Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 19 из 20
Всего записей: 199

2 года назад

“ҺӨҔҮҤ” быыстапкатын көрөн сөҕүҥ

Арассыыйаҕа олорор норуоттар төрөөбүт тылларын саамай симэлиппит, туох да диэбит иһин, сэбиэскэй былаас. Оннук биир охсуулаах дьаһалынан 1964 сыллаахха РСФСР Үөрэҕин министиэристибэтин бирикээһэ этэ. Ол докумуоҥҥа национальнай оскуолаларга үөрэх маҥнайгы кылаастан нууччалыы барыахтааҕын туһунан этиллэрэ. Төрөөбүт тылы биридимиэт эрэ быһыытынан үөрэтии көҥүллэнэрэ. Дьолго, сахалар оччотооҕу миниистирбит Николай Иванович Шарин, ырааҕы көрөр мындыр толкуйдаах салайааччы буолан, Далее…

2 года назад

Хохуоралаах тыллаах, хоҥкунас тыастаах

“Хохуоралаах тыллаах, хоҥкунас тыастаах, холобура суох хоһоонноох хомус барахсан” элбэх норуокка баар үстүрүмүөн эрээри, сахалар курдук өрө тутар омук суох быһыылаах. Хомус биһиэхэ  – төрүт дорҕооммут, куйаары кытары ситиммит, өбүгэбит бэлэҕэ, ытыс саҕа ымыыбыт, духуобунай бэлиэбит, арчылыыр дьүрүскэммит, култуурабыт көрүҥэ, устуоруйабыт сорҕото. Ол иһин улаханнык суолталаан, 1990 сыл сэтинньи 30 күнүгэр Хомус түмэлин аһаллар. Онтон Далее…

2 года назад

“Дьулуруйар Ньургун Боотур” саҥардылынна, “Кунан Хара” сахалыы саҥарда

Олоҥхо декадатын биир сүрүн тэрээһининэн икки бэртээхэй кинигэни билиһиннэрии буолла: Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото сахалыы толору тиэкиһинэн иккистээн бэчээттэнэн тахсыбытын уонна тыбаа омук уус тыллааҕа Чанчы-Хоо Ооржак “Кунан Хара” эпоһын тылбааһын.          2020 сыллаахха таатталар СӨ Бырабыыталыстыбатыгар туһаайан: “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо кинигэтэ наһаа аҕыйах, ол иһин Саха АССР 100 сылыгар эбии таһаараргыт буоллар”, – Далее…

2 года назад

Олоҥхолоох омук кэхтибэт

Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэ буолуохтун! Үйэлээх сүдү баайбытын сыа-сым курдук тутан илдьэ сылдьар үтүөкэн норуот буоларбытынан бэйэбитигэр биирдэ махтаныаххайыҥ эрэ! Чахчыта да, аан дойду таһымыгар таһаардыбыт (киһи аймах чулуу айымньыта), наука да өттүттэн чинчийиини ыытабыт (Олоҥхо института, Олоҥхо киинэ, Олоҥхо тыйаатыра, Олоҥхо дьиэлэрэ), үйэтитиигэ да үлэлэһэбит (испэктээктэр, кинигэлэр, киинэлэр, порталлар, тутуулар) , дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыыга да туруулаһабыт Далее…

2 года назад

Тыл түмэлэ түстэннэ

“СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын интерактивнай түмэлэ” порталы билиһиннэрэр тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт Наталья Васильевна Бурцева көрсөн: “Саха тылын учууталларын сийиэһин дэлэгээттэригэр соһуччу үөрүү буолла!” – диэн санаатын үллэһиннэ. Кини Мүрүтээҕи “Уолан” гимназияҕа саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлиир. “Өссө биир этиилээхпин. Бу порталга уруок презентацияларын уган иһэргит эбитэ буоллар, дьэ чахчы, күннэтэ киирэн көрөр, үөрэтэрбитигэр олус туһанар Далее…

2 года назад

Сыыппараҕа дьүһүйэн, куйаарга үйэтитэн  

Өлүөнэ өрүһүнэн устан кэлбит өбүгэлэрбит аара хайаларга ойуулаабыттара-бичийбиттэрэ, үтүмэн сыллар тухары суураллыбакка,  ааспыт кэм кэрэхсэбиллээх кэрэһиттэрэ, кистэлэҥнээх кэпсээннэрэ буолан тураллар. Ол уонча үйэ анараа өттүгэр соһону (охра) кырааска оҥостон уруһуйдаабыт дьон сыдьааннара – аныгы сахалар – билигин аны сыыппара көмөтүнэн куйаар ситимигэр хатыламмат хартыыналарын үйэтитэллэр. Онтукалара эмиэ сүппэккэ-симэлийбэккэ, быдан дьылларга хараллан хаалыаҕа диэн эрэнэбит…   Далее…

2 года назад

Университет киэн туттуута

Оҕо хаһыатыгар өр сыл үлэлээбит биир үөрүүм – өрөспүүбүлүкэ араас улууһун оҕолорун кытта алтыһыым. Кэнчээри ыччат айар дьоҕурун сайыннарар соруктаах эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрин элбэхтэ тэрийэрбит. Оннук биир түмсүүбүтүгэр ыраах Мииринэй улууһун Сүлдьүкээр эбэҥки национальнай нэһилиэгиттэн Игорь Данилов диэн олус көхтөөх, тылга тыыппалаах, билиигэ баҕалаах уол тиийэн кэлбитэ. Барыларыттан уһулуччу уолу бары бэлиэтии уонна сөбүлүү көрбүппүт, Далее…

2 года назад

Күдэрик тумаҥҥа муммуттар…

Сэтинньи 14 күнэ. Сарсыарда тураат, бассаабы көрбүтүм, саха дьоно Алампа төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлэһэн ырааппыт. “Киэһэ бириэмийэтин туттарыыга барсыбаккын дуо?” диэн илдьиккэ “Суох, “Биһиги кыһыммыт” диэн киинэ премьератыгар ыҥырбыттара” диэн хоруйдаатым.         Түннүгү көрбүтүм: дьыбардаах. Ол аата халлаан тымныйбыт. “Өлбүт киһи буор түгэҕэр сытарын курдук, Мин төрөөбүт аан ийэ дойдум Халыҥ хаарынан Саҥата суох сабыллан сытар… Далее…

2 года назад

Алаас уола Алампаҕа анаан

Дьохсоҕон диэн сир аатын саха литературатын үөрэппит киһи барыта билэр буолуохтаах. Улуу убайдарбытын Өксөкүлээҕи, Алампаны, Ойуунускайы, Суоруну бэлэхтээбит ытык сир. Мин ол нэһилиэк ыччата буолабын. Онон Алампа Куобах Буһарбытыгар отонноон, Өксөкүлээх Амыдайыгар моонньоҕонноон, Ойуунускай Халымнаайытын балыгын амсайан, Суорун Ытык Таҥаһыгар чучунаахтаан улааппытым. Билигин да сайын аайы алаастарыгар сылдьан ааһабыт. Дьохсоҕон орто оскуолатыгар саха тылыгар үөрэппит Далее…

2 года назад

Ойуунускай уонна кинигэ кыһата

Сэтинньи 11 күнүгэр саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит суруйааччы, судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй, уопсастыбаннай диэйэтэл, тыл үөрэҕэр бастакы дипломнаах учуонай, фольклору чинчийээччи, салайааччы Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 129 сылын туолар.          Бу Национальнай библиотека саайта буоларын быһыытынан, “Ойуунускай уонна кинигэ” диэн тиэмэҕэ сыһыаран, “Айар” национальнай издательскай хампаанньа (урукку “Бичик) кылаабынай редактора, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Луковцев-Дьурустаан бэлэмнээн биэрбит Далее…