50 сыллаах үбүлүөй умнуллубат 3 күнэ - Блоги Якутии

12 часов назад 726

50 сыллаах үбүлүөй умнуллубат 3 күнэ

Бу 2024 сыл Үөһээ Бүлүү И.Н. Барахов аатынан оскуолатын 1974 сыллаахха  бүтэрбит выпускниктарыгар умнуллубаттык ааһан эрэр.

Ол курдук, бэс ыйыгар оскуоланы бүтэрбиппит 50 сыллаах үбүлүөйүн 3 күн устата бэлиэтээтибит. Сорох-сорохтор үйэ аҥаара буолан баран көрсүһэн, хайдах курдук уйадыһан куустуспуттарын ама умнар үһүбүөт?!

Биһиги үөрэммит оскуолабыт дириҥ историялаах. 1876 с. Куорамыкыга биир кылаастаах бастакы оскуола аһыллыбыта, онно 12 оҕолооҕо. Учууталынан Митрофан Гаврильевич Неустроев үлэлээбитэ.

Улуус нэһилиэнньэтигэр маҥнайгы учууталлартан Василий Григорьевич Монастырев аата ордук биллэр. Кини Мэҥэ улууһугар төрөөбүтэ, Иркутскайдааҕы учуутал семинариятын бүтэрбитэ, биһиэхэ 16 сыл үлээбитэ.  Ити кэмҥэ 1898 сылтан оскуола түөрт кылаастаах церковнай-приходской буолбут. В.Г. Монастырев үөрэнээччилэриттэн И.Н. Барахов, Р.И. Кардашевскай, М.Г. Потапова-Габышева, Капитон, Серафим, Александр Георгиевич Потаповтар, Т. А. Васильев курдук үөрэхтээх, кэлин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, сайдыылаах дьон иитиллэн тахсыбыттара.

1930 сылтан сэттэ кылаастаах оскуола, 1947 сылтан оройуоҥҥа бастакынан орто оскуола статуһун ылар. 1957 сыллаахха РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун уурааҕынан Исидор Никифорович Барахов аата иҥэриллэр. 1956-1983 сылларга завуһунан уонна дириэктэринэн  Дмитрий Спиридонович Спиридонов үлэлээбитэ.

ХХ үйэ 50-60-с сылларыгар техническэй үөрэхтээһин өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыта. Ону көҕүлээбит киһинэн кэлин ССРС норуодунай учуутала ааты ылбыт М.А. Алексеев буолар. Машиноведение, трактороведение, радиотехника, электротехника уонна киномеханика диэн куруһуоктардаах этибит. Ити кэмҥэ оҕолор Сойуус математикаҕа уонна физикаҕа олимпиадаларыгар ситиһиилэнэр буолан барбыттара.

 1966 сылтан манна тыа сиригэр бастакынан экспериментальнай физико-математическай кылаастар аһыллаллар. Ити хамсааһыны биһирээбит, бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибит учууталларбытын М.А. Алексеевы, В.С. Долгунову, А.И. Семеновы, А.А. Маччасыновы, Н.Ф. Ивановы, М.В. Баланованы уо.д.а. үтүө тылынан ахтан ааһабыт.

Итинник бүтүн Сэбиэскэй Сойууска биллибит И.Н. Барахов аатынан оскуола 24 выпуһа буоларбытынан биһиги киэн туттабыт.

Биһиги бу оскуоланы 1974 сыллаахха барыта 4 кылааһынан 128 выпускник бүтэрбиппит.

“А”-лар
“Б”-лар
“В”-лар
“Г”-лар

Үбүлүөйдээх тэрээһиммит бастакы түһүмэҕэ И. Барахов аатынан оскуола Тиһэх чуорааныттан саҕаламмыта. Дьиэ кэргэн сылынан элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар, түөрт выпускникка, харчынан стипендия туттарбыппыт.

Кэтэһиилээх, үөрүүлээх үбүлүөйбүтүгэр ыраахтан-чугастан мустан, бастаан Кэнтик сиригэр тахсан, Чап уустарын музейыгар, ыһыахтыыр сирдэринэн сылдьан, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түспүппүт.

Онтон сахалыы таҥаспытын кэтэн, Түгэхтэй алааһыгар, Бүлүү эбэ үрдүгэр, өбүгэ сиэринэн алгыстанныбыт, оһуохайдаатыбыт, сирбитин-уопуттун  аһаппыппыт, кырылыыр кымыһынан, арыылаах алаадьынан күндүлээбиппит.

Киэһэтигэр “Алгыс” рестораҥҥа ирэ-хоро сэһэргэһэн, оҕо сааспытын эргитэ, оскуолатааҕы дьоллоох кэмнэри ахтыһан, араас көрүдьүөстээх түгэннэри санаһан күллүбүт-үөрдүбүт, эһээ-эбээ буолбуппутун умнан, оҕо буолан ыллыбыт.

Тэрээһиммит иккис күнүгэр Бүлүү эбэ кытылыгар, Кырбый Уйатын алааһыгар мустаммыт, кулуһун оттоммут, күөс өрүнэн, оонньоон-көрүлээн, күммүтүн үөрүү эрэ аргыстаах атаардыбыт.

Үбүлүөйдээх үһүс күммүт И.Барахов аатынан үөрэммит оскуолабытыгар сылдьыыттан саҕаланна. Оскуолабыт музейыгар хас биирдии кылаас бэлэмнээбит өйдөбүнньүк альбомнарбытын туттартаатыбыт.

Оскуолабыт тэлгэһитигэр турар Д. Спиридонов аатынан 4-с №-дээх оскуола кэлэктиибин кытта истиҥ көрсүһүү буолла.

Дириэктэрбит Дмитрий Спиридонов аатынан сквергэ хачыал-ыскамыайканы уонна сибэкки уурар 2 тумбаны бэлэхтээтибит.

Үс күннээх үбүлүөйдээх көрсүһүүбүт сүрэхпитигэр-дууһабытыгар, өйбүтүгэр-санаабытыгар үйэ саас тухары умнуллубаттык хаалар гына чаҕылхайдык ааста.

Манна даҕатан эттэххэ, 1974 сыллааҕы выпуск оҕолоро, оскуоланы бүтэриэхпититтэн, үйэ аҥаарын тухары, ханнык баҕарар үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэннэргэ өрүү бииргэбит, түмсүүлээхпит. Ол курдук, быйыл сайын Үөһээ Бүлүүбүт нэһилиэктэригэр ойуур баһаардара туран, Өргүөт нэһилиэгэр уот чугаһаан, ыксаллаах балаһыанньа биллэриллибитигэр, баһаары умулларыыга бары биир санаанан, түөрт кылаас выпускниктара харчы хомуйан, ас-үөл, гаас оһохтору, баллоннары, үлэҕэ кэтэр үтүлүктэри, мотопомпалары атыылаһан, наадалаах көмөнү бириэмэтигэр оҥорон, олохтоохтор махталларын ылбыппыт.

2026 сылга И. Барахов аатынан оскуолабыт 150 сааһын туолар. Онно көрсүһэрбитин долгуйа күүтэбит.

Үөһээ Бүлүү  И.Барахов аатынан оскуолаҕа 1964 сыллаахха 40 оҕо үөрэнэ киирбиппит. Бастакы учууталбыт Мария Ионовна Данилова этэ. Кини биһигини IV кылааска, олох көрдөһөн, Александра Васильевна Корякинаҕа туттарбыта. Дьэ,  ол күнтэн ыла Александра Васильевна такайыытынан Х “а” кылааһы 32 буолан бүтэрбиппит.

Бу көрсүһүүнү барытын дьаһайан тэрийбит күндү дьүөгэлэрбитигэр Люцияҕа, Людаҕа барҕа махтал тылларын ис сүрэхтэн этэбит, өрүүтүн маннык түмсүүлээх буолуоҕуҥ!

Тиһэх чуорааҥҥа Үөһээ Бүлүүгэ олорор 18  киһи тиийэн, бырааһынньыгы киэргэттибит. Бары тэҥ униформалаахпыт, лиэнтэлээхпит. Эҕэрдэ тыл эттибит,  стипендиябытын туттардыбыт. Ол кэнниттэн Үс Хоһууҥҥа тиийэн, стадиоҥҥа олорон,  үбүлүөйбүтүн сүбэлэстибит.

Онус “г” кылаастар маладьыастар! Бэркэ тэринэн көрүстүлэр. Өлүөнэ очуостарыгар сырыттылар.

Макар наһаа үчүгэйдик ыллыыр эбит, хайҕаатыбыт, кыргыттар сүрэхтэрин долгутта. Биһигини хаартыскаҕа түһэртээбит, оонньууну тэрийсибит, тэҥҥэ сылдьыспыт Лиля кэргэнигэр Алексейга махтанабыт. Сима үөрэммит оскуолабыт историятын санатан, интэриэһинэй биктэриинэни толкуйдаан, бириис туттаран соһутта, үөртэ! Оскуолаҕа бэлэх ыскамыайкабытын санаабыт хоту Антон оҥордо. Андрей биһигини кытта бииргэ алтыһа сылдьар, куруук барыбытын сааһылаан, хамаандалаан, биир санааҕа түмэр. Кырбый Уйатыгар, Бүлүү эбэбит үрдүгэр бэйэбит кыыспыт уустаан-ураннаан алҕаата.

 Д.С. Спиридонов аатынан 4-с оскуолаҕа  алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Музейга сырыттыбыт. Дириэктэр Сергей Николаевич Эҕэрдэ сурук, сувенир туттарда. Бэчиэнньэ, кэмпиэт, сок тардыллыбыт остуолугар ыҥыран күндүлээтилэр. Онтон И.Барахов аатынан оскуолаҕа бардыбыт. Музей үлэһитэ Надежда Яковлевна оскуола туһунан буклет оҥорон туттарда.

Үбүлүөйбүт олус көхтөөхтүк, түмсүүлээхтик, өрө көтөҕүллэн туран ааста. “А”-лартан Светаҕа, “в” кылаастан Людаҕа ис сүрэхпиттэн махтанабын! Бары биир сүбэнэн оҕолорбутун түмтүбүт, аныгыскыга уопуттаах буоллубут.

Люция Спиридонова.

Үбүлүөйдээх үс күммүт биллибэккэ ааста. Бириэмэни эргитэ тутан, ийэ-аҕа, эбээ-эһээ буоларбытын умнан, оҕо буолан ыллыбыт, оскуолаҕа үөрэммит күндү кэммитин эргитэммит үөрдүбүт, ахтылҕаны таһааран, элбэҕи санастыбыт, араас көрүдьүөһү ахтан, күлүү-үөрүү буоллубут. Истиҥ-иһирэх көрсүһүү!

Муоматтан Индира Чиряева, Х “б” кылаас.

Бэйэм барбатарбын да, син биир бырааһынньыктыы өрө көтөҕүллүүлээх настарыанньалаах сылдьабын! Оо, көрбөтөҕүм ырааппыт оҕолорум элбэххит эбит дии: Миилэ, Тоня, Рая… Кэпсэтиэҕим хаалбыт…

Александр Агаев.

Баһыыба бастыҥа эһиэхэ ананнын! Үөрэммит сиргэр барыта сүрэххэр чугас эбит. “Манна олорбуппут, үөрэммиппит, манан сылдьар этибит, манна оннук баара” эҥин диэн элбэх санаа төбөҕөр охсуллар. Оҕолор наһаа судургулар, бэҕэһээ эрэ арахсыбыт курдукпут. Оҕо сааспын санаан дэлби мэниктээтим, барыта кэрэ, көҥүл, чэпчэки…

Макар Маисов.

Тэрээһиннэрбит барыта былааннаммыт бырагыраама быһыытынан бардылар. Ыраахтан-чугастан көрсүһэ кэлбиккититтэн олус үөрдүм. Үс күннээх көрсүһүүбүт олох биллибэккэ, биир тэтимҥэ, биир санааҕа уйдаран, бэркэ ааста. Үтүө өйдөбүл барыбыт дууһабытыгар аныгыскы көрсүһүүгэ диэри иҥэн сылдьыа.

Люда Бугулова.

Сэттэ уонча саастааҕы,

Сааһырбыттар дэһэллэр,

Туора тута сатааннар,

Олордоллор хааччахтаан.

Оҕонньордоох, эмээхсин,

Дууһалара эдэрчи,

Муста түһэн ыллыыллар,

Үҥкүүлээн да ылаллар.

Сэттэ уонча, орто саас,

Ойуоккалыыр оҕонньор.

Тилэх баттаһан кэнниттэн

Эмээхсинэ батыһар.

Санатымаҥ саастары,

Сырыттыннар дьоллоохтук,

Олох кэрэ кэмнэрин

Атаардыннар сэргэхтик.

Хаайан, бопсон, хааччахтаан,

Буоратыаххыт, ону өйдөөҥ,

Соҕотохсуйуу, муунтуйуу,

Олус дьааттаах сүлүһүн.

Үөлээннээхтэр сытымаҥ,

Айылҕалыын алтыһыҥ,

Хааны, сиини эргитэн,

Хаамыҥ, сүүрүҥ, кытаатыҥ

Олох биирдэ бэриллэр,

Оҥоруоххун оҥордуҥ,

Аны хаалбыт кэмнэргин,

Туһан бэйэҥ туһаҕар

Саһарҕа.

Дорообо, кырдьаҕас оскуолам,

Биэс уон сыл дьалхаанын аһаран,

Ыраахтан-чугастан ыҥырсан,

Кэллибит эйиэхэ хомуллан.

Кэллибит ааспыты ахтаары,

Оҕолуу күлээри-үөрээри,

Суох буолбут сып-сырдык дьоннору

Санааммыт соҥуйан ылаары.

Кэллибит сааһырбыт көрүҥнээх,

Саас баттаан нүксүйбүт көҕүстээх,

Үрүҥ хаар туртаппыт төбөлөөх,

Ол эрэн тэбэнэт дууһалаах.

Кэллибит эйиэхэ махтана,

Уйаҕас дууһаны арыйа,

Сайаҕас тыллары долгуйа,

Үйэҕэ хаалары сипсийэ.

Кэллибит күйгүөрэр дуорааҥҥын

Ырааппыт кэмнэртэн эргитэ,

Дууһаны арыйан истээри,

Долгуйа ахтыһан ылаары.

Дорообо, олохпут аартыгын

Бастакы тэлгэммит ыллыга,

Дорообо, чугдаарар чуораана

Көтүппүт күөх ньээкэ уйата.

Өйдүүрбүт тухары тыыннаахтар

Оҕо саас өлбөөрбөт күннэрэ.

Оскуола уруокка ыҥырар

Чугдаарар чуораанын тыастара.

Куола Уола.

Үөһээ Бүлүүм үрүҥ түүнүн

Ама туохха тэҥниэмий?

Бүлүү эбэм чуумпу ньуурун

Ама туохха холуомуй?

Оргууй устар наҕыллык

Үрүҥ түүҥҥэ уйдаран,

Нухарыйар Бүлүү эбэм

Үрүҥ түүҥҥэ бигэнэн.

Үөһээ Бүлүүм килбиктик

Сэбэрэтин көрүнэр,

Үрүмэччи үрүҥ түүнэ

Кууһан ылла дойдубун.

Бэллэкэ Битээлий.

Добавить комментарий