2 года назад 448
Талаан норуокка баар
Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр С.А. Зверев-Кыыл Уола суруйан хаалларбыт «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотун туруоран, Олоҥхо декадатын түмүктүүр дьоро киэһэҕэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр көрдөрдө.
Бу туһунан Хатастан НАТАЛЬЯ РУФОВА суруйан ыыппытын ааҕыҥ.
Кичэйэн-хаачайан тураммыт
Кэҥэтэн-уһатан иһиэҕиҥ.
Алампа.
Суруйуубун саха норуотун култууратын нэһилиэстибэтэ үйэтитиллэригэр, үүнэригэр-сайдарыгар сылайары билбэккэ сыралаһан үлэлээбит уонна үлэлиир СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Лариса Константиновна Андреева “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинин салайааччытын санаатыттан саҕалыыбын: «Олоҥхоҕо биһиги омукпут култуурунай кода – саха омук киһи буолар килбиэнэ, өлбөт-сүппэт силиһэ, тускулаах туруга кистэнэн сылдьар диэн бигэ итэҕэллээхпин.”
Бу этиигэ сөпсөһөн туран эттэххэ, хойукку оҕолорбут хоһуйар аналлаах хоһоон хонуутугар хоһууннук сылдьалларын, кэлэр кэнчээрилэрбит кэпсээн эйгэтин киэргэтэллэрин, кэнэҕэски сиэннэрбит сэһэн-сэппэн оҥостон, ситиммитин салгыылларын туһугар олоҥхоҕо суруллубут тылбыт бараммат барҕа баайа олук буолара олохпут кыларыйан турар кырдьыга буоллаҕа.
2009 сыл сэтинньи 25 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үтүө сонун тилийэ сүүрбүтэ. Ол сир үрдүнэн киэҥник биллэр ЮНЕСКО, биһиги олоҥхобутун киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин үйэттэн үйэҕэ бэриллэр күндү баайа диэн билинэн, аан дойду шедеврдэрин ахсааныгар киллэрбитин туһунан этэ.
Саха санаалаахха, төрөөбүт төрүт тылыгар уһуйуллааччыга ити күн, этэргэ дылы, куруутун сибэтиэй курдук сырдык, сылаас сыдьаайдаах күндү күн буолуоҕа.
Бу күҥҥэ аналлаах араас таһымнаах, араас хайысхалаах үлэ өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыгарсылын ахсын тигинэччи ыытыллар. Олоҥхо күнүгэр ананан, туһаайыллан, төгүрүк сылы быһа айар-тутар эйгэлээхтэр аартыктара аһыллар. Быйыл да оннук буолла.
Олоҥхо күнүгэр анаммыт тэрээһиннэри түмүктүүр, бастыҥнары бэлиэтиир, уһулуччулары улуутутар, уруйдуур, туһааннаахтары туйгун оҥорор өрөгөй тэрээһинэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолан ааста. Наҕараадалааһын, бэлиэтээһин кэннэ, бу киэҥ уораҕай үрдүк сыанатыгар Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр улуу киһибит С.А. Зверев – Кыыл Уола суруйан хаалларбыт «Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн» олоҥхотунан көрдөрдө.
–Бу иннигэр айымньы Хатастааҕы “Тускул” КК сүрэхтэммитэ, “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр кылгатыллыбыт барыйаанынан көрдөрүллүбүтэ. Онно бастаан дьиэбитигэр истиэнэбит да көмөлөһөн, Арчы дьиэтигэр алгыһынан далаһаланан тахсыбыт буоллахпытына, бу сыанаҕа сүүһүнэн киһилээх састаабынан аан маҥнайгы тахсыы буолан, долгуйууну ааһан, куттал санаа да курдук баара, – диэн санаатын үллэстэр Хатастааҕы норуодунай тыйаатыр өрөсүссүөрэ Семенова Евдокия Ефимовна.
Эппиэтинэстээх тэрээһиҥҥэ тиксии кырдьыга да оннук буоллаҕа – бииринэн чиэс-бочуот, бииринэн кытаанах ирдэбил.
-Хата, биһиги дьолбутугар бу хорсун хардыыга барарбытыгар өйүүр-өйдүүр дьонноох буоламмыт, кэлиибит-барыыбыт тиэхиньикэтин Дьокуускай куораттааҕы култуура управлениета (сал. И.П. Ли), Олоҥхо тыйаатыра (дир. М.В. Турантаева М.В.), Дьокуускай куораттааҕы норуот айымньытын киинэ (сал. П.П. Пестряков) хааччыйдылар. Куораттааҕы тэрилтэлэри кытта үлэлэһии спонсор көмөтө суох буолбат. Дьэ, манна куруутун эрэнэ саныыр, сырдык-ыраас санаалаах, мэлдьи алтыһар сатабыллаах салайааччыларбыт П.С. Ефремов (“«Туймаада» агрохолдин” АУО), А.С. Пинигин («Прогресс» ХЭТ) көмөлөрө тирэх буолла, — диэн сэһэргээтэ «Тускул» КК салайааччыта Валентин Азотович Чепалов.
Инньэ гынан саҥа сыанаҕа тахсыы, киэҥин-дуолун уйунуу, саҥаны-иҥэнии иһиллэрдии саҥарыы, хамсаныыны-имсэниини учуоттааһын, киириини-тахсыыны сааһылааһын этэҥҥэ ааста. Испэктээк кэннэ эҕэрдэ, махтал тыллары кытта, сонно тутан туран, итиилии-буһуулуу санаа атастаһыыта буолбутуттан кэпсээн ааһар буоллахха маннык.
Мария Васильевна Турантаева, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ:
— Балаҕан ыйыгар маҥнайгы көрсүһүүттэн саҕалаан, норуот матырыйаалынайа суох барҕа баайын норуот туруоруо диэн ис сүрэхпититтэн кыһаллыбыппыт. Олоҥхо – норуот баайа, иитиллэр эйгэтэ, баҕа санаатын этинэр айымньыта. Хатастар түмсүүлээхтэрин, дьиҥ сахалыы тыыннаахтарын көрдөрдүлэр. Өрөсүссүөр үлэтэ сүрдээх үчүгэй таба тайаныылардаах, ураты көрүүлэрдээх. Барыта биир тыынынан ааста. Аны да бииргэ үлэлэһэр, айар-тутар кэмнэрбит кэлэллэригэр эрэлбит улахан. Хас биирдии оруолу толорооччу кыһаллан-мүһэллэн, өйгө-санааҕа хаалардыы оонньообута харахха быраҕыллар, ол испэктээги бүтүннүү тутан туран ылынарга биир бүтүн хартыына буолан, олоҥхону биир тыынынан көрдүбүт. Чахчыта да, талаан-дьоҕур норуокка баарын чаҕылхай туоһута диэн сыаналаатыбыт. Ойуун уобараһа олус бэркэ арылынна. Бу эйгэни этигэр-хааныгар иҥэриммит, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит тыын баар. Бухатыыр ата испэктээк биир саамай өрөгөй түгэнэ – анал үөрэхтээх, идэлээх, үҥкүүнү идэ, үлэ оҥостубут дьонтон атына суох таһымнаах уобараһы арыйда, оруолун ис тутулун сыанаҕа баарын тухары тутта. Абааһылартан саамай уодьуганнаахтара, куһаҕаны күөттээччилэрэ көрдөххө, күлүгүттэн да куттаныах курдук эрээри, этэр тылын курдук үстүүрүкэ төбөлөөх эриэн үөнчэй Муус Субуйдаан буолан таҕыста. Бу оруол табыллыбыттарыттан биир чаҕылхайдара. Испэктээк биир саамайтан саамайа, чулууттан чулуута – тыыннаах доҕуһуол. Тыыннаах дорҕоон, тыл-өс, тыас-уус – манна сытар олоҥхо биир уратыта, улуута. Муусукааннарга Балдорж баарын көрөн үөрэ-махтана санаатыбыт. «Дорҕоон суола» испэктээк хардыытын-хаамыытын, үтүөнү-мөкүнү ылыныыга сирдьит, көмө буолан көрөөччү кэрэхсэбилин ылыан ылла.
Төгүл Сергеевич Зверев, Кыыл Уолун төрөппүт уола:
-Аҕам суруйан хаалларбыт айымньыта 65 сыл буолан баран киин куорат биир саамай улахан сыанатыгар норуот күүһүнэн хомуллан тахсыбытыттан аймах-билэ дьонум, олоҥхону сэргиир дьон аатыттан дириҥ махталбын, убаастабылбын тиэрдэбин. Урут Ньурба холкуоһунай тыйаатырыгар аҕам бухатыыр оруолун толоруохтаах эбит да, ол испэктээк турбатах. Онтон ол кэнниттэн 1957 с. сунтаардар маҥнайгытын туруорбуттара. Бу айымньы сахалыы тыыннаах, сахаларын тута сылдьар хатастар болҕомтолоругар киирбититтэн үөрэбин эрэ буоллаҕа. Кистээбэккэ эттэххэ, бастаан соһуйа истибитим… Оттон бу бүгүн олох тутан олорон көрөн-истэн баран, кыах, таһым баар диэн үөрэ көрдүм. Өрөсүссүөргэ махталым муҥура суох. Хатастарга уруй-айхал!
Роман Афанасьевич Габышев, Култуура колледжын уһуйааччыта:
– Бэрт баҕайы олоҥхону көрдүбүт. Уһун сыралаах үлэҕит түмүктэммитинэн эҕэрдэ! Анал үөрэхтээх кэлэктииптэн уратыта суох үрдүк таһымнаах үлэ.
Дьэ, онон бу тыйаатыр, олоҥхо эйгэтигэр ааттаах-суоллаах, үтүөкэн дьоммут санааларын истэн, сүргэ көтөҕүллэн, салгыы айар – тутар аартык саҥаттан саҥа аартыктарын арыйан, үүнэр-сайдар суолу тутуһарга санаа киирдэ. Аны мантан салгыы оруоллары оонньообут, испэктээги доҕуһуоллаабыт норуодунай тыйаатыр артыыстарыттан, «Дорҕоон суола» бөлөх муусукааннарыттан ыйыталастым, кэпсэттим.
Вера Никитична Старкова, «Олоҥхо олохпут ситимэ» бырагыраама ааптара, Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» уһуйаан исписэлииһэ, Хатас норуодунай тыйаатырын сүүрбэччэ сыл салайбыта:
– Быйылгы Олоҥхо декадата сүрдээх тэрээһиннээхтик, киэҥ далааһыннаахтык ааста. Урукку сыллартан уратыта, кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу декада тыл бэлиитикэтигэр бэлиэ тэрээһини (саха тылын учууталларын II сийиэһин) кытта сэргэстэһиннэрэ баран, төрөөбүт төрүт тылы үөрэтиигэ, үйэтитиигэ, баһылааһыҥҥа улахан болҕомто уурулларын туһугар туһуламмыт үлэ-хамнас торума оҥоһулунна. Онно, биллэн туран, олоҥхо суолтата улахан. Биһиги, хатастар, бу сийиэскэ оскуола, дьыссаат көрдөрөрдөөх, кэпсиирдээх буолан, көхтөөхтүк кытынныбыт, киэҥ эйгэҕэ таҕыстыбыт. Онтон олох чопчу олоҥхо хайысхатыгар Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаана Дьокуускай куорат туонатыгар баар сахалыы тыыннаах уһуйааннар ортолоругар “Олоҥхо түһүлгэтэ” диэн күрэх ыыттыбыт. Күрэх олоҥхоҕо анаммыт үгүс-элбэх тэрээһиннэртэн, күрэхтэртэн уратыта – оҕолору кытта хайаан да иитээччилэр бииргэ кытыылара буолар. Бу ураты ирдэбил тус сыалын ситистэ диэн сыаналаатыбыт. Ол курдук, маннык бииргэ үлэлээһин тылга-өскө, таба саҥарыыга, уобараһы толору биэриигэ, сыанаҕа толлубакка тахсыыга, бэйэҕэ эрэли таһынан атыттарга эрэллээх буолууга, оҕолор иитээччилэригэр сыһыаннарыгар үтүө түмүктэри аҕалбыта мөккүөрү үөскэппэт. Иитээччилэр олоҥхону үөрэтиигэ музыкальнай салайааччыны, эбии үөрэхтээһин уһуйааччытын (педагог) кытта олох ыкса ылсан, эппиэтинэһи сүгэн, бэйэлэригэр саҥа эйгэни, сонун көрүүнү ылыннылар, тус бэйэлэрин холобурдарынан оҕолорун кытта тэҥҥэ тургутууну аастылар.
Аны “Кулун кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхо-испэктээк туһунан ырытар-кэпсиир буоллахха, уһуна сылларга барбыт үлэ чыпчаала буолан, хайдах эрэ, долгуйа күүтүүлээх этэ. Анал бырайыак чэрчитинэн буолан, үп-харчы өттүнэн ботуччу соҕус көмөлөөх буолан, итиэннэ ол харчыны олох сөпкө туһанан, оҥорооччулар, тигээччилэр өйөөн, ким удамыр сыанаҕа, ким олох спонсорскай көмө чэрчитинэн көмөлөһөн, тыйаатырга турбут хайа да айымньытааҕар элбэх көстүүм тигилиннэ, атрибут оҥоһулунна, декорация ыйанна, уурулунна. Оҥорор-тутар киһиэхэ бу үөһэ этиллибит көстүү улахан көмөлөөх. Тус бэйэм олоҥхо туһугар диэн үлэлээн-хамсаан кэлбит буоламмын, астына-дуоһуйа кытынным. Этэргэ дылы тирэ тэбинэн туран үлэлээтим. Евдокия үлэлиир хамаандатын кытта бу олох улахан тэрээһини кыайа тутан оҥордо. Инньэ гынан, күн бүгүн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо (эдэрдиин-эмэнниин) олоҥхо туонатыгар баарбыт, бу сибээс оскуола саастаах оҕоҕо ситимэ быста-быста салҕанар курдук. Онон үлэ бу түһүмэҕэр сыаллаах-соруктаах хамсаныылар саҥа саҕалааһыннар, сонун көрүүлэр наадалар диэн санаалаахпын.
Саргылана Васильевна Григорьева, Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта, Хатас норуодунай тыйаатырын артыыската:
– Олоҥхоҕо, сахалыы тылга-өскө, өйгө-санааҕа, сахалыы норуот ырыатыгар-тойугар кыра эрдэхпиттэн уһуйуллубут, дьиҥ чахчы үйэлэри туораабыт үтүө үгэстэри эппэр-хааммар иҥэриммит буоламмын, сахатын тутан олорор Хатас нэһилиэгэр олорорбун-үлэлиирбин астынабын. Онон бу эйгэни бэйэбэр арыйбыппын ааһан, кэлэр көлүөнэ ыччакка үөрэтэ, уһуйа сылдьарбын ытык иэспин толорор курдук ылынабын. Ыһыах курдук киэҥ киэли эйгэлээх улахан тэрээһиннэргэ сылдьа, тэрийсэ үөрүйэҕим биир санаалаахтарбын кытта айан-тутан, улуу айымньыны дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр испэктээк төрөөн тахсыытыгар сэмэй кылаатым баарыттан астыныы-дуоһуйуу долгунугар бигэнним. Олоҥхо диэн, мин санаабар, күүһү-уоҕу ылыныы, сомоҕолоһуу, түмсүү, санааны сааһыланыы, онон кини суолтата куруутун улахан, дьоһун. Бу далааһыннаах тэрээһиҥҥэ оруолларга ордук хото эдэр көлүөнэ баара, ама, кими үөрдүө суоҕай? Олоҥхобут инникитэ дьэҥкэ, чуолкай буоларын итэҕэтиэ суоҕай? Испэктээкпит түмүк хартыынатыгар киирэн туран, Хатас дьоно-сэргэтэ бары бииргэ турарбытыттан сахабынан киэн туттуу тыына, төрүт дьоммут тыл-өс күүһүн таба тайанан туһаныыларын салгына кэлбитэ. Мин санаабар, бараммат-хороммот барҕа баай-олоҥхо түгэҕэ көстүбэт, улаҕата биллибэт киэлитигэр, дьэ, дьиҥнээхтии чиҥник үктэнэн киирдибит. Онон үлэбит-хамнаспыт өрүкүйэ оргуйан, ыччат дьоммут санаа-оноо өттүнэн туруктаах, хамсаабат акылааттаах буолар киэҥ аартыктарын арыйар оҥкулларын булларарбыт өссө да иннибитигэр. Ити курдук испэктээк турда, саҥа аартык арылынна! Өссө биири бэлиэтээн, чорботон этиэхпин баҕарарым – Валентин Азотович Чепалов дириэктэрдээх үлэлиэн баҕалаах, үлэлиир кыахтаах “Тускул” КК кииннэнэн, олохтоох дьаһалта өйөөһүнүнэн, нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ бары бииргэлэһэрбитигэр култуура эйгэтэ аралдьытар эрэ буолбакка, иитэр-үөрэтэр, уһуйар хайысхатын өйдөөн-өйөөн тураммыт, Хатаспыт сайдар саҕахтара арылларыгар бу кэлэктиипкэ барҕа махтал. Бу кэскиллээх үлэҕэ кыттыгастаах буоларбытыттан бары да киэн туттабыт.
Артыыстары талыы, оруолга туруоруу олус уустук эрээри, умсугутуулаах үлэ. Бу боппуруоска өрөсүссүөр Евдокия Ефимовна, Мария Васильевна бэлиэтээн эппитин курдук, таба тайаныылардаах, ураты көрүүлэрдээх. Ол туһугар эмиэ туспа талаан. Өскөтүн сүрүн оруолларга анаабыт дьоно олох кыра эрдэхтэриттэн сыанаҕа сылдьа үөрүйэх, араас таһымнаах күрэхтэргэ күөн күрэстэргэ элбэхтэ кыттыбыт уонна ыһыах, олоҥхо мыыраайылаах Бүлүү бөлөх улуустарыгар – Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт-үөскээбит төрөөбүт төрүт тылбыт сүөгэйигэр-сүмэтигэр сөтүөлээбит Стас Федоров, Күөрэгэй, Саргылана Григорьева эбит буоллахтарына, Зоя Бережнева, Станислав Прокопьев куорат таһыгар Хатаска улаатаннар, төрүт түөлбэ тыллары саҥарыыга, ылыныыга кэккэ ыарахаттары көрсүбүттэр, ол гынан баран, баҕа санаа, эрэл-итэҕэл, этэргэ дылы, “дьыаланы оҥорбут”. Ол туһунан маннык сэһэргэһии буолла
Зоя Бережнева:
– Тыйаатырга баҕаран, астынан туран кэлбитим. Толорбут оруолларым олоҥхо эйгэтиттэн ыраахтар этэ буоллаҕа. Онон бу урут олох билбэтэх эйгэбэр киириибин миэхэ эрэнэн туран биэрбит өрөсүссүөрбэр махталым улахан. Ону арыйа сатаан, симикпин, килбикпин кыайа тутан, кыбыстар таһымы ааһан, бэйэбэр суох быһыыны-майгыны баар оҥорор күүһү-уоҕу биэрбит Евдокия Ефимовнам талаанын, дьоҕурун сөҕөбүн. Инники да өттүгэр бу курдук бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат оруоллар, уобарастар баар буолуохтара диэн эрэнэби н.
Станислав Прокопьев:
– Тыйаатырга сылдьыбытым, оонньообутум бэҕэһээ буолбатах эрээри, Евдокия Ефимовна көмөтүнэн кэлин кэккэ сылларга төрүт тыл умсугутулаах ааннарын арыйа сылдьабыт. “Куорат кыргыттарыгар” баар тиэкиспин үөрэтэрбэр көрсүбүт ыарахаттарым олоҥхо киэнигэр холоотоххо, олох атын эбит. Эмиэ да билэр курдукпун, барыта сахалыы курдук, эмиэ даҕаны ончу туттубатах тылларым буолан саҥарарбар, оонньуурбар (буолаары буолан хамсана-хамсана) кэккэ ыарахаттардаах этэ. Ол гынан баран, бэйэҕэ баар кистэлэҥ кыаҕы арыйан, саҥаны, сонуну билии наһаа умсугутуулаах, бэйэтигэр тардар күүстээх.
Хуухээ Балдорж, муусукаан, учуутал:
— Муусукаан, муусукаҕа уһуйааччы буоларым быһыытынан, саха култууратын, төрүт култууратын билэр, үөрэтэр ытык иэһим буоллаҕа. Элбэх араас таһымнаах тэрээһиннэргэ төрүт дорҕоон доҕуһуолугар оонньоон кэллим. Ол гынан баран, испэктээккэ оонньуур уратылаах, киһини умсугутар кэрэлээх, долгутар түгэннэрдээх. Испэктээккэ аан бастаан 2021 сыллаахха А.Е. Кулаковскай “Куорат кыргыттара” диэн айымньытыгар норуот үстүрүмүөннэрин ансаамбылын кытта доҕуһуоллаабыппыт. Онно артыыстар: “Тыыннаах дорҕоон баара биһиэхэ наһаа көмөлөһөр”, – диэн махтаммыттара аҕай. Онтон олоҥхо эйгэтигэр киириэм, олоҥхоҕо оонньуур дьону доҕуһуоллуом диэн санаабар да суоҕа. Ол эрээри эппиттэригэр долгуйа да, үөрэ да санаабытым. Тоҕо диэтэххэ, сайдыы-үүнүү, атыны саҥаны, урут билбэтэҕи билэн эбинэрбит олохпут хайа баҕарар кэмигэр олус наада. Үгэс курдук, хас да киһи маннык боппуруоһу биэрдэ: «Ити эн сахалыы билбэккин уонна наадалаах, тоҕоостоох түгэннэри хайдах өйдөөҥҥүн, итинник сытыырхатан, өрө көтүтэн эбэтэр налытан биэрэҕин?” — диэн. Артыыстар да, биһиги муусукааннар даҕаны репетицияттан репетиция аайы эбиллэн, өйдөһөн, доҕуһуолбутун сытыырхатар, өрө көтүтэр эбэтэр уоскутар-налытар түгэннэрбит хамсаныылардыын улам-улам сөп түбэсиһэн, испэктээк хардыытын, хаамыытын дириҥэтэн, суолтатын улаатыннаран биэрбитин бэлиэтии көрөн, көрөөччү ытыһын тыаһын бэлэхтиирэ, нууччалыы эттэххэ, “дорогого стоит”. Манна даҕатан эттэххэ, кэргэним Лариса Егоровна бу олоҥхоҕо анаан үҥкүү туруорсан, көннөрсөн, силигин ситэрсэн, эмиэ күн солото суох сырытта. Инньэ улуу айымньы долгунугар дьиэ кэргэнинэн киирдибит, улууттан, үйэлээхтэн үтүөнү, үрдүгү сомсон, улахан үлэҕэ кылааппыт баарыттан сэмэйдик үөрэбит.
Николай Андросов, муусукаан, ырыа айааччы, учуутал:
– 2022 сыл мин тус олохпор үгүс элбэх үтүө түгэннэри бэлэхтээтэ. Онтон биирдэстэрэ бу – олоҥхоҕо муусукаан, тыыннаах доҕуһуол быһыытынан кыттыым. Күһүн ырыа айааччы быһыытынан айар суолум 30 сылын бэлиэтээн ааспыт буоллахпына, олоҥхоҕо кыттыы миэхэ култуураҕа, муусукаҕа аан маҥнай кэлбит эйгэбэр төнүннэрдэ диэн санаалаахпын. Ити биирэ. Иккиһэ, манна кытары кырыымпа уйуһутар, дьүрүһүтэр, туойар, кылыһахтыыр эйгэтигэр киирдим. Кырыымпаҕа киириим үлэлиир оскуолам салайааччыта Слепцов Николай Владимирович көҕүлээһининэн, саҕалааһынынан былырыын буолбута. Оскуолаҕа анаан саха төрүт муусукатын үстүрүмүөннэрин оҥорторбута. Онно куонкуруска кыттыы курдук этэ. Онтукам билигин санаатахха, бу олоҥхо эйгэтигэр киириим аартыга эбит. Кырыымпа тыаһа киһини сүрдээҕин умсугутар, ымсыырдар, ыҥырар бэйэтэ олох туспа дириҥ философия курдук улаҕата көстүбэт байҕал. Инньэ гынан, билигин да үөрэнэрим, үөрэтэрим, ырытарым элбэх, аны оҕолору үөрэтэр санаалаахпын. Түгэнинэн туһанан, Хатаспыт тэрилтэлэрин салайааччыларыгар барыларыгар махталбытын тиэрдиэм этэ. Бу түбүктээх, сыралаах үлэни сыаналаан, көмө-тирэх буолан, үлэбит кыраапыгын туруорууга, солбукка көҥүл биэрэн, олоҥхоҕо бэлэмнэниигэ кэтэх санаата суох сылдьан, айар-тутар суол арыллыытыгар улаханнык көмөлөстүлэр – Николай Владимирович, Христина Николаевна, Галина Семеновна. Кэпсэтиим түмүгэр биир эйгэлээхтэрбэр, олоҥхоҕо үлэлээбит хамаандабар истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Сардаана Колосова, көстүмүөр:
— “Тускул” култуура киинигэр үлэлии киирбитим соһуччу, эмискэ буолбатах этэ. Кыра эрдэхпиттэн күн бүгүн элбэх оҕолоох ийэ буолан, оҕолорум улаатыахтарыгар да диэри ааспат-арахпат тапталым, умсугуйуум үҥкүү буолар. Онон култуура тэрилтэтин үлэтин быһа холуйан билэр курдук этим. «Курдук” диибин, тоҕо диэтэххэ, мин култуура үлэтин кэнсиэрдэр, куонкурустар өттүлэринэн ордук үчүгэйдик билэр эбиппин. Арай үлэлии киирбитим, ис-иһигэр араас элбэх хайысхалаах, киэҥ да киэҥ хабар эйгэлээх үлэлиир үлэһит кэлэктиипкэ кэлбит эбиппин. Онтон биир хайысхата тыйаатыр эбит. Тыйаатыр диэн олох туһунан дойду, дириҥ байҕал диэн санааҕа кэллим. Уһун сылларга үлэлээн-хамсаан, сайдан-үүнэн олоҥхоҕо кэлбиттэр. Киирээт да, тыйаатыры кытта “Куорат кыргыттара” испэктээккэ үлэлээбитим. Сүрдээх элбэх атрибуттаах этэ. Көстүүм үксэ артыыстар бэйэлэрин киэнэ этэ. Онтон олоҥхоҕо үп-харчы көрүллүбүт буолан, көстүүм бөҕөтө тигилиннэ, атрибут да аҕыйаҕа суох оҥоһулунна. Оруоллаах артыыс даҕаны ахсаан өттүнэн быдан элбэх буоллаҕа. Инньэ гынан, кэккэ уустук түгэннэр бааллара. Уопуттаах, элбэхтэ оонньообут артыыстар таҥастарын-саптарын, туттар тэриллэрин чөкө, бэйэлэригэр чугас, табыгастаах гына тутта сырыттылар. Онтон саҥа оонньооччулар долгуйан да буолуо, үөрүйэҕэ да суох буолан, ыксаллаах түгэннэргэ сүтэриилээх, булумахтаһыылаах да буолан ыллыбыт. Ол гынан баран, бары биир сыаллаах-соруктаах буоламмыт, эйэ дэмнээхтик үлэлээн, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, балаһыанньаттан тахсан, көрөөччүгэ тиэрдиигэ биир тыынынан таҕыстыбыт. Кэлэр өттүгэр көстүүмҥэ, атрибутикаҕа сыһыан үчүгэй өттүгэр лаппа уларыйарыгар ис сүрэхпиттэн эрэнэбин.
Николай Протасов:
-Испэктээк диэн өйдөбүл, хайысха Дьокуускайдааҕы култуура училищетыгар үөрэниэхпиттэн дириҥник киирбитэ. Онно үөрэнэрим тухары Афанасий Семенович Федоров салалтатынан саха норуотун фольклорун ис иһигэр олох дириҥник киирбиппит. Бу сылларга хас да испэктээккэ ойуун уобараһын арыйарбар сүрдээх элбэх сүбэни, ыйыыны-кэрдиини ылан, сатабыл кэрдиис-кэрдиис таһымнарын иҥэриммитим. Онтон үөрэнэн бүтэн, үлэ-хамнас булунуутугар, бэйэни көрдөнүүгэ ордук миэнэ дуу диэн, дэгэрэҥ ырыанан дьарыктаммытым, дьарыктаабытым, ити хайысхаҕа күүскэ үлэлээбитим. Билигин Хатаска оскуолаҕа үлэлиибин. Үөрэммит идэм да быһыытынан, сүрэҕим, дууһам да этиитинэн, ханна тиийдим да, култуура дьиэтин үлэтин куруутун сэргиибин. Оруол биэрбиттэригэр сөбүлэнэн баран, үөрэммит сылларбар ылбыт билиибин-көрүүбүн өйдөөн-санаан туран, олоххо ылбыт уопуппун холбоон туран, кыһаллан-мүһэллэн оонньоотум. Ону көрөөччү бэлиэтии көрөн сэргээбит буоллаҕына, ол махтал учууталым Афанасий Семенович Федоровка ананар.
Дьэ, ити курдук бу улахан үлэ түмүгүн элбэх киһи санаатынан түмүктээн эттэххэ, олоҥхо ыраастыыр, сааһылыыр, түмэр, сомоҕолуур, умсугутар күүһүн эппитигэр-хааммытыгар иҥэриннибит уонна ону дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэргэ кыһалынныбыт. Норуот тылынан баайа-дуола норуот дьонунан (Хатастааҕы норуодунай тыйаатырынан) норуот дьонугар (көрөөччүгэ) киэн туттууну, эккэ-хааҥҥа иҥэриниини, өйгө-санааҕа хатааһыны, түмсүүнү биэрдэ диэн бигэ эрэллээхпит.
Наталья Руфова. Хатас.2022.