» (1974 с.), «Крестьянка» (1984 с.), «Семья и школа» (1975 с.), «Здоровье» (1980 с.), Далее…

1 год назад

Туруҥ, туруҥ! Туойуҥ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр  Педагог уонна уһуйааччы сылынан, П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан, Ойуунускай айымньыларын уус-уран ааҕыы “Туруҥ, туруҥ! Туойуҥ!” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэ биллэриллэр.  БАЛАҺЫАННЬАТА Тэрийээччилэр: Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, Саха Сирин суруйааччыларын сойууһа, «Таатта» уопсастыбаннай түмсүү. Күрэс сыала-соруга: Былатыан Ойуунускай айар үлэтин үйэтитии, уус уран ааҕыыга угуйуу. Ыытыллар болдьоҕо: алтынньы 6 күнүттэн  сэтинньи 5 күнүгэр Далее…

1 год назад

Айар аналлаах, айыы айылгылаах Аайабыт

Улуу Энштейн: “Энергия лежит в основе всего”, – диэн  эппитин курдук, киһи эмиэ төһө эниэргийэлээҕиттэн кыаҕа-таһыма тутулуктаах эбитин дьэҥкэ өйдөөтүм.          Онуоха эн хайдах эйгэҕэ иитиллибитиҥ улахан сабыдыаллааҕын билиҥҥи кэм ойууна Кулан Хаан бэлиэтиир. Кини иитии (воспитание) диэн тылы “заряд” диэн өйдөбүлгэ сыһыаран сылыктыыр. Ол аата оҕо кыра сылдьан, батарыайка курдук, тулалыыр чугас дьонун тапталларынан, Далее…

1 год назад

138 сыл ыстаастаах ыанньыксыт Чириковтар

Иван Ефремович Чириковы ааспыт үйэ 80-с сылларыгар көрбүтүм. Кинини кытта Дьокуускайтан “Ракетанан” Мэҥэ Алдаҥҥа диэри айаннаабыппыт. Биһиги дьиэ кэргэнинэн уоппускаҕа эһэбитигэр сайылыы баран иһэр этибит. Иван Ефремович Чириков соҕурууттан иһэрэ, курортан дуу, мунньахтан дуу. Кыра уҥуохтаах, арылхай киэҥ харахтаах, хара куудара баттахтаах, саҥарбыт-иҥэрбит сытыы киһи этэ. Эдьиий Вера, Вера Михайловна Корнилова: «Грузиҥҥын быһыылаах”, – диэн Далее…

1 год назад

“Бу бырдаҕы кумаардаан да көрбөтөхтөрө”, – диэбэттэрин курдук…

Дьиҥэр, бу олоххо туох барыта көннөрү айыллар ээ. Ону киһи барахсан, өйдүүр-саныыр дьоҕурдаах, ыллыыр-ытыыр сүрэхтээх, үөрэр-долгуйар дууһалаах буолан, бэйэтэ суолталаан биэрэр: ханнык эмэ көтөрү ытык кыыл оҥостон сүгүрүйүө, биитэр эбээтин ытарҕатын үйэлэргэ кэриэстээн ууруо… Барыны бары ис хоһооннуур сиэрбитинэн, түҥ былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри мэҥэ бэлиэлэри туруорар үгэстээхпит. Онтукабыт биһиэнэ сүрүннээн устуоруйаны кэрэһилиир пааматынньык буолар. Далее…

1 год назад

Түмсүү – төлкө төрдө

Тоһуттар тымныылаах дойдуга өбүгэлэрбит дьукаахтаһан, бэйэ-бэйэҕэ хардарыта көмөлөсүһэн олорбут буолан, тыыннаах ордон кэллэхтэрэ.   Ол иһин түмсүүлээх буолуу сахаларга хааммытыгар баар. Ону оскуоланы биир кэмҥэ бүтэрбиттэр араас улуустартан сомоҕолоһо сатыыллара да туоһулуур.  Маннык көстүү Арассыыйа ханнык да регионугар бу биһиэхэ, Саха Сиригэр курдук, киэҥник тэнийбитин, тэтимнээхтик тарҕанарын истэ-билэ иликпит.   Үчүгэйэ диэн, выпустар түмсэн, бэйэлэрин эйгэлэрин Далее…

1 год назад

Удьуор сылгыһыт Колодезниковтар

Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар сылгыны үөрдээн иитэр бырааттыы Колодезниковтар олороллор. Атын сылгыһыттар сыдьааннара, тоҕо эрэ,  сыспай сиэллээххэ сыстыбатылар, оттон Колодезниковтар Дьөһөгөй оҕотун иитиинэн өссө сэрии инниттэн күн бүгүнүгэр диэри удьуордаан дьарыктаналлар. Бастакы көлүөнэ сылгыһыттар Колодезников Николай Данилович-Ньукуус сылгы көрүүтүгэр “Сырдаабыт” холкуоска үлэлээбит. Д.А. Томтосов “Мин мантан сэриигэ барбытым…” диэн 2005 с. тахсыбыт кинигэтигэр Н.Д. Колодезников Далее…

1 год назад

“Айтаны” атыннык анаардахха…

   “Айта” айдаана. Туохтан бары билэҕит. Оттон мин бу киинэни абьюзер аҕа дьиэ кэргэнин иэдээҥҥэ тиэрдибит түбэлтэтин курдук ылыммытым.   Кэнники сылларга туттуллар буолбут «абьюз» диэн тылы иһиттэххэ, үгүспүт ойоҕун кырбыыр, оҕолоругар киэптиир киһийдэҕи саныы биэрэр. Ол эрээри абьюзердар сутурук эрэ күүһүнэн кырыктарын көрдөрбөттөр. Сорохтор ити Айта аҕатын курдук, дьиэ кэргэҥҥэ аҥаардас ыарахан майгыларынан тыҥааһыннаах эйгэни олохтуур Далее…

1 год назад

Дуоһуйа көрүөххүт

Хоруона хамсыгын хааччаҕар хаайыллан олорбут дьон “Кэрэни көрбүт” киинэ кыраһыабай хартыыналарын, глянцевай сурунаалы арыйталыыр курдук, олус кэрэхсии көрбүппүт. Онно өйдөөбүппүт – дьон бүгүҥҥү олох тэтимиттэн-тутулуттан сылайа быһыытыйбытын. Кырдьыга да,  ханна эрэ сэптээх-сэбиргэллээх сэрии, социальнай ситимнэргэ тылынан киирсии, оттон күннээҕи түбүккэ харчыны-бириэмэни сырсыы, иэһи-күүһү төлөһүү…  Оннук уйулҕаҕа охсуулаах, түктэри дьайыылаах көстүүлэртэн уйан дууһабыт, чараас куппут, өйбүт-санаабыт Далее…

1 год назад

Десять чудес Мегино-Алдана!

Считается, что в местности Мегино-Алдан на берегу реки Алдана стали проживать люди с начала XIX века.В 1643 году отряд первопроходца В.Д. Пояркова с 132 казаками проплывал по реке Алдан к Амуру (1643-1646). Как пишет П.П. Петров-Хардыы в статье “А.С. Пушкин аймахтара былыргы Дьокуускайга” (“Родственники А.С. Пушкина в древнем Якутске” в книге «Чувства добрые я лирой Далее…