Андаҕар - учууталга ытыктабыл бэлиэтэ - Блоги Якутии

1 год назад 1100

Андаҕар – учууталга ытыктабыл бэлиэтэ

Улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар анаммыт ”Андаҕар” диэн испэктээги П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театра туруорда.

Пьесаны Утум Захаров диэн эдэр драматург суруйбут, режиссер Сергей Потапов туруорбут.


Биллиилээх тустуук Вячеслав Карпов кэргэнэ Татьяна Петровналыын билиэти эрдэттэн ылбыппыт. Кини тустуук Николай Захаров-Сахаачча балта Аникалыын, оттон мин биллиилээх тустуук, медицинскэй наука доктора, хирург Алкивиад Иванов балта Изабеллалыын сырыттыбыт. Онон бары да тустууга сыһыаннаах курдукпут.

“Биһиги театрбытыгар тустуу, тустууктар тустарынан аан маҥнай Егор Неймохов ”Хапсыһыыта” турбута”, – диэн театр дириэктэрэ Петр Макаров кэпсээтэ.

Дьэ, ол хайдах этэй?

Биһиги аҕабыт саха норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов бэйэтэ эмиэ тустуунан үлүһүйэ сылдьыбыта. Ол иһин суруйуом диэн санааны иитиэхтиирэ. Оччолорго уолаттар бары да тустуунан олороллоро. Тустуу саханы аар-саарга аатырдан эрэр кэмэ. Бары тустууктар кини көлүөнэтин дьоно, үгүстэри кытта доҕордуу сыһыаннааҕа. Кумирдара – Петр Попов уонна Вячеслав Карпов. Иккиэн да сахаҕа кыраһыабай уолаттар. Хаартыскаларын бэйэтэ уруһуйдаан, таҥара иконатын курдук илдьэ сылдьара. Устудьуон доҕоро Филиппов Ганялыын (Филиппов Гаврил Гаврильевич – филология наукатын доктора) тустуу секциятыгар сылдьыбыттара. Ганя бэйэтин сүрдээҕин кыанар, күүстээх этэ да, характера сөп түбэспэтэ, сымнаҕас этэ. Спорка утарылаһааччыгын самнаран, кыайан бастыахтааххын. Сүрүн бириинсип ол. “Спортивная злость” баар буолуохтаах. Ганя утарылаһааччытын аһынан кыайан кум-хам туппата. Тренерэ: ”Улахан тустуук буолуоҥ, дьоҕурдааххын”, – диэн этэ сатаабытын үрдүнэн уурайбыта. Гошалыын иккиэн үөрэх туйгуннара, бириэмэлэрин харыстаабыт буолуохтарын сөп, тустан бүппүттэрэ. Арай Гоша спортивнай суруналыыс буолбута.

 Маҥнай тустуу туһунан пьеса суруйан биллэҕэр, Саха театрын кылаабынай режиссера Федот Потаповка аахтара биэрбитэ. Уһаабытыгар эдьиийбиттэн Зоя Багынановаттан ыйытан көрбүппэр, кини: «Ааҕыллара үчүгэй диэтэ уонна тугу да саҥарбата», – диир. Оттон оччолорго Култуура министиэристибэтигэр үлэлиир, кэлин телевидениеҕэ, араадьыйаҕа биллэр суруналыыс буолбут Николай Иванович Максимовка аахтарда. Киһибит сөбүлээн, бэйэтэ режиссер идэлээх киһи: «Потаповка дьиэтигэр барыахха”, – диэбит. Дьиэтигэр тиийэн кэпсэппиттэригэр, Федот Федотович олох саҥардыбатах, дэлби кириитикэлээбит. Сүрүн тутуһара – геройдар утуу-субуу тахсыбыттара, бииргэ үөрэммэтэхтэрэ диэн. Николай Иванович: «Бу уус-уран айымньы ээ, онон хайдах баҕарар собирательнай уобараһы оҥоруохха сөп”, – диэн көрбүтүн саҥардыбатах. Онон уку-сакы тахсан барбыттар. Гоша наһаа хомойбутун көрөн, Николай Иванович эдэр драматурдар семинардарыгар, Юрмалаҕа быһыылааҕа, ыыппыта.

Онон драматург буолан бүппүппүт. Ол кэннэ ”Хапсыһыы” диэн сэһэн суруйан таһаартарбыта, оччотооҕу ыччат наһаа үчүгэйдик ылыммыта, олох былдьаһа сылдьан аахпыта. Саха литературатыгар сонун көстүү этэ. Мин билэр кыыһым сайыҥҥы сырдык түүҥҥэ биир тыынынан аахпыт этэ, дьонуттан сэмэлэнэн, тиэргэҥҥэ тахсан. Амма Аччыгыйа ааҕан баран, наһаа сөбүлээн, мунньахха “Ойуунускай бириэмийэтигэр түһэриэххэ” диэбитин, Саха комсомолун бириэмийэтигэр түһэрбиттэрэ. Кэлин театрга уларыйыы тахсан, режиссер Василий Фомин бэйэтэ инсценировкатын суруйан туруорбута. Ол кэми Егор Неймохов оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кылааһынньыга, РФ үтүөлээх СӨ норуодунай артыыһа Ефим Степанов маннык ахтар: «Биллэн турар, ханнык баҕарар суруйааччыга айымньыта сценаҕа туруута улахантан улахан событие, кинигэтэ бэчээттэнэн тахсарыттан итэҕэһэ суох. Бастакы оннук дьоллоох түгэн Дьөгүөргэ 1982 сыл ахсынньы аам-даам тымныыта үгэннээн турдаҕына буолбута. Биллэн турар, театрга эмиэ сөхсүнүү: интэриэһинэй сонун тиэмэҕэ  турар испэктээккэ кыттаары, бэйэ бодотун тардыныы, саҥа автор тылыгар- өһүгэр тииһинээри турунуу, спортивнай формаҕа киирээри хамсаныы- эрчиллии. Сэһэҥҥэ кэпсэнэр Доҕоороптоох Бусхаатап диэн эдэр тустууктары оччолорго оту-маһы кытта туста сылдьар эдэр эрчимнээх артыыстар Герасим Васильев, Кирилл Семенов оонньообуттара. Испэктээк дьон интэриэһин сүрдээҕин таппыта, элбэх кэпсэтиини таһаарбыта, көрөөччү сэҥээриитин ылбыта. Дьөгүөр эрэпэтииссийэлэргэ кэллэҕинэ, элбэхтик саҥарбат, хата, ол оннугар иһийэн олорон, өр баҕайы көрөр этэ, дөрүн-дөрүн режиссердуун тугу эрэ ботугураһар буолаллара, сэрэйдэххэ, ханнык эрэ түгэннэри быһаарар, чуолкайдыыр быһыылаахтара. Ардыгар ханнык эрэ сценаны хос-хос эрэпэтииссийэлээн көрөн баран, сынньалаҥ оҕото биллэрээт, туруорааччылар ааптардарын ортолоругар уктан, кэбиниэккэ бараллара».

Көрөөччү, ордук эдэр ыччат, наһаа үчүгэйдик ылыммыта. Ахсынньы бытархан тымныытыгар бэрт ыраахтан билиэт көрдөөччү турбута. Өтөрүнэн буолбатах аншлаг этэ. Уонча күнү быһа быыстала суох көрдөрбүттэрэ, ол тухары билиэккэ тииһиммэт үлүгэрэ.

Чэ, ити курдук тустуу саха хааныгар баар буолан өрүү кэрэхсэтэр.

Ити испэктээк туһунан Михаил Алексеев-Дапсы “Эдэр коммунист” хаһыакка 1981 сыл от ыйын 17 күнүгэр тахсыбыт «Олоххо сыаллаах үчүгэй» диэн ыстатыйатыгар: ”Сэһэн иэйиитэ сырдык, күүстээх. Ааҕааччыга этэр, хаалларар санаата элбэх, дириҥ. Ол да сиэринэн манна, олоххо тапталы күүһүрдэр айымньыга, киһи дууһатын ырааһырдар, кэрэ туһунан өйдөбүлүн байытар, кутун долгутар уус-уран ойуулааһыннар, уобарастар үгүстэр”, – диэн суруйар.

Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев “Егор, тустуу билигин наһаа элбэх олох ирдэбилин кытта сибээстээх. Ол курдук табан үөрэнии, көдьүүстээхтик уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктаныы, тус олоҕу дьоһуннаахтык тэринии ситиһиилээх буолуон сөп, өскөтүн тустуук дьиҥнээх тустуук буоллаҕына. Эн бу тиэмэни киэҥник хабан көрдөрөҕүн. Кинигэҥ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ситиһиилэниэн сөп. Тоҕо диэтэххэ, эн тустуу иитэр суолтатын чорботон бэлиэтиигин. Тустуунан утумнаахтык дьарыктанар киһи бэрээдэктээх, киэҥ сайдыылаах буоларын бэлиэтээбиккин. Спорт ханнык баҕарар киһи олоҕор ураты суолталааҕын ылыннарыылаахтык эппиккин. Тустуу техникатын туһунан суруйууларыҥ специалистарга туһалаах буолуохтара. 22.10.1980” диэн сыана быспыт.

Олимпийскай чемпион Павел Пинигин  “Улаханнык таттаран аахтыбыт, манна икки саха Союзка бэлэмнэнии сборыгар бааллар. Сөбүлээтим. Сорох-сорох түгэннэргэ улаханнык долгуйан ылаттаатым, уруккуну-хойуккуну санаан. Егор, бэйэҥ туһунан буочардаах, быраабылалаах, улахан мындыр психолог,  уус-уран баай тыллаах улуу суруйааччыгын диэн бэйэм санаабын этиэхпин баҕарабын. 31.04. 1981 с. г. Алушта” диэн суруйбут.

Бу “Андаҕар” пьесаҕа сүрүн болҕомто тренер уобараһыгар туһаайыллыбыт. Тустууктар кини уобараһын чиҥэтэр эрэ, байытарга туһуламмыттар курдук.

 Арай Николай Захаров-Сахаачча уобараһа ойуччу турар. Артыыс уол Сахааччаҕа майгынныыра, быһыыта-таһаата да дьиҥнээх спортсмен курдук, ордук хос сыата суох, барыта быччыҥ, иҥиир буолбут көрүҥэ, онно эбии артыыс талаана, уобараһын арыйара көрөөччүнү умсугутар. Кини быстахха былдьанан, олохтон туоруурун киһи олох долгуйа, харааста көрөр. Хаарыан уолбутун харыстаабатахпыт диэн хомойо саныыгын. Режиссер ити сценаны олус табан оҥорбут. Уолаттар чемпионнаан кэлбит Сахааччаны өрө көтөҕө сылдьаллар, онтон кини ууга харбаан эрэр курдук хамсанар, онтон… хамсаабат буолбут уолу доҕотторо көтөҕөн тахсаллар. Бүттэҕэ ол…

Ол кэннэ Сахаачча икки быраата Коркиҥҥа кэлэллэр, бэйэ оҥоһуу тренажерга тахсаллар. Төһө да убайдара олохтон туораабытын иһин, кини суолун салгыыр бырааттардаах диэн эрэнэҕин.

Атын уолаттар уобарастара схематичнай соҕус курдук миэхэ көһүннэ. Ол эрэн биир эпизоду наһаа сөбүлээтим. Роман учууталын нуучча тылын учебнигын тутан туран: «Андаҕайыаҕыҥ!” – диирин уонна Павеллаах Александрдыын, көбүөргэ тобуктаан олорон, кинигэлээх илиилэрин өрө уунан андаҕайаллара киһини долгутар. Ийэ дойдуга, төрөөбүт норуоппутугар, учууталбытыгар бэриниилээх буолуу патриотическай тыына биллэр. Оччолорго сэбиэскэй оҕолор бары да оннук буоллахпыт. Учууталларын үөрэтэр кинигэтин өрө тутан андаҕайыы наһаа символичнай, УЧУУТАЛГА дириҥ ытыктабыл бэлиэтэ. Ону олус сөпкө тайаммыттар.

Егор Неймохов устудьуоннуу сылдьан доҕотторун Гаврил Филипповы, Василий Илларионовы, Семен Попову уо.д.а. кытта Саҥа дьыл түүнүгэр олохпутун төрөөбүт дойдубут, норуоппут, сахабыт литературатын чэчирии сайдарыгар аныахпыт диэн андаҕайбыттарын санаан кэллим. Ону кинилэр бүтүн олохторунан чиэстээхтик толордулар диир кыахтаахпыт.

 Испэктээк Дмитрий Петрович кэргэнэ Александра Семеновна ахтыытыттан саҕаланар уонна испэктээк былаһын тухары салҕанар. Зоя Петровна өрүү буоларыныы, наһаа истиҥник, ис-иһиттэн иэйэн, дьоһуннук туттан оонньуурун көрөөччү ылынар уонна испэктээк сүрүн тыынын дириҥэтэр, нууччалыы эттэххэ, облагораживает. Эдэр Александра Семеновна (артыыска Айталина Цыпандина) барахсан кэрэтэ, лыах курдук дайа сылдьар курдук чэпчэкитик хамсанара киһини эрэ умсугутар. Коркины кытта аан маҥнай көрсүбүтүн умнара миигин сонньутта. Мин эмиэ кэргэммин маҥнай 1 Маай демонстрациятыгар көрсүбүт үһүбүн. Ону олох да өйдөөбөппүн. Парадка киһи элбэх буоллаҕа, билэр дьоммун көрсөн кэпсэтэн ааспытым, онно Гоша баар эбит. Доҕотторбун кытта бырааһынньыктыы бараары ыксаан иһэр буоллаҕым буолуо…

Испэктэккэ Роман Дмитриев өрөгөйө субу хаартыскаттан түспүт курдук наһаа үчүгэй. Артыыс Роман Дорофеев кырата-хачаайыта оруобуна, оруолугар барсар. Илларион Федосеевтыын (артыыс Павел Ченянов) мөккүһэллэрэ, күрдьүөттэһэллэрэ көрүдьүөс баҕайы, эдэрдэр буоллаҕа.

Коркин соратнигы Постников Константин Сергеевич уобараһын артыыс Илья Стручков наһаа үчүгэйдик арыйда. Барахсан Коркин үлэҕэ ыҥырбытыгар, маҥнай саарыыр, үлэтин быраҕыан баҕарбат. Кини үлэһит, көнө сүрүннээх, сүрдээх эппиэтинэстээх үлэһитин туоһулуур. Онтон үлэлиир остуолун уураан ылан баран, олоппоһун тыастаахтык үрдүгэр уурар уонна сөбүлэһэр. Хайдах курдук доҕоругар бэриниилээҕий, хайдах курдук уолаттара Олимпиадаҕа кыайбыттарыттан үөрэрий?! Омунугар үҥкүүлээн ылар, онтун барытын киһи ылынар, оннук органичнай. Коркин барахсан итинник истиҥ доҕордоох, көмөлөһөөччүлээх буолан, баһырхай ситиһиилэннэҕэ диэн үөрэҕин. Чурапчы оскуолатын дириэктэрэ Ефимов Гаврил Дмитриевич (артыыс Айаал Аммосов), Чурапчы спорткомитетын председателэ Софронов Афанасий Кирикович (артыыс Альберт Алексеев) хайдах курдук спорка оҕону, ыччаты уһуйууга бэриниилээхтэрий, Коркиҥҥа көмөлөһө сатыылларый?!

Омсолоох геройдартан Мухин Лев Иванович (артыыс Сергей Баланов) чахчы карьериһы, Коркины олох сөбүлээбэт киһини, интриганы бэрт ылыннарыылаахтык, имигэстик оонньуур. Кинини сөбүлүүр дьахтары туһанан, үҥсүү сурук суруйтарар. Тиһэҕэр куоракка үрдээн барар. Киниэхэ Чурапчыга үлэлиирэ карьератын сыччах биир үктэлэ, үрдэлэ эрэ. Биология учуутала Павлова Лидия Петровна (артыыска Надежда Ушницкая) Дмитрий Петровичтан бүтэһигэр бырастыы гынарыгар көрдөһөр. Икки оҕотун соҕотох иитэр ийэҕэ спортивнай оскуола оҕолоро өрүү көмөлөһөллөрүн махтана ахтар. Коркин куоракка көһөн бараары туран уоскутар: “Мин да бардахпына оҕолор көмөлөһүөхтэрэ”, – диэн эрэннэрэр. Бу Дмитрий Петрович киэҥ көҕүстээҕин, аһыныгаһын көрдөрөр наһаа үчүгэй холобур. Лидия Петровна кыбыстан, дьиэҕэ кииримээри гыммытын, кэллиэгэлэрэ Ефимова Варвара Дмитриевна (артыыска Ирина Никифорова), Протопопова Тамара Сергеевна (артыыска Елизавета Потапова) үөрэ-көтө ыҥыраннар киирэр, биир кэлэктиип буоллахтара.

Японияҕа буолбут Олимпиадаҕа тустууну көрдөрөллөрө наһаа сэргэх көстүү буолла. Учууталларбыт аны дьоппуоннар буолан киирэллэр, күрэхтэһиини көрөллөр. Өссө онно сумист (артыыс Геннадий Турантаев) баар, олох үкчү.

Ол 1964 с. Токиотааҕы Олимпиадаҕа тустууну кинокамераҕа устан, Дмитрий Петрович оҕолору тустуу ньыматыгар үөрэппитин билэбит. Аатырбыт бөҕөс Ватанабе тустар ураты истиилин сиһилии үөрэппиттэрэ туһаттан атыны аҕалбатаҕа чахчы. Азиаттар быһыыбыт-таһаабыт, тустуубут биирдиҥи буоллаҕа.

Учуутал Лидия Петровна этэрэ эмиэ оруннаах, предметин үөрэтэринээҕэр тустуунан ордук үлүһүйэр диэн. Билиҥҥи кэм эбитэ буоллар, Коркины тренер үлэтигэр саа да тэбиитигэр чугаһатыахтара суох этэ. Кыраҕы харах Мухиннар, Павловалар баалларын тухары. “Физкультурнай анал үөрэҕэ суох, тустуу методикатын билбэт, нуучча тылын үөрэттин” диэхтэрэ эбитэ буолуо. Сокуон быһыытынан оннук. Сэбиэскэй кэм буолан, тренеринэн үлэлээтэҕэ, олимпиецтары иитэн таһаардаҕа. Анал үөрэҕэ суох Коркин суоҕа буоллар, олимпиецтанарбыт саарбах этэ. Ити эмиэ киһини, дуоһунастаах дьону толкуйдатар чахчы. Диплома суох диэн, баҕар, Коркин курдук айылҕаттан талааннаах тренери куоттарарбыт буолаарай?!

Тустуук Сүөдэр (артыыс Вячеслав Лавернов) тоҕо арыгылыыр буолбут төрүөтэ биллибэт. Көннөрү тренеригэр баайсар эрэ. Тренер Коркин уобараһыгар сэмсэ герой курдук. Араас ыччаты үөрэппитэ диэҥҥэ.

Ол эбэтэр тустууктар уйулҕаларыгар, психологияларыгар, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарыгар буолбакка, тренергэ болҕомто ууруллар. Ол эмиэ сөп буолуо. Урут “Хапсыһыы” испэктээк турарыгар, көрөөччүлэрдиин ырытыһыыга боксаҕа аан дойду кылаастаах спорт маастара Александр Михайлов: “Тренергэ болҕомто ууруллубата”,- диэн эппитэ. Тренер уонна үөрэнээччи сыһыаннара истиҥ буолар, тренери зал тас өттүгэр сыһыаннарын көрдөрөр үчүгэй этэ. Дьэ, ону 40-ча сыл буолан баран тренергэ туһаайыллыбыт испэктээк буолан таҕыстаҕа.

Бүтэһигэр Монреаллааҕы өрөгөйүнэн испэктээк бүтэрэ дуу диэбитим, атын буолла: Александра Семеновна монологунан уонна ыскамыайкаҕа соҕотох олорон хаалар. Кэннигэр оҕолор эрчиллэ сылдьаллар, ортоку Дмитрий Петрович Коркин көбүөргэ олорон, кэннин хайыһан, көрөөччүлэри көрөн хааларынан түмүктэнэр. Ити эмиэ сөп ээ. “XXI үйэ тустууктара эһиги тугу ситистигит?” диэн ыйытарга дылы.

Онно хардабыт тугуй?..

Туох да диэн сыаналаабыт иһин, нууччалыы “спектакль состоялся” диибит.

Режиссер Сергей Потапов, П.Ойуунускай аатынан Саха театра биир дьоһун ситиһиитэ диэн сыаналыыбын. Аны күһүн Егор Неймохов “Хапсыһыыта” киинэ буолан тахсарын кэтэһэбит. Онно сурун акцент “Хапсыһыы” сэһэҥҥэ курдук, олох уустуктарыгар, тустуук оҕолор сыһыаннаһыыларыгар, уйулҕа хамсааһыныгар, киһи сүрүн сыаннастарыгар, философиятыгар буолуо диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Эдьиийим Зоя Багынанова театртан тахсан, дьиэбит диэки Орджоникидзе болуоссатынан хаамсабыт. Арай ыскамыайкаҕа дьахтардаах эр киһи олороллор, утары хааман кэлэллэр. Үөрбүттэр аҕай. Дьахтар нууччалыы сырдык хааннаах бааһынай, эр киһи улахан хара бараан дьүһүннээх саха. “Һуу, хата, көрүстүбүт”, – дэһэллэр уонна Зоя Петровнаны кытта хаартыскаҕа түһэллэр…

Мария Неймохова

15.07.2023 с.

Добавить комментарий