Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 11 из 19
Всего записей: 185

2 года назад

Билиҥҥи кэммит кэрэһиттэрэ

Кыайыы күнэ диэн сырдык бырааһынньыкпыт аата билигин өссө долгутуулаахтык иһиллэр буолла. Тоҕо диэтэххэ, күн бүгүн хорсун уолаттарбыт эйэлээх олох иһин байыаннай дьайыыларга кытта сылдьаллар. Кинилэр кыайыы көтөллөөх этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин бары күүтэбит уонна эрэнэбит… Хорсун байыастарбыт тустарынан сэһэргиир “Время выбрало нас” диэн быыстапканы СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи салаата Далее…

2 года назад

“Күн оҕолоро” бастаатылар

Саха академическай тыйаатырын иһинэн тэриллибит “Күн оҕолоро” устуудьуйа уонна Н.Д. Неустроев аатын сүгэр SMART-бибилэтиэкэ “Мельпомена” диэн кинигэ тыйаатырын кыттыгас бырайыактара – “Кындыкан” испэктээк –  ыам ыйын 1-4 күннэригэр Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт “Призвание – артист” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга Гран-при буолла.          Испэктээккэ оонньообут оҕолор бары Саха тыйаатырын артыыһа Ньургуйаана Шадрина салайар “Күн оҕолоро” устуудьуйаҕа Далее…

2 года назад

Тыл – омук тыына

Оҕолорбут уонна бэйэбит гаджет үйэтэ эмискэ тоҕо ааҥнаан киирэригэр бэлэмэ суох буоламмыт, төрөөбүт тылбытыгар суоһаабыт кутталы суох гынар соруктаах, төрөөбүт тылбытыгар иккис тыыны биэрээри, 2021 сыллаахха “Ийэ тыл” уопсастыба өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сөргүтүллүбүтэ. 2022 с. олунньу ыйыгар “Кыым” хаһыакка 180 киһи илии баттааһыннаах ыҥырыы сурук бэчээттэммитэ. Ыҥырыы сурук тиэкиһин саха норуодунай суруйааччыта Н.В. Михалёва-Сайа суруйбута. Биһиги Далее…

2 года назад

Билиибин-көрүүбүн бар дьоммор аныыбын

Муус устар 25 күнүгэр Балыктаах бөһүөлэгин култуура дьиэтигэр “Билиибин-көрүүбүн бар дьоммор аныыбын” диэн бэрт интэриэһинэй көрсүһүү буолан ааста. Майаттан анаан-минээн билиилэрин үллэстэ кэлбиттэр: Оҕо ускуустубатын оскуолатын уруһуйга уһуйааччыта Петухов Петр Александрович, уруһуйдарын көрдөрө-көрдөрө, “Тус бэйэм ис турукпар үлэлэниигэ хайдах кэлбитим туһунан” диэн тиэмэҕэ кэпсээтэ. Итэҕэл балаҕанын салайааччыта Климентова Анна Иннокентьевна “Удьуор утума уонна өбүгэ ситимэ” Далее…

2 года назад

Хоһоонноро билигин өссө суолталаннылар

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр саха суруйааччыларыттан саамай уһуннук – саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри – 4 сыл устата сылдьыбыт киһинэн поэт, тылбаасчыт, суруналыыс Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара буолар. Бэккиһиибин кутаа уоттан Хайдах тыыннаах ордубуппун, Ууну-уоту ортотунан Сатыы хаампыт уһун суолбун… Кини 1915 сыл муус устар 26 күнүгэр Таатта улууһун Уолбатыгар төрөөбүтэ, онон бүгүн төрөөбүтэ 108 сылын туолла. Далее…

2 года назад

Сахалыы эмиэ ааҕыахха

 Билиҥҥи оҕолор кинигэни төһө ааҕаллар? Ханнык жанрдаах айымньылары? Ону билээри, Бүлүүгэ буолбут Эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрин кыттыылаахтарыттан ыйыталастым. Лена Никитина, Баппаҕаайы оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ: –Тугу барытын умнан туран ааҕыахпын сөп. Айымньы иһигэр киирэн хаалабын. Дьокуускайга бардахпына, булгуччу кинигэ маҕаһыыныгар сылдьабын. Бастаан туох туһунан буоларын арыйталаан көрөбүн, сэргээтим эрэ ылабын. Тыа сиригэр Интернет түргэтээн, билигин анал Далее…

2 года назад

Дьааҥы – олоҥхо түһэ

«Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан алгыһын ыл» диэн саха өһүн хоһооно этэринии, настаабынньык-фольклорист, олоҥхону чинчийээччи, бэрэпиэссэр, филологическай билим дуоктара Василий Васильевич Илларионов уонна Саха Сиригэр геокультурнай сайдыы институтун үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Сардана Семеновна Брызгалова, научнай-култуурунай экспедицияларын чэрчитинэн, муус устар 20 күнүгэр Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын ураһа саалатыгар Дьааҥы Ийэ олоҥхоһута Д.А. Томская-Чаайка төрөөбүтэ 110 сылыгар Далее…

2 года назад

Үйэлээх түһүлгэ

Бу муус устар ый 8-9 күнүгэр Сунтаарга буолбут “Тоҕус оһуордаах түһүлгэҕэ” Кириэс Халдьаайыттан (Томпо) 12 буолан кытынныбыт. Олоҥхо дойдута Сунтаарга сүргэбит көтөҕүллэн, бары үөрэ-көтө айан суолугар туруммуппут. Ыраах айанныыр дьон, саха сиэринэн, Томпоттон тахсар бэлиэттэн саҕалаан, арыылаах алаадьыбытынан сирбитин-уоппутун аһата сырыттыбыт. Сунтаарга олох киэһэ айаннаан кэлбиппит уонна толору хааччыллыылаах интэринээккэ түспүппүт. Сарсыныгар сарсыардаттан ааттаах-сурахтаах Олоҥхо Далее…

2 года назад

Саха норуота барҕарар суолун ыйбыта

Софрон Данилов 1992 сыл ахсынньы 15 күнүгэр Саха норуотун бастакы кэнгириэһигэр оҥорбут дакылаатын тутан олоробун. Дакылаатын “Саха норуота барҕарыы суолунан” диэн ааттаабыт. Ити кэмтэн орулуур отут сыл ааста, туох уларыйыы таҕыста? Софрон Петрович Данилов дакылаатыгар маннык тылларынан киирбит: “Бу дакылаат ыйыы-кэрдии да биэрэр, дьаһайан-дьарыйан да этэр анала суох. Итиэннэ кылгас дакылаакка билигин биһиги норуоппут иннигэр Далее…

2 года назад

Суруйааччы биир бэлиэ күннээх – ол кини төрөөбүт күнэ

Энтузиаст учуутал эһээм Климент Степанович Неустроев былырыын төрөөбүтэ 95 сылынан тэрээһин ыытарбытыгар, үөрэнээччитигэр Николай Егорович Винокуров-Урсуҥҥа эрийэн: “Онлайн зумунан кыттыһыаҥ дуо?” – диэн ыйыппыппыт. Онуоха кини хамсыкка хаптаран, балыыһаҕа сытарын эппитэ. “Үчүгэйбин”, – диэхтээбитэ да, аҕыйах хонугунан бараахтаабытын истибиппит… Номнуо сыл ааспыт. Ол эрээри бу көрсүһүү кини суох буолбута биир сылынан тэриллибит ахтыы киэһэтэ буолбатах, Далее…