2 года назад 258
Хотугу норуоттар үҥкүүлэрин үөрэппитэ, үйэтиппитэ
Хореограф аан дойдутааҕы күнүнэн ситимнээн, хотугу норуоттар үҥкүүлэрин үйэтиппит соҕуруу дойду кыыһа Мария Жорницкая туһунан кэпсиэм. Бука, араспаанньатын сэргии истибит буолуохтааххыт. Кырдьык, Дьокуускай биир уулуссата кини кэргэнэ Ефим Жорницкай аатын сүгэр.
Таптаһар сүрэхтэргэ тымныы да сылаас
Ефим Львович өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ сүҥкэн үтүөлээх киһи. Кини ыраах Одесса куоратыгар 1899 сыллаахха төрөөбүт. Өрөбөлүүссүйэ дьалхаанын билбит, гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу сэриилэрин ааспыт.
Саха Сиригэр 30-с сылларга кэлбит. Хотугу эргимтэ авиациятыгар инженеринэн үлэлии сырыттаҕына, 1938 сыллаахха “Якутстрой” трест хонтуоратын начаалынньыгынан, онтон тэрилтэ управляющайынан аныыллар. Бу дуоһунаһыгар 20 сыл үлэлээбит кэмин тухары киин куораппытыгар тутуу бөҕөтүн ыытар: бастаан икки этээстээх мас, онтон 1941 сылтан мэндиэмэннээх таас дьиэлэри дьэндэтэр, 1944 сылтан сыбаайа үрдүгэр тутар ньыманы олоххо киллэрэр, 1939 с. уу ситимин Дьокуускайга тардар. 1957 сылтан 1961 сылга өлүөр диэри научнай-чинчийэр ыстаансыйаны (ЯКНИИС) салайбыт. Ефим Львовиһы Дьокуускай оччотооҕу олохтоохторо бары билэллэрэ уонна олус ытыктыыллара. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талбыттар, ССРС Архитектураҕа уонна тутууга академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ эбит.
Мария Жорницкая кэргэниттэн 22 сыл балыһа. Кини 1921 сыллаахха Днепропетровскайга төрөөбүт. 1936-1940 сылларга балет Киевтээҕи техникумугар уһуйуллар. Бүтэрэн баран, Львов куоракка И.Франко аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар үлэлиир. Сэрии кэмигэр, 1941-1944 сылларга, Ленинградтааҕы кэнсиэртиир холбоһуктаах бюро иһинэн тэриллибит Оперетта көс ансаамбылыгар прима-балеринан сылдьар. Бу ансаамбыл 1942 сыллаахха, кини дьылҕатын быатыгар, Дьокуускайга икки сыллаах гастрольга кэлэр.
Дьэ, манна, ирбэт тоҥноох дойдуга, күннээх Украина икки бастыҥ ыччата – Мария Ицикзон уонна Ефим Жорницкай – көрсө түһэн, таптал уотун күөдьүтэн, балерина кыыс инженер уолга кэргэн тахсар. Сэрии иэдээнин илэ көрбүт дьон урусхалламмыт дойдуларыгар төннө сатаабатахтар, тоҕус ый тымныылаах хоту кыраайга олохсуйарга быһаарыммыттар. 1948 сыллахха соҕотох уоллара Константин төрүүр. Кини соҕуруу эҥин көспөккө, билигин да Дьокуускайга олорор эбит. Ийэтэ Мария Жорницкая төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһиҥҥэ кэлэ сылдьан: “Төрөппүттэрим курдук уһулуччулаах киһи буолбатахпын, көннөрү тутааччы идэлээхпин”, — диэн сэмэйдик бэйэтин билиһиннэрбитэ.
Тыйаатыры эспэдииссийэнэн солбуйан
Ленинградтааҕы ансаамбыл солисткатын манна, биллэн турар, ытыс үрдүгэр ылаллар. Сүрүн оруолларын аҕыннахха, “Сир Симэҕэр” Тимир Дьэгилик, «Бахчисарайский фонтан» балекка Зарема оруолларын ситиһиилээхтик толорбут.
Киһи киһиэхэ сабыдыала сүҥкэн. Ефим Львович курдук киэҥ өйдөөх-санаалаах эр бэрдин кытта бииргэ олорон, итиэннэ композитор Марк Жирков сүбэтинэн, Мария Жорницкая науканан үлүһүйэн саҕалыыр. 1948 сыллаахха музыкальнай устуудьуйа-тыйаатыр сабыллар, онон Мария Яковлевна ССРС наукаларын академиятын Саха Сиринээҕи салаатын искусствоведение секторын лаборанткатынан үлэҕэ киирэр уонна саха үҥкүүтүн чинчийэн саҕалыыр. Ол гынан баран көрдөһөннөр, 1954-1958 сс. тэҥинэн балетмейстердиир.
1955 сыллаахха “Ньургун Боотур” олоҥхо-опера үҥкүүтүн сөргүтэн туруорар. Ити сыл балет труппатыттан бастакынан Саха АССР үтүөлээх артыыһа буолар.
Биллэн турар, научнай үлэ дириҥ билиини эрэйэр. Ол иһин 1950-1955 сс. маннааҕы пединститут историческай салаатын үөрэнэн бүтэрэр. 1952-1969 сс. Саха Сиригэр тыл, литература уонна история, оттон 1970 сылтан Москубаҕа Н.Н. Миклухо-Маклай аатынан этнография институттарыгар үлэлиир. Саха Сиригэр бүтэһигин 1994 сыллаахха «Чурумчуку» сыанаҕа турбута 30 сылыгар кэлэн барбыт. Кини ити балет либреттотын суруйсубут уонна консультаннаабыт. Эһиилигэр 1995 сыллаахха өлбүт.
Мария Жорницкая саамай улахан үтүөтэ диэн, аан дойдуга бастакынан хотугу норуоттар үҥкүүлэрин чинчийэн үөрэппитэ буолар. Саха Сирин, Чукотка, Магадан, Камчатка, Хабаровскай, Красноярскай кыраай киэҥ нэлэмэн сирдэрин, ардыгар атынан-табанан, сороҕор түбэһиэх тырааныспарга олорсон, ыраах ыстаадаларга кытта тиийэ айаннаан, эбээн, эбэҥки, долган, чукча, дьүкээгир, кэрээк, ительмен, эскимос уо.д.а. төрүт олохтоох норуоттары кытта көрсөн, хас биирдиилэрин үҥкүүлэрин көрөн-истэн, хамсаныыларын тэтэрээккэ уруһуйдаан, тылынан ойуулаан, туох суолталааҕын быһаартаран, кэлин киинэҕэ уһулан, соҕотох киһиэхэ сүҥкэн үлэни оҥорбут.
1964 с. Москубаҕа ыытыллыбыт Антропология уонна этнография норуоттар икки ардыларынааҕы конгреһыгар Мария Жорницкая «Опыт изучения традиционных танцев народов Якутии» дакылаатынан кыттан, киэҥ сэҥээриини ылар. Эһиилигэр диссертациятын көмүскээн, историческай наука кандидата буолар. “Арассыыйаҕа этнография салаатыгар этнохореография диэн саҥа хайысханы арыйдыҥ”, — диэн бэрэпиэссэрдэр хайгыыллар.
Туох эрэ суолталааҕы оҥоруохтаах дьон үөһэттэн ананан кэлэр ыйаахтаахтар быһыылаах. Бу сир уһук кыраайыгар бүгэн олорор аҕыйах ахсааннаах омуктар култуураларын сүтэрбэт дьылҕаларыгар Мария Яковлевна томороон тымныылаах Саха Сирин буллаҕа. Оннооҕор оһуокайбыт 300 араас хаамыытын сурукка тиспит. Хомуйбут матырыйаалларын түмэн, «Якутские танцы» (1956), «Четыре якутских танца» (1960), «Народные танцы Якутии» (1966), «Северные танцы» (1970) «Хореографическое искусство коренного населения Северо-Востока Сибири» (1983) диэн кинигэлэри, хас да монографияны бэлэмнээн таһаартарбыт. Хореографтар ону сүрүн источник быһыытынан туһаналлар.
Алтыһан ааспыттар ахталлар
Мария Жорницкая төрөөбүтэ 100 сылынан 2021 сыллаахха Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра “Вспоминаем с благодарностью” диэн гала-кэнсиэри тэрийбитэ.
Александр Алексеев, Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ:
— Устудьуоннуу сылдьан Мария Жорницкая үлэтинэн реферат суруйбутум. Онно наһаа сөхпүтүм, Украинаттан кэлбит кыыс саха, хотугу омуктар үҥкүүлэрин чинчийбитин билэн. Ити бастакы билсиһиим.
Онтон 90-с сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаланна. Ол уларыйыы тыала сайа охсон диэххэ дуу, хайдах эрэ, Москубаҕа тиийэн, “саха үҥкүүтэ баар ээ” диэн көрдөрөр тэрээһини ыытар санаа киирдэ. Сүүрэн-көтөн, спонсор булан, “Россия” киэҥ-куоҥ саалатыгар кэнсиэр оҥордубут. Онно Мария Жорницкая ыҥырыллан кэлбитэ. Олоҕун анаабыт үҥкүүлэрин, эдэр сааһын атаарбыт Сахатын Сирин дьонун көрөн, олус долгуйбут уонна ис сүрэҕиттэн үөрбүт этэ. Бүтэһигэр туран эрэ таһынарыгар: “Барыгытын сыллыыбын”, — диэбитэ. Сарсыныгар миигин көрсөн, ирэ-хоро кэпсэппитэ. Норуот бэйэтин үҥкүүтүн өрө тутуохтааҕын, ансаамбылбытын маннык таһааран иһиэх тустаахпытын тоһоҕолоон эппитэ. Ити гастроль кэнниттэн сэтинньигэ Үҥкүү национальнай тыйаатырын тэрийэр туһунан СӨ Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев ыйааҕа тахсыбыта. Билигин репертуарбытыгар Мария Жорницкая туруорбут хас да үҥкүүтэ баар. Хайа, уонна кини хамсаныылары үөрэппитэ-чинчийбитэ биһиэхэ көмө-тирэх буолар. Онон Саха Сирин бары олохтоох омуктара Мария Яковлевнаҕа олус махталлаахпыт.
Афанасий Афанасьев, норуодунай артыыс:
–1979 сыллаахха Ленинградка айар мастарыскыайга уһуйулла барарбытыгар, Евдокия Сивцева биһиэхэ “Оһуор” үҥкүүнү үөрэттэ уонна эттэ: “Антах эһигини Мария Яковлевна диэн этнохореограф кэлэн көрсүө. Бу “Оһуор” үҥкүүнү Кыыл Уола туруорбута, ону кини сыанаҕа толоруллар гына кылгатан, чочуйан оҥорон биэрбитэ”, — диэн кэпсээбитэ.
- Константин Ефимович Жорницкайдыын.
Биирдэ эрчиллэр саалабытыгар дьарыктана сырыттахпытына, Мария Яковлевна киирэн кэллэ. Ону учууталбыт: “Билсиҥ, бу Миклухо-Маклай аатынан институт ыстаарсай научнай үлэһитэ Мария Жорницкая”, — диэн билиһиннэрбитэ. Онуоха анарааҥҥыта: “Мои якутенки”, — дии-дии мичээрдээбитэ. Ол күн кини биһиэхэ хотугулуу үҥкүүлэр хамсаныыларын үөрэппитэ. Таба тыынарын хайдах үтүктүөхтээхпитин, хаары хаһарын курдук тамайыахтаахпытын наһаа үчүгэйдик көрдөрө-көрдөрө быһаарбыта. Биһиэхэ дьүкээгирдэр, Русскай Устье үҥкүүлэрин туруорбута. Кэлин Москубаҕа үөрэнэр кэммэр Мария Яковлевна этнохореографияҕа лиэксийэ ааҕара. Кини: “Хотугу норуоттар үҥкүүлэрэ дүҥүрдээх. Сахалар киэнэ чохчоохойдоон, дьиэрэҥкэйдээн, олох атын. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр түүр төрүттээхтэр. Дүҥүрү удаҕан-ойуун уобарастарыгар эрэ туһаналллар”, — диэн этэрэ. Саха Сириттэн сылдьар диэн, дьиэтигэр ыҥыран чэйдэтэрэ. Оннук сайаҕас киһи этэ.
Инга Константиновна Жорницкая, сиэнэ:
–Олохпор баар үтүө өйдөбүл үксэ эбэбин кытта ситимнээх. Мария Яковлевна миэхэ кэрэ эйгэни арыйбыта — тыйаатыры, мусуойу, быыстапкалары, балеты… Олох ис күүстээх, олоххо дьулуһуулаах, ураты эниэргийэлээх киһи этэ. Хантан оннук уҕараабат эрчими ылара буолла? Биир күн үрүсээгин сүктэ да, Чукотка түгэҕэр тиийиэҕэ, биир күн ыалдьыт бөҕөтүн дьиэтигэр ыҥыран күндүлүөҕэ. Барыларыгар болҕомто уурара, барытын ситиһэрэ. Саха Сириттэн сылдьар дьон кини корицалаах бөрүөгүн амсайбакка барбат этилэр. Биир киһиэхэ сөҕүмэр улахан чинчийэр үлэни оҥорбут бэйэтэ хаһан да үтүөтүн ааҕыммата. Соннук сэмэй этэ, мин эбэм…
Любовь Никитина, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарын төрүттээччи:
–“Сарыал” ансаамбылга балетмейстердиир кэммэр М.Я.Жорницкая үлэтин хасыһан-үөрэтэн барбытым. Кини кинигэлэрэ наһаа үчүгэйдэр, анал үөрэҕэ да суох киһи ааҕан, үҥкүү туруоруон сөп.
1988 сыллаахха ЕНМЦ-га үлэлии сырыттахпына, Хабаровскайга сэминээргэ ыыттылар. Онно маастар-кылаас ыыттардылар. Мин билэрдии дьүкээгирдэр “Лоҥдол” үҥкүүлэрин үөрэттим. Ону Мария Яковлевна саҥата суох көрөн олордо. Онтон бүппүтүн кэннэ, бэйэбэр чугаһаан кэлэн: “Эн кыратык сыыһа үөрэттиҥ», – диэтэ. Көр, оннук сиэрдээх, нууччалыы эттэххэ, тактичнай киһи этэ. Дьон ортотугар буолбакка, тус бэйэбэр кэлэн сүбэлээбитэ, хаамыыларын көрдөрбүтэ. Хотугу үҥкүүнү Мария Жорницкая кэнниттэн чинчийбит киһи да суох. Мин наука өттүгэр кыайан барбатым, наар салайар-тэрийэр үлэҕэ баттатан, тыйаатырбын өрө тардар түбүгэр сылдьан. Чэ, биир кинигэлээхпин. Бэйэм “Гулуҥҥа” үөрэппит да оҕолорум билигин сыыһа хамсаныылардаах үҥкүүлэри туруораллар. Дьиҥэр, эдэр хореографтар источниктары кытта үлэлэһиэхтээхтэр, чуолаан Мария Жорницкая хомуйбут матырыйаалларын үөрэтиэхтээхтэр. Мин баҕа санаам диэн, хотугу үҥкүүлэри наука өттүттэн чинчийэн, сурукка-бичиккэ киллэрбит, аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын сайыннарыыга сүҥкэн кылааттаах М.Я. Жорницкая аатынан истипиэндьийэ дуу, бириэмийэ дуу олохтоноро буоллар диэн…
Анисия Иевлева