Удьуор сылгыһыт Колодезниковтар - Блоги Якутии

1 год назад 521

Удьуор сылгыһыт Колодезниковтар

Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар сылгыны үөрдээн иитэр бырааттыы Колодезниковтар олороллор. Атын сылгыһыттар сыдьааннара, тоҕо эрэ,  сыспай сиэллээххэ сыстыбатылар, оттон Колодезниковтар Дьөһөгөй оҕотун иитиинэн өссө сэрии инниттэн күн бүгүнүгэр диэри удьуордаан дьарыктаналлар.

Бастакы көлүөнэ сылгыһыттар

Колодезников Николай Данилович-Ньукуус сылгы көрүүтүгэр “Сырдаабыт” холкуоска үлэлээбит.

Д.А. Томтосов “Мин мантан сэриигэ барбытым…” диэн 2005 с. тахсыбыт кинигэтигэр Н.Д. Колодезников туһунан ааҕабыт: “Н.Д. Колодезников полкаҕа ытааччы быһыытынан 1942 сылтан 1944 сылга диэри сэриилэһэр. 1944 сылтан 140-с полкаҕа уонна 1945 с. от ыйыттан дойдутугар кэлиэр диэри 212 стрелковай полкаҕа сулууспалыыр. Сэриигэ үс төгүл бааһырар”.

Кини туһунан ол кинигэҕэ П.Р. Дарбасов маннык суруйар: “Аҕа дойдуну фашистартан көмүскүүр Улуу сэриигэ Мэҥэ Алдан үс кыра колхуоһуттан түөрт сыл 86 киһи ыҥырыллыбытыттан 18-һа Колодезников диэн араспаанньалааҕа, кинилэртэн алтата сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ.

Бүгүн мин Мэҥэ Алдаҥҥа Амма төрдүгэр “Сырдаабыт” колхозка, кэлин бөдөҥсүйбүт колхозка, совхозка сүүрбэччэ сыл сылгыһытынан үлэлээбит, хотуурдаах хорсуна, көннөрү үлэһит киһи Николай Данилович Колодезников туһунан аҕыйах тылынан кэпсиэм.

Кини күөгэйэр күнүгэр, 25 саастааҕар, 1942 сыл сайын, от үлэтэ үгэннээн эрдэҕинэ, уоттаах сэриигэ ыҥырыллыбыта. Мальтаҕа тиийбиттэригэр, чугастааҕы куоракка ынах сүөһүгэ бостууктаппыттара, онтон ыкса күһүн ыҥыран ылан, арҕаа сэриигэ ыыппыттара, баара-суоҕа нэдиэлэ кэриҥэ бинтиэпкэнэн туттарга үөрэнээт, фроҥҥа Москва арҕаа өттүгэр чугаһыылларыгар, баран иһэр поезтара буомбаттан алдьанан, бары аһаҕас халлаан анныгар хаалаллар. Онтон түмсэннэр, фронт инники кирбиитигэр тиийбиттэрэ. Онно тэргэннэр дэлбэритэ ыстанар ынырык тыастара ньиргийэр сирдэригэр өр обороналанан, өстөөҕү киллэрбэккэ, бэйэлэрэ да кимэн киирбэккэ сыппыттара. Кэлин чаастара 1943 сыллааҕы сааскыттан сыыйа кимэн, Смоленскайынан, Литванан, Кенигсберинэн Берлиҥҥэ тиийэ барбыта”.

 “Ньукуус  Смоленскай чугаһынааҕы дэриэбинэҕэ түүҥҥү ытыалаһыыга элбэх табаарыстарын сүтэрбитэ, эмискэ кэннигэр күүстээх охсууттан өйүн сүтэрбитэ. Билбэт офицера соһон аҕалан, аппаҕа хаалларарыгар, дьэ, өйдөммүтэ. Сотору киниэхэ автоматтаах киһи сыылан иһэрин көрөн, бэйэтин көмүскэнээри, саатын бэлэм туппута. Өйдөөн көрбүтэ – быыһаары иһэр санитарка нуучча кыыһа эбит. Көхсүгэр хатаммыт хас да оскуолкаттан биир хаалан уһуннук – үс ый курдук эмтэнэн үтүөрбүтэ.

Салгыы Литва сирин чугаһыгар биирдэ өстөөххө кимэн киириигэ командирдара: “Иннибит диэки!” – диэт бастакынан ыстаммыта. Ньукуустаах эмиэ окуопаттан тахсан, иннилэрин диэки ытыалаһа-ытыалаһа сүүрэн истэхтэринэ, эдэркээн командирдара охтон эрэрэ, сотору Ньукуус төбөтө ньир гынаат, өйүн сүтэрбитэ. Өйдөммүтэ – хааннаах каскатынан сиргэ хам сыста сытара. Арай аҥар хараҕа тугу да көрбөт, эмиэ да ыалдьара биллибэт, харбыалаһан, оройунааҕы бааһыгар баттаҕа хам сыстыбытын таарыйаат, абытай ыарыыттан өй-төй барар. Ити иккис бааһырыытыгар Ньукуус каскатын буулдьа дьөлөн, куйахатын уонна төбөтүн уҥуоҕун сиирэ көтөн, кыл саҕаттан тыыннаах хаалбыта, куйахатыгар уҥуох кыырпахтара хаалбытын хаттаан ылҕааннар, эмиэ үс ый эмтэммитэ.

Үсүһүн Польшаҕа өстөөхтөрү эккирэтэн сүүрэн иһэн ытыалаһыыга аттыгар буомба дэлби ыстанар, онно хаҥас харытын тоҥолоҕор диэри хайа көтүтэр, кыа хаан илиитин уҥуохтара, хата, тостубатахтар этэ. Ол бааһырыыттан ый кэриҥэ эмтэнэн, үтүөрэн, Литванан Кенигсбери ааһан, кыайыы буолуутугар Польша сиригэр киирбиттэрэ.

Кэлин Берлиҥҥэ тиийэн, кылгас кэмҥэ сулууспалааһын кэнниттэн, Кенигсбергэ төннөр, нөҥүө дьылыгар 1946 с. “Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин”, “Кенигсбери ылыы иһин” мэтээллэрдээх саас  дойдутугар этэҥҥэ эргиллибитэ”.

Николай Данилович быраата Василий Данилович Колодезников .

Кини туһунан эмиэ ити кинигэҕэ суруллубутун ааҕабыт: “… Кыра эрдэҕиттэн колхоз араас үлэлэригэр (от охсуутугар, бурдук ыраастааһыныгар, баайыытыгар уо.д.а.) сылдьар. 1942 сыллаахтан армияҕа барыар диэри Рыбзавокка балыксыттаабыт. Ити кэмҥэ хас суббота, өрөбүл ахсын үс көстөн ордуктаах Кириэс Халдьаайыга сатыы баран, байыаннайга үөрэнэллэр эбит.

1943 сыллаахха бэс ыйын 10 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыт, ытааччы-кавалериһынан сулууспалаабыт.

1945 сыллаахха алтынньыга Сахалиҥҥа Корсаков куоракка стройбакка ыыппыттар. 1950 сыллаахха кулун тутарга демобилизацияламмыт.

Армияттан кэлэн баран, пенсияҕа тахсыар диэри колхозка, сохозка үксүн сылгыһытынан үлэлээбитэ. “Германияны кыайыы иһин”, итиэннэ Советскай Армия 50 сылыгар, муора пехотатын 30 сылыгар ылбыт уруккуларын сэргэ кэлин юбилейнай мэтээллэрдээх”.

Киһиҥ өссө кавалерист, сэриигэ кытта дьөһөгөй оҕотуттан арахсыбатах. Сылгыга сыстаҕаһын өйдөөн көрөн кавалерияҕа анаатахтара.

Ити курдук сэрии бэтэрээннэрэ бырааттыы Колодезниковтар сылгыһытынан сэрии инниттэн үлэлээн, сылгыһыт уустук идэтигэр уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн уһуйан, сылгыһыттар династияларын үөскэппиттэрэ. Василий Данилович  5 төгүл (1985, 1986, 1988, 1989, 1991 сс.) Герой Охлопков аатынан уонна “Правда” сопхуос  Чемпион сылгыһыта буолбута.

Василий Данилович уолаттарын адьас кыра эрдэхтэриттэн сылгыга сыстаҕас гына ииппитэ, сылгыһыт уустук идэтигэр уһуйбута, сылгы көрүүтүгэр тэҥҥэ илдьэ сылдьара. Ол иһин бары сылгыһыт буоллахтара.

Иккис көлүөнэ сылгыһыттар

Улахан уоллара Василий Васильевич Колодезников оскуола кэннэ сылгыһыт буолар, “Пятилетка ударнига” (1985 с.) анал бэлиэлээх, туох эрэ биригэдьиир курдук дуоһунастааҕа.

Өрдөөҕүтэ, сэбиэскэй былаас саҕана, биһиги дьоммутугар Сайдыыттан сылдьар Захаров Сеня-Сиэнньэкээр диэн уол олорбута, ол Баһылайга сылгыһыттыыра. Дьоммут түннүгүнэн көрөн: “Сиэнньэкээр, тойонуҥ иһэр, таҕыс”, – дииллэр. Онуоха Сиэнньэкээрбит “ Ээ, суох”, – диэтэр да, саҥата суох Баһылайын диэки баран эрэр буолара. Баһылай эдэркээн да буоллар сүрдээх аптарытыаттаах этэ. Хомойуох иһин, эрдэ олохтон туораабыта.

Орто уола Данил Васильевич Колодезников оскуола кэннэ сылгыһыттыыр.

Коммунистическай үлэ ударнига (1991 с.), “Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна” (2009 с.), “Сылгыны үөрдээн иитиигэ киллэрбит кылаатын иһин” анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.

Сопхуос эстибитин кэннэ уолаттарын кытта бэйэлэрин паай сылгыларын уонна чааһынай дьон сылгыларын түмэн, 2003 с. “Амма” диэн бааһынай хаһаайыстыбаны тэриммиттэрэ.

Салайааччынан үһүс уол Анатолий Васильевич Колодезников  буолбута.

2013 с. база туттарга аналлаах СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин гранын ылан, икки сиргэ база туттубуттара. Кини 1988 с. баара-суоҕа 20 сааһыгар Коммунистическай үлэ ударнига буолбут. “СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна” (2012 с.), “Сылгыны үөрдээн иитиигэ киллэрбит кылаатын иһин” (2022 с.), “Ойуур баһаарын умуруоруу кыттыылааҕа” (2021 с.) анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.

Үһүс көлүөнэ сылгыһыт

Аны Данил Васильевич уола Василий Данилович эмиэ сылгыһыт буолар.

Василий 2012 с. Мэҥэ Алдан орто оскуолатын бүтэрэригэр үчүгэй үөрэхтээх, бэрээдэктээх бастыҥ оҕолорго эрэ бэриллэр Егор Неймохов анал стипендиятын ылбыт эбит. Үчүгэй үөрэхтээх уол син атын идэни талыа эбитэ буолуо да, Тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн, зоотехник идэтин ылан, аҕатын, абаҕатын кытта сылгы  иитиитинэн дьарыктанар фермер буолбут. 2015 с. туспа бааһынай хаһаайыстыба тэринэр. 2017 с. “Саҕалааччы фермер” диэн СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин гранын ылбыта. Өссө киһибит общественник, нэһилиэк депутатынан талыллан үлэлиир. Мэҥэ Алдан култууратын дьиэтигэр Кыайыы күнүнээҕи бырааһынньык кэнсиэригэр табаарыстарын кытта “Первым делом, первым делом самолеты, ну а девушки потом, а девушки потом” диэн ыллыы турара харахпар көстөр. Бааһынайдыы ыраас хааннаах үрдүк уҥуохтаах сэргэх көрүҥнээх уол. Кырдьык да, “первым делом” үлэ, онтон эрэ “а девушки потом” эбит. Үрдүк үөрэхтээх специалист бартыбыаллаах “сылаас” кэбиниэт үлэтин көрдүү барбатах, сылгыһыт буолбут.

Үлэни эрэ өрө туппут сэмэй дьон

Мин үлэ династияларын туһунан суруйаары, былырыын алтынньы 6 күнүгэр Колодезниковтар дьиэлэригэр сылдьыбытым. Оруобуна бэҕэһээ дьиэлээх хаһаайыннартан биирдэстэрэ 55 сааһын туолбутун билэн соһуйдум. Дьиэҕэ бэҕэһээ төрөөбүт күнү, эбиитин үбүлүөйү, бэлиэтээбит сибики суох. Уолаттар чэмэлгэн курдук олороллор. Оттон сиэр быһыытынан төрөөбүт күҥҥэ, үбүлүөйгэ кыратык бырааһынньык тэрийэр ама баа буоллаҕай?!

Биир бэйэм төрөөбүт күммүн көтүппэккэ ыла сатыыбын, үбүлүөй туһунан этэ да барыллыбат.

Икки этээстээх чааһынай дьиэлэригэр икки бырааттыы Данил уонна Анатолий буолан олороллор. Эр дьон эрэ олороллор диэтэххэ, дьиэлэрэ хоп курдук. Таһырдьа күүлэҕэ эт бөҕө баар, миискэлэргэ тоҥоруллубут хаан мас тутаахтара кылбаһаллар. Бэйэлэрэ дьахтара суох астанан аһаан, таҥастарын-саптарын көрүнэн, быр-бааччы олороллор. Сөҕөрүм диэн, арыгыны мээнэ испэттэр. Аҥардас олорор эр дьон лаппа “аһаатахтарына” да, тугу булан ылыаҥый?!

Бэйэлэрэ үлэни эрэ өрө туппут сэмэй дьон. Колодезниковтар бары да, мин көрүүбэр, кыыс сириэ суох дьүһүннээх уолаттар. Онно үлэһиттэрин, чөл олоҕу тутуһалларын, арыгы мээнэ испэттэрин эбэн кэбис. Тэлгэһэлэрэ толору техника, урукку сопхуос саҕанааҕы курдук улахан чааһынай гаражтаахтар. Үлэни өрө туппут дьон, ол тэҥинэн, баайдык-байылыаттык олороллоро харахха быраҕыллар.

Былырыыҥҥы чахчынан кинилэр 196 га сири бас билэллэр, онтон 93,8 га оттуур сир. Сылгыларын ахсаана – 567, олортон биэтэ – 310. Олор төрүөхтэрэ бары бааллар, ол аата билиҥҥи термининэн 100 % кулун дьыалабыай тахсыыта буолбут. Туйгун көрдөрүү.

Убаһаларын 30 % эрэ хаалларан, 70 % забойдууллар эбит. Эттэрин Бэстээххэ туттараллар, сороҕун атыылыыллар.

Оччо элбэх сылгыны аһатаары, сайыны быһа оттууллар, сенаж бэлэмнииллэр. 200-тэн тахса тонна оту оттууллар, 130 – сенаж. Саас сылгыларын Аммаҕа илдьэллэр, онно үчүгэй мэччирэҥнээх сиргэ төлөһүтэллэр. Дьэ, ол Аммаҕа Данил Васильевич соҕотоҕун көрөр, бостууктуур. Оттон Анатолий Васильевич Хаҥха арыытыгар күтүөтүнээн сайыны быһа от бэлэмнииллэр.

Күһүн сылгыларын бэттэх бөһүөлэк аттыгар Сэмэн бүтэйигэр уонна Хаҥха арыытыгар баар базаларыгар аҕалаллар. Хаһаайыстыбаларыгар 3 “Беларусь”, 2 “Синтай” трактордаахтар. Оту бэлэмниир техниканан толору хааччыллыылаахтар.

Уоллара Василий Данилович 57 сылгылаах, олортон 43 биэлээх. Бэйэтэ бөһүөлэккэ толору хааччылыылаах квартираҕа олорор.

Ити курдук Колодезниковтар сылы быһа үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Ыстатыйа суруйаары, кинилэри  манастым да, соло буолан көрсүбэтилэр. Олох хаар түһүөр диэри оттууллар эбит, сылгыларын бэрийэллэр, бөһүөлэккэ дьиэҕэ олорботтор. Сибээс суох, төлөпүөн хаппат сирэ да, Анатолий Васильевиһы кытта син эрийэн тиийэн кэпсэттим. Бырааттыылар иккиэн соҕотохтуу кэриэтэ хоно сылдьан үлэлииллэр. Бөһүөлэккэ киирэллэрэ ахсааннаах. Үлэлээн тэһийэн эрдэхтэрэ.

Хата, музейбыт үлэһиттэрэ кинилэр тустарынан бэрт баай, толору матырыйаалы муспуттар эбит. Онон баар матырыйааллары туһанным, үөрэттим, эдьиийдэрин кытта көрсөн кэпсэттим. Колодезниковтар үлэлэрин ыстааһа – 174 сыл буолбут.

Кинилэр курдук сэмэй үлэһит дьон саха тыатын сирин олоҕун уйгутун олохтоон чэлгитэн эрдэхтэрэ. Ийэ дойду дьиҥнээх патриоттара, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр хорсуннук сэриилэспиттэрэ, билигин уйгуну-быйаҥы чэлгитээри, сылгы иитэн эти, аһы-үөлү дэлэтэллэр.

Быйылгы сылы Ил  Дархан А.С. Николаев Үлэ сылынан биллэрбитэ, онон хас эмэ көлүөнэ удьуор сылгыһыттар, үлэни өрө туппут Колодезниковтар сыллара.

Мария Неймохова.

Балаҕан ыйын 27 күнэ 2023 сыл.

Добавить комментарий