Гавриил Ксенофонтов аата иҥэрилиннэ - Блоги Якутии

2 года назад 378

Гавриил Ксенофонтов аата иҥэрилиннэ

Бөдөҥ бэлитиичэскэй, уопсастыбаннай диэйэтэл, үөрэҕи-билиини тарҕатааччы, «Якутский трудовой союз федералистов» национальнай-демократическай баартыйаны төрүттээччи, Саха Сирин уонна Сибиир историятын, этнографиятын уонна фольклорун чинчийбит учуонай, юрист Гавриил Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылынан Дьокуускай куорат Автодорожнай уонна Покровскайдыыр суолларын икки ардыгар баар уулуссаҕа кини аатын иҥэрдилэр.

Төһө да тохсунньу тоһуттар аан даам тымныыта буоллар, Хаҥаластан биир дойдулаахтара покровскайдар, чуолаан сахалыы таҥныбыт чкаловтар (Сэлэпиэнэптэр өтөхтөрө Бүлтэгир баар арыыта) тиийэн кэлбиттэрэ үөрүүлээх буолла.

 Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков, Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев, Ил Түмэн дьокутааттара Антонина Григорьева, Алиш Мамедов, Мария Христофорова, Дмитрий Семенов, итиэннэ Ксенофонтовтар хаан уруу аймахтара – педагогическай үлэ бэтэрээнэ Рейнида Георгиевна Петрова, үтүөлээх быраас Наталья Ильинична Котельникова – кыттыыны ыллылар.

Алгысчыт Андриан Белолюбскай умаппыт кутаата, туманы быыһынан күлүбүрүү умайан, улуу киһи аатын сүгэр саҥа уулуссаны сылааһынан илгийдэ, сырдыгынан арчылаата.

Хаҥалас баһылыга Олег Иринеев өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар чулуу киһилэрин аата үйэтитиллибитин иһин мээр Евгений Григорьевка уонна куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семеновка махтанна.

   “Гавриил Васильевич аатынан уулусса түөлбэтэ сайдыа диэн эрэнэбит”, — диэтэ хаҥаластартан дьокутаат Алиш Мамедов. “Оннук эрэ буоллун!” – диэн баҕа санааларга кыттыһабыт.

Добавить комментарий