Национальнай тыйаатыр – ийэ тыл эйгэтэ - Блоги Якутии

2 года назад 566

Национальнай тыйаатыр – ийэ тыл эйгэтэ

Саха академическай тыйаатырын көҕүлээһининэн, Саха тылын, литирэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин чэрчитинэн, национальнай тыйаатыр ускуустубатыгар тирэнэн, ыччат сайдарыгар төрүт эйгэни олохтуур ньымалары тобулар стратегическай сиэссийэ буолан ааспыта.

Өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын үүнэр көлүөнэҕэ иҥэрэр туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар учууталлар, театральнай куруһуок салайааччылара уонна педагог-бибилэтиэкэрдэр Саха тыйаатырын тула мустан, оскуола үөрэнээччилэрин национальнай тыйаатыр эйгэтин, ускуустубаны кытары ситимниир хайысхалары тобуллулар.

Тэрээһини Саха тыйаатырын артыыстара хоһоон түһүлгэтинэн арыйдылар. Сийиэс кыттыылаахтарын тыйаатыр дириэктэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Петр Макаров, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин отделын салайааччытын солбуйааччы Майя Ермолаева, С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт дириэктэрэ  Ньургун Павлов эҕэрдэлээтилэр. СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин исписэлииһэ Туяра Ойунская, Саха тыйаатырын дириэктэрин солбуйааччы Геннадий Охлопков, литэрэтиирэҕэ чааһын үлэһиттэрэ Надежда Осипова, Надежда Ильина уонна Ньурбатааҕы көһө сылдьар драматическай тыйаатыр литэрэтиирэҕэ чааһын сэбиэдиссэйэ Мария Семенова эспиэр быһыытынан үлэлээтилэр.

Стратегическай сиэссийэ кыттыылаахтара биэс бөлөххө арахсан, өйдөрүн-сүбэлэрин түмэн, тыйаатыр уонна үөрэх тэрилтэлэрэ хайдах гынан бииргэ үлэлээтэхтэринэ көдьүүстээх түмүк тахсарын туһунан мадьыал оҥорон көмүскээтилэр. Хас биирдии бөлөх мадьыалын бырайыага бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат ис хоһоонноох этиилэрдээх буолан таҕыста. Ол эрэн, сүрүн кыһалҕа быһыытынан икки түгэни болҕойдулар.

Бастатан туран, тыа сирин оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, ордук улуус кииниттэн, куораттан тэйиччи сытар кытыы нэһилиэктэр тыйаатырга сылдьар кыахтара суох буолан, тыйаатыр ускуустубатын кытары алтыспакка үөрэнэн тахсаллар.

Иккиһинэн, үөрэнээччилэргэ уонна ыччакка көрүллэр «Пушкин каартатын» эдэр дьон, сылдьар сир суоҕуттан эбэтэр түөлбэҕэ баар култуура тэрилтэлэрэ бу ситимҥэ кыттыспатахтарыттан, туһаммакка хаалаллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ оҕону бэйэтин испэктээккэ оонньотон, төрөппүтү көстүүм уонна декорация оҥоһуутугар кыттыһыннаран, холобур буолар гына үлэни Дьааҥы улууһун оскуолаларын учууталлара тэрийэ олороллорун билиһиннэрдилэр. Ол курдук, Табалаах оскуолата саха классическай айымньыларын, олоҥхону туруоран, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра ыытар куонкуруһугар  үһүс төгүлүн лауреат үрдүк аатын ылбыттар.

Салгыы «Тыйаатырга тапталы иҥэрии» диэн бырайыак ааптардара  хас биирдии оскуолаҕа тыйаатыр муннугун оҥорон, кулун тутар 27 күнүгэр Тыйаатыр күнүн чэрчитинэн артыыстары кытта көрсүһүүлэри тэрийэн, оҕо тыйаатырга сылдьар баҕатын уһугуннарар наадатын туһунан этии киллэрдилэр. Итиэннэ аудио-, видео устуулары уруокка кыайа-хото көрдөрөрү-иһитиннэрэри, тыйаатырга аналлаах уруоктары бэлэмниири, онно сөптөөх матырыйааллары оҥорор, түмэр, тарҕатар кэм тирээбитин эттилэр. Уһун сынньалаҥнар кэмнэригэр тыйаатыр түмэллэригэр сылдьыы, театральнай лааҕырдары, маастар-кылаастары тэрийии туһунан баҕа санааларын биллэрдилэр.

«Эйгэ» бырайыак кыттыылаахтара оҕону уһуйаан сааһыттан куукула тыйаатырын нөҥүө тыйаатыр тыыныгар иитэн таһаарар ордук табыгастааҕын уонна суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Оҕону кытары ситимнээх үлэ барарын наадатыгар тыйаатырга араас квестэри, «Түүн тыйаатырга» курдук сэргэх тэрээһиннэри көҕүлүүргэ этии киллэрдилэр. Ону таһынан артыыстары, режиссердары, худуоһунньуктары кытары маастар-кылаастары тэрийэн, кэнчээри ыччат тыйаатырга чугаһыырын ситиһэр наадатын ыйдылар.

Салгыы Чурапчы учууталларын бөлөҕө «Тыйаатыр – ийэ тыл эйгэтэ» диэн  «дьиэ кэргэн – оскуола – тыйаатыр» ситиминэн бэйэлэрин көрүүтүн билиһиннэрдэ. Оҕо дьиэ кэргэнигэр ийэ тылынан иитиллэн, уһуйааҥҥа уонна оскуолаҕа тыйаатыры кытары билсиһэн, салгыы бэйэтэ оонньоон көрөн, дьоҕурун сайыннарыахтаах. Онтон айымньыны, испэктээги ырытар буоларын ситиһиллиэхтээх.  Ити курдук, оҕо сааһын ситиһиитинэн кустук сэттэ суһумун аайы торумнары толкуйдаатылар.

«Тыйаатыр – оҕолорго» диэн оҥкул барылын ааптардара үөрэх дьылыгар сөп түбэһиннэрэн, хас биирдии ыйынан үктэллэри оҥорон көмүскээтилэр. Балаҕан ыйыттан саҕалаан – тыйаатыры кытары билсиһии, тыйаатырга утумнаахтык сылдьыы, айар дьарыктары тэрийии, артыыстары кытары билсиһии уонна оҕо бэйэ оонньоон көрөр дьоҕурун иитии. Онуоха эбии тыйаатыр эйгэтин сырдатар биэриилэри устан, араадьыйанан,  тэлэбиидэнньэнэн көрдөрүү баар буоларын ситиһэр соругу туруордулар. Сааскы сынньалаҥ кэмигэр Дьокуускай сэттэ идэтийбит тыйаатырыгар  экскурсияларга сылдьыыны, испэктээктэри көрүүнү маассабай хамсааһыҥҥа кубулутары эттилэр.

*     *    *

Тэрээһиҥҥэ үүнэр көлүөнэни национальнай тыйаатыр ускуустубатыгар уонна төрүт өйгө-санааҕа туһаайарга «Тыл – литэрэтиирэ – тыйаатыр» диэн олохсуйбут тиһигинэн ситимнээх үлэни ыытар сөптөөҕө ыйылынна. Онуоха киирбит этиилэри түмэн, инникитин Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын министиэристибэтин иһинэн «Саха ускуустубата – оҕолорго» диэн бырайыагы сүрүннээн, утумнаахтык ылсарбыт уонна күргүөмүнэн турунарбыт буоллар кыайыылаах уонна дьайыылаах буолуох этэ.

«Саха театральнай ускуустубата – ыччат өйүн-санаатын уһугуннарар тыыннаах эйгэ»
стратегическай сиэссийэ үлэтин түмүгүнэн

ЭТИИЛЭР

 (БЫЛАҺААККА РЕЗОЛЮЦИЯТА)

  1. Оҕо өй-санаа өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буола үүнэн, ситэн-хотон тахсарыгар судаарыстыба таһымыгар үөрэх ситимин, дьиэ кэргэни уонна култуура/ускуустуба эйгэтин дьүөрэлээн сайыннарар оҥкул оҥоһуллуотаах. Ол туһугар СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ хас биирдии оскуола (оҕо тус баҕатын, санаатын уонна ирдэбилин учуоттаан) сайаапкатын түмэн, сылын ахсын СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр оҕолор ханнык айымньыны тыйаатыр сыанатыгар көрүөхтэрин баҕаралларын туһунан сакаас түһэриэхтээх. Сакаас (нэһилиэнньэ баҕата) үүнэр сыл саҥатыгар сахалыы тыллаах тыйаатырдарга судаарыстыбаннай сорудах быһыытынан аттарыллыахтаах. Оччоҕо тыйаатыр биир сыллааҕы 5-7 саҥа туруорууларыттан 1-2-тэ оҕо көрөрүгэр сөптөөх уонна оҕо сайдыытыгар ордук суолталаах буолар кыахтаах.
  2. РФ Үөрэҕириигэ миниистирэ С.С. Кравцов «2024 сылга диэри хас биирдии оскуолаҕа тыйаатыр баар буоларын ситиһэргэ» диэн этиитигэр олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин таһымыгар тустаах былааны ылыныы уонна судаарыстыба өттүттэн көмө миэрэлэрин чопчулааһын;
  3. Ол миэрэлэргэ, бастатан туран, оскуола тыйаатырын (устуудьуйа, куруһуок, дьарык) хара маҥнайгыттан көдьүүстээхтик үлэлэтэргэ туспа штаты көрөн, анал идэлээх уонна бэлэмнээх исписэлиистэринэн хааччыйыы, уонна сөптөөх усулуобуйалары оҥоруу;
  4. Оскуолаҕа уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр театральнай устуудьуйа, куруһуок, дьарык үлэтин хаачыстыбалаахтык тэрийэргэ, КН РС(Я) уруогун ыытарга салайааччыга (педагокка, учууталга) көмө босуобуйалар, ыйынньыктар, оробуочай уонна эбии матырыйааллар тиһигин быспакка тахсалларын хааччыйыы;
  5. Оскуолаларга тэриллэр тыйаатырдар акылааттарынан литэрэтиирэни ааҕыы араас ньыматын тэрийии, түөлбэ фольклорун үөрэтии, төрөппүт кыттыыта буолалларын ситиһии;
  6. Баай уопуттаах, туйгун көрдөрүүлээх, ситиһиилээх үлэлээх оскуола тыйаатырдарын киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэргэ, атыттары көҕүлүүргэ, сөптөөх суолга туһаайарга тэлэбиидэнньэҕэ уонна араадьыйаҕа рубрикалары арыйыы, анал биэриилэри бэлэмнээһин;
  7. СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ уонна СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин холбоһуктаах быһаарыытынан сааскы сынньалаҥ кэмигэр, Тыйаатыр күннэрэ диэн ааттаан, биир нэдиэлэлээх дэкээдэни тэрийии, улуустартан оҕолор тыйаатырдарга кыайа-хото сылдьалларын ситиһии;
  8. Оскуолатааҕы тыйаатыр суолтатын көтөҕөр, түөлбэ таһымыгар дьон-сэргэ билинэр буоларыгар анаан Тыйаатыр аан дойдутааҕы күнүн (кулун тутар 27 күнүн) үрдүк таһымнаахтык уонна дириҥ ис хоһоонноохтук ыытыы, хас биирдии оскуолаҕа тыйаатыр муннугун тэрийэн, үүнэр көлүөнэҕэ национальнай театральнай ускуустубаны билиһиннэрии;
  9. Саха Сирин төрүт тыллаах тыйаатырдарын түмэллэрин (мусуойдарын) виртуальнай киэпкэ таһаарарга СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин 2023 сыллаах бүддьүөтүгэр сөптөөх үбү көрүү;
  10. Ыччат киэҥ араҥатын хабарга, тыйаатыры кытта алтыһыытын тэрийэргэ «Түүн тыйаатырга», «Тыйаатыр квест оонньуута» курдук саҥа үлэ көрүҥнэрин сахалыы майгылаан, тиһиктээхтик ыытыы, үтүө үгэстэри олохтооһун.

Надежда Ильина,

П.А. Ойуунускай аатынан

Саха академическай тыйаатыра

төл. 8(4112)34-33-26

Добавить комментарий