2 года назад 337
Өрөспүүбүлүкэ сайдыытын туһугар үлэлээбитэ
Москубаҕа Бүтүн Сойуустааҕы бырамыысыланнай академияҕа үөрэнэн, сахалартан биир бастакынан инженер-теплоэнергетик идэтин баһылаабыт Ананий Кононович Андреев туһунан кинигэ сүрэхтэниитэ Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар ахсынньы 21 күнүгэр буолан ааста.
“Бу туох үтүөлээх-өҥөлөөх киһиний?” — диэн ыйытар буолуохтааххыт. Сөп ээ, билбэппит — ол биһиги буруйбут буолбатах. Репрессия элбэх ааты норуоттан кистээбитэ, историяттан туора соппута, хара мэҥи түһэрбитэ. Оннук биир умнуллубут киһинэн Ананий Кононович Андреев буолар.
Кини Саха Сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутугар көхтөөхтүк кыттыбыт хомуньуус хоһууна, бассабыык бэрдэ, саҥа тэриллибит Саха АССР сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах сэбиэскэй-партийнай, судаарыстыбаннай диэйэтэл буолар. Киин ситэриилээх кэмитиэт (ЯЦИК) бэрэссэдээтэлинэн, үп-харчы, сир наркоматтарыгар отдел сэбиэдиссэйинэн, хомунаалынай хаһаайыстыба наркомунан, Дьокуускайдааҕы киин электростанция дириэктэринэн үлэлээбитэ.
Оччотооҕу бастыҥ дьоммутун соруйан сойуолаһыы кинини да тумнубатаҕа: 1941 сыллаахха хаайыллан баран, 1944 сыллаахха Томпоҕо “Теплый Ключ” лааҕырга өлбүт. 1956 с. Үрдүкү Сэбиэт Президиумун уураҕынан буруйа суоҕа бигэргэнэр гынан баран, кини кимин-тугун чинчийэн үөрэтии бу олох кэлин 2011 сылтан саҕаланар.
-Оччолорго мин Таатта улууһун баһылыга этим. Биир күн ОДьКХ дириэктэрэ Алексей Ноговицын уонна Дьохсоҕон баһылыга Галина Арылахова киирэн кэлэннэр, өрөспүүбүлүкэ хомунаалынай хаһаайыстыбатын салаатын төрүттээбит А.К. Андреев аатын сөргүтэр үлэни ыытар туһунан кэпсээтилэр. Ол иннинэ М.Л. Архиповтыын биэдэмистибэлэргэ үйэтитии боппуруоһугар сурук ыыта сылдьыбыппыт да, сөптөөх өйөбүлү ылбакка, күттүөннээх хамсааһын тахсыбатаҕа. Оттон бу түгэҥҥэ ОДьКХ тэрилтэтэ бэйэтинэн этии киллэрбитэ – кэскиллээх бырайыак буоларын кэрэһилээбитэ, — диэн кэпсээтэ Михаил Протодьяконов.
Михаил Александрович эппитинии, А.К. Андреев аатын өрө тутуу – сөпкө тайаныы буолбута.
-Ол курдук, ОДьКХ тэрилтэтин кытта дуогабар түһэрсэн, хомунаалынайдар Дьохсоҕоҥҥо А.К. Андреев улааппыт Куонаан арыытыгар сквер, төрөппүттэрэ олорбут Булгунньахтаах алааһыгар мемориал, нэһилиэк олохтоохторугар анаан балаҕан туппуттара, бөһүөлэккэ уот, суол оҥорбуттара, тиэхэньиичэскэй үөрэххэ киирбит оҕолорбутугар сыллата А.К. Андреев аатынан истипиэндьийэни туттарар буолбуттара.
Олохтоох кыраайы үөрэтээччилэр уонна архыып матырыйаалыгар олоҕуран, 2016 сыллаахха А.К. Андреев туһунан кинигэни таһаарбыппыт. Онтукабыт улууска “Сыл бастыҥ кинигэтэ” буолбута.
Киирии тылын Е.А. Борисов суруйбута. Ити иннинэ Иннокентий Новгородов 2011 с. “Уголек из пепла” диэн дьоҕус эрээри, ааттыын да сылааһынан илгийэр кинигэтэ тахсыбыта.
Манна кини А.К. Андреевы сүрүннээн ОДьКХ наркомун быһыытынан сырдаппыт этэ. Аны туран, Ытык Күөлгэ А.К. Андреев аатынан ОДьКХ өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэлэ аһылынна, — диир бу мусуой сэбиэдиссэйэ Галина Арылахова.
Галина Егоровна бу саҥа тахсыбыт кинигэ бырайыагын сүрүннээтэ. Матырыйаалларын СӨ Национальнай архыыбын үлэһиттэрэ бэлэмнээтилэр.
— Кинигэҕэ барыта 78 докумуон киирдэ. Дьиҥэр, хранилищеттан көтөҕүллүбүтэ өссө икки бүк элбэх этэ. Араас пуондалартан көрдүүр бириэмэ бөҕөтүн ылар. Харайааччыларбыт булан, сааһылаан, дьаарыстаан биэрэн абырыыллар. Итинник көстүбэт үлэлээх дьон бу кинигэҕэ кылааттара эмиэ баарын бэлиэтиэх тустаахпыт, — диир СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин дириэктэрин солбуйааччы, бу кинигэни оҥорууга эппиэттээх Наталья Степанова.
– Национальнай архыып саха саарыннарын үйэтитиигэ туһуламмыт сериятын чэрчитинэн Ойуунускайдаахха, Аммосовтаахха, Бараахаптаахха уо.д.а. чулуу дьоммутугар анаан маннык кинигэлэри таһааран турабыт. Олор былааҥҥа киирбит буолан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэммиттэрэ. Оттон бу кинигэни ОДьКХ тэрилтэтэ бэйэтэ спонсордаан уйунна. Маныаха эдэр кэллиэгэлэрим Вячеслав Сивцев, Андрей Казаев, улгумнук сөбүлэһэн, үлэлэрин таһынан эбии ноҕурууска ылынан, бэркэ үлэлэспиттэригэр махтанабын. Кинигэни олох архыып быраабылатын тутуһан оҥордубут. Автономия 100 сылын көрсө бэчээттэнэн тахсыбыта ураты суолталанна.
А.К. Андреев Москубаҕа Свердлов аатынан университекка уонна бырамыысыланнай академияҕа үөрэммитэ, онон аны Галина Егоровна федеральнай архыыбы хасыһан, өссө атын чахчыларынан бу чинчийииини кэҥэтиэн сөп.
-Ананий Кононович туһунан урут историк учуонайдар эрэ билэллэрэ. Холобура, Николай Гоголев 1971 с. монографиятыгар Дьокуускай электростанциятын, Афанасий Сыроватскай Саха Сирин хомсомуолун, Анна Иванова совнарком бэрэссэдээтэллэрин туһунан суруйалларыгар кылгастык сырдатан ааспыттар. Оттон анаан-минээн үөрэтии, киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии, дьэ, бу Галина Егоровна уонна ОДьКХ тэрилтэтин көҕүлээһиннэринэн саҕаланна.
Философия наукатын дуоктара Лазарь Филиппов сөпкө бэлиэтээн турар: “Сыылкаҕа кэлбит Ярославскай, Орджоникидзе, Петровскай кистээн тэрийбит “Социал-демократ” куруһуоктарыгар дьарыктаммыт ыччаттан оччотооҕу салайааччылар, Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ үүнэн-сайдан тахсыбыттара”, — диэн. А.К. Андреев “Эдэр хомуньуус сахалар” куруоһуокка сылдьыбыта. Уопсайынан, өрөбүлүүссүйэ буолбатаҕа эбитэ буоллар, судаарыстыбаннаһы төрүттээбит аҕаларбыт Ойуунускайдаах, Аммосовтаах уонна да атыттар, бэлиитикэҕэ сыстыбакка, бэйэлэрин идэлэринэн учууталлыы, сырдыгы-билиини тарҕата сылдьыах этилэрэ. Политсыылынайдары биһиэхэ, бу тыйыс кыраайга, накаастаан ыыппыттара, хата, нэһилиэнньэ сайдыытыгар сүҥкэн сабыдыаллаах буолбута. Ол курдук, сэбиэскэй былаас бастакы көлүөнэ интэлигиэнсийэтэ бэйэбит норуоппутуттан тахсыбыта кэрэхсэбиллээх. Оттон, холобура, Ташкеҥҥа оччолорго биир да узбек былааска, үрдүкү салалталарыгар суоҕа. Тоҕо? Үөрэҕэ суох буоланнар. Кэлии нууччалар баһылаан олорбуттар. Ол түмүгэр Орто Азияҕа элбэх утары туруулар буолуталаабыттара, басмаческай хамсааһын күөдьүйэн, 300 тыһыынчаттан тахса олохтоох киһи суорума суолламмыта…
Итинник диэн чулуу дьоммут сириэдийэн тахсыбыт төрүөттэрин түгэҕиттэн түөрэн, атыттары кытта тэҥнээн сэһэргээтэ Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын историяны уонна Аартыканы чинчийэр, итиэннэ аҕыйах ахсааннаах норуоттарын проблемалырыгар отделын сүрүн научнай үлэһитэ, бу кинигэ редколлегиятын чилиэнэ Егор Антонов.
Оттон норуодунай суруйааччы Николай Лугинов бу курдук санаатын үллэһиннэ:
– Саха Сиригэр олорор олус уустук уонна ыарахан. Ол эрээри биһиги Арассыыйа атын эрэгийиэннэринээҕэр үчүгэйдик дьаһанан олоробут. Тоҕо? Мындыр салайааччылардаах буоламмыт. Ол Ойуунускайдаахтан саҕаланан, иккис көлүөнэ интэлигиэнсийэ – Андреевтаах – сайдыы саҥа саҕахтарын саҕан, кэлин сэбиэскэй кэмҥэ Гавриил Чиряев, ССРС ыһыллыбытын кэннэ Михаил Николаев, Анатолий Штыров курдук ырааҕы саныыр дьон өрөспүүбүлүкэни салайбыт буолан, билигин биһиги син толору хааччыллыылаах усулуобуйаҕа олоробут. Мин элбэх норуот бэрэстэбиитэлин кытта алтыһабын. Олор: “Биһиэхэ эһиги курдук салайааччылар суохтар”, — диэн ымсыыралларын аһаҕастык билинэллэр. Оннук дьоһун дьоммутун кэмигэр сыаналыахтаахпыт уонна өйүөхтээхпит.
Ананий Кононович Таатта Дьохсоҕонугар 1901 сыллаахха төрөөбүт. Бука, эһиги саха литературатын уруогуттан өйдүүр буолуохтааххыт, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Ойуунускай, Суорун Омоллоон – бары ити дойдуттан төрүттээхтэрин. Ол эрээри бу Дьохсоҕоммут I, II, III, IV диэҥҥэ арахсар.
–Ананий Кононович – I Дьохсоҕон киһитэ. Түҥ былыр манна маҥнай баараҕай баатылылар олохсуйбуттар, кэлин Кээрэкээн ойуун дьонун-сэргэтин кытта көһөн кэлэр. 1642 с. Бокуруоп таҥара күнүгэр 23 айыы боотурун хаһаактар ыйаан өлөрбүттэригэр, иккитэ биһиги Дьохсоҕоммутуттан эбит: Кумася Буурдаахап уонна Чинчи Коскосиев. Дьэ, ол саҕаттан норуот туһугар туруулаһар дьону үөскэтэр нэһилиэк буолабыт, — Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга Петр Захаров А.К. Андреев төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин туһунан билиһиннэрэр. – Ол курдук, өрөбүлүүссүйэ иннинэ Боотурускай кулубаларынан ини-бии Егор Николаевтар үлэлии сылдьыбыттара. Бастакы Егор Николаев 33 сааһыгар өлбүт. Төһө да эдэр буоллар, 1883 с. Александр III коронациятыгар тиийэн, Арассыыйа ис дьыалатын миниистирэ Д.А. Толстойга “Краткая записка о современном положении Якутского края” диэн дакылаатын туттарбыт. Онно сахалар кыһалҕаларын, тугу туруорсалларын суруйбут. Оттон Иккис Егор Николаев Сибиряков эспэдииссийэтигэр сылдьыспыт, 23 сааһыгар “Почетный попечитель Чурапчинского народного училища” ааты ылбыт. Аны туран, Таатта улууһун бастакы кулубута Иван Кулаковскай-Оонньуулаах Уйбаан – эмиэ Дьохсоҕон. Байкаловтааҕы, Строду кытта ЯКНАРРЕВДОТ этэрээтин салайсыбыт Георгий Сивцев, Саха АССР ис дьыалатын наркомунан, Киин быыбардыыр хамыыһыйа бастакы бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Роман Кулаковскай, Москубаҕа үөрэнэ бараары сылдьан, 26 сааһыгар өлбүтүгэр, Ойуунускай оннооҕор харыһыйан-аһыйан ахтыы суруйбут Василий Гагарина, доруобуйа харыстабылын наркомун солбуйааччыта Петр Кулаковскай – бары биһиги I Дьохсоҕоммутуттан силистээх-мутуктаах салайааччылар. Олор кэккэлэригэр А.К. Андреев килбиэннээхтик киирсэр.
Биир нэһилиэк холугар диэтэххэ, элбэх улахан салайааччылаахпыт буолбаат? Оттон суруйааччыларбыт Өксөкүлээҕи, Алампаны, артыыстарбытын, бөлүһүөктэрбитин аҕыннахха, букатын ыраатабыт-кэҥиибит. Арай бэлиэтиэм этэ, сахалартан соҕотох Албан Аат уордьанын толору кавалера Д.А. Петров, “Хорсунун иһин” үс мэтээллээх П.К. Арылахов, үс бойобуой уордьаннаах И.В. Кузьмин, маны сэргэ Таатта улууһугар икки интернационалист буойун баар эбит буоллаҕына, иккиэн — дьохсоҕоттор. Дьэ, бу чулуу буойуннарбыт бойобуой суолларын хатылаан, билигин биһиги нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыларга 10-тан тахса уолбут кытта сылдьар диэн.
Үөрүүлээҕэ диэн, кинигэ биһирэмигэр Ананий Кононович хос сиэнэ Сардаана Посельская кэлбит:
-Хос эһэм Ананий Кононович Москубаҕа Өлүөхүмэттэн төрүттээх, балетнайга үөрэнэ сылдьар үҥкүүһүт кыыһы кэргэн ылар. Анналыын икки оҕолоноллор: Алик уонна Альбина. Ананий Кононовиһы туталларыгар, 24 чаас биэрбиттэригэр, хос эһэбит Ньурбаҕа баран олохсуйалларыгар сүбэлээбит. Онно тиийэн, хос эбэм иккистээн ыал буолар. Таайбыт Алик нуучча ойохтонор. Кэлин арахсыбыттарын кэннэ, кэргэнэ оҕолорун илдьэ, оччолорго Ленинградка барбыт. Олор сыдьааннара билигин омук сиригэр, Американан олороллор үһү. Оттон мин эбэм Альбина 5 оҕолоох. Хос эһэбит туһунан ким да кэпсээбэт этэ. Кэлин бу кинигэлэр тахсаннар, дьэ, үчүгэйдик биллибит, хос эһэбитинэн киэн тутуннубут.
Бу дьоро киэһэҕэ норуодунай суруйааччы эрэ баар буолбатах этэ, өссө А.К. Андреев хаан уруу аймахтара – СӨ норуодунай артыыстара Петр Баснаев уонна Николай Попов, итиэннэ Дьокуускайдааҕы “Таатта” түмсүү аатыттан Афанасий Афанасьев кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
-Ийэбит Мария Афанасьевна дьиэбит эркинигэр үс мэтириэти иилэн туруорара. Кэлин санаатахха, ол дьонтон биирдэстэрэ А.К. Андреев эбит. Кини туһунан кэпсиир да буоллаҕына, эдэр буоламмыт, сэҥээрэн истибэтэхпит быһыылаах. Арай Ньурбаҕа көһөн барбыттарыгар, Анан ий Кононович ийэтэ биһиэхэ хаалбытын өйдүүбүн. Уҥуоҕун мин ийэм аах туппуттара, — диэн аҕынна Петр Николаевич. Кини Алампа “Дойдум, дорообо!” хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ, оттон опера солиһа Николай Попов Таатта туһунан ырыалары толорон киэргэттэ. Тэрээһини Валентина Бочонина иилээн-саҕалаан ыытта.
ОДьКХ судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэтин генеральнай дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Иван Корякин бастакы наркомнара А.К. Андреевы үйэтитиигэ министиэристибэ уонна ГУП ыытар үлэтин сырдатта. Тааттатааҕы филиал урукку салайааччыта Алексей Ноговицын бу үлэ хайдах саҕаламмытын кэпсээтэ. Архыып үлэһитэ Вячеслав Сивцев ирдэбил үлэ ымпыктарын-чымпыктарын сэгэтэн сэһэргээтэ.
–Биһиги, этэргэ дылы, Саха Сирин тымныытын муоһалаан, кыһынын тутан олорор тэрилтэ буолабыт, — диир ОДьКХ эйгэтигэр 30-тан тахса сыл үлэлээбит, Арассыыйа олоҕу хааччыйар идэлээхтэрин сойууһун өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын салайар Сергей Анисимов. – Оччолорго 16 тыһыынчаттан тахса үлэһиттээх этибит. Дьэ, бачча улахан тэрилтэни хайдах сомоҕолуур толкуйугар сырыттахпытына, таатталар бастакы наркоммут А.К. Андреевы үйэтитиигэ этиилээх кэлэннэр, ону былаах оҥостон, билигин Ананий Кононович сырдык аатын тула түмсэр биир идиэйэлээх буоллубут. Ол чэрчитинэн мусуойданныбыт даҕаны, кинигэлэри да бэчээттээн таһаарабыт, өйдөбүнньүк бэлиэлэри да туруордубут, тутуулары да ыытабыт. Аны 2026 сылга, Ананий Кононович төрөөбүтэ 120 сылыгар, кини аатынан түмэлбит саҥа дьиэҕэ киирдэр…
Анисия Иевлева суруйда.