НЭҺИЛИЭК УСТУОРУЙАТА ТҮМЭЛТЭН САҔАЛАНАР - Блоги Якутии

1 год назад 854

НЭҺИЛИЭК УСТУОРУЙАТА ТҮМЭЛТЭН САҔАЛАНАР

Ханнык баҕарар сир бэйэтин устуоруйатын кэпсиир түмэллээх буолар. Мин II Дьөппөҥҥө сылдьа илик сирим буолан, туох эрэ киһини долгутар, саҥаны билиэхтээх иэйиибин кистээбэккэ, түмэл модьоҕотун атыллыыбын…

Биһигини Феврония Ивановна Ефремова истиҥ, иһирэх кэпсээнинэн күндүлээн көрүстэ.

Нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын кэпсиир түмэли Роберт Константинович Захаров 1991 с төрүттээбит.  Бу иннинэ, 1989 сыл саас кулун тутарыгар,  «Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон кэлэн иһэр, Таҥара дьиэтин  Суоттуга көһөрөр үһү” диэни истэллэр. Роберт Константинович ураты өйдөөх-санаалаах киһи буолан: “Бу дьөппөннөр устуоруйабытын кэрэһилиир тутуубутун хайдах биэриэхпитий?” – диэн туруорсан, дьон санаатын түмэр. 

Нэһилиэк уопсай мунньаҕын тэрийэллэр, ол мунньахха Обкомтан икки суруктаах кэлбиттэр: «Николаевскай-Качикатскай таҥара дьиэтин биэрэҕит» уонна «Бэйэҕит көтүрэн илдьэн, онно Суоттуга  тутаҕыт» диэн. Ити чахчыны «КҮӨРДЭМ. Хаҥалас улууһун II Дьөппөн нэһилиэгэ» кинигэҕэ Роберт Константинович Захаров “Самыртай” музей-комплекс тутуута” ыстатыйатыгар сиһилии кэпсиир.  Роберт Константиновиһы ол мунньахха: “Эн дириэктэр буолаҕын, барытын тэрийэҕин, үлэлиигин”, – диэн этэн аныыллар.

Ити курдук, Роберт Константинович 1989 сылтан 1991 сылга диэри түмэлигэр анаан араас матырыйаалы, эспэнээти хомуйбут. Ол барыта таҥара дьиэтин иһигэр мунньуллар.

1991 сылтан «Самыртай” музей-комплекс» диэн толору ааттанан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии турар.

Бастаан «леспромхоз» 4 кыбартыыралаах дьиэтин 4 хонук иһигэр көтүрэн, мусуой тэлгэһэтигэр киллэрэн, сүөкээн, сааһылаан туппутунан бараллар. Онтон 2000 с. түөрт кыбартыыралаах дьиэҕэ Вильям Фёдорович Яковлевы аҕалан, ис оҥоһуутун оҥоттороллор.

 Мусуой эспэнээтэ элбиир, дьиэ кыараҕас, онуоха «туох барыта үс төгүллээх” диэннэр, икки этээстээх, 12 кыбартыыралаах быраҕыллыбыт уопсай дьиэ маһыттан 8 кырыылаах дьиэни кытта 52 миэтэрэ усталаах галереяны тутан таһаарбыт эбиттэр.  Бу тутууга биригэдьииринэн уонна маастарынан, мусуой дьиэ силигэ ситиэр диэри, Иванов Павел Алексеевич уһуннук үлэлээбит.  Тутуу 2006 с. ахсынньы 24 күнүгэр көрөөччүлэргэ, сэҥээрээччилэргэ аанын тэлэччи арыйбыт. «Аҕыс кырыылаах дьиэм олох былыргы экспонаттары, дойдум ханна үтүө сирдээҕин чуо көрдөрөр»  диэн Роберт Константинович Захаров суруйан хаалларбыт.

Роберт Константинович 1941 с. төрөөбүт, сэрии кэмин оҕото. Аҕата  Константин Ильич Захаров Хаҥалас улууһугар бастакы биэлсэр. Үлэтигэр олус бэриниилээх эмчити ытыктаан Биэлсэр Көстөкүүн диэн ааттыыр эбиттэр. Кэргэнэ Дария Николаевналыын аҕыс оҕону төрөтөн, биири иитэн, киһи хара гыммыттар. Роберт Константинович Захаров эмиэ оҕолордоох, халыҥ аймахтаах аҕа ууһун тэнитэр. Кини үлэтинэн эрэ муҥурдаммат. Күөрдэмҥэ 1997 сылтан норуодунай тыйаатыр үлэлиир, онно биир талааннаах  артыыс.  2017 с. 50 эр киһилээх «Күөртээх Күөрдэмнэр» тимир уустарын туһунан испэктээги Саха тыйаатырыгар туруорбуттар, онно Роберт Константинович Чарапчы ойууну толорбут. Ити – бүтэһик оруола. Саахымат, дуобат оонньуутун өрө тутар, элбэх доҕоттордоох, сиэри-туому билэр, тутуһар, кэлэр ыалдьыттары бэйэтэ алгыыр алгысчыт. Роберт Константинович сырдык аатын тэрийбит түмэлигэр 2020 с. муус устар ыйга иҥэрбиттэр.

    2019 с от ыйыгар биэнсийэлээх учуутал Лидия Степановна Алексеева таҥара дьиэтин бастакы көстүүтүн эт хараҕынан одуулаан уруһуйдаабытын көрүүттэн түмэл устун айаммыт саҕаламмыта.

Оттон саҥардыллыбытын кэнниттэн олохтоох уруһуйдьут Константинов Игорь Гаврильевич үлэтэ киһи болҕомтотун тардар. Онон, таҥара дьиэтэ култуурунай пааматынньык быһыытынан хара бастакыттан үйэтитиллибит эбит.

2019 сылтан пуонда хаҥатыытыгар үлэни ыыталлар. «Экспонатта бэлэхтээ» диэн аахсыйа тэриллэн, олохтоохтор Роберт Константинович үлэтин, түмэл үлэһиттэрин өйөөн, оннооҕор ыаллыы сытар нэһилиэктэр эмиэ кыттыһан, түмэл эспэнээтэ биллэ эбиллэр эбит.

 Сэдэх эспэнээттэргэ уол оҕо биһигин көрөбүт.

Тоҕо уол оҕо киэнэ диэтэргит, уол тыктаран ииктээбитэ аллара халыйан түһэр сирдээх. Наһаа үчүгэйдик толкуйдаан оҥоһуллубут. Бу эргин тыаҕа тоҥустар олорбуттара диэн үһүйээннэргэ кэпсэнэр, ону тыаттан көстүбүт ыҥыырдар туоһулууллар. Таба муоһа арахсарын курдук сөп түбэһиннэрэн, үтүгүннэрэн, кэнники муоһунан киэргэтэн оҥорор буолбуттар.

Биир сэдэх эспэнээт 1909 c. оҥоһуллубут, СЛ диэн олус чуолкайдук көстөр суруктаах харчы дьааһыга (денежная шкатулка) баар. Бу Сергей Лужков диэн  киһи бэйэтин аатын киллэрэн туран оҥорбут дьааһыга эбит.

        Күөрдэмнэр тимири уһааран, оҥоһук бөҕөтүн оҥорор уустарынан биллэр, ол да иһин Күөртээх Күөрдэмнэр диир эбиттэр. Бу дьыл бэс ыйыгар Максим Аммосович Куприянов тыаттан уус кыһатын сороҕун киллэрбит. Аттыгар 1990-с сылларга Роберт Константиновичка күөрт биэрбиттэрэ эмиэ баар, дьон болҕомтотун тардар.

Баай Барашковтар ыҥыырдара түмэл устуоруйатыгар эмиэ биир дьикти сэһэннээх. Ол курдук, ыҥыыр страус, жираф, кумах куйаар көстөр ойуулаах-бичиктээх.  Бу ыҥыыры оҥорбут уус манныгы көрбүтүн дуу, баҕарарын дуу ойуулаабыт диэн сабаҕалыыллар. Ыҥыыр таҥара дьиэтин кытта саастыы, 1892 сыллаах.

   Тапталлыбыт арыыны түөрт муннук быһыылыыр иһит баар эбит. Биир сиэһини  уган, сойутан баран арыйан, туспа ылар иһит. 1937 сыллаахха оҥоһуллубут, сиэдэрэй мас иһит. Мин арай төкүнүктүү тапталлыбыт арыыны билэбин. 

     Түмэлгэ үлэ бөҕөтө барара киһи хараҕар тута быраҕыллар. Нэһилиэктэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 110 киһи барбыт диэн эбит, кэнники 2 киһи барбыта эбии биллибит.

    Түмэл үлэтиттэн Хаҥаластан култуура салаатын үлэһитэ Галина Дмитриевна Семенова киһи болҕомтотун тардар «Дойдум умнуллубат көстүүтэ»-«Мгновенья прошлых лет» бырайыагын чорботон бэлиэтиибин. Нэһилиэктэрин устуоруйатын, олоҕун үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр биир ураты ньыма бу баар эбит. Нэһилиэк урукку тутууларын хаартыскалартан, көрбүт дьон бэйэлэрэ өйдүүллэриттэн холустаҕа түһэрэн үйэтиппиттэр. Барыта 26 баҕалаах дьон иэйиилэрин өҥнөөн-дьүһүннээн, саҥа тыыны киллэрбиттэрин көрүөххэ астык, дьон кыһамньыта киһи уйулҕатын таарыйар.

Аҕа баһылык Александр Николаевич Константинов Дьөппөн үс уулуссалаах эрдэҕинэ, 1965 сыллааҕы быычыкаайык өңө суох хаартыскаттан көрөн, төрөөбүт дьиэтин уруһуйдаан таһаарбыт. Уруһуй өҥнөөх буолан, эбии киэркэйэн, тупсан, уруһуйдуур киһи иэйиитэ толору арыллар.

Галина Ивановна  Иванова  элбэх оҕону уруһуйдатара хайҕаллаах. Ити эмиэ киһи талаана киэҥин, талаан таһымын көрдөрөр. Оҕолор уруһуйдара бииртэн биир  кэрэни арыйар. Галина Ивановна-Айтыына Уран бу бырайыакка саҥардыллыбыт таҥара дьиэтин уруһуйа дойдунан киэн туттунууну кэпсии-ипсии турар.

  

   Пелагея Ивановна Адамова сыл аайы уу суола аһылыннар эрэ балаҕан ыйыгар диэри Покровскай куораттан дойдутугар сайылыы кэлэр эбит.  Пелагея Ивановна-Балагыай ахтылҕаннаах Нуочахатын хаартыскаҕа түһэрбитин Карамзина Валентина Егоровна холустаҕа дьүһүйэн үйэтиппит. Үтүмэн үгүс хоптолор, сырдыкка талаһар кэнчээри ыччаты санатардыы, кынаттарынан сапсыналлар.

     Лариса Ивановна Далбараева Хатыҥ Түбэ сайылыкка оҕо сааһын ойуулаабытыттан элбэх киһи оччотооҕу кэми саныыр буолуохтаах. Биһиги, олох атын улуус дьоно, тута билэр сирбитигэр үктэммиттии: «Оруобуна!» – диэн саңа аллайдыбыт. Биһиги эмиэ оҕо сааспыт лоскуйун тутан үөрдүбүт.

     Екатерина Николаевна Дмитриева дьиэтин аттыгар турбут интэринээт-оскуола 60-с сылларга умайан хаалбыт. Екатерина Николаевна быычыкаайык урукку буклеттан көрөн уруһуйдаабыта устуоруйа кинигэтин биир сүппэт сирэйэ.

Таҥара дьиэтин нөҥүө наһаа үчүгэй маҕаһыыннаах буола сылдьыбыттарын Феврония Ивановна сүрдээх өрө көтөҕүллүүнэн кэпсиир. Нэһилиэк дьоно Улахан маҕаһыыммыт холустаҕа түһүөхтээх диэн эмиэ киллэрбиттэр. Кырдьык даҕаны, маҕаһыын уһун уочаратыгар туран, киһи уостубат сонуну, ааспыт кэм үһүйээннэригэр тиийэ истэр, дэңңэ көстөр табаар атыыга кэлбит сураҕын иһиттэххэ, ардыгар, таһырдьа уот отто-отто, түүннэри испииһэгинэн уочараттыыр кэммитин санатар хартыына.

Эбиитин 1960-с сыллартан олорбут учууталлар уопсайдарын, «Октябрь 50 сыла» сопхуос тутууларын холустаҕа көрөн ааспыт кэмҥэ, чыпчылҕан да түгэнигэр, бу нэһилиэги барытын кэрийэр курдуккун.

   

   Таңара дьиэтэ 1948 сылтан 1973 сылга диэри кулууп буолан турбут. Ол кэнниттэн киирбит икки этээстээх кулууптара кырааската билиҥҥиттэн атынын көрдөрөр уруһуйга тиийэ көрдөрөр олус табатык ааттанан айыллыбыт бырайыак сир аайы үлэлиэн баҕардым!

   Таҥара дьиэтигэр лөчүөк дьиэтэ баар эбит. Акылаатын көрдүбүт. Ол дьиэ урут ааҕар балаҕан буола сылдьыбыт. Ийэтэ бибилэтиэкэрдээбит  кинигэ дойдута дьиэтин Владимир Иванович Александров уруһуйдаабыт, Күндү киһиң аата, кини хаампыт сирэ холустаҕа эмиэ дьону түмэ тардар буоллаҕа.

   Бу курдук хас биирдии хартыына ураты кэпсээннээх. Эргэ хаартыскалары саҥа тыыннаан, баҕа баар буоллаҕына, саастан тутулуга суох талаан арыллыытын бу бырайыакка көрөн итэҕэйдибит. 

 ССРС кэмин көрдөрөр эспэнээттэртэн оҕолор Ленин, октябрёнок, пионер, комсомол диэнтэн саҕалаан, милииссийэ форматыгар тиийэ билэн тахсар хосторо бааллар. Оччотооҕу одьукулуоннартан «Красная Москва» сытын олох сүтэрбэтиттэн, дьон баччааҥҥа диэри пуудараҕа тиийэ ууран сытыарарыттан соһуйдум. Билигин киинэҕэ биирдэ эмэ көстөр 1980 сыллааҕы Олимпиаданы кэпсииргэ кырдьаҕас учуутал Вера Павловна Капустина чаанньык аҕалан биэрбит.

Аны түмэл 1000 № дээх эспэнээтинэн  Баай Барааскаптар  сервизтэрэ буолбут. Киһини умсугутар о.д.а. эспэнээт элбэх.

 Түмэл дириэктэрэ Матрена Иннокентьевна Захарова 2022 сыллаахха эдьиийэ Лидия Гаврильевна Кайдаловалыын «Дьыл эргииринэн Күөрдэм сайдыыта» диэн кыбытык тигиинэн ойуулаан-оһуордаан көбүөр оҥорбуттарын көрбүт эрэ сэргиир. Күөҕүнэн чэлгийэр сайын дьэрэкээнэ, күһүн от-мас саһарыыта, кылбаа кырыа кыһын кэлиитэ, айылҕа уһуктар сандал сааһа, көбүөр тулатын айыы дьүһүнүнэн симээн, түөлбэ сайдыытын күн эргииринэн сирдиир.  

Аатырбыт Самыртай хочотугар саха олоҕун тэнитэ кэлбит биэс дьонтон:  Самыртай Тойон, Күүстээх Күһэҥэй, Хардахсай Бэргэн, Саан Саантыыр Уус, Тимир Чарапчы ойуун ааттарыттан саҕалаан, оҕолорго үөрэтэр сыаллаах илии тигиитэ түмэл хатыламмат бэлиэтэ. Дьөппөн аттынан ааһар тимир суол, ыстаансыйа, Улахан маҕаһыын, ампаардар барыта киирбиттэр.

 Иккис Дьөппөн таҥара дьиэлээҕинэн биллэр. Таҥара дьиэтэ көбүөр киинигэр көстөр. Тимир уустара, Улуу Кыайыыга аналлаах пааматынньык, ыһыахтыыр сир, икки этээстээх оҕо саада, оскуола, о д а. барыта кыбытыгынан тигиллибит.  

Сылгынан, ынах сүөһүнэн дьарыктанар өҥ-быйаҥ дойду, Өлүөнэ өрүс сүүрүгүрэ устара барыта – өбүгэ алгыһа. Оскуолаҕа 90-н тахса оҕо үөрэнэр эбит. Аҕыйахпыт диэбэккэ, үлэ күөстүү оргуйар, сылгынан, ынах сүөһүнэн, оҕуруотунан дьарыктанар, оттуур-мастыыр бастыҥ дьонноох, кыталык кыргыттардаах, туруйа уолаттардаах өҥ-быйаҥ дойду, Өлүөнэ өрүс сүүрүгүрэ устара барыта – өбүгэ алгыһа. Маннык улахан үлэ толкуйданан, таҥаһын, дьүһүнүн таҥан, аны ол кэнниттэн аҥардас тигиитигэр 4 ыйы быһа сүрэх сылааһа имигэс тарбахтарынан нарыланан күн сирин көрбүт!

  Биһиэхэ түмэл эспэнээттэрин билиһиннэрбит, кэпсээбит Феврония Ивановна эмиэ уруһуйдуур эбит. Бастакы уруһуйа Кыайыы 75 сылыгар анаммыт. Туос тордуйалар Өлүөнэ өрүскэ уста сылдьалларын көрөөт, Гавриил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы хоһоонун саныыгын:

«Таңалай тигиилээх туос тууйас,

Ленаны таҥнары устан сыый!

Таптаабыт дойдуттан туруу ас,

Эн искэр бараннаа, бырастыый!

Бырастыый, туос тууйас, бырастыый,

Мин бигэ илдьиппин умнумаар,

Дойдугар эн бастаан устан тиий,

Элбэх диэн кэһиитэ уурдараар!»

    Түмэл тэлгэһэтигэр Хачыкаат баайа С.П. Барашков бурдук куурдар ампаара, Даркылаах диэн сайылыкка турбут XVIII үйэтээҕи алта кырыылаах бабаарына, Матвеевтар Хоточчуттан игирэ түннүктээх сайыҥҥы балаҕан дьиэлэрэ, Кирилэ баай Манчаарыттан куттанан туттубут икки мэндиэмэннээх, чуолҕаннардаах ампаара уонна XIX үйэтээҕи таҥара дьиэтэ бааллар.

 Бу таңара дьиэтин сорох дьон Хачыкааттан көһөрүллүбүт түмэл дии саныыллар эбит. Ол гынан баран, таңара дьиэтин акылаата төрдүттэн манна, Дьөппөңңө, түспүт. Тутуута 1892 сыллаахха саҕаламмыт. «Хачыкааттааҕы Николаевскай таңара дьиэтэ XIX үйэ» тутулларыгар Хачыкааттан Тихонов Бүөтүр-Чөмчөх, II Дьөппөнтөн Борисов Ньукулай-Бэриэскин маастардаабыттар. Иккиэн нуучча дьиэтин тутуутун баһылаабыт эбиттэр. Тута сылдьан Тихонов  Бүөтүр-Чөмчөх үөһээ этээстэн сууллан түспүт. Ол түһэн иһэн, сүгэтин аһыытынан истиэнэҕэ үстэ охсон, түһэр күүһүн мөлтөтөн, тыыннаах хаалбыта үһү. Оннук кыахтаах дьон баар буолар эбит! Бу тутууга  үтүөтүн иһин кулуба дьаһалынан  киниэхэ үс от тахсар сирэ бэриллибит. Ол өрүс арыытыгар оттонор ходуһа күн бүгүнүгэр диэри Чөмчөх Ходуһата диэн ааттанар эбит. 

Таңара дьиэтин туталларыгар үбэ-харчыта Хачыкааттан киирбит, онтон Таңара дьиэтин сүрэхтэниитигэр куораттан тахсыбыт аҕабыыт бэйэтин аатын бэрдэрбит. Дьэ, онон куорат аҕабыыта өҥөнү барытын ааҕан туран, таҥара дьиэтин «Хачыкааттааҕы Николаевскай таңара дьиэтэ» диэн ааттаабыт. Миэтирикэҕэ ол курдук суруллан, архыыпка киирбит.

Роберт Константинович 2015 сыл инниттэн туруорсан, биир санаалаахтара салҕааннар, таңара дьиэтэ чөлүгэр түһэриллибит.

Архитектура, история, култуура пааматынньыгын үөрүүлээх аһыллыытыгар бу дьыл бэс ыйын 6 күнүгэр Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев кыттыыны ылбыт. Таҥара дьиэтин иһигэр төбө сыгынньах киирбэккин. Иһэ сүрдээх ыраас, көрүү-истии баара тэлгэһэттэн биллэр.

XIX үйэҕэ хайдах тутуулаах этэй да, оннук уларытыллыбакка, хайдах баарынан оңорбуттар. Үөһэ тахсар кирилиэһэ олус туруору, үктэлэ бэйэ-бэйэтиттэн ыкса турар. Ол эрээри тахсарга, хайдах эрэ, киһи атаҕын чэпчэкитик уурар, табыгастаах эбит. Түөрт кирилиэһи үөһэ дөбөҥнүк тахсан, үөһэттэн мырааннар, күөх кырдал, үрдүк мэҥэ халлаан чараас былыта киэҥ хочону эбии сырдатара – көрүөхтэн сөҕүмэр эриэккэс этэ! Оргууй сылаас тыал илгийэн, айылҕа сипсиэрэ кырыымпа ырыатыгар куолакал ыраас тыаһын холбообута!

Ити курдук Самыртай хочотун алыптаах салгыныгар сууланан, устунан боотурдар киэҥ сырыыларын сэһэргиир аттарын туйаҕын тыаһыгар силлиһэр тойук дорҕоонугар бигэнэн, саҥа күнүм саҕаламмыта…

                          Сэгэлдьийэ Чээлэй, от ыйа 2023 c

Добавить комментарий