1 год назад 1299
Дуоһуйа көрүөххүт
Хоруона хамсыгын хааччаҕар хаайыллан олорбут дьон “Кэрэни көрбүт” киинэ кыраһыабай хартыыналарын, глянцевай сурунаалы арыйталыыр курдук, олус кэрэхсии көрбүппүт. Онно өйдөөбүппүт – дьон бүгүҥҥү олох тэтимиттэн-тутулуттан сылайа быһыытыйбытын.
Кырдьыга да, ханна эрэ сэптээх-сэбиргэллээх сэрии, социальнай ситимнэргэ тылынан киирсии, оттон күннээҕи түбүккэ харчыны-бириэмэни сырсыы, иэһи-күүһү төлөһүү…
Оннук уйулҕаҕа охсуулаах, түктэри дьайыылаах көстүүлэртэн уйан дууһабыт, чараас куппут, өйбүт-санаабыт салҕар эбээт, айылгытынан истиҥи, ырааһы, кэрэни эрэйэн, ирдээн барар…
Ол баҕабытын ханнарар, харахпытын манньытан, кулгаахпытын сылаанньытан, сүрэхпитин үөрдэн дуоһутар киинэ улахан экраҥҥа таҕыста – “Лоокуут уонна Ньургуһун”.
Саха уус-уран айымньытын киинэҕэ кубулуппут, аахпатах да киһи өйдүүрүн курдук таҥан-табан туруорбут режиссерунан Константин Тимофеев-Cuosta буолар. Кинини биһиги биир бастакынан ойуулуктары оҥорбутунан, ырыа килииптэрин уһулан, эйгэбитин киэргэппитинэн, киинэҕэ да сонун сүүрээннэри киллэрбитинэн билэбит, билинэбит.
Кэлиҥҥи кэмҥэ Куоста саха олоҕун-дьаһаҕын кэрэһилиир уус-уран айымньыларынан умсугуйда, омук быһыытынан уратыбытын бэлиэтиир киинэлэри уһулуугу болҕомтотун туһаайда. Онно мааһа табылынна, идэтийбит таһымын, бэйэтин кыаҕын-дьоҕурун көрдөрдө диэн туох да саарбаҕа суох этэр кыахтанныбыт. Ол иһин “Бэйбэрикээнин” кэннэ “Лоокууту” ылсыбытын истэн баран: “Эмиэ наһаа үчүгэй буолуоҕа”, – диэн эрдэттэн эрэнэ күүппүппүт. Оннук да буолла: манна баар эбээт кэрэ айылҕа, сахалыы номоҕон дьүһүннээх кыраһыабай дьон, устар ууну сомоҕолуур уран тыл, тэбэр сүрэхтээҕи долгутар ыраас таптал… Оннооҕор омсолоох дьоруой да диэн суох курдук бу киинэҕэ. Бары үчүгэйдэр, бары киһилии сиэрдээхтэр, барыларын таптыы көрөҕүн.
Хаһан эрэ XVII үйэҕэ буолбут түбэлтэ уос номоҕор кубулуйан, өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбитин, ону Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар сураҕа суох сүппүт Дьүөгэ Ааныстыырап сэһэн киэбигэр киллэрэн хаалларбытын, онно олоҕуран, буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин хоһоонунан лирическэй драманы суруйбутун, XXI үйэ талааннаах режиссера Константин Тимофеев, айфоннарын киһитээҕэр ордук харыстыыр курдук туттар, тулаларын сэҥээрэ көрбөккө, куйаар ситим араас дьиибэтин-дьээбэтин хасыһар, ийэтиттэн ийэ тылын иҥэриммэккэ, ютуб саҥатынан нууччалыы кэпсэтэн улаатар, истиҥ сыһыаны көрдөрүнньүк көстүү хаартыскаларынан сыаналыыр саҥа көлүөнэ ыччакка “Сахаҕыт сирэ, төрөөбүт тылгыт, бэйэҕит омуккут маннык үчүгэйдэр, таптал диэн бу курдук күүстээх” диэн өйдөтөрдүү устан таһаарбыт.
Чахчыта да, кылаас кылааһынан кэлэн көрүөн наада. Айымньы биир да тылын түһэрбэккэ, ис хоһоон тутулун уларыппакка, суруйааччы хайдах хоһуйбутунан тиэрдэр соругу туруорбуттара кэрэхсэбиллээх. Ол иһин бу киинэттэн чэбдик салгын тыына кэлэр, көмүлүөк сылааһа илгийэр, уран тыл абылаҥа абылыыр, истиҥ сыһыан иэйиитэ кутуллар, төрөөбүт дойдубут кэрэтиттэн, сүдүтүттэн киэн туттар санаа саҕыллар.
Этэргэ дылы, оччотооҕу XIX үйэҕэ тиийэн хаалаҕын: оннук таҥас-сап, дьиэ-уот, мал-сал… Маныаха саха кинематографистарыгар оскуола буолбут, саҥа таһымҥа ааны арыйбыт “Тыгын Дархан” киинэ уһуйбут үөрүйэҕэ, уурбут далаһата, тэлбит суолун омооно биллэр-көстөр: көстүүмнэртэн, сирэйи-хараҕы кырааскалааһынтан саҕалаан, устуу маастарыстыбатыгар тиийэ.
“Мин манан куонкурустарга, күрэхтэргэ, араас бэстибээллэргэ дураһыйбаппын, өрөспүүбүлүкэм дьонугар анаан бу киинэни уһуллум. Сахам тылын ыччакка тарҕатаары, устуоруйабытын кытта билиһиннэрээри”, – диир режиссер Константин Тимофеев.
Кини олох мөкү өрүтүн, куһаҕаны көрдөрөр судургутун, оттон дьон соһуйа үөрэрин, сүргэтэ көтөҕүллэрин устар уустугун тоһоҕолоон эттэ. Ол эрээри кини ону, дьэ, сатаабыт, баһылаабат: көрбүт эрэ бары манньыйа дуоһуйда.
Артыыстарын да бэркэ талан ылбыт. Тугу да гыммакка, көннөрү турдахтарына даҕаны, омуна суох, оруолларын арыйыах айылаах барсаллар уобарастарыгар: Ньургуһуммут Мария Михалева саҥарардыын намыын, Лоокууппут Василий Белолюбскай көстөр дьүһүннүүн номоҕон. Күһэҥэй буолбут Степан Петров гримэ да суох бэйэтинэн XIX үйэ киһитэ илэ хаама сылдьарын курдук.
Ньургуһун ийэтэ Далбардаах буолбут Ирина Никифорова Саха тыйаатырын сыанатыгар элбэхтэ Ньургуһун буолан “өлбүтэ-тиллибитэ”. Онон бу уустук оруолга куттаммакка киирэргэ, толору арыйарга сүбэ-ама биэрбитин Мария Михалева махталлаахтык ахтар.
Иннокентий Луковцев (Баһыкка), Сергей Баланов (Нараҕан), Петр Садовников (Сэрбэкэ), Георгий Бессонов (Мардьааһай) былыргы дьон сиэрин-майгытын бэркэ биэрдилэр: иэдээҥҥэ да наһаа аймаммакка, кэпсэтиигэ да аһара артыыстаммакка, сахалыы судургутук туттан-хаптан, сэмэйдик сэһэргэһэн, холкутук барытыгар сыһыаннаһан.
Киинэ биир сүрүн дьоруойунан Мөлчөс (Гаврил Менкяров) буолла. Талба талаана тахса турар Мэҥкээрэп атын өттүнэн арылынна.
“Дьулуурга” мааны быһыытын-таһаатын көрөн манньыйбыт, “Айыы Уолугар” ыарыыны кытта охсуһарын аһыммыт, “Дьикти сааска” бастакы туҥуй таптал долгуйууларын тэҥҥэ үллэстибит эбит буоллахпытына, бу сырыыга кини, били, саха остуоруйатын ахсын кэпсэнэр булугас өйүнэн, ылбаҕай ырыатынан, хомоҕой тылынан баай аҥала уолун кыайар тулаайах хамначчыт уол уобараһын “бу баар дии, бу” диэбиттии билиһиннэрдэ. Кини холоонноох доҕоро Нуннууру Айталина Цыпандина–Винокурова Гаврилга тэҥ таһымнаахтык чаҕылхайдык оонньоото.
Оттон Ньургуһуннаах Лоокуут оҕо эрдэҕинээҕилэрэ – Арина Шепелева уонна Мичил Петров. Оҕолору “маладьыастар” диэн этэр тоҕоостоох.
“Лоокуут уонна Ньургуһун” драма киһи олоҕо баайынан-дуолунан кэмнэммэтин, кини дьылҕатын атын дьон быһаарара иэстэбиллээҕин, таптал туохтааҕар да күүстээҕин, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыан өрөгөйдүөхтээҕин бигэргэтэр. Үтүө мөкүлүүн, кырдьык сымыйалыын, олох өлүүлүүн үйэлээх киирсиилэрин режиссер Хара ойуун (Петр Андреев) уонна Үрүҥ ойуун (Дмитрий Захаров) кыырыыларынан киллэһиктээн киллэрбитэ – киинэ ис хоһоонун байытан, бөлүһүөктүү өйдөбүллэринэн дириҥэтэн, итэҕэл, сиэр-туом, аньыы, сэт-сэлээн туһунан толкуйдарынан ситэрэн биэрэр.
Киинэ Хаандыга таас үрэхтээх хайаларыгар, Амма сардааналаах кытылларыгар, Үс Хатыҥ сыһыытыгар, Өлүөнэ очуос таастарын сөҕүмэр көстүүлэригэр уһуллубут. Түөрт эрэ сир каадырга хабылыннар, Сахабыт сирин аар айылҕатын кэрэтин барытын хабан, хартыынаҕа хатаабыттар. Оператор үлэтин итиниэхэ хайҕыах тустаахпыт.
Сэрбэкэ олоҕун кытта ситимнээн, сиэрдээх буоларга уһуйар кутталлаах түбэлтэнэн киинэни саҕалаабыттара – ааспыт дьыллар ааннарын арыйарга күлүүс буолла. Көрөөччү ол түгэни кытта тута былыргыга биирдэ баар буола түһэрэ – режиссер таба тайаныыта, табыллыыта.
Билиҥҥи аахпат үйэҕэ саха уус-уран айымньыларын бу курдук киэҥ эйгэҕэ киинэ оҥорон таһааран иһэллэрэ үөрдэр. Духуобунай эйгэҕитин байыта, булгуччу “Лоокуут уонна Ньургуһун” сылдьыҥ, кэрэлиин алтыһан ылыҥ.
Анисия Иевлева сырдатта.