1 год назад 1025
138 сыл ыстаастаах ыанньыксыт Чириковтар
Иван Ефремович Чириковы ааспыт үйэ 80-с сылларыгар көрбүтүм. Кинини кытта Дьокуускайтан “Ракетанан” Мэҥэ Алдаҥҥа диэри айаннаабыппыт. Биһиги дьиэ кэргэнинэн уоппускаҕа эһэбитигэр сайылыы баран иһэр этибит.
Иван Ефремович Чириков соҕурууттан иһэрэ, курортан дуу, мунньахтан дуу. Кыра уҥуохтаах, арылхай киэҥ харахтаах, хара куудара баттахтаах, саҥарбыт-иҥэрбит сытыы киһи этэ. Эдьиий Вера, Вера Михайловна Корнилова: «Грузиҥҥын быһыылаах”, – диэн элэктиирэ. Кырдьык, кавказ омуктарыгар майгынныырга дылыта.
Аҕабыт көрсөн кэпсэттэ. Кини дьоммутугар наар сылдьааччы. Эдьиийбитин Петровна диэччи, арааһы күлэ-үөрэ сэһэргиирэ.
Чириков Иван Ефремович туһунан биһиги литератураны уонна кыраайы үөрэтэр музейбыт матырыйаалларын, кинигэлэрин үөрэттим. Онно маннык суруллар:
“Иван Ефремович ийэлээх аҕата “Кыһыл Дабаччыма” холкуос туруу үлэһиттэрэ этилэр. Ийэтэ Клавдия Елисеевна тыа хаһаайыстыбатыгар бастакынан ыанньыксытынан үлэлээн саҕалаабыт киһинэн буолар.
Кини 1898 с. Таатта Баайаҕатыгар күн сирин көрбүт. Мэҥэ Алдаҥҥа кэргэн тахсан кэлэн баран, “Дабаччыма” холкуоска ыанньыксытынан киирэр. 1931 с.уол оҕолонор. Уйбаан диэн ааттыыр. Уол кыра эрдэҕиттэн ийэтин батыһа сылдьан ынах ыыр, сүөһү үлэтигэр сыстаҕас буола улаатар. Клавдия Елисеевна 65 сааһыгар биирдэ ыанньыксытыттан тохтуур”.
Үрдүк көрдөрүүлээх “Дабаччыма” ферматыгар
Дабаччыма уолаттара сүөһүгэ сыстан үлэлээһиннэрэ 50-с сылларга саҕаламмыта. Мин билэрбинэн, үксүн дьахталлар ыанньыксыттыыллара. Биир эмэ эр киһи баара. Онтон бу уолаттар дьахтар үлэтэ диэбэккэ, ыанньыксыттаабыттара эмиэ дьикти. Эр киһи аата эр киһи, кыайыгас-хотугас, күүстээх-уохтаах, эрчимнээх буоллаҕа.
Бу бириэмэҕэ биригээдэ эр дьоно ферма үлэтигэр актыыбынайдык кыттыбыттара уонна сүөһү иитиитин бары үлэлэрин толорор буолбуттара. Ол курдук, 1956 сыл күһүнүттэн Чириков Иван Ефремович, 1958 сылтан эдэркээн, эрчимнээх комсомолец Сергей Сергеевич Дарбасов ыанньыксытынан, 1960 сыл сааһыттан Иван Семенович Деляев, бэйэтэ тылланан, ньирэй көрөөччүнэн үлэлэрин саҕалаабыттара.
Иван Ефремович 1956 сылтан саҕалаан барыта 39 сыл холкуоска, кэлин сопхуоска ыанньыксыттаабыта. Бастакы улахан ситиһиитэ 1958 сыллаахха буолбута. Биирдии ынахтан 1814 кг үүтү ыан, маҥнай холкуоска, онтон оройуоҥҥа бастаабыта, аатырбыт ыанньыксыт Аммосова Домна Власьевнаны кыайан тахсыбыта. Ити сыл “Правда” холкуостан Колодезникова Анна Дмитриевна 1775 кг, Аммосова Домна Власьевна эмиэ 1775 кг үүтү ыан, оройуоҥҥа I-III миэстэ буолбуттара. Бу сылларга оройуон чулуу фермаларынан “Сырдаабыт” уонна “Дабаччыма” этилэр, кинилэр эрэ илин-кэлин түсүһэллэрэ. Күүрээннээх күрэхтэһии тэнийэрэ.
Онтон 1959 сыллаахха Чириков Иван Ефремович көрдөрүүтэ 2034 кг тэҥнэспитэ. 1959-1960 сыллардаахха “Дабаччыма” фермата оройуоҥҥа бастаабыт бириэмэтэ этэ. Оччолорго фермаҕа Иван Ефремовиһы кытта Лыглаева Прасковья Гаврильевна, Потапова Анна Петровна, Березина Анастаия Прокопьевна, Кынтоярова Анна Трофимовна үлэлииллэрэ. 1960 сыллаахха оройуоҥҥа бастаабыт ферма биирдиилээн көрдөрүүлэрэ маннык буолбута: Чириков И.Е. – 2260 кг, Лыглаева П.Г. – 1852 кг, Дарбасов С.С. – 1700 кг, Кынтоярова А.Т. – 1650 кг, Березина А.П – 1600 кг. 1961 сыллаахха Иван Ефремович көрдөрүүтэ 2237 кг буолбута.
“Дабаччыма” ферматын ситиһиилэрэ 1960 сыллаахха диэри сайдыбыта. Ити сыл оройуон бастыҥ ферматыгар маннык дьон үлэлээбиттэрэ докумуоҥҥа бэлиэтэммит: ыанньыксыттар Чириков Иван Ефремович, Лыглаева Прасковия Гаврильевна, Березина Александра Прокопьевна, Кынтоярова Анна Трофимовна, Дарбасов Сергей Сергеевич, бостуук Дарбасов Гавриил Сергеевич, учуотчук Кривошапкина Ульяна Ивановна. Кэлин сылларга ити ситиһиилэр кыайан хатыламматахтара.
Кэлин тэриллибит “Томпо”, Герой Охлопков, “Правда” сопхуостарга Иван Ефремович ыанньыксыт быһыытынан өрүү инники күөҥҥэ сылдьыбыта. Холобура, 1965 сыллаахха кини “Чорохой” ферма старшайынан үлэлиир бириэмэтигэр үс квартал түмүгүнэн 402 т 168 кг үүт ыаммыта (эбэһээтэлистибэ 355 т 400 кг этэ). Ферма биир ынаҕыттан ортотунан 1460 кг үүт ыаммыта. 1965 с. былааннарын 113 бырыһыан толорбуттара. Ол курдук, киини өр сыл устата үлэлээбитин тухары былаанын толороро, аһара толороро. Ити ситиһиини ыларга күүстээх үлэ, илиини араарбакка үлэлээһин үтүө түмүгэ буолуохтаах.
Иван Ефремович кэргэнэ Прохорова Елена Иннокентьевна Таатта оройуонун Чөркөөҕүттэн төрүттээх.
Аҕата Прохоров Иннокентий Филимонович 1943 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар охтубут. Ийэтэ кыра эрдэҕинэ олохтон барбыт, онон кыыс эһэтигэр иитиллибит. Иван Ефремовичтыын кини 1959 сыллаахха ыал буолбуттар. Дабаччымаҕа көһөн кэлэннэр, иккиэн холкуоска ыанньыксыттаабыттар. Кэлин Мэҥэ Алдаҥҥа олохсуйбуттар уонна эмиэ фермаҕа үлэлээбиттэр.
Елена Иннокентьевна хаартыскаттан көрдөххө, баттаҕын икки өттүнэн өрүммүт, бэрт номоҕон дьүһүннээх, сэмэй көрүҥнээх кыыс. Оттон Иван Ефремович хотой курдук эриличчи көрбүт, хара куударата өрүкүйбүт уола хаан. Иккиэн наһаа үчүгэй, киһи хараҕа хатанар паара буолуохтаах.
1956 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр бэриллибит Махтал сурукка маннык суруллубут:
“Мэҥэ Алдан “Правда” тыа хаһаайыстыбаннай артыалын правлениетын сэтинньи 5 күннээх 1956 сыллаах уурааҕын быһыытынан, “Правда” тыа хаһаайыстыбаннай артыалын чилиэнэ Прохорова Елена Иннокентьевна колхоһу тэрилтэ-хаһаайыстыба өттүнэн инникитин бөҕөргөтүүгэ дьулуурдаахтык ис сүрэҕиттэн кыһанан туран, үлэ үрдүк оҥоруутун ситиспитин иһин, колхуос бары хаһаайыстыбаннай үлэлэригэр актыыбынайдык кыттыбытын иһин, колхуос правлениета Махталын биллэрэр уонна инникитин өссө күүскэ үлэлииригэр эрэнэр”. Махтал сурукка илии баттаабыт холкуос правлениетын бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Бочкарев.
Хайдах курдук тылларый?! Ити сэмэй ыанньыксыт Елена Иннокентьевнаҕа анаммыт истиҥ-иһирэх тыллар!
Удьуор удаарынньыктар
Чириковтар иккиэн ыанньыксыттар. Алта оҕону, үс уолу, үс кыыһы төрөтөн күн сирин көрдөрбүттэр. Елена Иннкентьевна 1970, 1973 сыллардаахха I,II сепеннээх элбэх оҕолоох ийэҕэ ананар мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Хомойуох иһин, Елена Иннокентьевна эрдэ ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыт.
Иван Ефремович оҕолорун кытта чороҥ соҕотох хаалбыта. Бэйэтэ улаатыннарбыта, дьоһун дьон оҥортообута. Ыанньыксыт курдук ыарахан, сарсыарда олох эрдэттэн киэһэ хойукка диэри хотонтон тахсыбакка, биир өрөбүлэ суох үлэлиир эр киһиэхэ, ыал аҕатыгар, төһөлөөх ыарахан буолуой?! Хотонтон кэлэн баран, уу кырбас оҕолорун ас астаан аһатыан, таҥастарын-саптарын сууйуон-бэрийиэн наада дии. Алта оҕо диэн эттэххэ дөбөҥ. Оҕолорун бэйэтин кытта үлэтигэр батыһыннара сылдьан эрдэҕэ. Ол да иһин аҕаларын курдук олохторун сүөһү үлэтигэр икки улахан уолаттара Степан уонна Иван, кыыһа Мария анаатахтара. Дьоннорун батан наһаа үлэһит буола улааппыттар.
Чириковтар улахан уоллара Степан Иванович Чириков 13 сыл Ф.М.Охлопков аатынан сопхуоска субан сүөһүнү көрөөччүнэн үлэлээбитэ.
Степан Иванович ыччат сүөһүнү көрүүгэ ситиһиилэрин иһин 1985 сыллаахха Комсомол Киин Кэмитиэтин “Эдэр производство бастыҥа” диэн бэлиэнэн, сыралаах үлэтин уонна үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Москва к. ВДНХ быыстапкатыгар путевканан, “Коммунистическай үлэ удаарынньыга” бэлиэнэн, Ф.М. Охлопков аатынан, “Правда” сопхуостар дирекциятин грамоталарынан, дипломнарынан наҕараадаламмыта.
Иккис уол Иван Иванович Чириков 22 сыл Ф.М. Охлопков аатынан сопхуоска ыанньыксыттаабыта.
Таһаарыылаах үлэтин иһин маннык наҕараадалардаах: “11 пятилетка эдэр гвардееһа” (1985 с.). “Коммунистическай үлэ удаарынньыга” (1985 с.). “12 пятилетка удаарынньыга” (1991 с.), ЫБСЛКС Киин Кэмитиэтин “Сүөһү көрүүтүн эдэр передовига” (1985 с.) анал бэлиэлэр, араас таһымнаах Бочуоттаах грамоталар, дипломнар.
Улахан кыыстара Мария Ивановна 12 сыл Ф.М. Охлопков аатынан сопхуос ыһыллыар диэри ыанньыксыттаабыта.
Наҕараадалара: “Комсомол райкомун, сопхуос администрациятын Бочуоттаах грамоталара, дипломнара, САССР Тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын грамотата (1982 с.).
Дьэ, ити курдук Чириковтар династиялара Тыа хаһаайыстыбата сайдарын туһугар үгүс сыраларын ууран кыһамньылаахтык үлэлээбиттэрэ.
138 сылларын хотоҥҥо…
Чириковтар ыанньыксытынан үлэлээбит удьуор утумнарын уопсай ыстааһа 138 сыл! Айыкка да, 138 сыл хотонтон тахсыбакка үлэлээһин диэн!!!
Чирикова Клавдия Елисеевна (1898-1968), ыстааһа 32 сыл.
Чириков Иван Ефремович (1931-2018), ыстааһа 39 сыл.
Прохорова Елена Инннокентьевна (1939-1979), ыстааһа 20 сыл.
Чириков Степан Иванович, ыстааһа 13 сыл.
Чириков Иван Иванович (1961 с.) ыстааһа 22 сыл.
Чирикова Мария Ивановна (1965 с.) ыстааһа 12 сыл.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ барыта да ыарахан. Ол эрээри саамай ыарахан үлэ ыанньыксыт үлэтэ диэтэхпинэ, бука, сөбүлэһиэххит. Ынах ыаһына, сааҕын күрдьүүтэ, ону таһааран балбаахтааһына эбэтэр анал сиргэ харайыыта, ол сыта-сымара – барыта кинилэр үрдүлэринэн. Биир күн өрөөбөккө! ынах хайдах ыаммакка хаалыай?! Ону ол диэбэккэ, 138 сыл илиилэрин араарбакка үлэлээтэхтэрэ!
1979 сыллаахха эрэ Герой Охлопков аатынан сопхуоска 200 сүөһү киирэригэр аналлаах саҥа хотон үлэҕэ киирбитэ. Хотоҥҥо аныгы кэм ирдэбилинэн ноһуому хомуйар ТСМ транспортер, водопровод, ууну сылытар КВ хочуол баар буолбуттара. Кэм ыанньыксыт ыарахан үлэтин чэпчэттэхтэрэ.
Бу ферманы “Чэчир – 78” диэн ааттаах СГУ тутар этэрээтин устудуьоннара туппуттара, ол иһин “Чэчир” диэн ааттаммыта. Ферма салайааччытынан уопуттаах ыанньыксыт Чириков Иван Ефремовиһы анаабыттара. Кэлин бу ферма сопхуос биир бастыҥ коллективынан буолбута. Иван Ефремович үлэтэ сөптөөхтүк сыаналаммыта. 1967 сыллаахха Саха АССР Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ. 1970 сыллаахха “Үлэҕэ килбиэнин иһин. В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан” үбүлүөйүнэй мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 80-с сыллардаахха кини Саха Сирин Үрдүкү Сэбиэтин грамотатынан наҕараадаламмыта.
Уйбааскы
Чириков Иван Ефремовиһы Уйбааскы диэн ааттыыллар. Бэйэтэ оҕо курдук элэккэй майгылаах, наар үөрэ-көтө сылдьар үгэстээх. Ол иһин да буолуо, истэрим тухары Уйбааскы дэнэр. Мэҥэ Алдантан биир сиргэ халбарыйбакка, үйэтин тухары олорбута. Кини сүөһүнү наһаа сөбүлүүрэ.
Кини туһунан үөлээннээҕэ маннык ахтар:
“Уйбааскыбыт атын эр дьонтон аҕыйах биллэр-көстөр уратылардаах киһи, ол курдук кини үйэтигэр булт имэҥэр ылларбатах, хамсыыр-харамай тыыныгар турбатах уонна ханнык да аныгы техникаҕа сыстыбатах киһи. Ол оннугар начаалынай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан “Дабаччыма” диэн кыра холкуос 70-ча ыанар ынаҕын барыларын ааттарын-суоларын, оннооҕор ханнык ньирэй хайа ынах оҕото буоларын эндэппэккэ билэринэн биһигини, бииргэ үөрэнэр оҕолорун, олус сөхтөрөрө, оттон биһиги биир-икки кэтэх ынахтарбытын эрэ нэһиилэ билэр урааҥхай оҕолоро этибит.
Араас дьиэ сүөһүтүн (ынах, сибиинньэ, хаас, куруолук, куурусса) көрүүгэ-харайыыга эттиин-хаанныын, ис дууһатыттан бэриниилээх, ынаҕы кытта адьас киһилии кэпсэтэр бэрт кэрэхсэбиллээх киһи – биһиги Уйбааскыбыт. Дьэ, ол иһин киниэхэ булка, техникаҕа, арыгыга, табахха орооһорго күн-дьыл, бириэмэ көстүбэтэҕэ кини итэҕэһэ буолбатах, хата, өссө атын дьонтон чорбойор үтүө быһыыта диэххэ сөп. Кини куруук дьону кытта кэпсэтэ-ипсэтэ, элэктэһэ, үөрэ-көтө көрсөр үтүө үгэстээх. Биирдэ эмэ тыл тылга киирсибэтэҕинэ, ону сотору умнан, “тымныйбыта” ааһан, урукку чөлүгэр түргэнник эргиллэр үтүө майгылаах-сигилилээх киһи.”
Саха народнай суруйааччыта Егор Неймохов “Ильмень үрдүнэн туруйалар” кинигэтигэр, “Дьиэм аттыгар тураммын” диэн кэпсээҥҥэ маннык ахтар: “ Биһиги оскуолаҕа үөрэнэрбитигэр Чириков Иван Ефремович бастыҥ ыанньыксыт быһыытынан Бочуот дуоскатыттан, хаһыат сирэйиттэн түспэт этэ, сүөһүнү үчүгэйдик билэр, саҥаран-иҥэрэн дьабаарыйан бардаҕына, бары да сэргэхсийэ түһэрбит. Наһаа аһыныгас, дьоҥҥо туох кыалларынан көмөлөһө сатыыр, мин улаханнык ыалдьыбыппар эмэтэнэ барарбар көмө диэн борооску аҕалан бэлэхтээн долгутан турардаах”.
Мэҥэ Алдан дэриэбинэтигэр биир тарбахха баттанар бэлиэ киһи буолар – биһиги Уйбааскыбыт. Кинини “Үрүҥ илгэ маастара” диэн ааттыыллара. Кини туһунан аҕыннахха, биир дойдулаахтара мичээрдии түһэллэр. Ол курдук кини үтүө санаалааҕын, киһиэхэ барытыгар үчүгэй сыһыаннааҕын бэлиэтииллэр. Кинини ытыктаан, өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтин үрдүктүк сыаналаан, Мэҥэ Алдан Бочуоттаах олохтооҕо оҥорбуттара.
Мария Неймохова
12.10.2023