Айар аналлаах, айыы айылгылаах Аайабыт - Блоги Якутии

1 год назад 1220

Айар аналлаах, айыы айылгылаах Аайабыт

Улуу Энштейн: “Энергия лежит в основе всего”, – диэн  эппитин курдук, киһи эмиэ төһө эниэргийэлээҕиттэн кыаҕа-таһыма тутулуктаах эбитин дьэҥкэ өйдөөтүм.

         Онуоха эн хайдах эйгэҕэ иитиллибитиҥ улахан сабыдыаллааҕын билиҥҥи кэм ойууна Кулан Хаан бэлиэтиир. Кини иитии (воспитание) диэн тылы “заряд” диэн өйдөбүлгэ сыһыаран сылыктыыр. Ол аата оҕо кыра сылдьан, батарыайка курдук, тулалыыр чугас дьонун тапталларынан, сылаас сыһыаннарынан сэрээттэнэр уонна ол иитиитэ төһө толорутунан кини олоххо тардыһыыта быһаарыллар эбит.  

         Оччотугар мин кэпсиир биир идэлээҕим оҕо сааһыгар тобус-толору  иитиллибит. Ол иһин бу дьоһун үбүлүөйдээх сааһыгар диэри бэрт эрчимнээхтик үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар.

 Кини ис ньэгирэ күүстээҕин мин өссө уонтан тахса сыллааҕыта суруналыыстар ыһыахтарыгар бэлиэтии көрбүтүм. Ол күн Раиса Сибирякова, бэйэтиттэн быдан бөдөҥ-садаҥ дьахталлары кытта мас тардыһан, барыларын кыайан, чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта.

Аата бэйэтэ бренд

         Раиса Сибирякованы мин урут тыа хаһаайыстыбатын сырдатар кэрэспэдьиэн дии саныырым. Намчы көстүүлээх номоҕон дьахтар эр дьон ордук кыайа-хото тутар тиэмэлэрин биир салаа отугар тиийэ билэрэ сөхтөрөрө. Тыа сирин, үлэ дьонун туһунан салҕыбакка сырдатан, бука, үгүс киһини өссө үчүгэй көрдөрүүлэргэ күөртээбит, үлэ көдьүүһүн үрдэппит буолуохтаах.  Билигин да “Ил Түмэн” хаһыакка ити хайысхатын ыһыктыбакка тута сылдьар. Ол иһин Раиса Сибирякова диэн аата бу эйгэҕэ бэйэтэ туспа бренд буолла диэххэ сөп: ханнык баҕарар улууска эрийэн тиийдэ да, аатын истээт, бука бары үөрэ-көтө кэпсэтэллэр, статистикаларын ыараабакка-чэпчээбэккэ, бэрт улгумнук биэрэ охсоллор уонна үчүгэй “эттээх-сииннээх” матырыйаалы киниттэн күүтэн саҕалыыллар. Раиса Спиридоновна ол дааннайы ылаат, бэйэтин билиитигэр тирэҕирэн, уопутугар олоҕуран, төрдүттэн түөрэн анааран-анаалыстаан, кэлин устуоруйаҕа хаалар ырытыылаах ыстатыйаны начаас үлүгэр баар гына охсор. Сыыппараны отчуокка кубулуппакка, ходуһаҕа от кэбиһэ сылдьалларын, хотоҥҥо ыанньык кэмин үгэнин хараххар ойуулаан көрөрүҥ курдук суруйары кини маастарыстыбалаахтык сатыыра – бу идэтийии үрдүк таһымын туоһута.

         Мин хаһан эрэ Саха Сирин төрүт олохтоох норуоттарын остуоруйаларын түмэн, мобильнай сыһыарыы оҥорор бырайыакка кыттыспыттааҕым. Онуоха тиэкистэри хантан ылбыппын чопчу ыйаары, биир кинигэни арыйа баттаабытым, эрэдээктэрдэр ааттарыгар Р.С. Сибирякова диэн сурулла сылдьарын көрөн соһуйбутум. Кэлин ону туоһуласпыппар, Раиса Спиридоновна, көҥүлэ суоҕу көрбүтүм курдук, кистээн кэриэтэ сибигинэйэн: “Мин-мин ол”, – диэбитэ. Билиҥҥи үйэҕэ төттөрүтүн аҥаардас хамнаска олорор киһини бэркиһээн: “Онтукаҥ биир ыйга тиийэр дуо?” – диэн токкоолоһор, бэйэлэрэ хас эмэ сиртэн дохуоттаналларын киэн тутта кэпсиир эбит буоллахтарына, Раиса Спиридоновна, наһаа сэбиэскэйэ бэрт буолан, холтуураны (айар дьон үлэ таһынан харчылаһыыны итинник диибит) туох эрэ буойуулааҕы оҥорбутун тэҥэ сананарын өйдөөн мичээрдээбитим, хомуньуус баартыйа ииппит киһитин быһа бааччы боппуруоспунан долгуппуппун билиммитим. Ол эрээри сүгүрүйбүтүм аны Ийэҕэ – соҕотох бэйэтэ модун санаатынан, үлэтин таһынан түбүгүрэн, кирэдьиит бөҕөтүн төлөһөн, киин куоракка икки оҕотун дьиэлээбитин билэн.  

Кырдьыга да, Раиса Спиридоновна кыһамньылаах ийэ, тапталлаах эбэ буоларын таһынан, өссө кини хаһаайка бэрдэ. Оҕуруотчута, асчыта диэн туох да ааттаах. Ол иһин ити тиэмэҕэ ырысыап арааһын үллэстэр, үүнээйини көрүү-харайыы, иис-уус сүбэлэрин сылы эргиччи хаһыакка бэлэмнээн таһаарар. Бээ, “Сахапарламент” саайтыгар ол матырыйааллара саамай элбэхтэ арыллан көрүллүбүтүн хобуоччу учуотчуккуппут бигэргэтэр. 

Кини ити курдук ааҕааччылары хайдах гынан сэҥээрдэри сатыыр. “Барыта наһаа мунньах буолаары гынна, бээ, кэпсээннэ киллэриэххэ”, – диэбит курдук, хаһыаты былаанныырга сонун идиэйэлэрин куруук этэр үгэстээх.

Айар Аайа

         “Кэпсээннэ киллэриэххэ”, – диэбиккэ дылы, Раиса Спиридоновна бэйэтэ эмиэ туспа буочардаах суруйааччы. Аайа диэн аатынан бэчээттэнэр, хас да кинигэлээх. Ааспыт 2022 сыллаахха СӨ суруйааччыларын сойууһугар киирэн, көмүс күһүн сааһыгар айар үлэнэн үлүһүйэн дьарыктанарыгар саҥа кэрдиис кэмин аана арылынна.

Өскө кэрэ аҥаар үксүн эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын, иэйиилэрин, тапталларын айымньыларыгар сүрүн тутул оҥостон, ол тула сабыытыйаны барытын эргитэр эбит буоллахтарына, Аайаҕа төттөрүтүн: төрөөн тахсан иһэр түгэннэртэн, түбэлтэлэртэн дьоруойдары билэҕин. Ис туруктарын кини соннук эридьиэстии сатаабат, ол ымпыгын-чымпыгын ааҕааччы бэйэтэ толкуйдууругар хаалларар, хайдах саныылларынан оҥорон көрөллөрүгэр кыаҕы биэрэр.  Бу – кини ураты ньымата. Холобура, “Хотууна хотоку” сэһэнигэр (“Уһаабыт сааскы күн”, 2013 с.) Матрена соҕурууттан кэлбит уот тардааччы Ноэллыын хайдах эрийсибитэ, киһитэ соҕуруу барбытын кэннэ, хат хаалбыт дьахтар тугу санаабыта, санаарҕаабыта ойууламматах, ол эрээри туох буолбутун бүтэйдии сэрэйэҕин. Этэргэ дылы, айылгыбытынан, айылҕабытынан айыллары (иэйиини, имэҥи, дьалыҥы, оҕону, о.д.а.), кырдьык да, быһаарар да наадата суох курдук эбит…

         Эһиги: “Ол аата Аайа бэйэтэ таптаабатах буолан, айымньытыгар онно суолта уурбат эбит” , — дии санаабыт буоллаххытына, улаханнык сыыһаҕыт. Анастасия Готовцева ыллыыр “Чараҥ вальсын” истибиккит буолуо. Бу ырыа матыыбын суруйбут мелодист, рок-муусукаан, кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕу олорон ааспыт Николай Максимович Сибиряков биһиги Раиса Спиридоновнабыт кэргэнэ буолар. Икки айар куттаах дьон ыраас сырдык  иэйиилэрэ хоһоонноругар холбоспута, кэпсээннэригэр кэккэлэспитэ,  ырыаларыгар ыксаласпыта чуолкай. Ону “бу” диэн чопчу ыйбатаргын да, айымньылара истиҥэ сылаас сыһыаннарын кэрэһилиир.    

         Кинилэр Николай Максимович дойдутугар Чурапчыга олохсуйбуттар. Раиса Спиридоновна “Саҥа олох” хаһыакка суруналыыстаабыта, кэргэнэ Чурапчы улууһун үөрэҕин салаатыгар үлэлээбит.

Оччолорго мин Раиса Спиридоновнаны төрүт Чурапчы кыыһа дии саныырым. Онтукам олох да Бүлүү эбит. Ол иһин кэпсээннэрин сюжета үксэ дойдутун кытта ситимнээх. Холобура, төрөөбүт улууһугар буолбут алдьархайы санатар “Учуутал” кэпсээнигэр дириэктэр Сардаана Максимовна, оҕолор өлүүлээх баһаар буруйун бүтүннүү бэйэтигэр ылынан, хаайыыга уурулларын долгуйа ааҕаҕын. Ол эрээри дьиктитэ диэн, Аайа уустук дьылҕалаах дьон олоҕун, хайдах эрэ, судургу уонна чэпчэки баҕайытык тиэрдэр. Олох бэйэтин дьаалытынан устарын тэҥэ, кинилэр уобарастарын буолуохтааҕын курдук, “маннык дьон баар”, “маннык олоххо буолар” диэбиттии ылынаҕын. “Акаарытыгар” амырыын дойдуга баран кэлээхтээбит  Сардаана Максимовнаны да, төрүөҕүттэн хараҕа суох Ньургуну, тыла суох Бөдүөрэни, тоҕо эрэ, Аайа суруйуутугар улаханнык аһыммаккын, аһыйбаккын. Итэҕэстээх, дьоло суох, уопсастыбаҕа туора сылдьар дьон курдук  санаабаккын.  Тоҕо диэтэххэ, кини айбыт хас биирдии персонаһын толору уонна бүтүн киһи курдук, туспа личность быһыытынан билинэҕин. Итиэннэ кинилэр бары дьоһуннаах олоҕу олоруохтарыгар итэҕэйэҕин. Ити Аайа бэйэтэ дьоҥҥо сыһыанын көрдөрөр: хайдах баҕарар, ханнык баҕар киһини тэҥнээҕин курдук көрүөхтээххин диэн тосхолуттан.     

Үчүгэй киһи

         Мин кинилиин кылгас кэмҥэ “Ил Түмэн” хаһыакка бииргэ үлэлээбиппит. Икки кэрэспэдьиэннээх эрэдээксийэ буолан, биирдии бэйэбит хастыы эмэ балаһаны суруйарбыт. Раиса Спиридоновна саамай түргэммит уонна үлэһиппит буолара, араас кэрэхсэбиллээх тиэмэҕэ интэриэһинэй уонна хаачыстыбалаах матырыйааллара ким хайа иннинэ оҥорон туттарара.

Аны бэртээхэй тылбаасчытын бэйэбэр арыйбытым. Хайдах баҕар тиэкиһи начаас “сахалыы саҥардара”. Кэлин билбитим, букатын да таҥара кинигэлэрин кытта тылбаастыыр эбит.

         Хайдах итиччэ элбэх үлэни барытын аттаран оҥорорун саҥата суох испэр сөҕөбүн эрэ. “Эппитим курдук, эниэргийэтэ элбэх буолан”, – диэн сылыктыы саныыбын уонна бу кинини бэйэм төһө билэрбинэн сырдата сатаатым.  Ыйыппакка эрэ, тугу суруйбуппун көрдөрбөккө эрэ. Тоҕо диэтэххэ,бүгүн алтынньы 19 күнүгэр Раиса Спиридоновна үбүлүөйдээх 60 сааһын туолла. “Дьиҥэр, үчүгэй киһибин ээ”, – диэн бэйэтэ дьээбэлэнэрин курдук, чахчы, үтүөкэн  киһи – Раиса Сибирякова. Улахан суруналыыс. Үтүөлээх да буолар кэмэ кэллэ. Буолар да ини диэн бүк эрэнэбит.

Үрдүк үөрэххэ бииргэ үөрэммит бэрэпиэссэр дьүөгэтэ, наука дуоктара Валентина Семенова: “Биһиги куурустан устудьуоннуу сылдьан ким да литератунай куруһуокка сылдьыбатаҕа. Кэлин ол оҕолорбутуттан хас да суруйааччы үүнэн таҕыста. Ол биһиги бэйэбититтэн ирдэбилбит улахан бэрт буолан, “Сэргэлээх уоттарыгар”  сананан да көрбөтөх эбиппит”, – диэн, быйыл  Раиса Сибирякова автограф-сессиятыгар тыл этэн турар.

Оннук, Раиса Спиридоновна ыстатыйаларыгар олус кичэллээхтик, болҕомтолоохтук сыһыаннаһар. Сонун тиэмэни көрдүүр, саҥа дьоруойдары булар. Онон саха суруналыыстыкатыгар сытыы суруйуута, саха литературатыгар дьоһун айымньыта өссө да бэчээттэнэ, сурукка тиһиллэ, сыыппараҕа үйэтиллэ туруо диэн этэн туран, ытыктабыллаах Раиса Спиридовнаны бэйэм уонна тыһыынчанан ааҕааччыларын аатыттан эҕэрдэлиибин, айымньылаах үлэҕэр ситиһиини, кытаанах доруобуйаны баҕарабын!

Анисия Иевлева.

Добавить комментарий