Ырай уонна үөдэн түгэҕэ - Блоги Якутии

2 года назад 788

Ырай уонна үөдэн түгэҕэ

Бу нэдиэлэҕэ икки киинэҕэ сырыттым. Дьиҥэр, “Кэрэни көрбүт” иннинэ “Эдэр сааһы” көрүөхтээх эбиккин. Тоҕо диэтэххэ, католиктар: “Ырайга тиксиэн иннинэ бастаан “чистилищены” ааһан ыраастанаҕын”, — дииллэр дии.
         Чахчы, биирэ – ырай, биирэ – үөдэн түгэҕэ.

         Төһө да киинэ “Эдэр саас” диэн сырдык ааттаах буоллар, Дмитрий Давыдов үөдэн түгэҕин көрдөрүөхтээҕин сэрэйэ-сэрэйэ барбытым. Оннук да буолла: эмиэ муммут дууһа мучумаана. Ордугу булаары, олоҕун алдьаппыт Бааска уонна, кини курдук, бэйэлэрин булбатах дьон: киэҥ эйгэҕэ тахсыбатах фокусник хачыгаар, маҕаһыынын долбуурдарын иннигэр (сүгүрүйээччилэрэ – кэнсиэрбэ бааҥкалара) үҥкүүлүүр атыыһыт, сутурук сокуоннаах табаарыстар…

“Абаккатын, дьэ, маннык сыала-соруга суох ускул-тэскил сылдьар, туох да туһалааҕы оҥорбот, арыгылыыртан атыны билбэт, куһаҕаҥҥа эрэ кучуйар атастары кыргыһыы толоонугар ыытыахха баара, олоҕу саҥа олорон эрэр эдэркээн оҕо дуу, биитэр үлэлээх, дьиэ кэргэннээх, ситиһиилээх, кэскиллээх өйдөөх-санаалаах, айар-тутар баҕалаах дьон оннугар” диэн кыһыйа саныыгын. Онно дьиҥнээх “чистилище” буоллаҕа… Баҕар, ыраастанан, өйдөнөн кэлиэхтэрэ... “Ол иһин мин бэйэм тылланан барбытым. Манна иллээх олоххо, нууччалыы эттэххэ, сатаан “самореализацияламмаккабын”. Хорсуммун, хоһууммун, эр киһи буолан төрөөбүппүн көрдөрөөрү, бэйэбин тургутаары… Суорума суолланар да буоллахпына, эйэлээх олох иһин, улуу дьыала туһугар тыыммын толук уурарбыттан үөрэбин, киэн туттабын. Итирик сылдьан, харамай курдук, тоҥон үлүйэн өлүөхтээҕэр ол ордук буолбатах дуо? Этэргэ дылы, “ханна да бараммыт хара хааммыт тохторо син биир буолбаат?”.

         Итинник диэн биир байыас саа-саадах туппут төрүөтүн быһаарбыта. Оттон билигин кини – дьоруой. Бэйэтин иһигэр хас эмэ сыл барбыт сэриитин кыайарыгар дьиҥнээх байыаннай дьайыы көмөлөспүт.  

…Ити курдук, олох бэйэтин дьаалытынан баран иһэр. Наһаа киртийээри гыннахпытына, кэм-кэрдии бэйэтэ “уоту” анньан ыраастыыр. Ол кэнниттэн атын уопсастыба үөскүүр аналлаах.

Билбэтим, сайдабыт дуу, сатарыйабыт дуу…   Ол эрээри нацистары, фашистары кытта кыдыйсыы кэнниттэн, олох көрдөрөрүнэн, патриоттуу тыын уһуктар, норуоттар сомоҕолоһуулара күүһүрэр, туспа-туора толкуй туоратыллар, биир идиэйэ тула түмсэллэр. “Быһата, хаһан эрэ урусхаллаабыт укулааппытыгар түһэбит дуо?” – диэххит. Аныгы кэм дии. Арыый атын буолар ини. Ол эрээри сааһыланар уолдьаспыта ыраатта.

Бу киинэҕэ эмиэ оннук. Оттон “Кэрэни көрбүтү” глянцевай сурунаалы арыйталыыр курдук көрдүбүт: бииртэн биир хараҕы халтарытар кэрэ хартыыҥкалар.

Тыла-өһө арыый сымсаҕын, аныгылыы киэптээх, тутуллаах этиилэрдээҕин элбэх киһи бэлиэтиир да, сүрүнэ онно буолбатах: кылаабынайа, дууһаны манньытта, сүрэҕи сылаанньытта. Билиҥҥи былдьаһыктаах быыһык кэмҥэ дьоҥҥо-сэргэҕэ ол наада. Онто суох уустук уонна ыарахан балаһыанньа бүрүүкээн турар. Ол  иһин маннык сырдыгынан сыдьаайар уонна сылааһынан илгийэр, саппаҕырбыт санааны сайҕыыр “эмчит” айымньылар айыллаллара тоҕоостоох.

Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, саха тылын уруогар учууталбыт: “Индия киинэлэрин сымыйа диигит. Оччоҕо ийэлэргит, киэһэ ынахтарын ыы охсоот, тоҕо тиэтэйэ-саарайа кулуупка ойоллоруй?” – диэн ыйыппыта. Хайабыт да сатаан хоруйдаабатаҕа. Онуоха бэйэтэ эппитэ: “Бу бүгүҥҥү кинилэр олохторугар суоҕу кэрэхсии көрөөрү, күннээҕи түбүктэн сынньанан ылаары. Онно ыраас таптал, сибэккилээх хонуу, нарын ырыа, кырасыабай дьон, баай-талым олох, үтүө санаа куһаҕаны кыайыыта ойууланар”, — диэн.

Ол тэҥэ дуоһуйа, “Кэрэни көрдүбүт”: харыстабыллаах истиҥ сыһыан өлүүнү кыайарын. Бу киинэ күлүүһэ ити – омуккуттан-норуоккуттан, баайгыттан-дьадаҥыгыттан, үөрэхтээххиттэн-үөрэммэтэххиттэн, айдарыылааххыттан-көннөрүгүттэн, мөлтөххүттэн-күүстээххиттэн тутулуга суох бэйэ-бэйэҕэ ХАРЫСТАБЫЛЛААХ буолуу.

Махтал – ырайы уонна үөдэн түгэҕин хамсыыр хартыынаҕа дьүһүйбүт Любовь Борисоваҕа уонна Дмитрий Давыдовка.

“Эдэр саас” айар бөлөҕө
“Кэрэни көрбүт” айар бөлөҕө

Оннооҕор 13 сыл кэтэспит “Аватарбыт” уруккутун курдук соһуппата. Кырдьык, IT үйэтэ кэлэн, арҕаа диэки айар дьоҕур сыппаабыт быһыылаах… Үчүгэй сценаристар, суруйааччылар айтишниктааҕар сыаналанар кэмнэрэ тирээбит. Ол кэмҥэ биһиги дьоммут дууһаны иитэр киинэлэри усталлара хайҕаллаах.      

Анисия Иевлева.

Добавить комментарий