Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата - Блоги Якутии

1 год назад 1702

Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата

Таатталар быйылгы иккис “Иис-Уус-Ас ФЕСТ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэрин улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаатылар. Онон тэрээһин сүрүн санаатынан, тутуһуллар тосхолунан, ситиһиллэр соругунан суруйааччы хоһоонун үйэлээх этиитэ бигэргэммит – “Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата”.

Чахчыта да, икки күн устата талааннаахтар оҥоһуктарын быыстапкатын,  сатабылларын, дьоҕурдарын көрөн сөхтүбүт. Манна даҕатан эттэххэ, бу култуурунай-үөрэтэр форум иитинэн үөрэнээччилэргэ Ойуунускай ааҕыылара буолан ааста.

Хаартыскаҕа: оҕолорго оһуохайга, олоҥхоҕо, дьүһүйүүгэ бастаабыт, хомуска миэстэлэспит Дьохсоҕон үөрэнээччилэрэ. Салайааччы – Л.А. Попова.

Урут Ойуунускай ааҕыылара айылҕа саамай чээлэй күөҕүгэр, сибэкки оһуордаах бэс ыйыгар, балаакканан түһэн, ыһыах курдук тэриллэр эбит буоллаҕына, быйыл саас Таатта эбэ халааннаан, хаатыттан тахсан, күһүҥҥүгэ көһөрбүттэрэ. Ол иһин “Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата” сугулаан балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр Ойуунускай дойдутугар Чөркөөххө буолла.

Манна ыраахтан-чугастан – Нерюнгриттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Чурапчыттан, Томпоттон, Өймөкөөнтөн уо.д.а. улуустартан, Таатта нэһилиэктэриттэн   –барыта 2739 киһи сырытта. Аҥаардас эксперэ – 93, ыҥырыылаах ыалдьыта – 69, култуурунай бырагыраама кыттыылааҕа – 137.

Дьокутаат бэлэҕэ

Бастакы күн халлаан туран биэрэн, үөрүүлээх аһыллыыта Ойуунускай төрөөбүт Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар буолла. СӨ үөрэххэ миниистирэ Ирина Любимова, СӨ култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров, Ил Түмэн VI ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара Виктор Лебедев, Павел Пинигин кыттыыны ыллылар.

Бу күн биир бэлиэ түгэнинэн Муҥха Дэлбэрийбит алааска Таатта  үрэҕи туоруур тимир күргэ аһыллыыта буолла.

Бу вантовай муостаны  Таатта-Томпо быыбардыыр учаастактан норуодунай дьокутаат, Ойуунускай үөрэммит балаҕанын өрөмүөнүн үбүлээбит меценат, аан дойдуга биллэр тустуук, “Саханефтегазсбыт” тэрилтэ дириэктэрэ Виктор Лебедев үбүлээтэ.

Уотунан киэргэтиигэ “Тааттаавтодор” (И.И. Бочонин), куораттан урбаанньыт Т.И. Жегусов харчынан көмөлөспүттэр. Чаҕылыҥнас гирлянда курдук лаампалары трос устун тардыыга Б.А. Морхоев биригээдэтэ үлэлээбит. Саха тыйаатырын артыыстара П.Н. Баснаев уонна Р.Р. Дорофеев муоста аҥаар эҥэрин ситэрэргэ 50 тыһ. солк. кыттыһан биэрбиттэр.  

Хаар да харгыстаабата

Иккис күн Тааттаҕа хаар түһэн, тэрээһиннэр Чөркөөх оскуолатын иһигэр ыытылыннылар.

Холобура, биир кылааска киирэн кэлбитим, “Үрүлүйэр үрүҥ аспыт – үрүмэбит барахсан” күрэхтэһиигэ кыттааччылар үрүмэттэн бүлүүдэлэрин остуол хотойорунанн тардан тураллара.

Асчыттар бу куонкурустарыгар бастаабыт Альбина Арсентьевна Ноговицына кэпсиир:

-Мин Уолбаттан сылдьабын. 2019 сыллаахха Ытык Күөлгэ буолбут ыһыахха Тарбаахап күрэҕэр өрөспүүбүлүкэҕэ кыайбытым. Онно үрүмэттэн 32 суол бүлүүдэни бэлэмнээбитим. Бүгүн 10-чаны оҥорон аҕаллым: төрүт үгэһинэн арыылаах, хатарба розалар, чипсылар, сакалааттаах, иэдьэгэйдээх рулеттар,  искэхтээх роллылар уо.д.а. Үрүмэни оҥорор үлэлээх, ол иһин дьон наһаа үлүһүйбэт. Күөх үүтү оргутан баран, үрдүн сыыйа чараас суба курдук таһааран баран, начыыҥкатын тута кутаҕын уонна оннук үрүт-үрдүгэр ууран иһэҕин. Оҕо аһатаары гыннахха, арааһы барытын толкуйдаан симэҕин. Эккэ да, минньигэскэ да, туустаах-тумалаахха да – барытыгар барсар.

Салгыы кэрийтэлиибин. Биир хоһу арыйбытым, мас уустарын “Саха мындыр сатабыла” күрэһэ буола турара. Саҥа дьыл ахсын сыл бэлиэлэрин балбаахтан сыбаан оҥорор “норуот скульптора” Михаил Боппосов Сахаян Боппосовтыын ытык оҥоро олороллоро. Кинилэр оҥоһуктара бастыҥынан ааттаммыт.

Сахалыы симэх күрэҕэр иккистээбит Туйаара Иванова (Дьокуускай) сахалар бастакы идэтийбит худуоһунньукпут Иван Попов 1911 сыллаахха Германия Дрезден куоратын этнографическай мусуойугар өттүккэ баанар көмүс симэҕин  дьэс алтантан үтүгүннэрэн оҥорбут.

-Ойуута, оһуора, оҕуруотун дьүһүнэ, туттарыытын бэрээдэгэ – барыта дьиҥнээх кээмэйинэн оҥоһулунна. XIX-ХХ үйэлэр кирбиилэригэр олорон ааспыт Фредерика Игнатьевна уонна Евгений Иванович Александердар киэргэллэрэ бу оҥоһукка саҥалыы тыыннанна, – диэн быһаарар.

«Ураанай» ювелирнай оҥоһуктар маастара Ольга Золотарева-Ураанай (Дьокуускай) уонна үөрэнээччитэ Кычкин Толя (Таатта) таптайыы ньыматынан оҥорбут алтан дьаҕалара үһүстээтэ.

-Былыргы сахалар ыһыахха алгысчыт алҕыырыгар, кураан дьылга ардаҕы ыҥыран, сэрии буоллаҕына, илбис көтөөҕөрү, маннык тэрилинэн тыас таһаараллара эбитэ үһү. Көрөргүт курдук, ойуутугар Үөһээ дойдуну күн уонна көтөрдөр кэрэһилииллэр, Орто дойдуну – сыспай сиэллээхтэр, Аллараа дойдуну – балыктар. Кыра хоболорунан салбырҕастардаах. Түгэҕэ эрбээн оҥоһуллубут харысхал бэлиэлээх.

“Кэрэни кэрэһилиир түһүлгэҕэ” дефиле буолла. “Далбар” фольклорнай түмсүү тутаах киһитэ, урукку өттүгэр наар салайар үлэҕэ сылдьыбыт Диана Афанасьевна Сивцева сэһэргиир:

-Чөркөөх актыбыыс дьахталлара 11 сыллааҕыта бу түмсүүнү тэриммиппит. Сыала-соруга – өбүгэ ырыатын-тойугун, оһуохайын, сиэрин-туомун, ииһин-ууһун сөргүтүү, ыччакка тарҕатыы, уһуйуллуу. Дьиҥ сахалыы ньыманан тигиллибит таҥаһынан үстэ Олоҥхо ыһыаҕар кытынныбыт. Бастаан 2019 сыллаахха Намҥа хороох бэргэһэлээх, кытыылаах сонноох кэллиэксийэбитин көрдөрбүппүт. Онно өрөспүүбүлүкэҕэ кылаан чыпчаал буолбуппут. Онтон 2022 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ бу хаарыс солко таҥаспытынан 2-с үрдэллээх лаурет аатын ылбыппыт. Быйыл Өймөкөөҥҥө көннөрү дьаарбайа бара сылдьыбыппыт. Түһүлгэҕэ кэтэн баран хаамса сырыттахпытына, дьон тохтотон ыйыталаһара, Таатта буоларбытын биллэхтэринэ: “Ол иһин да дьиҥ сахалыы буоллаҕа”, – дииллэрэ. Чахчыта да, баай Ороһуоттар кыргыттарын, кийииттэрин соннорун, былаачыйаларын үүт-үкчү үтүгүннэрэн тиктэрэбит. Маастарбыт – Акимова Изольда Иннокентьевна. Көрөргүт курдук, суола-ииһэ олох атын. Кырыйыыта да, быһыыта да билиҥҥилэртэн туспа. Дьүһүнүн наардааһына да ураты. Былыр наһаа дьэрэкээни кэппэттэр эбит. Хараҥа өҥнөрү дьүөрэлииллэр. Изольда Иннокентьевна мусуойдары анаан кэрийэн, сиигин-киэбин үөрэтэн баран  тикпитэ. Этэргэ дылы, миллиметригэр тиийэ оруобуна оҥорбута. Маныаха бэртээхэй настаабынньыкпыт сүбэ- ама буолар – хара ииһи сөргүппүт Изабелла Иннокентьевна Элякова-Илгийээнэ. Кини ыйан-кэрдэн, билигин Чөркөөх далбардара өбүгэ таҥаһын үйэтитэр үлэҕэ кыттыстыбыт. Олор истэригэр бааллар бэтэрээн сэбиэтэ, суорумньуну өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан саҕалаабыт Екатерина Ивановна Алексеева, дьахтар сэбиэтин салайбыт Анастасия  Михайловна Аржакова, оскуолаҕа завучтаабыт, билигин “Утум” түмсүүнү салайар Полина Федоровна Кычкина, оскуолаҕа учууталлаабыт, баһаатайдаабыт Екатерина Ильинична  Аржакова, кооперация туйгуннара Вера Дмитриевна Аржакова, Евдокия Семеновна Баишева уо.д.а. Бары олус көхтөөхпүт, саҥаны-сонуну сэргиибит, маннык кэрэни кэрэхсир тэрээһиннэргэ өрүү кыттабыт.

Дьокуускайтан кэлбит Надежда Пахомова-Дьулуруйа бууктаах сонун былыргылыы киэргэппитин билиһиннэрдэ: “Мельхиортан  симэхтэрин быһан, быысыбайынан ойуулаан оҥордум. Бэйэм уруккуттан иистэнэбин. “Сардаана” фабрикаҕа уһуннук үлэлээбитим. Кэлин Оҕо дыбарыаһыгар иис куруһуогун биэрбитим. Норуот маастарабын. Култуура уонна үөрэх туйгунабын”.

Оттон бу хаартыскаҕа Өймөкөөнтөн “Иис-Уус-Ас ФЕСТ” түһүлгэтин анаан көрө кэлбит Максимова Мария уонна Репина Елена. Иккиэн маастардар. Мария Васильевна таҥаһа былыргылыы моһуоннаах эбит буоллаҕына, Елена Степановна аныгылыы халадаайыгар Өймөкөөн уратытын кэпсиир, бренд буолбут бэлиэлэрин кэрэһилиир принт киллэһиктээх.

Айылҕаҕа олорон уруһуйдууру плэнер дииллэр. Дьэ, маннык көрүҥҥэ күрэхтэһии буолла, “Таатта – ойууһут биһигэ” диэн ааттаан.

Чахчыта да, Саха Сиригэр идэтийэн ойуулааһын  Тааттаҕа олорбут бастакы худуоһунньук Иван Поповтан саҕаламмыта буолбаат?   Кини хос сиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, худуоһунньук И.И. Попов кыттааччылары кэлэн эҕэрдэлээбитэ – күрэх таһымын өссө үрдэттэ.

Пленэргэ барыта 96 кыттааччы сайаапка биэрбититтэн 78 үлэ быыстапкаҕа турда.

Олоҥхо сомоҕолуур

Отут үс суол олоҥхоттон талан-таҥан, чочуйан, наардаан-сааһылаан, эбэн-сабан, киэргэтэн, олоҥхо канона буолар сүдү айымньыны  – “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” сурукка түһэрэн үйэтиппит Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар ананан ыытыллыбыт форум чэрчитинэн “Хомуур олоҥхо” диэн бырайыак түһүлгэтэ түстэннэ.

Олоҥхону истэ кэлбит дьону СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина, Оһуохай үтүөлээх этээччитэ, Саха сирин Бочуотун кинигэтигэр киирбит дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, Арассыыйатааҕы “Төрөппүт Албан аата” уордьан мэтээлин хаһаайына, 2022 с Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын муҥутуур кыайыылааҕа Афанасий Николаевич Попов аман тыллаах алгыһынан арчылаата, аал уоту аһатта.

Онтон бу бырайыагы көҕүлээн тэрийбит Майя Егорова уонна СӨ Олоҥхо ассоциациятын Тааттатааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Изабелла Сивцева хас биирдии олоҥхоһукка Таатта талаҕыттан олоппостору бэлэхтээтилэр.

Дьэ, онно оллоонноон олорон, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр 7 олоҥхоһут үс чаас устата “Ньургун Боотуру” куолаан толордулар:  Тааттаттан Олоҥхо ыһыахтарыгар кылаан чыпчаал аатын сүкпүт Афанасий Попов, Алексей Николаев, Александр Багардынов, Намтан дьүһүннүүн, куоластыын, кэпсиирдиин кэрэ Яна Ньургусова, Мэҥэ Хаҥаластан ыччакка бастаабыт Виталий Никифоров, Чурапчыттан чулуулар Сусанна Лазарева, Анатолий Христофоров.

Кинилэри СӨ Олоҥхо ассоциациятын Тааттатааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Изабелла Сивцева эҕэрдэлээтэ:

– Бастакытын маннык хомуур олоҥхо тэриллэр. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” бэйэтэ да 33 араас олоҥхоттон түмүллүбүт сүдү эпическэй айымньы буолар. Бүгүн 4 улуус олоҥхону толорооччута кэллэ. Кэлин хаа биирдии улуустан бэрэстэбиитэл баар буолуон наада. Тоҕо диэтэххэ, олоҥхо биһигини биир санааланыыга, сомоҕолууга, түмсүүгэ ыҥырар. Улуустаһыы суох буолуохтаах. Олоҥхо айыы сиэрдээх киһи буоларга туһаайар. Ол модела ойууланар. 2015 сыллаахха биһиги култуурунай-үөрэтэр кластер диэни тэрийбиппит. Кластер диэн туох эрэ биир сомоҕо, биир кэлим, биир эйгэ, биир ситим буоларын кэрэһилиир өйдөбүл.  Онон бары сомоҕо күүспүтүнэн бу мусуой эбийиэктэрэ саҥардыллалларын ситиһиэхтээхпит. Маныаха өрөспүүбүлүкэ пааматынньыктары харыстыыр уопсастыбата биир бастакынан ылсан, меценаттар кыттыһаннар, чөлүгэр түһэрии үлэтэ баран эрэр.  Түмсүүбүт ити курдук дойдубутугар үлэнэн, туһанан көстө туруохтаах.

 “Иис-Уус-Ас ФЕСТ” сылдьан баран, Ойуунускай норуотун туһунан  “Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата” диэн этиитин олоххо тутуһар тосхол оҥостор санаалаах төннөҕүн. Кырдьыга да, бу үлүгэрдээх тыйыс усулуобуйаҕа олорон, тарбахпыт талаанынан, тылбыт баайынан, мындыр толкуйбутунан, булугас өйбүтүнэн кэрэни айар буоламмыт, олоххо тардыһыыбыт күүстээх, сарсыҥҥыга эрэлбит саргылаах.

Түмүгү билиһиннэрдэххэ:

1.      “КҮКҮР УУС УТУМА” тимир уустарын күрэһэ:

I миэстэ –М.В. Лопатин, Данилов Степа, Таатта, Ытык Күөл;

II миэстэ – П.Б Дягилев, Герасимов Саша, Таатта, Ытык Күөл;

III миэстэ – В.Ф. Готовцев, Полятинский Ариан, Томпо.

Экспердэр: «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин исписэлииһэ Д.Н. Колодезников, Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах түмэлин хараанайа Т.Г. Старостина.

2.      “ЫТЫК ЫМЫЫМ – ХОМУҺУМ” тимир уустарын күрэһэ

I – Э.Э. Тарабукин, Таатта, Ытык Күөл

Экспердэр: «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин исписэлииһэ Д.Н. Колодезников, Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах түмэлин хараанайа Т.Г. Старостина.

3.      “ҮГЭҺИ ҮЙЭТИТИИ” хаартыскаҕа түһэрээччилэр күрэстэрэ:

I миэстэ – Г.К.Давыдова Таатта, Дьохсоҕон;

II миэстэ – И.Т. Боппосов, Таатта, Уолба.

Эксперт – биллэр фотограф П.С. Оконешников.

4.      “ҮРҮЛҮЙЭР ҮРҮҤ АСПЫТ ҮРҮМЭБИТ БАРАХСАН” :

I миэстэ –А.А. Ноговицина, Таатта, Уолба;

II миэстэ –А.И. Корякина, Таатта, Харбалаах;

II миэстэ –А.Р. Бучугасова, Таатта, Кыйы;

III миэстэ –Ж.М. Тарбахова,Таатта, Чөркөөх;

III миэстэ – Маркова Лия, Таатта, Ытык Күөл.

Экспердэр: СӨ потребкооперациятын туйгуна, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, Таатта нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо М.Е. Бондарева,  урбаанньыт, алтыс разрядтаах повар Ү.Н. Федорова, урбаанньыт, төрдүс разрядтаах кондитер Е.Е. Петрова.

5.      “ӨБҮГЭ ОЛОҔУН СИТИМЭ – АЙАР КУТ ИЭЙИИТИГЭР” туойунан дьарык көрүҥэр күрэс.

ТУОЙГА СУУЛААН БАЛЫГЫ БУҺАРЫЫ:

I миэстэ – П.Д. Винокурова, Нам;

II  миэстэ – Р.А. Захаров, Нам;

III миэстэ –Л.Е. Тавакалова, Нам.

ӨБҮГЭ ИҺИТИН ОҤОРУУ:

I  миэстэ – Р.А. Захаров, Нам;

II миэстэ – Л.Е. Тавакалова, Нам;

III миэстэ –Л.В. Пинигина, Дьокуускай.

ОҔОЛОРГО:

I миэстэ – Ефремова Далаана, Таатта;

II миэстэ –Строева Амелия, Нам;

III миэстэ – Павлова Лилиана, Нам.

Экспертэр: Ларионов аатынан физико-техническэй институт сүрүннүүр инженера В.Н. Тагров, «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин исписэлииһэ Д.Н. Колодезников, Романов аатынан Дьокуускайдааҕы художественнай колледж преподавателэ С.Э. Макарова.

ТУОЙТАН ОҤОҺУКТАР БЫЫСТАПКАЛАРА

I миэстэ – Н.Е. Гуляева (Чурапчы), Р.А. Захаров (Нам), П.Д. Винокурова (Нам).

 II миэстэ – Л.Е. Тавакалова (Нам), Анна Бережнова (Таатта), Л.В. Пинигина (Дьокуускай).

III миэстэ – Л.А. Сыромятникова (Таатта), М.Н. Тимофеева (Чурапчы).

6.      “ӨБҮГЭМ МЫНДЫРА ИМИГЭС ТАЛАХХА” күрэс:

 I миэстэ –А.Г. Прокопьев уолунаан Никиталыын, Таатта, Чымынаайы;

II миэстэ –Н.С. Васильев  сиэнинээн Алексеев Тимурдуун, Таатта, Чычымах;

III миэстэ –И.В. Богдокумов, Тимофеев Оскар, Таатта, Чөркөөх.

Экспертэр: үрдүкү категориялаах учуутал, СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара А.Д. Харайданов, Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы норуот тыйаатырын худуоһунньуга, СӨ култууратын туйгуна И.И. Малышев.

7.      “ҮЙЭЛЭЭХ СИМЭҔИМ СУҺУМА” сахалыы симэҕи оҥорооччулар (ювелирдар) күрэстэрэ

I миэстэ –И.И. Табунанов үөрэнээччитэ Маркова Лия, Таатта, Ытык Күөл;

II миэстэ –Т.А. Иванова (Дьокуускай), Вырдылин Арсен (Таатта);

III миэстэ – О.Л. Золотарева (Дьокуускай), Кычкин Толя (Таатта).

Экспертэр: Ем.Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах түмэлин хараанайа Т.Г. Старостина, историческай   наука кандидата, ХИФУ преподавателэ С.И. Петрова,  СӨ норуотун маастара, хомус ууһа Э.Э. Тарабукин, СӨ норуотун маастара, мас ууһа Ф.И. Чярин.

8.      “САХА МЫНДЫР САТАБЫЛА” мас уустарын күрэһин кыайыылаахтара:

I миэстэ – М.Т. Боппосов, Боппосов Сахаян, Таатта улууһа, Уолба;

II миэстэ –Г.В. Чуруков, Иванов Данил, Таатта улууһа, Баайаҕа;

III миэстэ –Ф.И. Чярин, Горохов Дьулуур, Таатта улууһа, Ытык Күөл.

Экспертэр: үрдүкү категориялаах учуутал, СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара А.Д. Харайданов, Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы норуот тыйаатырын худуоһунньуга, СӨ култууратын туйгуна И.И. Малышев.

9.      “СЫЛААС ИЭЙИИЛЭЭХ ДЬӨҺӨГӨЙҮМ БЭЛЭҔЭ” кылтан, сиэлтэн оҥоһук күрэһэ:

I миэстэ – Тааттаттан П.Ф. Татаринова уолунаан Айтал Татариновтыын;

II миэстэ – Нам улууһуттан М.П. Рехлясова кыыһынаан Рехлясова Дианалыын;

III миэстэ – Тааттаттан П.Н. Христофорова (Баайаҕа) үөрэнээччитэ Борисова Аэлиталыын (Чөркөөх).

Экспертэр: “Симэх” норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын Национальнай киинин салайааччыта Я.В. Игнатьева, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Таататааҕы “Дьөһөгөй бэлэҕэ” түмсүү салайааччыта Э.Р. Старостина.

10.    “ТУОС ТОЙУКТААХ ОҺУОРА” туос иһити тигээччилэр күрэстэрэ:

I миэстэ – Е.Д.Неустроева, Потапова Сандаара, Таатта, Баайаҕа;

II миэстэ – В.Д. Баишева, Шестакова Алена, Нам улууһа, 1 Хомустаах;

III миэстэ –М.И. Алексеева, Ордахова Виалетта, Таатта, Дэбдиргэ.

СИТИИ ХАТЫЫТА (оҕолорго):

I миэстэ – Потапова Сандаара, Баайаҕа;

II миэстэ – Шестакова Алена,  Хомустаах;

III миэстэ – Ордахова Виалетта, Дэбдиргэ.

Экспертэр: СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара, “Мандар кыһата” киин салайааччыта: П.П. Бурнашова, СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара, Таатта улууһун норуотун маастара В.Н. Потапова, Петрова Мария Власьевна – Туос Маарыйа төрөппүт кыыһа.

11.    “ӨБҮГЭМ ХАРА ИИҺИН ХАЙҔАЛА” иистэнньэҥнэр күрэстэрэ: Барыта 32 кыттааччы:

I миэстэ –Т.В. Герасимова, Чурапчы, Чыаппара;

II миэстэ Е.И. – Алексеева, Таатта, Чөркөөх;

III миэстэ –А.Е. Ефремова, Чурапчы, Чыаппара.

ОҔОЛОРГО:

I миэстэ – Иванов Ян, Мэҥэ-Хаҥалас, Төхтүр

II миэстэ – Заболоцкая Оля, Таатта, Ытык-Күөл

III  миэстэ – Слепцова Карина, Таатта, Чөркөөх

АНАЛ ААТТАР:

“Саамай кыра саастаах кыттааччы” – Попов Дамир, Хатас;

“Кэскиллээх иистэнньэҥ” – Хатылаева Роза, Таатта, Баайаҕа;

“Бастыҥ уһуйааччы” – Собакина В.Н., Таатта, Ытык Күөл;

“Бастыҥ ньымалаах имитээччи” –А.И. Егорова, Уус Алдан, Бороҕон.

Экспертэр: историческай   наука кандидата, ХИФУ преподавателэ С.И. Петрова, СӨ норуотун уус-уран оҥоһуктарын маастара, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, элбэх кинигэ, бырайыак ааптара И.И. Элякова.

12.    “БАЛТАНЫ БЫРАҔЫЫ” күрэх

I миэстэ – Ущницкий Олег, Таатта, Чөркөөх;

II миэстэ – Сивцев Владимир, Таатта, Чөркөөх;

III миэстэ – Игнатьев Алексей, Таатта, Ытык Күөл.

13. ПЛЭНЕР
Пейзаж
1.Петрова Сандаара, Павловская СОШ
2.Карбаканова Лилия, г.Якутск
3.Александрова Влада, ТДШИ
4.Платонова Туйаара, Таттинский лицей
5.Сергеева Настя, Покровская ДХШИ
6.Петрова Надя, Покровская ДХШИ
7. Слепцова Нарыйа, Покровская ДХШИ
8.Алексеева Таня,Туора-Кюельская СОШ
9.Мосоркина Сайнаара, Таттинский лицей
Этнограф.Натюрморт:
1.Данилова Сайнаара, Таттинская ДШИ
2. Чохова Алиана
3.Большакова Саша Таттинская ДШИ
4.Слепцова Нарыйа, Покровская ДХШИ
5.Кривошапкина Нарыйаана, Таттинский лицей
Архитектурный пейзаж
1.Старостина Нарыйаана ,Чычымахская СОШ
2. Аржакова Айыллаана, Черкехская СОШ
Быстрый набросок
1.Николаева Сайаана, Таттинская ДШИ

Добавить комментарий