Өксөкүлээх туһаайбыт суолунан... - Блоги Якутии

1 год назад 523

Өксөкүлээх туһаайбыт суолунан…

Өймөкөөннөр үс бастыҥ дьоннорун мэтириэттэригэр бастакы гильдиялаах меценат атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкыны, суруйааччы Николай Заболоцкай-Чысхааны кытта айар тыл аҕатын Алексей Елисеевич Кулаковскайы киллэрэллэр эбит. Оттон билэрбит курдук, кини Таатта киһитэ эбээт, ол эрээри Өймөкөөҥҥө сэттэтэ кэлэ сылдьыбыт, фольклордарын чинчийбит, Үрэх Төрдө диэн сиргэ ыһыах ыспыт буолан,Өксөкүлээҕи улуустарын сураҕырдыбыт бэйэлэрин киһилэринэн ааттыыллар. Сөп ээ, Алексей Елисеевич Кулаковскай барыбыт киэн туттуута!

Ол иһин бу Томторго ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар А.Е. Кулаковскайга улахан болҕомто уурулунна. Ол курдук, “Өксөкүлээх Өлөксөй уонна аныгы кэм” диэн төгүрүк остуол тэрилиннэ, ыалдьыттаан ааспыт балаҕаныгар саха сайдар саргытын туһунан санаа атастаһыыта буолла, итиэннэ СӨ бастакы Президенэ М.Е. Николаев “Николаев-киин” архыып-бибилэтиэкэтэ “Өксөкүлээх туһаайбыт суолунан” диэн быыстапканы туруорда.

-Михаил Ефимович этэн турар: “А.Е. Кулаковскай үлэлэрэ үүнэр көлүөнэҕэ сирдьит сулус, батыһар бастыҥ холобур, олохторун суолтата”, – диэн. Чахчыта да, Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун саха омук сайдарын туһугар анаабыт буолан,  кини  суруйууларын суолтата ханнык да кэмҥэ сүппэт, саҥаттан саҥа суоллары арыйа, ыйа турар.

М.Е. Николаев өрөспүүбүлүкэни салайар кэмигэр Өксөкүлээх аатын төнүннэриигэ үгүс үлэни ыыппыта. Ол туһунан кини “При первом же знакомстве с идеями Кулаковского я почувствовал себя его единомышленником и в меру своих возможностей способствовал его возвращению к родному народу” диэн суруйар. Ити кэмтэн ыла күн бүгүнүгэр диэри Михаил Ефимович  Өксөкүлээх туһаайбыт суолун тутуһан, Саха Сирин кэрэ кэскилин туһугар үлэлии-хамныы сылдьар. Холобура, Михаил Ефимович көҕүлээһининэн 2022 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр Хачыкаакка “А.Е. Кулаковский – духовный лидер Якутии” диэн икки күннээх улахан симпозиум буолбута. Ол күн Ил Дархан Айсен Николаев 2022-2027 сыллары Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Өксөкүлээх 5 сылынан биллэрэр туһунан Ыйаахха илии баттаабыта.

         Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытын ыытааччыта, Николаев-киин үлэһитэ Лилия Александровна Кычкина А.Е. Кулаковскайы уонна М.Е. Николаевы сибээстиир ситим туһунан ити курдук сырдатан баран, тылы ХИФУ А.Е. Кулаковскай институтун ыстаарсай научнай үлэһитэ Светлана Дмитриевна Дарбасоваҕа биэрдэ:

– “Точка невозврата” диэн өйдөбүл баар. Оннук сөргүтүллүбэттии сүтүү-симэлийии болдьоҕо 25 сылынан быһыллар эбит. А.Е. Кулаковскай нэһилиэстибэтэ төннүбэт туочукаҕа тиийэ сыыспыта мэлдьэх буолбатах.  Ону бастакы Президеммит өрүһүйбүтэ диэн билинэбит. Бу Николаев-киин хара тэриллиэҕиттэн Өксөкүлээх Өлөксөйү үйэтитиигэ дириҥ хорутуулаахтык үлэлиир. Билигин аны киэҥ эйгэҕэ тахсан эрэллэр. Ол курдук, Өксөкүлээх 5 сылын чэрчитинэн балаҕан ыйыгар Москубаҕа Горькай аатынан аан дойду литературатын институтун кытта Национальностар дьиэлэригэр бу бүгүҥҥү курдук кэнсиэпсийэлээх быыстапканы тэрийиэхтээхтэр. Онон бу онно бэлэмнэнии курдук буолар.

Бу быыстапка уратыта диэн, ханнык баҕарар киһи бэйэтигэр сыһыаннааҕы мантан булан ылар кыахтаах: мэдиссиинэ да буоллун, үөрэхтээһин да буоллун, социальнай хайысха да буоллун. Тоҕо диэтэххэ, Өксөкүлээх олохпут бары эйгэтигэр баар, бары салаатыгар сайдыыны туһаайар.

 Аны кэнсиэпсийэтин туһунан этэр буоллахха, биһиги манна икки сүрүн түгэни бэлиэтээбиппит. Бастакытынан, үбүлүөйдээх даата диэн аҥаардас аатын уруйдуур бырааһынньык эрэ буолбакка, бу киһи идиэйэтигэр тирэҕирэн, тугу оҥорбуппутун ырытар-анаарар, салгыы хайдах үлэлиирбитин торумнуур  түгэн буолуохтаах. Иккиһинэн, урут сэбиэскэй норуоттар баалларын курдук, билигин “национальная идентичность России” диэн өйдөбүл күүскэ киирэн эрэр. Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха интеллигенциятыгар” суругар нууччалары кытта дьукаахтаһан олорор ордугун ыйбыта. Онон Арассыыйаҕа олорор кыра омуктар бу “национальная идентичность России” диэни өрө тутан, сомоҕолоһуу күүһүгэр тирэҕирэн сайдыахтаахпыт.  

Светлана Дмитриевна сөпкө этэрин, Михаил Ефимович Өксөкүлээххэ бу курдук улахан суолтаны кэмигэр биэрбэтэҕэ буоллар, баҕар, А.Е. Кулаковскай баай нэһилиэстибэтэ сүтэн-симэлийэн хаалбыт буолуон сөбүн суруйааччы сиэнэ Лариса Реасовна Кулаковская бигэргэтэн эттэ. Оттон ол сүтүк, биллэн турар, биһиги норуоппутугар, бүтүн киһи аймах сайдыытыгар улахан хоромньулаах буолара чахчы.

Николаев-киин бибилэтиэкэрэ Оксана Николаевна Харитонова  Покровскай художественнай оскуолатын уһуйуллааччыта Артур Гребнев “Письмо А.Е. Кулаковского дошло до адресата” диэн үлэтин билиһиннэрдэ.

13 саастаах оҕо санаатыгар, Өксөкүлээх интеллигенцияҕа суругун бастакы Президент М.Е. Николаевка аадырыстаан суруйбут эбит. Ону Михаил Ефимович туппут. Икки биир өйдөөх-санаалаах дьон толкуйдарынан, Саха Сирэ сөптөөх суолу тутуһан, билигин балысханнык сайдар диэн уруһуйугар кэпсиир.   

       Бу Николаев-киин “Өксөкүлээх сардаҥата” диэн наһаа үчүгэй аахсыйаны олохтообута. Ол курдук, А.Е. Кулаковскай күн сирин көрбүт күнүгэр, о.э. кулун тутар 16-гар, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо чүмэчи уматыахтаахтар. Бу тыкпыт уот курдук, Өксөкүлээх сардаҥата хас биирдии киһиэхэ сырдыгынан сыдьаайыахтаах, сылааһынан илгийиэхтээх.

         “Мечты А.Е. Кулаковского не знают границ во времени. Его идеи и заветы для нас навека. Будем же достойными его преемниками” диэн М.Е. Николаев тылларынан бу быыстапканы аһар үөрүүлээх түгэн түмүктэннэ.

         Олоруоххайыҥ Өксөкүлээх туһаайбыт суолунан…

Добавить комментарий