Сырдык уобараһа «Үйэлэри уҥуордаан» сыдьаайа тыктаҕа... - Блоги Якутии

1 месяц назад 838

Сырдык уобараһа «Үйэлэри уҥуордаан» сыдьаайа тыктаҕа…

Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларын турууласпыттар – сүүрбэлэриттэн эрэ тахсыбыт эдэркээн бэйэлээх уолаттар этилэр. Уонна хайдах курдук, улахан бэлиитиктии мындырдык, наада буоллаҕына ньуолбардык, ситиһии туһугар киирсибиттэрэй?! Киһи сөҕөр эрэ.

 Ол уолаттартан биирдэстэрин Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан режиссёр Руслан Тараховскай Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар норуодунай суруйааччы Дмитрий Наумов “Үйэлэри уҥуордаан” саҥа испэктээгин туруорда.

Фойеҕа Степан Аржаков бюһа, туттар маллара көрдөрүүгэ турбуттара, хаартыскалара, сиэрпэлээх өтүйэ, былаахтар ыйаммыттара – көрөөччүнү испэктээккэ бэлэмниир, туспа турукка киллэрэр.

Саала тобус-толору.  Көрөөччүлэр артыыстар хас биирдии хамсаныыларын ааҕа биһирии, таһына олордулар. Итинник уопсай өрө көтөҕүллүү тыыныгар испэктээги көрдүбүт.

 Тыйаатырга Степан Аржаков биир дойдулаахтара – бүлүүлэр – тоҕо анньан кэлбиттэрэ көстөр. Бүлүү бааһынайдарын сэргэх сэбэрэлэрэ истиҥник мичээрдэһэллэр.

Испэктээк сценографията – икки өттүлээх эргийэр тэрил: биир өттө быстыбыт кумааҕы лииһэ курдук экран, биир өттө үрдүк кирилиэс.

Экраҥҥа хаартыскалары, оччотооҕу хроника каадырдарын тыктаран көрдөрөллөрө – ХХ үйэ 20-с сылларын атмосфератын биэрэр. Оттон үрдүк кирилиэс эмиэ да дьиэ, эмиэ да хаайыы кирилиэстэрэ буола түһэр.

Эргийэр тэрил ойоҕоһугар кыһыл кирпииччэттэн оҥоһуллубут халааҥка оһох баар. Ол оһоҕу сотору-сотору аанын аһан, күлүүкэнэн булкуйан, күөдьүтэн биэрэллэрэ – оччотооҕу история сытыы түгэннэрин күөттүүргэ дылылар.  “Ити оһоҕу хайдах оҥорбуттара буолла, олох дьиҥ чахчы мас умайарын курдук ээ”, – диэн интэриэһиргээн, сыанаҕа тэрил хамсаатаҕына, халааҥка оһох кэннин көрө сатыыбын.

Испэктээк биир сонун булумньутунан хаартыскаҕа түһүү көстүүтэ дии санаатым. Билэбит ээ, ити түөрт чаҕылхай уолаттарбыт дьээбэлэнэн тэбэнэттээхтик күлбүт уонна чиҥник туттан дьоһуннук олорор хаартыскаларын.

Ол курдук, экраҥҥа оччотооҕу хаартыска көстөр, онтон субу артыыстар түспүт хаартыскалара тыктарыллар.

Онтон… онтон ол хаартыска тыас бөҕөнөн үлтү баран, сытыы үлтүркэйдэрэ бытарыс гыналлар. Ол кэннэ эйэлээх олох түмүктэнэн, эдэркээн Аржакову хаайыыга угаллара, доппуруостуур, кырбыыр ыарахан түгэннэрэ көстөр.

Степан Аржакову эдэр артыыс Алдан Готовцев олус итэҕэтиилээхтик оонньоото. Маҥнай мин “Бааһынай Аржакову саха уола оонньуура хайдаҕа буолла” диэн ытырыктата санаабытым. Онтукам гримнээбиттэригэр, бэйэтэ бааһынайдааҕа тахсан кэлбит. Кылаабынайа, Степан Аржаков төлөннөөх уобараһын олох таба биэрдэ.

Аржаков – хара маҥнайгыттан лиидэр. Москубаҕа Саха сириттэн үөрэнэ кэлбит омуннаах оҕолортон чорбойор. Бары да сүүрэн-көтөн элэстэнэн сүрдээхтэр, кирилиэһинэн өрө-таҥнары ыттан, үөрэҕи, олоҕу эрчимнээхтик баһылыахтарын итэҕэйэҕин. Саҥа Саха сирэ эрэллээх ыччаттара.

Степан Аржаков таптыыр кыыһын, кэлин кэргэнин Варвараны кытта сыһыаннара сайдан иһэрэ, истиҥэ киһини манньытар. Кэргэнигэр, кини доҕотторугар тэлиэскэнэн ас киллэрэрэ – саах сыбахтаах туруорбах балаҕантан тахсыбыт саҥа үйэ сахалара үрдүк култуураҕа, сайдыылаах олоххо киирэллэрин кэрэһитин үтэн киллэрии буолла. Бу кыысчаан кэргэнигэр эрэллээх соратник, тапталлаах кэргэн, оҕолорун эйэҕэс ийэтэ буоларын испэктээк былаһын тухары көрдөрдө. Хаайыыга кэргэнин араспаанньатыттан аккаастаммата, Степан Аржакову “дьиҥнээх хомуньуус, норуот өстөөҕө буолбатах” диэн туруулаһара, оҕотун сүүрэн кэлбитин кууһара, сыллыыра, ытамньыйара, НКВД киһитэ киэр илгэрэ – көрөөччүнү долгутар. Кырдьык да, ыарахан кэмнэр, тыйыс быһыы-майгы диэн итэҕэйэҕин. Бу уобараһы Сандаара Федотова чиэстээхтик толордо, оонньоото, итэҕэттэ.

Степан Максимовичтаах автономияны Саха сиригэр олохтуулларын туһугар Сталиҥҥа кытта тиийэн, харса суох быһаарсаллара, дьыалалара үтүө түмүктээх буоларын ситиһэллэрэ, чахчы да, улуу дьыала буоллаҕа.

Саха сирин Иркутскай уобалас оройуона эрэ буолар гына оҥоро сатыыллара. Иркутскай самалыга буолбуппут буоллар, дьэ, олохпут хайдах салаллан барыаҕын киһи өйө хоппот. Бэйэбит бэйэбитин дьаһанар кыаҕа суох, киин сир салайааччыларын сирэйдэрин-харахтарын өрө мыҥаан олорор, ааттаһар-көрдөһөр кытыы сир буолабыт. Онуоха эбии атын омук буолан атааннанарбыт, туора тутулларбыт саарбаҕа суох. Хата, ити Степан Аржаков, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Васильев курдук хорсун санаалаах, өркөн өйдөөх, кимиилээх нэҥирдээх чаҕылхай уоланнардаах буолан, туспа өрөспүүбүлүкэлээх, бэйэбит Ил Дарханнаах, Бырабыыталыстыбалаах буолан, бу чууп-чаап дэһэ олордохпут, сайыннахпыт.

Степан Максимович сурукка илии баттыан баҕарбат киһини, айылҕаттан дипломат талааннаах буолан, хайдах курдук ньымсатык тылыгар киллэрэрин, ол киһи историяҕа хаалыан сөбүттэн үөрэн, илии баттыырын астына-сөҕө көрөҕүн.

Кэлин Аржаков нарком буолан, норуот хаһаайыстыбатын укулаатын оҥорууга ситиһиилээхтик үлэлиир. Ханнык баҕарар сытыы түгэҥҥэ Степан Аржаков өйдөөхтүк дьаһанара, дьону сөптөөх суолу тутуһарга дьайара ырылыччы көстөр. Оччотооҕу быһыы-майгы быһымах, өйдөммөт түгэҥҥэ сааны-саадаҕы да тутан, утары быһаарсары ыраахтан аҕалбаттар. Гражданскай сэриигэ Амма Солобуодатыгар буолбут быһылааҥҥа Аржаков конфлигы тохтоторуттан, утары-таары өрө ууммут бэстилиэттээх илиилэрин түһэрэллэрин ситиһиититтэн көрөҕүн. Хааннара хамсаабыт сэрииһиттэри ылбычча киһи уоскуппат буоллаҕа.

Саҥа испэктээги көрөөччү ылынна, туран эрэ ытыһын таһынна. Ол кэннэ тыйаатыр салайааччылара Андрей Борисов, Петр Макаров, Руслан Тараховскай, Герасим Васильев тыл эттилэр.

Драматурбут Дмитрий Наумов, сэмэй муҥутаан, киирэр ааҥҥа олорор эбит, ону Андрей Саввич илиитинэн ыйан билиһиннэрдэ.

Ол кэннэ Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров тахсан, артыыстары эҕэрдэлээтэ.

Мин ийэм Мария Иннокентьевна Кузнецованан Бүлүү буоламмын, киэн тутуннум биир дойдулаах Степан Аржаковтан. Сахалар хайдахтаах курдук үтүө Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, Степан Васильев курдук дьонноохпутуттан дьоллоннум, өссө төгүл үөрдүм.

Кинилэр сырдык уобарастара «Үйэлэри уҥуордаан», аныгы үйэҕэ холобур буолан тиийэн кэллэхтэрэ!

Оннук эрэ буоллун!

Мария Неймохова.

10.11.2024 с.

Добавить комментарий