Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 16 из 19
Всего записей: 187

2 года назад

ТӨГҮРҮКТЭЭҺИНИ ТӨЛӨ КӨТӨН

Дойдуга бүрүүкээн турар байыаннай балаһыанньанан, патриотическай иитиигэ улахан суолта уурулунна. Ол курдук, РФ Президенэ Владимир Путин эһиил 2024 сылга Герой куорат – Ленинград – 872 хонуктаах блокадаттан босхоломмута 80 сылын киэҥник бэлиэтииргэ эттэ уонна онно аналлаах тэрээһиннэри 2023 сыл тохсунньу 18 күнүттэн саҕалыырга туһаайда. Тоҕо тохсунньу 18 күнүттэн? Бу күн 80 сыл анараа өттүгэр Ленинград Далее…

2 года назад

Гавриил Ксенофонтов аата иҥэрилиннэ

Бөдөҥ бэлитиичэскэй, уопсастыбаннай диэйэтэл, үөрэҕи-билиини тарҕатааччы, «Якутский трудовой союз федералистов» национальнай-демократическай баартыйаны төрүттээччи, Саха Сирин уонна Сибиир историятын, этнографиятын уонна фольклорун чинчийбит учуонай, юрист Гавриил Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылынан Дьокуускай куорат Автодорожнай уонна Покровскайдыыр суолларын икки ардыгар баар уулуссаҕа кини аатын иҥэрдилэр. Төһө да тохсунньу тоһуттар аан даам тымныыта буоллар, Хаҥаластан биир дойдулаахтара покровскайдар, чуолаан Далее…

2 года назад

Ырай уонна үөдэн түгэҕэ

Бу нэдиэлэҕэ икки киинэҕэ сырыттым. Дьиҥэр, “Кэрэни көрбүт” иннинэ “Эдэр сааһы” көрүөхтээх эбиккин. Тоҕо диэтэххэ, католиктар: “Ырайга тиксиэн иннинэ бастаан “чистилищены” ааһан ыраастанаҕын”, — дииллэр дии.         Чахчы, биирэ – ырай, биирэ – үөдэн түгэҕэ.          Төһө да киинэ “Эдэр саас” диэн сырдык ааттаах буоллар, Дмитрий Давыдов үөдэн түгэҕин көрдөрүөхтээҕин сэрэйэ-сэрэйэ барбытым. Оннук да буолла: эмиэ Далее…

2 года назад

Хотугу норуоттар үҥкүүлэрин үөрэппитэ, үйэтиппитэ

Хореограф аан дойдутааҕы күнүнэн ситимнээн, хотугу норуоттар үҥкүүлэрин үйэтиппит соҕуруу дойду кыыһа Мария Жорницкая туһунан кэпсиэм. Бука, араспаанньатын сэргии истибит буолуохтааххыт. Кырдьык, Дьокуускай биир уулуссата кини кэргэнэ Ефим Жорницкай аатын сүгэр. Таптаһар сүрэхтэргэ тымныы да сылаас Ефим Львович өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ сүҥкэн үтүөлээх киһи. Кини ыраах Одесса куоратыгар 1899 сыллаахха төрөөбүт. Өрөбөлүүссүйэ дьалхаанын билбит, гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу Далее…

2 года назад

Самая читающая

Я ежедневно вижу читающих детей. Самая читающая категория – это младшие школьники. Сегодня мне хочется рассказать о Саввиновой Алиме, ученице 4 класса “Кюкяйская СОШ им.А.К.Акимова”. Алима любит читать разные книги. На перемене всегда старается заходить в библиотеку. В основном спрашивает книги, которые не входят в школьную программу. Сразу видно, что Алима с удовольствием читает. Когда Далее…

2 года назад

Бастакы биологическай үлэни суруйбута

А.Е. Кулаковскай 1979 с. тахсыбыт “Научные труды” кинигэтигэр “Виды животного и растительного царств, известные якутам” диэн  анал салаа баарын билэҕит. Онно Өксөкүлээх Өлөксөй көтөр-сүүрэр, хамсыыр-харамай, үүнээйи сахалыы, нууччалыы, латыынныы ааттарын суруйан хаалларбыта киирбитэ. Бу үлэтэ бастаан 1929 сыллаахха Нуучча географическай уопсастыбатын сурунаалыгар бэчээттэммит. Илиинэн суруллубута (оригинала) билиҥҥэ диэри көстө илик. 2010 сыллаахха Людмила Реасовна Кулаковская Далее…

2 года назад

Өрөспүүбүлүкэ сайдыытын туһугар үлэлээбитэ

       Москубаҕа Бүтүн Сойуустааҕы бырамыысыланнай академияҕа үөрэнэн, сахалартан биир бастакынан инженер-теплоэнергетик идэтин баһылаабыт Ананий Кононович Андреев туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар ахсынньы 21 күнүгэр буолан ааста.          “Бу туох үтүөлээх-өҥөлөөх киһиний?” —  диэн ыйытар буолуохтааххыт. Сөп ээ, билбэппит — ол биһиги буруйбут буолбатах. Репрессия элбэх ааты норуоттан кистээбитэ, историяттан туора соппута, хара мэҥи Далее…

2 года назад

Сотору Саҥа дьыл!

Саҥа 2023 сылы көрсөр аптаах-алыптаах, бэлэхтээх-кэһиилээх, дэлэгэй баай остуоллаах дьоро киэһэбит буолара оруобуна 10 хонук хаалла. Мантан ыла тохсунньу ортотугар диэри элбэх үтүө көрсүһүүлэр, бырааһынньыктааҕы түмсүүлэр тосхойуохтара. Оннук түгэннэри сэргэхтик атааран, биктэриинэ таайса оонньуургутугар анаан, Саҥа дьыллааҕы ыйытыылары толкуйдаатыбыт. БОППУРУОСТАР ЭППИЭТТЭЭХ БЭРИЛИННИЛЭР: 1. Харыйаны киэргэтэр үгэс ханнык сиртэн саҕаламмытай? Харыйаны XIV үйэҕэ Германия Эльзас түөлбэтин Селеста Далее…

2 года назад

Саха туой оҥоһугун туһунан кинигэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин историческай саалатыгар биир бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһин буолан ааста – саха тылынан уус-уран айымньытын хомуйааччы, чинчийээччи, этнограф, кыраайы үөрэтээччи Андрей Саввин-Өндүрүүскэ Саабын сахалар туой оҥоһуктарын туһунан «Гончарное ремесло у якутов» диэн кинигэтин биһирэмэ буолла. Ойуунускай алгыһынан Андрей Андреевич Саввин 1896 сыллаахха сэтинньи 21 күнүгэр Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа Далее…

2 года назад

Национальнай тыйаатыр – ийэ тыл эйгэтэ

Саха академическай тыйаатырын көҕүлээһининэн, Саха тылын, литирэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин чэрчитинэн, национальнай тыйаатыр ускуустубатыгар тирэнэн, ыччат сайдарыгар төрүт эйгэни олохтуур ньымалары тобулар стратегическай сиэссийэ буолан ааспыта. Өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрэр туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар учууталлар, театральнай куруһуок салайааччылара уонна педагог-бибилэтиэкэрдэр Саха тыйаатырын тула мустан, оскуола үөрэнээччилэрин Далее…