Саха туой оҥоһугун туһунан кинигэ - Блоги Якутии

2 года назад 322

Саха туой оҥоһугун туһунан кинигэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин историческай саалатыгар биир бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһин буолан ааста – саха тылынан уус-уран айымньытын хомуйааччы, чинчийээччи, этнограф, кыраайы үөрэтээччи Андрей Саввин-Өндүрүүскэ Саабын сахалар туой оҥоһуктарын туһунан «Гончарное ремесло у якутов» диэн кинигэтин биһирэмэ буолла.

Ойуунускай алгыһынан

Андрей Андреевич Саввин 1896 сыллаахха сэтинньи 21 күнүгэр Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа икки сыл үөрэммитэ, салгыы дойдутугар Н.Т. Андреев чааһынай оскуолатыгар дьарыктаммыта. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин айхаллыы  көрсүбүтэ. Нэһилиэгэр Уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун, ас-үөл хамыыһыйатын чилиэнинэн талыллыбыта, интэлигиэнсийэ уонна ыччат холбоһуктарын куруһуоктарыгар кыттыбыта. 1918 сылтан оскуолаҕа  учууталлаабыта, чуолаан, ити кэмтэн кыраайы үөрэтиинэн дьарыктаммыта.

Саввин 1

Тылы, култуураны чинчийэр институт дириэктэрэ Платон Алексеевич Ойуунускай Өндөрүүскэ Саабын норуот тылынан уус-уран айымньытын үйэтитиигэ кыһамньылаах сыһыанын үрдүктүк сыаналаан,  1937 сыл сэтинньи 27 күнүгэр таһаарбыт дьаһалынан, кинини институкка научнай үлэһитинэн ылбыта, итиэннэ этнограф, эмиэ Чурапчыттан төрүттээх Семен Иванович Дьячковскайы-Сэһэн Болону кытары Бүлүү улуустарынан фольклорнай-диалектологическай эспэдииссийэҕэ ыыппыта. Бу эспэдииссийэҕэ Өндүрүүскэ Саабын элбэх остуоруйаны, ырыаны-тойугу,   үһүйээни, номоҕу, чабырҕаҕы, итиэннэ түөрт олоҥхону сурукка киллэрбитэ. 1939-1940 сыллардаахха үс хотугу улууһу (Аллайыаханы, Абыйы уонна  Дьааҥыны) хабар эспэдииссийэҕэ үлэлээбитэ.

1948 сыллаахха Чурапчыга кыраайы үөрэтэр мусуойу тэрийэн, 1951 сыл ыам ыйын 31 күнүгэр олохтон барыар диэри онно дириэктэринэн үлэлээбитэ. Мусуой материальнай-научнай базата хаҥыырыгар үгүс сыратын уурбута, баай этнографическай матырыйаалы түмпүтэ, 1 733 экспонаты хомуйан хаалларбыта.

Үйэтитии  

Өндөрүүскэ Саабын хомуйбут матырыйааллара Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиигэ уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларыгар институтун (ГЧИ) архыыбыгар хараллан сыталлар. Бу сыаната биллибэт баайы бар дьон билиитигэр таһаарар туһугар, Чурапчы улууһун дьаһалтата уонна А.А.Саввин-Өндүрүүскэ Саабын аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойун кэлэктиибэ ГЧИ учуонайдарын кытары ыкса үлэлииллэр. Ол түмүгэр, 2005 сыллаахха «Пища якутов до развития земледелия» диэн кинигэ бэчээттэммитэ.

Онтон былырыын Өндөрүүскэ Саабын төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн оҥоһуллубут бырайыак быһыытынан, быйыл Дьааҥы улууһун дьаһалтатын өйөбүлүнэн — «Верхоянские якуты: материалы Северной экспедиции А.А.Саввина (1939-1941 гг.)», Чурапчы улууһун дьаһалтатын өйөбүлүнэн – «Гончарное ремесло у якутов» кинигэлэр күн сирин көрдүлэр!

Ураты учуонай

Кинигэ биһирэмэ видео-кэмпириэнсиэйэ киэбинэн эмиэ ыытыллыбыт буолан, балачча элбэх киһи, ол иһигэр ГЧИ, Археология уонна этнография институтун, Уһук Илиҥҥи омуктар историяларын, археологияларын, этнографияларын институтун, Петр Великэй аатынан Антропология уонна этнография институтун учуонайдара, Чурапчы улууһун дьаһалтатын, дьокутааттар улуустааҕы сэбиэттэрин, А.А. Саввин-Өндүрүүскэ Саабын аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойун үлэһиттэрэ, суруйааччылар, кыраайы үөрэтээччилэр, Андрей Андреевич аймахтара кыттыыны ыллылар. 

– Өндөрүүскэ Саабыны ураты суоллаах-иистээх учуонай, улуу Былатыан Ойуунускай соратнига, этнограф Гаврил Ксенофонтов үгэһин салҕааччы быһыытынан билинии, кини нэһилиэстибэтин бэчээккэ таһаарыы – норуот өстөөхтөрүн күнүстэри тымтыктана сылдьан көрдөөһүн тэбиитигэр умнуллубут бастакы көлүөнэ чинчийээччилэр иннилэригэр биһиги  ытык иэспит буолар, – диэтэ кинигэни көрөн-истэн таһаарбыт уонна Өндүрүүскэ Саабын научнай үлэтин суолтатын туһунан сырдатар боччумнаах ыстатыйаны суруйбут история билимин дуоктара, ГЧИ научнай үлэһитэ Екатерина Романова биһирэми иилээн-саҕалаан ыытарыгар.

Дьоһун кинигэ

Кинигэни бэчээккэ бэлэмнээбит учуонайдар Виктор Дьяконов, Наталья Данилова, Лена Степанова иһитиннэрбиттэринэн, институт архыыбыгар  А.А. Саввин 1936-1950 сс. хомуйбут үлэлэрэ, этнография, итэҕэл, история, фольклор, тыл, олоҕун илгэтэ диэн алта салаанан араарыллан хараллыбыттар. Бу – норуот тылынан уус-уран айымньытын таһынан симэх, таҥас-сап, иһит-хомуос ойуутун-дьарҕаатын чинчийиигэ, үлэҕэ-хамнаска, булка-алка туттар тэрили, сааны-саадаҕы үөрэтиигэ, итэҕэлгэ, биккэ-билгэҕэ, оонньууга-көргө, киһини-сүөһүнү эмтээһиҥҥэ, өлбүт киһини дьаһайан көмүүгэ о.д.а. сыһыаннаах матырыйааллар эбиттэр.

Саввин общее

Саха туой оҥоһугун туһунан кинигэ Өндөрүүскэ Саабын 1940-1941 сыллардаахха, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии эрэ иннинэ, хомуйан бэлэмнээбит матырыйаалынан оҥоһуллубут. Ааптар үлэтин Новгородов алпаабытынан суруйбут. Кинигэ түөрт бастан турар:

Бастакы баска туойу хаһан, хантан, хайдах ылар, эллиир, иһит оҥорор, туой иһит ханнык көрүҥнэрэ баалларын туһунан уопсай сибидиэнньэлэр;

Иккискэ Болтоҥо, Хатылы, Мугудай нэһилиэгин күөсчүттэрэ (иһитчиттэрэ) идэлэрин туһунан кэпсээбиттэрэ киирбит. Онуоха респонденнар араспаанньаларын кытары ааттара инициалларынан эрэ туруоруллубутун учуонайдар, Чурапчы мусуойун үлэһиттэрин көмөлөрүнэн төһө кыалларынан чопчулаан, толору суруйан биэрбиттэр. Респоденнар дьылҕаларын туһунан интэриэһиргээннэр, чуолаан кырдьаҕас өттө сэрии уонна хоту көһөрүллүү сылларыгар өлбүтүн билбиттэр, билигин кинилэр ыччаттара ханна баалларын көрдүүр эбиттэр; 

Үһүс баска ааптар бу тиэмэҕэ үлэлииригэр араас литератураттан быһа тардыбыт быыпыскалара; Төрдүс баска саха туой иһитин туһунан учуонайдар В.И. Подгорбинскай уонна Н.Ф. Прыткова суруйуулара түмүллүбүт.

Онон сахалыы, нууччалыы тылынан суруллубут, дириҥ ис хоһоонноох, элбэх ойууларынан, хаартыскаларынан байытыллыбыт дьоһуннаах кинигэ күн сирин көрбүт.      

 

Үлэ салҕанар 

Элбэх киһи тыл эттэ. История билимин дуоктара профессор, ГЧИ археологияҕа, этнографияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Розалия Бравина биир дойдулаах учуонайдарын кинигэтин таһаарыыга  чурапчылар атын улуустарга холобур буолалларын бэлиэтээн туран, Өндөрүүскэ Саабын  өлбүт киһини «кистээһиҥҥэ» сыһыаннаах матырыйаалларын бэчээттииргэ бииргэ үлэлииргэ ыҥырда. Андрей Андреевич аймахтарын аатыттан норуот суруйааччыта, публицист Сэмэн Тумат 80 сыл анараа өттүгэр суруллубут, сороҕо тырыттан эрэр, нэһиилэ ааҕыллар буолбут матырыйааллары көтөҕөн, сааһылаан кинигэ оҥорбуттарын иһин учуонайдарга истиҥник махтанарын биллэрдэ, кинилэргэ айымньылаах үлэни баҕарда.

Өндөрүүскэ Саабын аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография мусуойун дириэктэрэ Юрий Толстоухов улууска туой иһиттэри оҥоруу сөргүтүллэн эрэрин, Оҕо ускуустубатын А.П.Гоголев аатынан оскуолатын оҕолорун Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Прокопий Екечьямов туойунан дьарыктанарга үөрэтэрин биллэрдэ. Прокопий Алексеевич мусуойга Андрей Андреевич хомуйан хаалларбыт туой иһиттэрин үтүгүннэрэн оҥорбутун бүгүҥҥү биһирэмҥэ көрдөрүүгэ аҕалан туруорбуттарын туһунан кэпсээтэ.  

Раиса СИБИРЯКОВА.

Добавить комментарий