Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 12 из 19
Всего записей: 185

2 года назад

Тохтоо, көмүс түгэн…

Муус устар 16 күнүгэр Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар фотограф Гавриил Попов кэриэһигэр ыытыллыбыт “Зимние зарисовки родного края” («Төрөөбүт дойдум кыһыҥҥытын дьүһүйүү») диэн хаартыскаҕа түһэрии оройуоннааҕы куонкуруһун түмүктүүр тэрээһин буолан ааста. Маҥнай Гавриил Попов туһунан билиһиннэрдилэр. Култуура дьиэтин фойетыгар кини хаартыскаларынан быыстапката турда. Гавриил Гаврильевич сүрүннээн төрөөбүт дойдутун кэрэ айылҕатын түһэрэр эбит. Ол сөп ээ, Мэҥэ Далее…

2 года назад

Улуу убайбытын уруйдаан

П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Дьокуускайга Таатта күннэрэ буола тураллар. Таатта улууһун дэлэгээссийэтэ уонна Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтар Былатыан Ойуунускай пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Улуус салалтатын аатыттан баһылык солбуйааччыта Иван Потапов эҕэрдэлээтэ. Дьаһалта үлэһиттэрэ, тэрилтэ салайааччылара Ойуунускай хоһооннорун аахтылар. “Таатта” уопсастыбаннай түмсүүттэн Гаврил Андросов Ойуунускай бу мэҥэ өйдөбүнньүгэ турар болуоссатыгар кини аата иҥэрэллэрин ситиһиэх тустаахпытын Далее…

2 года назад

Ытык Ийэҕэ сүгүрүйэн

Муус устар 12 күнүгэр СӨ бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев, Космонавтика күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн, Сэбиэскэй Сойуус Геройун, аан дойду барыта сүгүрүйэр чулуу киһитин төрөппүт, ииппит ытык ийэ Анна Тимофеевна Гагарина пааматынньыгар Саха Сирин олохтоохторун аатыттан тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдарда.  Бу бэлиэ түгэҥҥэ Юрий Гагарин сиэн балтылара – Ю.А. Гагарин аатынан мемориальнай заповедник түмэлин үлэһиттэрэ Далее…

2 года назад

Кэрэни кэрэхсии кэлбиппит…

Муус устар 11 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа орто оскуолатыгар өссө биир ураты күн буолан ааста. Ол курдук, биир дойдулаахпыт, Тараҕай нэһилиэгин киэн туттар киһитэ, биллиилээх  поэт, тылбаасчыт  Иван Егорович  Слепцов-Арбита төрөөбүтэ 110 сылын көрсө үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ муһуннубут. Суруйааччы Степан Марков поэт оҕо сааһын, поэзияҕа бастакы холонууларын туһунан “Кэрэни кэрэхсии кэлбиппин” сэһэнин поэт хаан-уруу аймаҕа Далее…

2 года назад

Саха Сирэ уонна космонавтика

Сири-халлааны бүгүн туох сэргэхситтэ, Сирэйи-хараҕы үөрүүнэн чэмэлиттэ?   Ыраас күн да бу курдук чаҕылыппат, Ырыа-тойук да маннык сатарбат.   Киһи космос куйаарыгар көттө, Киһи аатын үрдэтэн эргийэн кэллэ!   Эҕэрдэ, эйиэхэ биир дойдулаахпар, Эр сүрэхтээхпэр, албан ааттаахпар!   Итинник диэн суруйбут “Эйиэхэ эҕэрдэ” диэн хоһоонугар поэт Сергей Васильев-Борогонскай 1961 сыл муус устар 12 күнүгэр – Далее…

2 года назад

Кэрэ кэпсээн кэһиилээх

Бу дьыл муус устар 8 күнүгэр Томпо оройуонун Мэҥэ Алдан Е.П. Неймохов аатынан агротехнологическай орто оскуолатыгар “Кэпсээн – литература кэрэхсэбиллээх жанра” диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол ыытылынна.  Филологическай наука дуоктара, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора Василий Васильевич Илларионов кэргэнинээн, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Мария Семеновна Илларионовалыын кыттыыны ыллылар.  Олохтоох музей үлэһиттэрэ, кулун тутар 30 күнүгэр Егор Неймохов Далее…

2 года назад

Саха ыппыт оноҕоһо ыраахха көттүн!

“Хара муора кытылыгар эрдэхтэн, сах уотун саҕыаҕыттан ыла, саха биирдэ даҕаны кыһатын уотун сөҕүрүппэккэ, бу Хотугу Муустаах муора хонноҕор хорҕойдор да, син биир күөрдүн күөртүү олордоҕо…” Итинник диэн суруйар Мандар Уус саха омук саатын-саадаҕын, сэбин-сэбиргэлин туһунан кинигэ аан тылыгар.          Бу “Саха саата-саадаҕа” диэн кинигэни Баайаҕыын диэн аатынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит Николай Иванович Егоров суруйан таһаарда. Далее…

2 года назад

Үтүөнү түстүүр “Алгыстаах айан”

Кулун тутар 27, 31 күннэригэр Мэҥэ Алдаҥҥа “Уйгулаана” уонна “Ника” автотурдар “Алгыстаах айан” диэн маршруттарын ыалдьыттара тохтоон, өрөспүүбүлүкэҕэ ханна да суох Эйфель башнятыгар хаартыскаҕа түстүлэр, норуодунай суруйааччы Е.Неймохов аатынан литератураны уонна кыраайы үөрэтэр музейга сырыттылар.  Бу Эйфель башнятын кыра куоппуйатын худуоһунньук Роман Романович Ефимов көҕүлээн, архитектор Максим Петрович Неймохов бырайыагынан тутуллубута –  билигин Мэҥэ Алдан Далее…

2 года назад

Чэй эрэ, олоҥхолуох!

Кэбээйигэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, энтузиаст фольклорист Савелий Николаевич Тимофеев-Ыллык «Чэй, эрэ!» диэн фольклорнай ансаамбылы тэрийэн үлэлэтэр. Онно Кэбээйи оскуолатыни IV «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ  (сал. С.С. Кривошапкина)  маҥнайгы кылаастан  сылдьаллар. Норуот ырыатын толороллор, былыргылыы чабырҕаҕы этэллэр, Ойуунускай, Алампа курдук классик суруйааччылар хоһооннорун үөрэтэн, өйтөн ааҕаллар, сахалыы үҥкүүлэри толороллор (уус-уран салайааччы В.Н. Лугинова)  уонна С.Н. Тимофеев-Ыллык «Эмньик Элэмэс аттаах Эр Далее…

2 года назад

Кэскилбитин түстээбит сырдык кыһабыт

Ханнык баҕарар тэрилтэ сайдар саҕаҕа салайааччытыттан тутулуктаах. Үлэлиир тэтимин ылан, кыаҕын-күүһүн мунньуммут, сайдыы аартыгын тэлбит тэрилтэ бигэ туруктаах уйгулаах олоҕу тутарын билэ-көрө сылдьабыт. Биһиги көлүөнэ ыччат дьон кэскилбитин түстээбит, олохпут оҥкулун булларбыт салайааччыбытынан Михаил Спиридонович Иванову-Багдарыын Сүлбэни уонна кини биир идэлээхтэрин, педучилище бастыҥтан бастыҥ учууталларын  ааттыыбыт. Тыһыынчанан үөрэнээччитин кутун туппут, кини салайбыт кэмигэр Бүлүү педучилищетыгар Далее…