Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 10 из 20
Всего записей: 199

1 год назад

Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата

Таатталар быйылгы иккис “Иис-Уус-Ас ФЕСТ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэрин улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаатылар. Онон тэрээһин сүрүн санаатынан, тутуһуллар тосхолунан, ситиһиллэр соругунан суруйааччы хоһоонун үйэлээх этиитэ бигэргэммит – “Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата”. Чахчыта да, икки күн устата талааннаахтар оҥоһуктарын быыстапкатын,  сатабылларын, дьоҕурдарын көрөн сөхтүбүт. Манна даҕатан эттэххэ, бу култуурунай-үөрэтэр форум иитинэн Далее…

1 год назад

Сайдыыга үктэл

Итинник диэн девизтээх «Трудовой-81» оҕо сынньалаҥ лааҕыра Үөһээ Бүлүү улууһун Далыр нэһилиэгин Кулуһуннаах сиригэр-уотугар баар «Трудовой» учаастакка аһыллан үлэлээтэ. Манна мин эдьиийбинээн, Саха норуодунай артыыһа Зоя Багынановалыын, волонтер быһыытынан үлэлээн кэллибит. Оо дьэ, дойдубут барахсан айылҕата муҥутуур тупсан турара: кэрэтэ, салгына ырааһа, чэбдигэ, чуумпута наһаа да үчүгэй этэ!  «Трудовой” учаастакка 1981 с. оҕо лааҕырын тэрийбиттэр Далее…

1 год назад

Дьокуускайга саха тыла туттуллар эйгэтин кэҥэтии туһунан

Дьокуускайга сахалыы тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтии туһунан “Языковое пространство столицы Якутии” диэн төгүрүк остуол  киин куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев кыттыылаах мээрийэ саалатыгар атырдьах ыйын 1 күнүгэр буолан ааста.  “Кыым” хаһыат суруналыыһа Нина Герасимова көҕүлээн, Яна Угарова “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүүнү кытта көрсөн, бэйэтин курдук нууччалыы тыллаахтары сахалыы эйгэҕэ тардар, сыһыарар, төрөөбүт тылларын билэргэ баҕаларын Далее…

1 год назад

Оҕо сааһы эргитэ, кэрэ кэми санаһа

Оскуоланы биир кэмҥэ бүтэрбиттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин хамсааһына кэнники кэмҥэ күүскэ тэнийдэ. Бу үтүө үгэһи 1983 сыллаах выпуск төрүттээбитэ. Көҕүлээччинэн Альберт Соров буолбута. Ол эрээри олох официальнай таһымҥа 1985 сылга бүтэрбиттэр (бэрэссэдээтэл Алексей Васильев) таһаардылар, тарҕаттылар. Бэртээхэй бачыым салҕанан иһэрэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрэ үөрдэр. Ол курдук, бу от ыйын 29 күнүгэр “Орто Дойду” этнокультурнай комплекс Далее…

1 год назад

НЭҺИЛИЭК УСТУОРУЙАТА ТҮМЭЛТЭН САҔАЛАНАР

Ханнык баҕарар сир бэйэтин устуоруйатын кэпсиир түмэллээх буолар. Мин II Дьөппөҥҥө сылдьа илик сирим буолан, туох эрэ киһини долгутар, саҥаны билиэхтээх иэйиибин кистээбэккэ, түмэл модьоҕотун атыллыыбын… Биһигини Феврония Ивановна Ефремова истиҥ, иһирэх кэпсээнинэн күндүлээн көрүстэ. Нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын кэпсиир түмэли Роберт Константинович Захаров 1991 с төрүттээбит.  Бу иннинэ, 1989 сыл саас кулун тутарыгар,  «Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Далее…

1 год назад

Андаҕар – учууталга ытыктабыл бэлиэтэ

Улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт ”Андаҕар” диэн испэктээги П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театра туруорда. Пьесаны Утум Захаров диэн эдэр драматург суруйбут, режиссер Сергей Потапов туруорбут. Биллиилээх тустуук Вячеслав Карпов кэргэнэ Татьяна Петровналыын билиэти эрдэттэн ылбыппыт. Кини тустуук Николай Захаров-Сахаачча балта Аникалыын, оттон мин биллиилээх тустуук, медицинскэй наука доктора, хирург Алкивиад Далее…

1 год назад

Саха салаата-68, чахчы, кыахтаах куурус!

От ыйын 10 күнүгэр Саха судаарыстыбаннай университетын саха салаатыгар 1968 с. киирбит устудьуоннар үрдүк үөрэҕи ылбыттара 50 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолла. Маҥнай университет салалтатын кытта сүрүн куорпуска (ГУК) көрсүһүү буолла. Саха судаарыстыбаннай, билиҥҥинэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тыына, дууһата – саха тылын, литературатын салаата, факультета буолар дии саныыбын. Хотугулуу илиҥҥи норуоттар тылларын, култуураларын институтун дириэктэрэ Далее…

1 год назад

Аҕабыт этэр буолара…

Быйыл тохсунньу 26 күнүгэр “Кулаковскай биһиги ортобутугар” (“Кулаковский среди нас”) диэн трибьют-презентация буолан ааспыта. Онно Раиса Реасовна Кулаковская  олус долгутуулаахтык тыл эппитин бэчээттиибит: -Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, этэргэ дылы, хас биирдиибит күн сирин көрөөтүн кытта, Өксөкүлээх сылаас тыыныгар, дьикти иэйиитигэр куустарар. Кини аатын ааттатарга тугу эмэ оҥорбут киһи диэн өй-санаа барыбытыгар, ким да кикпэтэҕин,  анаан эппэтэҕин Далее…

1 год назад

Өксөкүлээх туһаайбыт суолунан…

Өймөкөөннөр үс бастыҥ дьоннорун мэтириэттэригэр бастакы гильдиялаах меценат атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкыны, суруйааччы Николай Заболоцкай-Чысхааны кытта айар тыл аҕатын Алексей Елисеевич Кулаковскайы киллэрэллэр эбит. Оттон билэрбит курдук, кини Таатта киһитэ эбээт, ол эрээри Өймөкөөҥҥө сэттэтэ кэлэ сылдьыбыт, фольклордарын чинчийбит, Үрэх Төрдө диэн сиргэ ыһыах ыспыт буолан,Өксөкүлээҕи улуустарын сураҕырдыбыт бэйэлэрин киһилэринэн ааттыыллар. Сөп ээ, Алексей Елисеевич Кулаковскай Далее…

2 года назад

Ыһыах күн кинигэ сүрэхтэннэ

Саха Сиригэр бэс ыйын 21 күнэ Үрүҥ Тунах Ыһыах күнэ. Бу күн сарсыардаттан киин телевидение 1-кы ханаалыгар диктордар сахалыы саҥаран үөртүлэр. Бу күн Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сыла, Томпо оройуонугар Бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыы , Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу сылларыгар аналлаах ыһыах үчүгэй тэрээһиннээхтик ааста. Халлааммыт түүн ардаабыт да, сири сиигирдибэтэх, Далее…