Оҕолор да кыайыыны уһансыбыттара - Блоги Якутии

2 недели назад 165

Оҕолор да кыайыыны уһансыбыттара

Улуу Кыайыы 80 сылынан барыгытын эҕэрдэлээн туран, бүгүн эһиэхэ Таатта улууһун Харбалааҕар олорор тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин, сэрии сылларын оҕолорун туһунан кэпсиэм.

Улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн

Таатта улууһун Ытык кырдьаҕаһа, Орто Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Мотрена Даниловна Егорова быйыл Улуу Кыайыы 80 өрөгөйдөөх сылыгар 90 ытык сааһын тохсунньу 29 күнүгэр туолбута.

Кини 1935 сыллаахха Уус Амма нэһилиэгэр төрөөбүтэ. “Сэрии саҕаланыытыгар 6 саастаах кыыс оҕо этим. Ол да буоллар, дьоммун кытта тэҥҥэ үлэлээн, Кыайыыны уһансыыга киллэрбит бэйэм кылааттаахпын”, – диэн ахтар.

Мотя 12 сааһыттан холкуос үлэтигэр – бурдук астааһыныгар, ыһыыга оҕус сиэтиитигэр, түүтэх бурдугу тиэйиигэ – үлэлээбитэ. 20 сыл ыанньыксыттаабыта. Уодайга “Коммунизм” холкуоска үлэлии сылдьан, “Бастыҥ ыанньыксыт» үрдүк аатын ылбыта.

Кэлин Харбалаахтааҕы СПТУ-га таҥас сууйааччынан, онтон чох разреһыгар харабылынан үлэлии сылдьан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.

Үлэҕэ, олоххо көхтөөх Мотрена эдэр эрдэҕинэ сүүрүүнэн дьарыктанан, оройуоҥҥа күрэхтэһиигэ кыттара. Кини балыксыт бэрдэ, бүтүн өрөспүүбүлүкэ балыксыттара билэллэр, “эдьиийбит” диэн ааттыыллар.

Бачча ытык сааһыгар мээнэ олорбот, иллэҥ кэмигэр оҕуруонан оҥоһуктары оҥорон, дьиэтин иһин киэргэтэр.

Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Гаврил Васильевич Егоровтыын ыал буолбута. Кэргэнэ эрдэ олохтон туораан, оҕолорун бэйэтэ атахтарыгар туруортаабыта.

Гаврил Васильевич 1943 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан баран,  Забайкальскай фронт 67-с отдельнай пулеметнай батальонугар пулеметчугунан сэриилэспит. Хабырылла болуотунньук, оһохчут быһыытынан Харбалаах бөһүөлэгин тутуутугар үлэлээбитэ.

Улуу Кыайыыны уһансыбыт Мотрена уонна Хабырылла Дьөгүөрэптэр  ааттарын ааттатар алта  оҕоломмуттара,  элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр.

Аччык оҕо саас күүстээх санаалаах оҥорбута

Таатта улууһун Ытык кырдьаҕаһа, Орто Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, 91 саастаах Аграфена Гаврильевна Колодезникова Улуу Кыайыы 80 сылын олус  долгуйа көрсөр.

Кини дьоллоох оҕо сааһы, ийэ тапталын, кыһамньытын билбэтэҕэ: баара-суоҕа 3 саастааҕар ийэтэ олохтон туораабыта. Онон сэрии ыар сылларын кыһалҕатын этинэн-хаанынан билбитэ.

Тоҕус сааһыгар Сиэллээх начаалынай оскуолатыгар  үөрэнэ киирбитэ. Сайынын улахан дьону кытта холкуос үлэтигэр окко, ыһыыга үлэлиирэ.

 “Оҕо киһиэхэ оҕус мунна кытаанаҕа, онтон ордук ыарахан үлэ суоҕа. От үлэтигэр ыллыы-туойа сылдьарым. Сиилэс дьааматын ыраастыыр эмиэ ыарахан  да этэ”, –  диэн ахтар.

Сороҕор  аччыктаан өлөөрү гынан, биир ньуоска хааһы сиэтээйэллэр диэн, ыалы кэрийэрим. “Оҕоҕутун көрдөрөҕүт дуо?” – диэн ааннарын тоҥсуйарым”, – диэн ол ыарахан кэмнэри уйадыйа кэпсиир.

Сэрии бүппүтүн туһунан үһүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына оскуолаҕа учууталлара биллэрбит. Үөрүү бөҕө буолбуттар. Ол күн үтэһэлээх эт, саламаат түҥэппиттэр. Саламаатын дьонугар илдьэн иһэн, ойбон мууһуттан халтарыйан, тоҕу түһэрэн кэбиһэн баран, дьиэтигэр ытаан тиийбитин бу баардыы өйдүүр.

Аграфена Гаврильевна кэргэнинээн – тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Орто Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кырдьаҕаһа Николай Петрович Колодезниковтыын – 67 сыл бииргэ олорбуттара.

Тулаайах оҕо соҕотох бэйэтэ ыал буолан, 6 оҕону төрөтөн, 9 сиэннээх, 27 хос сиэннээх  Кыайыы 80 сылын дьоллоохтук көрсөр.

Ытык дьоммутугар уһун үйэни, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!

Светлана Винокурова,

Харбалаах, Таатта.

Добавить комментарий