Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 15 из 19
Всего записей: 185

2 года назад

Улуу киһи аатын чиэстээхтик сүгэр

         Олунньу 10 күнүгэр В.П. Ларионов аатын сүгэр физико-техническэй лицей үөрэнээччилэригэр, учууталларыгар, төрөппүттэргэ, үөрэх бу кыһатын бүтэрбиттэргэ, манна үлэлээн ааспыт дьоҥҥо икки бүк үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Ол курдук, бу күн уһулуччулаах учуонайбыт, сахалартан бастакы академик, техническэй наука доктора Владимир Ларионов төрөөбүтэ 85 сылын туолла. Итиэннэ лицей кэнчээри ыччаты үөрэх-билии дойдутугар сирдээн киллэрэр аанын арыйбыта оруобуна Далее…

2 года назад

Уйгуну уһансар учуонай

“Ил Түмэн” хаһыакка анаан Абый улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Айдар Ефимов интервью биэрэригэр: “2000 сыллар саҕаланыыларыгар дьиэ кэргэн экэниэмикэтин бырагырааматынан түргэнник ситэр салаа кыылларын – кууруссаны, куруолугу, сибиинньэни – аҕалан тарҕаппыттара. Бу олус абыраллаах дьаһал этэ. Маны сөргүтүө этилэр”, — диэн эппитэ. Ол 2000 сыллартан ыла номнуо 20-тэн тахса сыл ааста. Оттон ыраах хоту дойду Далее…

2 года назад

Эдьиийбит – суолдьут сулуспут

Саха опернай ырыаһыттарын ортолоругар соҕотох Сэбиэскэй Сойуус норуодунай артыыһа, норуоттар икки ардыларынааҕы вокальнай куонкурустарга бастакынан суолу тэлбит Анегина Ильина олунньу 3 күнүгэр ытык 80 сааһын туолар.          Бу үөрүүлээх түгэни көрсө, социальнай ситимнэргэ бырааттарын кытта түспүт бэртээхэй хаартыскаларын таһаарбыттар. Ону көрбүт эрэ бары: “Бииргэ төрөөбүттэрэ дьоһун да дьон эбиттэр!” – диэн сэргии түһэллэр.          Чахчыта Далее…

2 года назад

Култуура үйэлээх баайын – сыыппара эйгэтигэр

         Тыыннаах хаалар туһуттан көмүлүөк оһоҕун тоҕус ыйдаах томороон тымныы устата салҕыбакка оттубут саха омук барахсан ол  түҥ былыргыттан ыла күн бүгүнүгэр диэри биир кыһарыйар кыһалҕалаах – норуот быһыытынан сүппэтэх-симэлийбэтэх киһи диэн.          Төһө да аныгы үйэ буоллар, ити боппуруос билиҥҥи глобализация үйэтигэр өссө сытыырхайан турара мэлдьэх буолбатах. Кэлии-барыы, көһүү, итиэннэ Интэриниэт ситимигэр кыраныыссалар аһаҕастара, Далее…

2 года назад

Университет аһылларын туруорсубута

Бүгүн Арассыыйаҕа Устудьуон күнүн бэлиэтииллэр. М.К. Аммосов аатынан университеппыт 1956 сыллаахха аһыллыаҕыттан ыла, төһөлөөх элбэх устудьуону идэҕэ уһуйан, өрөспүүбүлүкэни үрдүк үөрэхтээх каадырынан хааччыйбыта буолуой?! Уруккута Саха судаарыстыбаннай, билиҥҥитэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет баар буолбутугар сүҥкэн өҥөлөөх-үтүөлээх киһинэн Семен Игнатьевич Неустроев буолар. Кини  туһунан кыыһа Марта Семеновна Демехина 2007 сыллаахха, архыып докумуоннарыгар, дьон ахтыытыгар, аҕатын дакылааттарыгар, ыстатыйаларыгар Далее…

2 года назад

Тымныыны муоһалаан олорор тэрилтэ 90 сыла

Саха Сирин чысхааннаах тымныытын муоһалаан олорор хомунаалынайдар тустаах тэрилтэлэрэ олохтоммут күнэ да бэлиэ эбит  – 1933 сыл тохсунньу 24 күнэ – кыыдааннаах кыһын оройо. Онон бүгүн, доҕоттоор, Хомунаалынай хаһаайыстыба норуодунай комиссариата тэриллибитэ 90 сылын туолла! Ол гынан баран, ити 1933 сыл инниттэн да манна дьон дьиэ-уот туттан, быр бааччы олорон кэллэхтэрэ эбээт. Онон хомунаалынай хаһаайыстыбаны Далее…

2 года назад

Тоҕо манныгый?

Уһук хотугу Аартыка улууһун олохтоохторо салгынынан эрэ сылдьар айан суоллаах буоламмыт, көтөр аал сырыыта биһиэхэ тыын боппуруоспут буолар. Сайынныры-кыһыннары билиэт сырсыһыыта, көрдөнүүтэ. Бу кэнники сотору-сотору субсидияламмыт билиэттэр атыыланаллара олус үчүгэй.  “Ол эрээри” дииргэ тиийэбит, «Якутия» авиахампаанньа көтөөччүлэри олус эрэйдиир.  Ол курдук, этиллибит кэмигэр кэлбэт, күнү быһа көтүүнү уһатан-уһатан баран, атын күҥҥэ көһөрөн кэбиһэр. Холобурун ыллахха, Орто Далее…

2 года назад

Биир тыынынан ааҕыллар бэртээхэй кинигэ буолбут

“Исиидэр Бараахап туһунан кинигэни суруйарбар миэхэ өй укпут киһинэн Виктор Данилович Михайлов буолар. “Бастатан туран, эн матырыйаалы тиэрдэр сатабылгын, суруйар истиилгин, этиилэриҥ тутулун сөбүлүүбүн. Иккиһинэн, икки тыллааххын – нууччалыы уонна сахалыы суруйаҕын. Талааннаах тылбаасчыккын. Үсүһүнэн, Бараахап биир дойдулааҕа буолбатаххын, онон объективнай көрүүлээх буолуоҥ”, — диэн быһаарбыта. Учууталым, улахан учуонай, философия наукатын дуоктара, профессор киһи миэхэ Далее…

2 года назад

ТӨГҮРҮКТЭЭҺИНИ ТӨЛӨ КӨТӨН

Дойдуга бүрүүкээн турар байыаннай балаһыанньанан, патриотическай иитиигэ улахан суолта уурулунна. Ол курдук, РФ Президенэ Владимир Путин эһиил 2024 сылга Герой куорат – Ленинград – 872 хонуктаах блокадаттан босхоломмута 80 сылын киэҥник бэлиэтииргэ эттэ уонна онно аналлаах тэрээһиннэри 2023 сыл тохсунньу 18 күнүттэн саҕалыырга туһаайда. Тоҕо тохсунньу 18 күнүттэн? Бу күн 80 сыл анараа өттүгэр Ленинград Далее…

2 года назад

Гавриил Ксенофонтов аата иҥэрилиннэ

Бөдөҥ бэлитиичэскэй, уопсастыбаннай диэйэтэл, үөрэҕи-билиини тарҕатааччы, «Якутский трудовой союз федералистов» национальнай-демократическай баартыйаны төрүттээччи, Саха Сирин уонна Сибиир историятын, этнографиятын уонна фольклорун чинчийбит учуонай, юрист Гавриил Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылынан Дьокуускай куорат Автодорожнай уонна Покровскайдыыр суолларын икки ардыгар баар уулуссаҕа кини аатын иҥэрдилэр. Төһө да тохсунньу тоһуттар аан даам тымныыта буоллар, Хаҥаластан биир дойдулаахтара покровскайдар, чуолаан Далее…