2 года назад 470
Сотору Саҥа дьыл!
Саҥа 2023 сылы көрсөр аптаах-алыптаах, бэлэхтээх-кэһиилээх, дэлэгэй баай остуоллаах дьоро киэһэбит буолара оруобуна 10 хонук хаалла. Мантан ыла тохсунньу ортотугар диэри элбэх үтүө көрсүһүүлэр, бырааһынньыктааҕы түмсүүлэр тосхойуохтара. Оннук түгэннэри сэргэхтик атааран, биктэриинэ таайса оонньуургутугар анаан, Саҥа дьыллааҕы ыйытыылары толкуйдаатыбыт.
БОППУРУОСТАР ЭППИЭТТЭЭХ БЭРИЛИННИЛЭР:
1. Харыйаны киэргэтэр үгэс ханнык сиртэн саҕаламмытай?
Харыйаны XIV үйэҕэ Германия Эльзас түөлбэтин Селеста куоратыгар бастаан киэргэппиттэр. Кыһыл, күөх дьаабылыкаларынан. Ону дьадаҥылар оҕолоро кэлэн сииллэр эбит. Ити чахчыны ким да мөккүспэт, тоҕо диэтэххэ Ороһуоспа бырааһынньыгар анаан харыйаны 4 шиллинг харчыга атыылыыр туһунан бэлиэтээһин оччотооҕу «счетнай» кинигэҕэ сурулла сылдьар. Ол докумуон Селеста гуманистическай бибилэтиэкэтин архыыбыгар билиҥҥэ диэри баар.
Онтон XVI үйэ иккис аҥаарыгар протестаннар утарылаһаннар, католиктар Ороһуоспа күн Иисус Христос оҕо сааһын сыаҥка гына оонньуулларын тохтоппуттар уонна бырааһынньык сүрүн бэлиэтинэн харыйаны билинэргэ эппиттэр. Ити идиэйэ реформатор Мартин Лютертан тахсыбыт. Кини: «Харыйа анныгар бэлэххитин уурар буолаҕыт», – диэбит.
Бастаан чүмэчилэринэн, онтон баһаар өттүнэн сэрэхтээҕин иһин кумааҕы сибэккилэринэн, кэлин таас оонньуурдарынан мааныылаах маспытын симиир буолбуттар. Онон үгүс дьон саныырын курдук, Мартин Лютер үгэһи олохтообут буолбатах, эльзастар кини иннинэ харыйаны киэргэтэр эбиттэр.
2 .Тымныы Кырдьаҕас төрөөбүт күнэ?
Моруос Оҕонньор төрөөбүт күнэ – сэтинньи 18 күнэ. 2005 сыллаахха официальнайдык бигэргэппиттэрэ. Чуолаан тоҕо ити даатаны талбыттарын төрүөтэ – оруобуна ити күнтэн Тымныы Кырдьаҕас олорор Великэй Устюгар кыһыҥҥы тымныылар түһэллэр.
3. Тымныы Кырдьаҕас резиденцията Великай Устюг куоракка 1998 сыллаахха аһыллыбыта. Оттон ол иннинэ ханна баар этэй?
Сэбиэскэй кэмҥэ Моруос Оҕонньор дьиэтин судургутук: «Ханна эрэ хотугу эргимтэҕэ», — диирбит. Кэлин омуктары үтүктэн: «Туспа резиденциялаах буолуохтаах», — диэн, 1989-1994 сылларга Архангельскай Соломбала оройуонугар тэрийэ сылдьыбыттара.
Ол кэнниттэн 1995 сыллаахха Мурманскай уобалас Кольскай тумул арыытыгар көһөрбүттэрэ. Онно, остуоруйаҕа курдук, куобахтар, саһыллар сүүрэ сылдьар сирдэрэ баар — Чунозерскай уһаайба — Лапландия заповеднигын саҕаланыыта. Ити кэрэ айылҕалаах сиргэ дьиэ туппуттара да, ырааҕа бэрт буолан, Великэй Устюгка аҕалбыттара.
4. «В лесу родилась елочка» ырыа хас сыллаахха суруллубутай? Ааптардара кимнээҕий?
Оҕо суруйааччыта Раиса Кудашёва 1903 сыллаахха «Малютка» сурунаалга бэчээттэппит хоһооно. 1905 сыллаахха Леонид Бекман матыып суруйбута.
5. Арассыыйаҕа Саҥа дьылы хаһааҥҥыттан тохсунньу 1 күнэ үүнэр түүнүгэр бэлиэтиир буолбуттарай?
1699 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр славяннар 7209 сылы көрсүбүттэрин кэннэ, ыраахтааҕы Бүөтүр I ыйаах таһаарар: «Аны сылы, дьопуруопалар курдук, Христос төрөөбүт күнүттэн ааҕабыт уонна тохсунньу 1 күнүгэр бэлиэтиир буолабыт». Онон 1700 сылы көрсөр Саҥа дьылы Кыһыл болуоссакка элбэх чаҕылыҥныыр уоттаах, ырыалаах, үҥкүүлээх бырааһынньыктаабыттар.
6. Хаарчаананы аан бастаан Александр Островскай «Снегурочка» диэн остуоруйа-пьесатыттан дьон-сэргэ билбитэ. Оттон ханнык суруйааччы көмөтүнэн кини Саҥа дьыллааҕы персонаж, Тымныы Кырдьаҕас сиэнин быһыытынан билиниллэр буолбутай?
«Снегурочка», дьиҥэр, нуучча норуодунай остуоруйата. Элбэх киһи ону ситэрэн, тупсаран, сурукка киллэрбитэ: В.И.Даль, А.Н.Афанасьев, Г.П. Данилевскай уо.д.а. Оператын Римскэй-Корсаков суруйбута. Ол эрээри бүтүн айымньы быһыытынан, билигин биһиги ааҕар тиэкиспитинэн киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрбит киһинэн А.Н.Островскай буолар.
Оттон Саҥа дьыллааҕы персонаж быһыытынан оҕо суруйааччыта Сергей Михалков үйэтиппит. Кини Лев Кассиллыын Кириэмил үлэһиттэрин оҕолоругар анаан Саҥа дьыллааҕы утренник сценарийын суруйбуттар. Онно Тымныы Кырдьаҕас көмөлөһөөччүтүн персонаһыгар Островскай «Снегурочка» пьесатын Хаарчаанатын ылбыттар. Ити 1950-с сылларга. Ол кэнниттэн Сэбиэскэй Сойуус Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктара Хаарчааната суох ааспат буолбуттар.
Баҕар, эһиги этиэххит: «Ити иннинэ 1937 сыллаахха Профсоюзтар дьиэлэригэр буолбут бырааһынньыкка Хаарчаана баарын ахталлар», — диэн. Ол эрээри онно Хаарчаана уобараһын биир инсценировкаҕа эрэ туһаммыттар. Онон бүппүт. Оттон Михалковтаах Саҥа дьыллааҕы дьоруой быһыытынан букатыннаахтык киллэрбиттэр.
7. Сэбиэскэй Сойууска ханнык сылларга харыйаны туруорар бобуулаах этэй?
«Буржуазнай олох көстүүтүн – Ороһуоспатааҕы харыйаны – суох гынарга» диэн өй-санаа өрөбөлүүссүйэ бүтээтин кытта тарҕаммыт. Ол гынан баран, Лениннээх Надежда Крупская оҕолорго үөрүүнү бэлэхтээри, Сокольники ыытар утренниктарыгар харыйа туруоралларын туһунан бары ааҕан билэбит.
Ленин өлбүтүн кэннэ «антисоветскай» диэн ааттаан, «религиознай» диэн дьарылыктаан, харыйаны туруорары буруйу оҥорууга тэҥнээн, 1926-1935 сс. кытаанахтык боппуттара. Онтон 1935 с. баартыйалаах улахан үлэһит Павел Пастышев «Правда» хаһыакка «Ороһуоспаны буолбакка, көннөрү Саҥа дьылы бэлиэтииргэ харыйаны киэргэтиэххэ» диэн ыстатыйаны бэчээттэтэн, онтон ыла сыыйа-баайы харыйаны туруорар үгэс төннүбүт. Ол оннугар Ороһуоспа умнуллубут. ССРС эстибитин кэнниттэн бырааһынньык быһыытынан официальнайдык бигэргэммитэ эрээри, билиҥҥэ диэри улаханнык суолталаабат курдукпут.
8. Саҥа дьылга аккырыыкканан эҕэрдэлэһэр үтүө үгэһи олохтообут куорат?
Лондон. 1843 сыллаахха урбаанньыт Генри Коул хас биирдиилэригэр суруйар солото суоҕун иһин, эҕэрдэтин барыларыгар биир эскииһинэн уруһуйдатан баран, типографияҕа хас да эксэмпилээринэн бэчээттэппит. Ону өссө үрдүнэн иллюстратор Джон Колкотт өҥнөөх гына кырааскалаан биэрбит. Саҥа идиэйэни ангылычааннар бары сэргээбиттэр, тута олоххо киллэрбиттэр. Хомойуох иһин, интэриниэт киириэҕиттэн аккырыыкка суруйсар үтүө үгэс умнуллан эрэр.
9. Моруос Оҕонньор ханнык бочуоттаах ааты ылбытай?
2009 сыллаахха РФ Биэнсийэҕэ пуондата Тымныы Кырдьаҕаска «Ветеран сказочного труда» диэн ааты иҥэрбитэ.
10. Чаҕылыҥныы умайар гирлянда аан бастаан ханна сандаара күлүмүрдээбитэй?
1895 сыллаахха Вашингтон Үрүҥ дьиэтин иннигэр турбут харыйаҕа аан бастакытын уотунан тыгар гирлянданы иилбиттэр.
11. Арассыыйа ханнык салайааччыта Саҥа дьыл киэһэ бэрэсидьиэннээн бүтэрин туһунан этэн соһуппутай?
1999 сыл ахсынньы 31 күнүгэр РФ бастакы Бэрэсидьиэнэ Борис Николаевич Ельцин дуоһунаһыттан баҕа өттүнэн уурайарын туһунан иһитиннэрбитэ уонна бэйэтин оннугар Владимир Владимирович Путины солбуйтара хаалларбыта.
12. Ил Дархан Харыйата хас сыллаахтан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үөрэнээччилэрин түмэрий?
Ким олох тообутай бу бэртээхэй бырааһынньыгы? 1998 сыллаахха СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев идиэйэтинэн тэриллибитэ.
13. Чысхаан көстүүмүн модельер Августина Филиппова бэртээхэйдик эскиистээн, сиэдэрэйдик тикпитин билэбит. Оттон уобараһын ким айбытай?
Өймөкөөн олохтооҕо, бөлүһүөк, кыраайы үөрэтээччи Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ. Чысхаан – төрүт былыргы итэҕэлинэн Дьыл Оҕуһа. Ол иһин билиҥҥи Чысхаан бэргэһэтэ муостаах.
14. Санта-Клаус, Йоллупукки, Бабо Наттале уонна да атыттар биһиги Тымныы Кырдьаҕаспытыгар тоҕо ымсыыраллара буолуой?
Сиэтэ сылдьарсиэн кыыстааҕар. Кинилэргэ Хаарчаана курдук көмөлөһөөччүлэрэ суох.
15. Арассыыйаҕа аан бастакынан Саҥа дьылы кимнээх көрсөллөрүй?
Камчатка уонна Чукотка олохтоохторо. Кинилэргэ саҥа сыл Москватааҕар 9 чааһынан эрдэ үүнэр.
16. Саҥа дьыллааҕы «Голубой огонек» хас сыллаахтан көстөрүй?
1964 сылтан. Ол иннинэ нэдиэлэ аайы тахсар «Телевизионное кафе» диэн биэрии эбит. Ону тупсаран-уларытан, билиҥҥи киэбин толкуйдаан таһаарбыттар.
17. «Хаарчаана» диэн ырыа мелодиһа?
Виталий Андросов. Кини уопсас тыбаннай диэйэтэл, мэдиссиинэ наукатын хандьыдаата, мелодист, ырыаһыт, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ этэ.
18. Саха сиригэр харыйаны ханнык күҥҥэ күлүмэрдэтэ уматар үгэс олохтонно?
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл чэрчитинэн, ахсынньы 1 күнүгэр Саха сирин бары улуустарын киин болуоссаттарыгар харыйаны сандаарда уматаллар.
19. Хаартыскаҕа Эмиэрикэ 45-с Бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп ханнык Саҥа дьыллааҕы киинэҕэ хабыллыбыт каадырын көрөҕүт.
«Один дома-2». Кини бас билэр, баайдар эрэ түһэр «Плаза» отельга киинэни усталларын истэн: «Оччоҕо миигин булгуччу хартыынаҕа кыбытыахтаахтар», — диэн усулуобуйа туруоран, сүрүн оруол Кевин (Маколей Калкин) киниттэн ыйытар курдук түгэни киллэрбиттэр.
20. Саҥа дьыл аайы көстөр «Ирония судьбы» киинэбит дьоруойа Женя олорор аадырыһа?
«Третья улица Строи телей, дом 25, квартира 12».
21. Кириэмил ханнык башнятын чаһыта саҥа сыл үүммүтүн курант тыаһынан биллэрэрий?
Спасскай башня куранын тыаһынан доҕуһуоллатан, саҥа сылга үктэнэбит.
Анисия Иевлева.