Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 20 из 20
Всего записей: 199

2 года назад

Кэрэхсэбиллээх Киэһэлэр кистэлэҥнэрэ

Саха АССР 100 сылынан Марк Жирков “Ньургун Боотур” оператын Москва Большой театрыгар көрдөрөөрү бэлэмнэнэ сылдьаллар. Бу “Ньургун Боотур” операны 1957 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт Саха литературатын уонна искусствотын киэһэлэригэр (күннэрэ буолбатах) Малай театрга туруорбуттара. Онно дойду үрдүкү салалтата барыта сылдьыбыта. Ол туһунан ити номоххо киирбит Киэһэлэри тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, оччолорго Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин Далее…

2 года назад

Алтыс айар айан аартыгынан

“Сэбиэскэй кэмҥэ норуоттар доҕордоһуулара дьиҥнээхтик баара дуо? Эбэтэр көрдөрүнньүк көстүү эрэ этэ дуо?” диэн ыйытыыга араас таһымнаах мөккүөрдэр буолааччылар. Утопия дииллэр даҕаны…   “Сэттэ уонча сыл устата күүстэринэн сомоҕолуу сатаабыттара, биир күнүнэн үрэллибитэ”, — диэн куолулааччылар уонна онно туоһу буолар холобурдары аҕалааччылар да үгүстэр. Ол эрээри оннооҕор ыал иһигэр  “Хаан биир, хармаан атын” диэччилэр буолбаат? Далее…

2 года назад

Үс үйэ анараа өттүгэр саха ахсаана төһө этэй?

 Лев Гумилев түөрүйэтинэн, нуучча норуотун пассионарноһа уһулу ойон тахсыбыт кэмэ — XVII үйэ. Кырдьыга да, ити кэмҥэ байыаннай, экэнэмиичэскэй, култуурунай өрө көтөҕүллүү буолан ааспытын история чахчылара кэрэһилииллэр. Оттон Саха Сирэ Нуучча судаарыстыбатыгар холбонор кэмигэр кини норуота сайдыы хайа таһымыгар сылдьарай? Саха ахсаана төһө этэй? Бу ыйытыыга историческай наука дуоктара Андриан Афанасьевич Борисов чинчийэн суруйбут матырыйаалын билиһиннэрэбит. Далее…

2 года назад

“Алгыстаах ас” аһылыга астык!

Дьон үксэ оскуола кэнниттэн ылбыт идэтинэн сааһын тухары үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсар аналлаах. Оттон бүгүн мин сэһэргэһэр киһим Сергей Троев 20 сыл суоппардаан баран, эмискэ ресторатор буолан соһуппут. Саас “Лена” киинэ тыйаатырын эҥээр хааман иһэн, “Алгыстаах ас” диэн сахалыы ааттаах кафе куорат киинигэр аһыллыбытын сэҥээрэммин, киирэн эбиэттээн тахсыбыттааҕым. Идэһэ сиэниллэн бүппүт кэмигэр кинилэргэ сибиэһэй эт баара сөхтөрбүтэ. Өйдөөн Далее…

2 года назад

Кинилэр саҥа олоҕу туппуттара

   Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах историятын 70 сыла барыта хомсомуолу кытары ситимнээх. Ыччат бу тэрилтэтэ Саха Сиригэр бүтүн бөһүөлэктэри дьэндэппитэ, тимир суол тиһилигин тардыбыта, тыа хаһаайыстыбата, бырамыысыланнас, тутуу салаалара сайдалларыгар сүрүн оробуочай күүс буолбута.    Саха Сирин хомсомуола тэриллибитэ 100 сылын туолбутунан, былырыын оруобуна сылын баттаһа, “Таатта комсомола” диэн кинигэ  тахсыбыта. Кинигэ матырыйаалын хомуйуутун сүрүннээбит, ахтыылары эрэдээксийэлээбит, макыатыгар, Далее…

2 года назад

Хостонор баайбыт туһунан барыта манна баар

Алмааспытынан, көмүспүтүнэн, гааспытынан, ньиэппитинэн, о.д.а. хостонор баайбытынан үбүлэнэн олорор өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо бары ааҕыахтаах, билиэхтээх уонна дьиэтээҕи бибилэтиэкэтигэр ылыахтаах бэртээхэй кинигэтэ тахсыбыт. “Богатства недр Якутии. Полезные ископаемые, минерально-сырьевая база” диэн. Саха Сиригэр хостонор уматыктары (гаас, ньиэп, таас чох), металлары (тимир, марганец), күндү металлары (кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, платина), өҥнөөх металлары (хорҕолдьун, вольфрам, сурьма, молибден, сибиниэс, цинк, алтан, никель, кобальт, ртуть, алюминий, Далее…

2 года назад

Ааҕыы чороонуттан билии кутуллар

СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ быйылгы 2022 сылы Ааҕыы сылынан биллэрбитэ. Онон Сунтаар улууһугар бу сыл устата — олунньу 14 күнүттэн ахсынньы 26 күнүгэр диэри — бары нэһилиэктэрин үөрэх тэрилтэлэринэн «Ааҕыы түһүлгэтин чорооно» диэн эстафета ыытылла турар. Бу туһунан Сунтаар улууһун Күүкэй А.К. Акимов аатынан оскуолатын бибилэтиэкэрэ Ксения Саввинова суруйар: “Бу «Ааҕыы түһүлгэтин чорооно» — Арыылаах Далее…

2 года назад

Дьоһун кинигэ тахсыбыт

Хас биирдии күн сонунун сурукка тиһэн үйэтитэр суруналыыстар барахсаттар суруллубут суоруллубатын кимнээҕэр да ордук билэр буоллахтара эбээт! Ол иһин бу “Журналисты Якутии” энциклопедия тахсыбытыттан бары да олус үөрэн: “Дьоһун кинигэ буолбут” , — диэн хайҕаатыбыт. — Өрөспүүбүлүкэ учууталлара, эмчиттэрэ, о.д.а. идэлээхтэрэ маннык библиографическай хабааннаах энциклопедиялаахтарын билэбит. Оттон суруналыыстар, били, “Саппыкыта суох саппыкыһыт” дииллэринии, дьэ, саҥа Далее…

2 года назад

Былаас утары туруортаабыт икки чулуу киһитэ

Бүгүн, алтынньы 19 күнүгэр, Саха Сиригэр ЯКНАРРЕВДОТ (Якутский народно-революционный добровольческий отряд) тэриллибит күнэ. Онон сибээстээн историческай наукалар кандидата Владимир Ильич Пестерев суруйуутуттан ЯКНАРРЕВДОТ байыастара үрүҥ генерала Пепеляев дружиналарын самнанар соруктаах сырыыларын, Саһыл Сыһыы сэриитин, Стродтаах Пепеляев дьылҕаларын туһунан сахалыы тылбаастаан таһаараабыт. 2015 сыллаахха Л.А. Юзефович «Зимняя дорога» кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Суруйааччы документальнай романыгар анархист-хомуньуус Далее…