1 год назад 1122
“Айтаны” атыннык анаардахха…
“Айта” айдаана. Туохтан бары билэҕит. Оттон мин бу киинэни абьюзер аҕа дьиэ кэргэнин иэдээҥҥэ тиэрдибит түбэлтэтин курдук ылыммытым.
Кэнники сылларга туттуллар буолбут «абьюз» диэн тылы иһиттэххэ, үгүспүт ойоҕун кырбыыр, оҕолоругар киэптиир киһийдэҕи саныы биэрэр. Ол эрээри абьюзердар сутурук эрэ күүһүнэн кырыктарын көрдөрбөттөр. Сорохтор ити Айта аҕатын курдук, дьиэ кэргэҥҥэ аҥаардас ыарахан майгыларынан тыҥааһыннаах эйгэни олохтуур тиран буолаллар.
Киинэ Айта өлбүт аймалҕаныттан саҕаланар. Онуоха ийэтэ: “Ол киһи тыаҕа. Баара эбитэ буоллар, төрөөбүт күҥҥэ ыытыа суоҕа этэ” , – диэн аҕаларын туһунан этэн аһардар. Дьэ, ити түгэҥҥэ көрөөччү тута өйдүүр – бу ыалга ийэ да, оҕо да күннэрин-дьылларын бэйэлэрэ былаанныыр бырааптара суоҕун, кинилэр хас хамсаныыларын барытын батталлаах аҕалара быһаарар эбитин.
Ол онно бэринэн кэбиспит ийэ, сиэртибэлэр сиэрдэринэн, бэйэтэ эриттэн дьулайарын кыыһыгар тиэрдэ сатаабыт буолуохтаах: “аҕаҕар этиэм”, “аҕаҥ кэһэтэрэ буолуо ээ”, “аҕаҥ кыыһырыа” диэн тылларынан манипуляциялаан. Оннугу истэ уонна көрө улааппыт оҕо айбытыттан куттана улаатар. Ол иһин Айта кистэлэҥин билинэриттэн куотунан, бу күн сириттэн күрэннэҕэ… Кини аҕатыттан оннооҕор нэһилиэк олохтоохторо кытта саллаллар: “Айаал биллэҕинэ иэдээн”. — дэһэллэр.
Ментальнай доруобуйалара чэгиэн, уйулҕаларын туруга чөл дьиэ кэргэн оҕото хат буолбутуттан дуу, биитэр ким эрэ атаҕастаабытыттан дуу бэйэтигэр тиийиммэт буолуохтаах. Тоҕо? Кини билэр – ханнык да түгэҥҥэ төрөппүттэрэ кинини өйдүүллэрин уонна өйүүллэрин. «Чувство безопасности, которое ребёнок должен получить в детстве, – самое главное условие его будущего психического здоровья и жизни без неврозов» диэн билиҥҥи кэм аатырыт психолога Михаил Лабковскай сөпкө сылыктыыр.
Оттон Айта дьоно оннук сылаас, истиҥ, эйэлээх эйгэни үөскэппэтэхтэр. Ол иһин оҕо барахсан санаатын күннүгэр (дневнигэр) үллэстэр эбит. Ону ийэтэ кэлин булан ылан ааҕан баран: “Оҕобун билэбин дии саныырым, төрүт да билбэт эбиппин”, — диэн саҥа аллайар.
Айта дьонуттан толлор буолан, кинилэр көрүөхтэрин баҕаралларын эрэ оҥоро сатаабыт: санаатын аһаҕастык эппэккэ, туох долгутарын кэпсээбэккэ, барыта этэҥҥэ курдук туттан. Оннооҕор доҕоро Афоня бэлэхтээбит сымнаҕас оонньуурун туһунан ийэтигэр албыннаабыт: “Харчы мунньан ылбытым”, – диэн. Куттал сымыйалыырга күһэйэр.
Кини, арааһа, эбэтин ааҕар эрэ холкутук сананан сылдьыбыт быһыылаах. Этэргэ дылы, сирэйин мааскатын устан, бэйэтинэн буолан. Ону Афонятынаан күлэр-үөрэр түгэннэрэ туоһулуур.
Ол эрээри Айтаны эппиэтинэс диэҥҥэ үөрэппэтэхтэр. Ыгыы-түүрүү, кэтэбил-манабыл эрэ көмөтүнэн бэрээдэк ирдэбилин тутуһуннарбыт буоланнар, кыыстара көҥүл тыынын билэн баран, били, сыапка турбут ыты босхо ыыттахха, букатын бэйдиэ баран хааларыныы, бэйэтин хонтуруоллана үөрэммэтэҕэ көһүннэ – хат буолуута онтон.
Оҕоҕо эрэниэххэ наада. Кыра эрдэҕиттэн. Оччоҕо эрэ кини хардыытыгар, дьайыытыгар, тылыгар, быһыытыгар-майгытыгар эппиэтинэһи сүгэ, иннин көрүнэ үөрэнэр.
Айта ийэтэ ааҥнаабыт алдьархай төрдө-төбөтө туохха сытарын соннук өйдөөбөт. “Сыыһабыт диэн, наһаа атаахтаппыппыт”, — диир. Ас-таҥас ылан биэриини ачаалатыыга ааҕа хаалар. Оттон кытаанах дуу, кырыктаах дуу аҕалара оҕото туохтан өлбүт төрүөтүн бэйэтигэр буолбакка, АТЫН дьоҥҥо көрдүүр, буруйдааҕы була сатаан, саа-саадах тутан, аймалҕан бөҕөтүн таһаарар. Ити “атын” диэн тылы эрэ тоһоҕолоору, ону бэлиэ соҕустук көрдөрөөрү, режиссер нууччаны оонньоппут буолуон эмиэ сөп. Этэргэ дылы, тугунан эрэ ураты баара буоллар, ону да туһаныа этэ. Харахха хатанарын, өйгө киирэрин курдук.
Онон бу киинэ дьиэ кэргэн сыһыанын туһунан. Национализм эҥин боппуруоһа буолбатах. . Оттон, били, айдааннаах “ненавижу” диэн саппыыска, мин саныахпар, көннөрү тигээйи уйатын тардар төрүөт эрэ. Киһи куттанар киһититтэн ньиэрбинэйдиирин сыыр намыһахтыы саамай чугас киһитигэр таһаарар идэлээх. Ол сиэринэн, кыһыытын-абатын бу кыһалҕаҕа аспыт уонна кыайан онтон быһаабат Афонятыгар таһаарар буоллаҕа дии. Ол эрээри өлүүтэ киниттэн буолбатах, дьонуттан куттанарыттан.
Степан Бурнашев ити иннинэ эмиэ дьиэ кэргэн тиэмэтигэр киинэтэ тахсыбыта – “Биһиги кыһыммыт” диэн. Оҕото суох эдэр ыал кириисистэрин ымпыгын-чымпыгын сэһэргиир хартыына. Оттон бу сырыыга төрөппүттэр бастаан бэйэбит төбөбүт иһигэр баары сааһылаан-наардаан баран, ол кэннэ оҕону бэрээдэккэ үөрэтиэхтээхпитин Айталаах холобурдарынан ыйан , өссө төгүл санатан биэрдэ.
Анисия Иевлева