Оҕо сааһы эргитэ, кэрэ кэми санаһа - Блоги Якутии

1 год назад 1605

Оҕо сааһы эргитэ, кэрэ кэми санаһа

Оскуоланы биир кэмҥэ бүтэрбиттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин хамсааһына кэнники кэмҥэ күүскэ тэнийдэ. Бу үтүө үгэһи 1983 сыллаах выпуск төрүттээбитэ. Көҕүлээччинэн Альберт Соров буолбута. Ол эрээри олох официальнай таһымҥа 1985 сылга бүтэрбиттэр (бэрэссэдээтэл Алексей Васильев) таһаардылар, тарҕаттылар.

Бэртээхэй бачыым салҕанан иһэрэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрэ үөрдэр.

Ол курдук, бу от ыйын 29 күнүгэр “Орто Дойду” этнокультурнай комплекс түһүлгэтигэр Саха Сирин оскуолаларын 1998 сыллаахха бүтэрбиттэр  25 сыллаах үбүлүөйдээх  тэрээһиннэрэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Сылдьыбыт барыта астынна уонна дуоһуйда.

Кэннибитигэр кэпсиирдээх, иннибитигэр эрэллээх саамай үтүө сааска көрсөр, ааспыты ахтыһар, оҕо сааһы санаан ылар, улааппыт кэммит салгынын эҕирийэр, инники былааннары торумнаһар түгэн БАҔА САНАА уонна ТҮМСҮҮ күүһүнэн тосхойдо.

 Биллэн турар, уопсастыбаннай төрүккэ үлэлиир түмсүү туох да үбэ-аһа суох буолара биллэр. Ол иһин көрсүһүүгэ кэлээччилэр бары, кыралыыны да кыттыһан, бэйэбитигэр бэртээхэй күнү тэрийдибит: билсиһэн-көрсүһүн, араас куонкурустарга кыттан, кэнсиэр көрдөрөн, үөлээннээхтэрбит талба талааннарын кэрэхсээн, оҕо сааһы эргитэ оонньоон, спортивнай күрэхтэргэ куоталаһан, оскуола кэмин санаан дискотекалаан, атах тэпсэн олорон сэлэһэн, тото-хана аһаан, өр кэмҥэ кэпсэнэр кэрэ кэпсээн кэһиилээх буоллубут.

Ытык сирбит – Орто Дойду – ыччатын  күнүһүн сайыҥҥылыы куйааһынан, түүнүн күһүҥҥүлүү хараҥанан маанылаан, тэрээһиммит эйгэтэ да анаан оҥорбут курдук буолла.

Тэрээһиммит хамаандалар сэлэлээн, нууччалыы эттэххэ, парадтаан киириилэриттэн саҕаланна.

Кинилэри окуоланы бүтэрбиттэр хамсааһыннарын күүскэ көҕүлээбит 1985 сыллаах выпуск бэрэссэдээтэлэ Алексей Васильев  уонна солбуйааччылара Антонова Лилиана, Степанова Маргарита, тэрийэр кэмитиэт чилиэнэ Дьяконова Сардаана кэлэн эҕэрдэлээтилэр, сүбэ-соргу, алгыс тылларын анаатылар.

Онтон улуус дэлэгээссийэлэрэ бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Эбээн Бытантай 98-тара күннээтилэр – бүтүн инсценировканы туруорбуттар. “Ыстаадалар эмиэ хойутаабыттар” диэн этии, Таба сүлүөтэ, “Санта Барбара” олоҕунан ыраах хоту олорон улааппыттара – барыта баара бу визиткаҕа.

Намнар динозаврдарын, чурапчылар историческай хабааннаах презентацияларын, уу алланнары (сахалыы итинник) миэстэҕэ тиксэрбит дьүһүйүүлэрин, горнайдар сиһилии сэһэннэрин, таатталар талах курдарын, о.д.а. умнуохпут суоҕа.

98-тар талааннарын кэнсиэрэ олох барыбыт кутун тутта. Эбээн Бытантай “Кындыкан”, Чурапчы 90-с сыллар үҥкүүлэринэн флешмоба, Горнай “Оһуор үҥкүүтэ” – олох анал ансаамбыл таһыма.

Аны ырыаһыттарбыт: Иосиф Степанов (Үөһээ Бүлүү), Валентина Федорова (Хаҥалас),  Наталья Ушницкая (Уус Алдан), Сайыына Кардашевская (Амма), Фекла Варламова (Хаҥалас), Клим Иванов (Бүлүү), Владислав Поисеев (Чурапчы) уо.д.а.  – бэйэбит санаабытыгар,  ханнык да эстрадаттан итэҕэһэ суох ыллыыллар эбит. Оттон киэн туттуубут, 98-тартан ырыа айар Руслан Платонов бу дьоро күнү авторскай ырыаларынан, гитараҕа доҕуһуоллаан киэргэттэ.  

Спортивнай күрэхтэһиилэрбит, арыый омуннаатахха, “Дыгын оонньуулара” тэҥэ буолла. Оннук курдук: “Мэһэйдээмэҥ, туораан эрэ”, – диэн этээһиннээх эҥин. Күөмэй бүтүөр диэри хаһыытаан, хамаандаларбытыгар ыарыйдыбыт. Мас тардыһыытыгар Уус Алдантан Лукерья Иванова кылбардык кыайда. “Эрчиллэн баран, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тардыһыаххын сөп эбит”, – дэстибит. Нарын-намчы Грита Заровняева иккистээбитэ сөхтөрдө, Индия куттаах кыыспыт Наташа Ушницкая, кыра да буоллар,  үһүстээн үөртэ.

Эр дьоҥҥо мас тардыһыытыгар Таатта эр бэрдэ Егор Харайданов тулуппата. Иккис – Максимов Прокопий (Таатта), үһүс – Иванов Клим (Бүлүү ). Клим Иванов, хапсаҕайга кыайан баран, үөрүүтүттэн эргичис-курбачыс ыстаҥалаабыта – күрэхтэһии тыынын өссө күүрдэн биэрдэ. “Кыах уолаттардаахпыт” диэн киэн туттуу санаатын сахта. Иккистээбит Михаил Местников (Уус Алдан) туста тахсыбытыгар, биир дьээбэлээх: “Эдэр киһи киирбит быһыылаах”, – диэн күллэртээтэ, онтуката Михаилга комплимент тэҥэ буолла. Үһүс миэстэҕэ Ленскэйтэн соҕотох бэрэстэбиитэл Владимир Кугданов эрэллээхтик таҕыста.    

Өһөс торбоско иккиһин кыайан, Клим Иванов (Бүлүү) иккис кубогын тутта.  Егор Харайданов (Таатта) иккистээтэ, Баттахов Петр (Ньурба) үһүстээтэ.

Эстафетаҕа түмсүүбүт бэрэссэдээтэлэ Николай Данилов кытыгыраһа сүрүн оруолланна. Кини старты бэркэ саҕалаан, Уус Алдан бастаата. Бүлүү бөлөх  улуустар кыттыгас хамаандалара иккистээтэ.Таатта эрэллээхтик үһүстээтэ. Канакка таатталар былааһы ыллылар. Этэргэ дылы, соһон кэбистилэр. Бүлүү бөлөх оройуоннарын хомуур хамаандатаа – II, Горнай – III миэстэ. 

Петр Баттахов, Прокопий Максимов, Володя Кугданов, Михаил Местников, Егор Харайданов, Сергей Мандаров, Клим Иванов курдук билигин да буорахтаах уолаттардаахпытынан  астынныбыт. 

90-с сыллардааҕы муодаҕа Тааттаттан Света Барахова олох, били, “Интердевочка” киинэттэн илэ түспүт курдуга. Бастыан бастаата. Намтан Туйаара Захарова иккис буолла. Уонна Чурапчыттан үҥкүүһүт  кыыс Света Павлова (Хатылы) трансформер спортивкатынан үһүстээтэ. Таатта уола Прокопий Максимов, ампаарын хаһан, чемодан муҥунан таҥас аҕалбыта хайҕаллаах.

90-с сыллардааҕы атрибуттары Нам кыргыттара бэркэ тэрийэн быыстапкалаатылар.

Бары миэстэлэспиттэр уу харчынан, сертификатынан наҕараадаланнылар.

Киэһээҥҥи дискотека – олох супер оpen air. “Хаһан эмэ аһаҕас халлаан анныгар, 90-с сыллардааҕы ырыанан, эт саастыылаахтар мустан, сарсаырдааҥҥа диэри үҥкүүлээбит киһи!” диэн баҕа санаабыт туолла. Күүстээх энергетика диэн онно баара! Ди-джейбит – Иван Тарасов,  НВК  ыытааччыта.

Дискотека кэмигэр араас оонньуулар, куонкурустар ыытылыннылар, эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр.

Дьэ, бу үбүлүөйдээх тэрээһин бэркэ буолбутугар, бастатан туран, махтанабыт –   өрөспүүбүлүкэ 98-тарын бэрэссэдээтэлэ Николай Даниловка (Уус Алдан), солбуйааччылара Ася Архиповаҕа (Таатта), Фекла Варламоваҕа (Хаҥалас), Рена Старостинаҕа (Чурапчы).

Кыттыгас  харчыны сыралаһан  хомуйбут Олеся Никифороваҕа (Хаҥалас), киниэхэ уҥа илии буолбут Сахаайа Неустроеваҕа (Үөһээ Бүлүү), спортивнай күрэхтэһиилэри тэрийбит Эдуард Старостиҥҥа (Амма), көмөлөһөөччүтэ Иосиф Степановка (Үөһээ Бүлүү), сэкирэтээрдээбит Мария Герасимоваҕа. Улуус көхтөөх лидердэригэр: Наталья Ушницкаяҕа (Уус Алдан), Анна Афанасьеваҕа (Нам), Радомира Рудькоҕа (Бүлүү),  Ася Архиповаҕа (Таатта), Рена Старостинаҕа (Чурапчы), Мария Герасимоваҕа (Мэҥэ Хаҥалас), Евдокия Колтуноваҕа (Ньурба), Роза Даниловаҕа (Горнай), Фекла Варламоваҕа (Хаҥалас), Ньургуйаана Васильеваҕа (Эбээн Бытантай), Сема Дьяконовка (Кэбээйи), Сахая Неустроеваҕа (Үөһээ Бүлүү).

Ася Архипова (Таатта) иилээн-саҕалаан ыытан, видеограф Михаил Эверстов (Нам) бэртээхэй ролигы оҥорон, өссө тэрээһини устан, Альбина Готовцева (Уус Алдан) фрилансер предпринимателлэр түмсүүлэриттэн ааттарыттан, Рена Старостина хаартыска, футболка бэчээттииргэ, Туймаада Константинова (Уус Алдан) эмтэнэргэ, Роза Данилова баттах оҥорторорго сертификаттары бириис быһыытынан биэрэн абыраатылар.    

Сомоҕо күүспүтүнэн бу тэрээһин буолла – баҕа санаа туолла.

Добавить комментарий