Ыһыах күн кинигэ сүрэхтэннэ - Блоги Якутии

1 год назад 378

Ыһыах күн кинигэ сүрэхтэннэ

Саха Сиригэр бэс ыйын 21 күнэ Үрүҥ Тунах Ыһыах күнэ. Бу күн сарсыардаттан киин телевидение 1-кы ханаалыгар диктордар сахалыы саҥаран үөртүлэр.

Бу күн Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сыла, Томпо оройуонугар Бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыы , Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу сылларыгар аналлаах ыһыах үчүгэй тэрээһиннээхтик ааста.


Халлааммыт түүн ардаабыт да, сири сиигирдибэтэх, былыттаах ардынан да сөп курдук. Куорат диэки курулас ардах дииллэр, бэл, мин эдьиийим таас кыбартыыратын ардах уута хоппут, былыргылыы иһит тоһуйан олорор.
Халлааммыт туран биэрдэ. Быйыл ыһыаҕы бөһүөлэк иһигэр хатыҥ чараҥ быыһыгар пааркаҕа оҥордулар. Кэлэргэ-барарга чугаһа үчүгэй. Өрдөөҕүтэ бу сиргэ ыһыахха суруйааччы Анастасия Сыромятникова сылдьыбытын туһунан телевизорга көрдөрбүттэрэ. Онно мин билэр дьонум баараҕай хатыҥнары көрөн, Мэҥэ Алдан айылҕата кэрэтиттэн наһаа сөхпүттэрэ.

Ыһыах ”Уруйдан ,үлэһит дьон!” диэн тэрилтэлэр сэлэлээн хаамыыларыттан саҕаланна. Ол кэннэ тоҕус туруйа уолу, сэттэ кыталык кыыһы батыһыннаран, алгысчыт (В.Черепанов) киирэн, аал уоту оттон күүдэпчилэтэн аһатан, алгыстаан, Үөһээ Айыылартан көрдөстө.

Нэһилиэк аҕа баһылыга Ю.Ю. Комиссаровка чороонноох кымыс биэрэн, айах тутта.


Юрий Юрьевич эҕэрдэлээн тыл эттэ уонна наҕараада туттартаата. Томпо улууһун баһылыгын Бочуотунай грамотатынан педагогическай үлэ ветерана Марина Прокопьевна Данилова, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин ветераннара Иван Романович Чириков, Егор Иннокентьевич Чекуров наҕараадаланнылар.
Ил Түмэн Бочуотунай грамотатын олох-дьаһах хаһаайыстыбатын управлениетын Томпо улууһунааҕы филиалын Мэҥэ Алданнааҕы учаастагын слесарь-ремонтнига Михаил Степанович Тарабукин ылла. Томпо улууһун баһылыгын Махтал суругунан ”Иэйии” хомусчуттар ансаамбылларын салайааччыта Зоя Ильинична Колодезникова бэлиэтэннэ.
Петр Гаврильевич Дарбасов
эргиэн-урбаан (предпринимательство) сайдыытыгар үтүөлэрин иһин анал бэлиэни тутта.


”Самаан сайыны уруйдуох!” эҕэрдэ кэнсиэр, ”Саха төрүт таҥаһа” саха таҥаһын күрэҕэ буолла. Онно Н.И. Колодезников аатынан култуура дьиэтин дириэктэрэ Елена Геннадьевна Степанова, суруйтарбыт дьонунан эрэ муҥурдаммакка, көрөөччүлэртэн ыҥыран таһааран хаамтарбыта — сонун көстүү буолла. Ол эмиэ сөп ээ, ыһыахха бары да баарбытын-суохпутун таҥнан, сахалыы таҥас кэтэн кэлэр буоллахпыт. Биир кыракый кыысчаан эмискэ модель буолбутуттан соһуйан ытамньыйда эҥин.

Арыый улааттаҕына ытаабакка хаамар буолуо диэн эрэниэххэ. Саха төрүт таҥаһыгар I миэстэни Неустроевтар дьиэ кэргэн ылла.

Иккиһи эдьиийдии-балыстыы Анна Прокопьевна, Любовь Прокопьевна Колодезниковалар үллэһиннилэр,

III миэстэни — куораттан сылдьар биир дрйдулаахпыт Мария Романовна Манасытова икки сиэннэринээн.

Ол кэннэ өбүгэлэрбит үгэстэринэн түөлбэлээн олорон, түһүлгэнэн ”күнүскү омурҕаннаатыбыт”.
Омурҕан кэннэ ”Кымыс – Айыы аһа” күрэх, спортивнай оонньууларга күрэхтэһии мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, атах оонньууларыгар, сүүрүүгэ буолла.

Кыргыттарга сүүрүүгэ
100м:
1м Степанова Василиса
2м Колодезникова Таисия
3м Хоноехова Яна

400м:
1м Степанова Василиса
2м Хоноехова Яна
3м Колодезникова Таисия

Уолаттарга
100м:
1м Колодезников Даниэль
2м Аммосов Уйгун
3м Дарбасов Семен

400м:
1м Колодезников Даниэль
2м Дарбасов Семен
3м Васильев Степан

Мас тардыһыытыгар 50 кг дылы:
1м Колодезников Костя
2м Максимов Дима
3м Захаров Дуолан

Мас тардыһыытыгар абсолютнайга:
1м Захаров Павел
2м Никифоров Николай
3м Васильев Степан

50кг үөһэ:
1м Адамчик Владик
2м Ордахов Рома
3м Христофоров Данил

Хапсаҕай, 50кг дылы:
1м Колодезников Костя
2м Максимов Дима
3м Захаров Дуолан

Хапсаҕай, 50кг үөһэ:
1м Ордахов Рома
2м Адамчик Владик
3м Севостьянов Женя

Хапсаҕай Абсолютнайга:
1м Колодезников Даниэль
2м Протопопов Ефим
3м Яковлев Леонид

Атах оонньуутугар ыстаҥаҕа 3х3:
1м Мушников Александр
2м Неймохов Андриан
3м Захаров Павел

”Уруйдан, улуу олоҥхобут!” олоҥхо толоруутун күрэҕэр I миэстэни олохтоох оҕо уһуйаанын үлэһитэ Варвара Гаврильевна Яковлева, иккиһи – ускуустуба оскуолатын учуутала Александра Пантелеймоновна Захарова, үсүһү Юрий Юрьевич Комиссаров ыллылар. Нэһилиэк аҕа баһылыга Юрий Юрьевич бэйэтинэн кыттыыны ылан көҕүлээбитэ кэрэхсэниэн эрэ сөп. Аны кэргэнэ, улуус култууратын управлениетын үлэһитэ Мотрена Германовна эмиэ кытынна. Мин өссө итинниги истэ иликпин. Аҕа баһылык дьиэ кэргэнинэн ыһыахха күрэххэ кыттарын.
‘Толбоннурар уһун суһуох” оҕолорго аналлаах күрэх. Улахан кыргыттарга I миэстэ – Виолетта Кынтоярова, II м – Лана Охлопкова. Кыра кыргыттарга I миэстэн – Элина Адамчик, иккис – Рамана Лузина, үһүс – Кэрэчээнэ Максимова. Ити курдук араас тэрээһиннэр буоллулар, дьон көхтөөхтүк кытынна.


Киэһэ Н.И. Колодезников аатынан Култуура дьиэтигэр Томпо улууһун дьаһалтатын үлэһитэ, биллэр уопсастыбанньык Николай Егорович Ефимов саҥа тахсыбыт “Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы – омук инники кэскилэ” кинигэтин сүрэхтэниитин Е.П.Неймохов аатынан түмэл үлэһитэ Антонина Петровна Ефремова иилээн-саҕалаан, өрүү буоларыныы, астыктык ыытта.

Экраҥҥа бу саҥа тахсыбыт кинигэ туһунан информация көстө турда. Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Степан Александрович Кривошапкин, Мэҥэ Алдан нэһилиэгин баһылыга Юрий Юрьевич Комиссаров, Томпо улууһун Тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Дмитрий Будимирович Ефимов, Дьокуускайтан күндү түүлээх соҕотуопкатын киинин салайааччыта Егор Прокопьевич Андросов кыттыыны ыллылар, Махтал суруктары туттардылар.
Николай Егорович суруйбут бу сэттис кинигэтэ. Өссө кыттыгас 7 кинигэлээх. Дьэ, суруйуох диэтэххэ, үгүс сыраны, күүһү, бириэмэни ылар буолуохтаах. Николай Егорович, чахчы, үлэһит киһи, дойдутун дьиҥнээх патриота, кыраайы үөрэтээччитэ.


Бу кинигэ сүрүн уратыта – тыа хаһаайыстыбатын, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын сайыннарыыга, аһы- үөлү дэлэтиигэ анаммыта буолар. Билиҥҥи тыҥааһыннаах кэмҥэ ордук тоҕоостоох.

Улуус аҕа баһылыга Яков Иннокентьевич Степанов киирии тылы суруйуутугар: ”Ааспыт үйэ 90 с. дойду үрдүнэн ыытыллыбыт судаарыстыбаннай бас билиини приватизациялаан, чааһынай бас билиигэ биэрэн, рынокка киирии саҕаламмыта, совхозтары судаарыстыбаттан үбүлээһин лаппа кыччатыллыбыта. Сыыйа 1993-1997 сс. букатын да симэлийбитэ. Ол содулугар тэрээһиннээх тыа хаһаайыстыбалара ыһылланнар, ынах сүөһү, сылгы, таба ахсаана лаппа кыччаабыта. Кэлин 2000 с. саҕалаан тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кыралаан субсидия көрүллэр буолбута. 2012 с. тус сыаллаах субсидиялар, граннар анал бырагыраамаларынан дойду үрдүнэн олоххо киирэн барбыттара” диэн суруйар.


Ити барыта буолбут чахчы, ыһыллыы биһиги, саастаах дьон, харахпыт ортотугар ааспыта. Сэбиэскэй былаас саҕана тыа сиригэр олох күөстүү оргуйара. Сопхуостар сайдаллара, ынах ыы, хортуоска хостуу куораттан устудьуоннар тахсан үлэлииллэрэ. Дьэ, онтубут соҕотохто мэлийбитэ. Ол да буоллар, биһиги бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев дьаһайан, тыаларга сибиинньэ, хаас оҕолорун түҥэтэллэрэ, бааһынай хаһаайыстыба тэринэллэригэр эмиэ көмө көрүллэрэ. Ол саҕана Петербурга олоро сылдьыбыппыт. Дьэ, онно тыа хаһаайыстыбатын ыһыллыыта харахха быраҕыллара.


Аны билигин Россияны утары санкция биллэрэннэр, омук сириттэн ас-үөл кэлиитэ харгыстанна. Онон бэйэбит оҥорор бородууксуйабытыгар болҕомто күүһүрдэ. Олох соторутааҕыта Дьокуускай ырыынагыттан хайа эрэ ыраахтан, Египеттэн дуу, аҕалыллыбыт хортуосканы атыыласпыттаахпын. Аата, итиччэ ыраахтан аҕаллахтара, биһиэхэ хортуоппуй үүммэтигэр дылы дии санаабыттааҕым. Онтон түбэһэ түһэн аахтым, бэйэбит дьоммут бородууксуйаларын буолбакка, омуктар киэнин хамаҕатык ылаллар диэн. Сэрэйдэххэ, итинник дьаһаныы бэрик ылыыттан силис-мутук тардан эрдэҕэ. Чэ, хата, ол тохтуо диэн үөрэ саныыбын. Бэйэ киэнэ бэйэҕэ минньигэс. Биһиэнэ химията суох ыраас, натуральнай, ол минньигэс уонна доруобуйаҕа туһалаах буолуохтаах. Киһи туруга тугу аһыырыттан быһаччы тутулуктаах.


Өссө биири бу кинигэҕэ сөбүлээтим. Ол – Гермогенова Валентина Афанасьевна Охотскай Перевозка, Тыа хаһаайыстыбатын министерствотын 4 мөлүйүөннээх граныгар тиксэн, саха боруодатын ынаҕын иитэн эрэрин сэҥээрдим. Амматтан, Уус Алдантан уонна Тааттаттан 24 төбө сүөһүнү аҕалбыт. Өссө оҕустаахтар. Үчүгэйдик дьаһаннахтарына, чахчы кэскиллээх дьыала. Саха ынаҕын үүтэ, этэ наһаа эмтээх, иҥэмтиэлээх.
Биллэр уопсастыбанньык, отставкаҕа олорор полковник Анатолий Игнатьевич Чомчоев сыччах саха ынаҕын үүтүнэн, этинэн аһаан, тыыннаах сылдьар. Кини мин биир паартаҕа олорон үөрэммит кылааһынньыгым. Оҕо эрдэҕиттэн кыһаллан туран байыаннай идэни баһылаабыта. Чернобыль саахалланыытын туоратарга үлэлээн, радиацияҕа сүһүрбүтэ. Этэ-сиинэ, араас органа үстэ рак ыарыыга ыалдьыбыта. Онтон ити аҥардас саха ынаҕын үүтүнэн-этинэн аһаан, тыыннаах сылдьар. Оччотугар Охотскай Перевозка саха сүөһүтүн иитэн, дэлэтэн, эмтээх үүтү-эти оҥорон таһааран, нэһилиэнньэҕэ атыылыа этэ. Дьон хамаҕатык ыларыгар олох саарбахтаабаппын. Саха ынаҕа барахсан үүтэ, этэ минньигэһэ сыттаҕа, аны рак курдук ыарахан ыарыыттан эмтиир күүһэ. Дьон абыраныа, эмтэниэ этэ. Быйыл улууспутугар Бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыы сыла биллэриллэн, үп көрүлүннэҕэ. Онон ити кэскиллээх дьыаланы өйүөхтэрэ, күүс-көмө буолуохтара диэн эрэнэбин.
Дьэ, ити курдук биир сонун тэрээһин буолла. Ол кэннэ Чурапчы Чыаппаратын дьоно кэнсиэр көрдөрдүлэр.

Мэҥэ Алдан олохтоохторо ыһыах ыһан, алгыс ылан, күрэхтэһэн, кинигэ сүрэхтэниитигэр сылдьан, кэнсиэр көрөн окко киирэргэ, кыстыгы этэҥҥэ туоруурга күүс- уох, эрчим эбинэн дуоһуйан тарҕастылар. Түһүлгэ ыраас буоларын волонтердар хамаандалара, оҕолор ситистилэр.

Түгэнинэн туһанан ыһыах ыһарга бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн көмөлөспүт, спонсордаабыт урбаанньыттарга А.И.Захаровка, В.В.Сыромятниковка, Д.Д.Захаровка, А.П.Афанасьевка, М.П.Даниловка, А.А.Захаровка, А.П.Дарбасовка, К.Н.Моякуновка, В.В.Васильевка барҕа махтал тылларын этэбит. Былыр былыргыттан саха баайдара ыһыах ыһаллара. Эппиккэ дылы, утум салҕанар…

Мария Неймохова,

Мэҥэ Алдан

Добавить комментарий