Cахалыы сэһэргиибит, Автор в Блоги Якутии - Страница 13 из 19
Всего записей: 185

2 года назад

Саахымат дойдутугар

Кулун тутар 20 күнүгэр Балыктаах бөһүөлэгэр “Звёздочка” оҕо уһуйааныгар “В мире шахмат”диэн улуустааҕы сэминээр ыытылынна. Сэминээри уһуйаан сэбиэдиссэйэ Антонина Сергеевна Кычкина киирии тылынан аста. Улуус дьыссааттарыттан, Балыктаах орто оскуолатын алын кылаастарын учууталлара, дириэктэр Айталина Михайловна Мохначевская кыттыыны ыллылар. Иитээччилэр уонна музыкальнай салайааччы Елена Ивановна Стручкова “Добро пожаловать в страну Шахмат” диэн инсценировканы оҕолору кытта көрдөрдүлэр.  Орто Далее…

2 года назад

Хаартыскалар тыыннаахтар – саҥата суох тыллаахтар

Иннибэр бэртээхэй хаартыскалар сыталлар. Олору сканердаан ылан, көмпүүтэргэ киллэрэбин… Суруйааччы Егор Неймохов 1988 сыл балаҕан ыйыгар суруйааччы Николай Якутскайы, 80 сааһынан сибээстээн, Бүлүү оройуоннарынан арыаллаабыта. Бу хаартыскалары онно Иван Деевич Архипов түһэрбит.          Иван Деевич мин пионер эрдэҕинээҕи баһаатайым. Кини Далырга баһаатайынан үлэлиир эрдэҕинэ, пионерскай олох күөстүү оргуйара. Пионертан тахсар сааспыт кэлбитигэр, пионерскай хаалтыспытыгар көмүһүнэн Далее…

2 года назад

Сүлүөт аны Н.И. Протопопова аатынан буолуоҕа

Сүлүөккэ сүүрдэ, Сүлүөккэ сүүрдэ, Табаһыт, эн түргэтиий! Ити ырыаҕа этиллэринии, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Табаһыт сүлүөттэрэ күргүөмнээхтик ыытылла турар эбит буоллахтарына, Бүлүү куоратын Г.И. Чиряев аатынан 1-кы №-дээх оскуолатыгар Үөһээ Бүлүү, Ньурба уонна Бүлүү эдэр кэрэспэдьиэннэрэ “Болҕойуҥ: пресс-киин үлэлиир!” сүлүөккэ муһуннулар. Үгэскэ кубулуйбут сүлүөтү Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата көҕүлүүр. Аан бастаан 2011 Далее…

2 года назад

Айааччы-настаабынньык-чинчийээччи

Педагог уонна настаабынньык сылыгар түбэһиннэрэн, Балыктаах орто оскуолатын базатыгар үрдүкү категориялаах нуучча тылын учуутала Ангелина Николаевна Говорова айар-отчуоттуур сэминээрэ ыытылынна. Учуутал өр сыллаах үлэтин көрдөрөр сэминээригэр улуустан барыта 17 нуучча тылын учуутала кэлэн кыттыыны ылла. Күн бастакы аҥаарыгар Ангелина Николаевна икки уруогу ыытта. Бастакы уруокка V-VI кылаас оҕолоро И.С. Тургенев уонна А.П. Платонов айымньыларыттан сүрүн Далее…

2 года назад

Саха баарын тухары умнуллуо суоҕа

Кулун тутар 16 күнүгэр, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүгэр, Мэҥэ Алданнааҕы Е.Неймохов аатынан литератураны, кыраайы үөрэтэр музей “Өксөкүлээх сардаҥата” өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаҕа кыттыһан, Улуу Киһибит мэтириэтин иннигэр чүмэчи уматтылар, ахтан-анаан аастылар. А.Е.Кулаковскай кинигэлэрин көрдөрүүгэ уурдулар, айымньыларыттан быһа тардан аахтылар. Манна даҕатан эттэххэ, 2010 сыллаахха СӨ вице-президенэ Е.И. Михайлова  Егор Неймохов 60 сааһын П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай Далее…

2 года назад

Өксөкүлээх сардаҥата сандаара турдун!

Саха омук үөрэхтэниитигэр сүдү кылааттаах сырдатааччы,саха литературатын төрүттээччи, төрөөбүт тылын, норуотун историятын уонна култууратын чинчийээччи, норуот фольклорун хомуйааччы, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй былырыын төрөөбүтэ 145 сылын бэлиэтииргэ, СӨ бэрэсидьиэнин оскуолаларын ситимин уонна М.Е. Николаев киинин көҕүлээһиннэринэн, духуобунай лиидэрбит төрөөбүт күнүгэр чүмэчини уматар “Өксөкүлээх сардаҥата” диэн аахсыйа олохтоммута. Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан 2023-2025 сыллар Далее…

2 года назад

Аан дойдуга ханна да суох ураты тыйаатыр

Этэн көрө-көрө күлэр тэбэнэттээх 15 саас диэн киһи олоҕун дьикти сааһа буолар: ыраны ырыаҕа ыпсарар, баҕа санаалар булгуччу туолуохтаахтарыгар итэҕэйэр, сырдык кэрэ олоххо эрэнэр, күннээҕиттэн хатыламматы булан көрөр, маҥнайгы истиҥ иэйииилэргэ куустарар уһуктуу умсулҕаннаах, тыллыы тырымнас, үүнүү-сайдыы кэскиллээх кэмэ! Ол тэҥэ Олоҥхо тыйаатыра, төһө да былдьаһыктаах былыргы дьыллары сэһэргиир айымньыны оонньоотор, олох киэҥ аартыгар саҥа үктэнэн Далее…

2 года назад

Саха сатаабатаҕа суох

Норуот маастарын күнүн бэлиэтээһин чэрчитинэн, саха норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов аатынан литератураны, кыраайы үөрэтэр музейга Мэҥэ Алдан нэһилиэгин талба талааннаахтарын, уран тарбахтаахтарын оҥоһуктарын быыстапката көрдөрүүгэ турда. Быыстапкаҕа оскуола үөрэнээччилэрэ, нэһилиэк улахан да дьоно көхтөөхтүк кытыннылар. Искусство оскуолатын учуутала Айталина Михайловна Хоноехова уонна кини үөрэтэр оҕолоро Николаева Айта, Хоноехова Яна, Говорова Карина, Винокурова Юрианна, Петрова Алина, Далее…

2 года назад

«Экэнэмиис учуонай Василий Дарбасов» кинигэ сүрэхтэниитигэр

Дьокуускайдааҕы В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ кулун тутар 11 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, наукаҕа уонна тиэхиньикэҕэ СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, экэниэмикэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Василий Романович Дарбасов-Дабаччыма төрөөбүтэ 80 сылыгар анаан бэртээхэй ахтыы киэһэтэ буолан ааста. «Экэнэмиис учуонай Василий Дарбасов» диэн кинигэ сүрэхтэниитигэр аймахтара, учуонайдар, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ, доҕотторо кэлэн ахтан-санаан  аастылар. Далее…

2 года назад

Көрөөччү: “Мин дьоллоох эбиппин”, – диэн этиэҕэ

Бу саас саамай кэтэһиилээх “Почти как все” киинэтэ кулун тутар 16 күнүттэн улахан экраҥҥа тахсыаҕа. – Режиссер быһыытынан 2016 сыллаахтан үлэлиибин. Араас музыкальнай килииптэри, рекламалары, роликтары, тэттик киинэлэри, бэл, сериаллары кытта устубутум. Сериалы устар киинэни уһулардааҕар уустук. Былырыын «Таксист» киинэм норуоттар икки ардыларынааҕы BAIQONYR VII бэстибээлгэ «Бастыҥ киинэ» диэн анал аакка тиксибитэ. Куонкуруска 200 сайаапка Далее…