Архивы Олонхо - Страница 2 из 2 - Блоги Якутии

2 года назад

Дьааҥы – олоҥхо түһэ

«Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан алгыһын ыл» диэн саха өһүн хоһооно этэринии, настаабынньык-фольклорист, олоҥхону чинчийээччи, бэрэпиэссэр, филологическай билим дуоктара Василий Васильевич Илларионов уонна Саха Сиригэр геокультурнай сайдыы институтун үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Сардана Семеновна Брызгалова, научнай-култуурунай экспедицияларын чэрчитинэн, муус устар 20 күнүгэр Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын ураһа саалатыгар Дьааҥы Ийэ олоҥхоһута Д.А. Томская-Чаайка төрөөбүтэ 110 сылыгар Далее…

2 года назад

Чэй эрэ, олоҥхолуох!

Кэбээйигэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, энтузиаст фольклорист Савелий Николаевич Тимофеев-Ыллык «Чэй, эрэ!» диэн фольклорнай ансаамбылы тэрийэн үлэлэтэр. Онно Кэбээйи оскуолатыни IV «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ  (сал. С.С. Кривошапкина)  маҥнайгы кылаастан  сылдьаллар. Норуот ырыатын толороллор, былыргылыы чабырҕаҕы этэллэр, Ойуунускай, Алампа курдук классик суруйааччылар хоһооннорун үөрэтэн, өйтөн ааҕаллар, сахалыы үҥкүүлэри толороллор (уус-уран салайааччы В.Н. Лугинова)  уонна С.Н. Тимофеев-Ыллык «Эмньик Элэмэс аттаах Эр Далее…

2 года назад

Аан дойдуга ханна да суох ураты тыйаатыр

Этэн көрө-көрө күлэр тэбэнэттээх 15 саас диэн киһи олоҕун дьикти сааһа буолар: ыраны ырыаҕа ыпсарар, баҕа санаалар булгуччу туолуохтаахтарыгар итэҕэйэр, сырдык кэрэ олоххо эрэнэр, күннээҕиттэн хатыламматы булан көрөр, маҥнайгы истиҥ иэйииилэргэ куустарар уһуктуу умсулҕаннаах, тыллыы тырымнас, үүнүү-сайдыы кэскиллээх кэмэ! Ол тэҥэ Олоҥхо тыйаатыра, төһө да былдьаһыктаах былыргы дьыллары сэһэргиир айымньыны оонньоотор, олох киэҥ аартыгар саҥа үктэнэн Далее…

2 года назад

Кэрэҕэ тигистибит, кэрэҕэ сыһынныбыт

«Ньургун Боотур» опера-олоҥхо XXI үйэҕэ саҥа тыын ылан, саҥа анал (миссия) киэптэнэн, көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста. Олоҥхо өйө-санаата куппутугар кутулла сылдьарынан, наада күн тирээтэҕинэ, олоҥхо тылынан саҥаран да барарбытынан, кыахтаах айдарыылаах дьоммут туойан куйуһутунан да туралларынан, ол эбэтэр сахалыы саҥарар киһиэхэ барыбытыгар олоҥхо тыына баарын быһыытынан, ирдэбилбит да улахан. Дьэ, ол эрээри кэпсэтиини саҥа тыын, саҥа Далее…

2 года назад

Талаан норуокка баар

Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр С.А. Зверев-Кыыл Уола суруйан хаалларбыт «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотун туруоран, Олоҥхо декадатын түмүктүүр дьоро киэһэҕэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр көрдөрдө. Бу туһунан Хатастан НАТАЛЬЯ РУФОВА суруйан ыыппытын ааҕыҥ. Кичэйэн-хаачайан тураммыт Кэҥэтэн-уһатан иһиэҕиҥ. Алампа. Суруйуубун саха норуотун култууратын нэһилиэстибэтэ үйэтитиллэригэр, үүнэригэр-сайдарыгар сылайары билбэккэ сыралаһан үлэлээбит уонна  үлэлиир СӨ култууратын Далее…

2 года назад

Дьохсоҕоттор дьоро киэһэлэрэ  

Биһиги мындыр омукпут. Дойдуга дьалхааннаах кэмнэр тирээтэхтэринэ, былааһы үөҕэ-этэ дуу, аахса-атааннаһа дуу сылдьыбакка, духуобунас өттүн өрө тутар үгэстээхпит. Аҕа дойду сэриитин да сылларыгар ырыа-тойук тохтооботоҕо. 1943 с. “Ньургун Боотур” музыкальнай драманы толору саалаҕа сүүс төгүл көрдөрөннөр, онтон киирбит үбү тааҥка оҥоруутугар ыыппыттара. Оттон 90-с сыллар урусхалын, ыһыллыытын-тоҕуллуутун сахалар улахан сүтүгэ, ыарыыта, охсуута суох судургутук аһарбыппыт. Далее…

2 года назад

“Дьулуруйар Ньургун Боотур” саҥардылынна, “Кунан Хара” сахалыы саҥарда

Олоҥхо декадатын биир сүрүн тэрээһининэн икки бэртээхэй кинигэни билиһиннэрии буолла: Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото сахалыы толору тиэкиһинэн иккистээн бэчээттэнэн тахсыбытын уонна тыбаа омук уус тыллааҕа Чанчы-Хоо Ооржак “Кунан Хара” эпоһын тылбааһын.          2020 сыллаахха таатталар СӨ Бырабыыталыстыбатыгар туһаайан: “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо кинигэтэ наһаа аҕыйах, ол иһин Саха АССР 100 сылыгар эбии таһаараргыт буоллар”, – Далее…

2 года назад

Олоҥхолоох омук кэхтибэт

Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэ буолуохтун! Үйэлээх сүдү баайбытын сыа-сым курдук тутан илдьэ сылдьар үтүөкэн норуот буоларбытынан бэйэбитигэр биирдэ махтаныаххайыҥ эрэ! Чахчыта да, аан дойду таһымыгар таһаардыбыт (киһи аймах чулуу айымньыта), наука да өттүттэн чинчийиини ыытабыт (Олоҥхо института, Олоҥхо киинэ, Олоҥхо тыйаатыра, Олоҥхо дьиэлэрэ), үйэтитиигэ да үлэлэһэбит (испэктээктэр, кинигэлэр, киинэлэр, порталлар, тутуулар) , дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыыга да туруулаһабыт Далее…

2 года назад

Сыыппараҕа дьүһүйэн, куйаарга үйэтитэн  

Өлүөнэ өрүһүнэн устан кэлбит өбүгэлэрбит аара хайаларга ойуулаабыттара-бичийбиттэрэ, үтүмэн сыллар тухары суураллыбакка,  ааспыт кэм кэрэхсэбиллээх кэрэһиттэрэ, кистэлэҥнээх кэпсээннэрэ буолан тураллар. Ол уонча үйэ анараа өттүгэр соһону (охра) кырааска оҥостон уруһуйдаабыт дьон сыдьааннара – аныгы сахалар – билигин аны сыыппара көмөтүнэн куйаар ситимигэр хатыламмат хартыыналарын үйэтитэллэр. Онтукалара эмиэ сүппэккэ-симэлийбэккэ, быдан дьылларга хараллан хаалыаҕа диэн эрэнэбит…   Далее…

2 года назад

Кэрэхсэбиллээх Киэһэлэр кистэлэҥнэрэ

Саха АССР 100 сылынан Марк Жирков “Ньургун Боотур” оператын Москва Большой театрыгар көрдөрөөрү бэлэмнэнэ сылдьаллар. Бу “Ньургун Боотур” операны 1957 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт Саха литературатын уонна искусствотын киэһэлэригэр (күннэрэ буолбатах) Малай театрга туруорбуттара. Онно дойду үрдүкү салалтата барыта сылдьыбыта. Ол туһунан ити номоххо киирбит Киэһэлэри тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, оччолорго Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлин Далее…