2 года назад 312
Дьохсоҕоттор дьоро киэһэлэрэ
Биһиги мындыр омукпут. Дойдуга дьалхааннаах кэмнэр тирээтэхтэринэ, былааһы үөҕэ-этэ дуу, аахса-атааннаһа дуу сылдьыбакка, духуобунас өттүн өрө тутар үгэстээхпит.
Аҕа дойду сэриитин да сылларыгар ырыа-тойук тохтооботоҕо. 1943 с. “Ньургун Боотур” музыкальнай драманы толору саалаҕа сүүс төгүл көрдөрөннөр, онтон киирбит үбү тааҥка оҥоруутугар ыыппыттара.
Оттон 90-с сыллар урусхалын, ыһыллыытын-тоҕуллуутун сахалар улахан сүтүгэ, ыарыыта, охсуута суох судургутук аһарбыппыт. Ити төрүөтэ — национальнай өйбүт-санаабыт уһуктан, ол долгунугар уйдаран, оннооҕор харчы-хамнас хастыы эмэ ый кэлбэтин да харгыс оҥостубакка, төрүт дьарыкпытын сөргүтэн, ыал үксэ ынах-сүөһү ииттэн, оттоон-мастаан, соҕурууҥҥу дэриэбинэлэр курдук наһаа айгыраабакка, нэһилиэктэрбит этэҥҥэ эстибэккэ, чөл хаалбыттара.
Билиҥҥи быыһык кэмҥэ эмиэ төрүт култуурабытыгар тирэнэн, аһара аймаммакка, саргылаах сарсыҥҥыбытыгар эрэлбит улахан. Ону Олоҥхо дэкээдэтэ да туоһулаата: дьон-сэргэ тэрээһиннэргэ, быыстапкаларга, испэктээктэргэ олус көхтөөхтүк сырытта. Олоҥхоһуттары тутан олорон истиэхтэрин баҕаралларын биллэрэн, Яна Нюргусова (1-кы Хомустаах, Нам), Анастасия Алексеева (Олоҥхо тыйаатыра), Николай Григорьев (Чурапчы Чакыр), Наталья Эконова (Сунтаар), Раиса Жиркова (Уус Таатта) курдук биллэр олоҥхоһуттар, бу күннэргэ Туймаада туонатыгар тоҕуоруһан, сорох ыалга, сорох 8-тыы чаас олоҥхолоотулар.
Таатта Дьохсоҕонуттан быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын “Кылаан чыпчаал” аатын ылбыт муҥутуур кыайыылааҕа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Попов “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин көстүүнэй саалатыгар олоҥхолоото.
Кинини эҕэрдэлии, Тааттаттан кэлбит дэлэгээссийэ: улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Алена Гуляева, Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга Петр Захаров, кыраайы үөрэтээччи Галина Арылахова, хааһахтан хостоон эрэр курдук хомоҕойдук тыл эппиттэрин истэн баран, “Олоҥхо” ассоциация бэрэсидьиэнэ Феврония Шишигина бу курдук диэтэ:
–Сахатын умна быһыытыйбыт дьону Тааттаҕа ыытан, онно тиийэн, уолбат күөллээх ойбонтон уулуур курдук, саха өйүн-санаатын, тылын-өһүн, сиэрин-туомун, үгэһин уонна төрүт култууратын иҥэринэн, “мин сахабын ээ” диэн дорҕоонноохтук этэр буолан кэлиэхтээхтэр. Эһиги, таатталар, бу глобализация үйэтигэр, арҕаа култууралар сабардаан кэлэр кэмнэригэр сахалыы тыыны тарҕатар аналлааххыт, нууччалыы эттэххэ, миссиялааххыт. Маныаха оҕону кыра сааһыттан уһуйар оруннаах. Олоҥхоһуттарбытын оскуолаларга, оҕо уһуйааннарыгар элбэхтэ сырытыннарыахха. Дьыссааттар, үөрэх кыһалара, сайыны көрсө, ыһыах ыһаллара булгуччулаах дии саныыбын. Онно эрэ оҕолор, сахалыы таҥнан, оһуохайдаан, тойуктаан, чабырҕахтаан, саха буолалларын билэ, ылына, өйдүү улааталлар.
Олоҥхо киинин сэбиэдиссийэ Агафья Захарова таатталарга туһаайан, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо туһунан сонун иһитиннэриилэри оҥордо:
-2020 сыл атырдьах ыйын 13 күнүгэр Таатта олохтоохторо Ил Дархаҥҥа сурук киллэрбиттэр. Онно кинилэр эппиттэр эбит, Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” кинигэтин ахсаана олус аҕыйаҕын, тиийбэтин, онон Саха АССР 100 сылыгар хаттаан таһааралларын туруорсалларын туһунан.
Ити суругу Тас сибээс министиэристибэтигэр аадырыстаабыттарын, олор миэхэ тахсан, экспертнэй суругу суруйарбар көрдөспүттэрэ. Дьэ, онуоха мин Ойуунускай тахсыбыт кинигэлэрин испииһэктээтим. Бэйэтэ тыыннааҕар 4 томнаах кинигэтин бэлэмнээн, бэчээккэ биэрбитин кэннэ, хаайыллан хаалар. Ол кинигэ рукопиһын, хата, типографияны дьэҥдьийэ кэлэ иликтэринэ Федор Ефремов диэн корректор, түүннэри даачатыгар илдьэн, боппуолдьаҕа кистиир. Кэлин ону тиксэрэн, 1959 сыллаахха айымньыларын 7 томнаах хомуурунньуга тахсыбытын билэҕит. Маныаха Федор көһөрүгэр сорох кумааҕыларын ханна эрэ түһэрэн кэбиспит этэ. Онтуката оруобуна “Ньургун Боотур” ырыатын сорох чааһа эбит. Ол иһин суруйааччылар мунньахтаан баран, ону Күннүк Уурастыырап ситэрэн биэрэригэр сорудахтыыллар. Онтон олох кэнники фольклорист Петр Дмитриев-Туутук, ол сүппүт ырыаны национальнай архыыптан булан ылан, 2003 с. Ойуунускай кыыһа Сардаана Платоновналыын “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону дьиҥнээх толору тиэкиһинэн таһаараллар.
Бу “Ньургун Боотур” олоҥхотун Ойуунускай, улахан үлэттэн туоратыллан, тулаайахсыйан сылдьар кэмигэр суруйан саҕалаабыт эбит. Икки сыл курдук үлэлээбит. Бүтэрэн баран, уруккуттан билэр Поляков диэн тылбаасчытыгар биэрбит. Бу киһи Ленинградка олорор эбит. Хас да тылы билэр полиглот үһү. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” бастакы ырыатын тылбаастаабытын Ойуунускай наһаа сөбүлээн, резолюция оҥорон, илии баттаан, Ленинградка бэчээттэтээри бэлэмнээбит. Ол рукопиһын билиҥҥэ диэри булбакка сылдьаллар. Таатта дьоно ону көрдөөҥ. Подстрочнигын Ойуунускай бэйэтэ оҥорбут, онон үчүгэй тылбаас буолуохтаах.
Аны туран, Гражданскай кодекс 1281-с нүөмэрдээх ыстатыйатыгар сурулларынан, репрессияламмыт суруйааччы ааптарыскай быраабын болдьоҕо уһаан биэрэр эбит. Оччотугар Ойуунускай 1955 сыл ахсынньы 15 күнүгэр реабилитацияламмыт буоллаҕына, 70 сылы аахтахха, 2026 сыл ахсынньы 15 күнүгэр кини ааптарыскай быраабын болдьоҕо бүтэр. Ол кэнниттэн нэһилиэстибэтэ барыта өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр бэриллэр. Дьэ, оччоҕо улуу киһибит айымньытын туох да харгыһа суох таһаарар буолабыт.
Сахалар биһиги олоҥхоҕо олоҕурбут улахан итэҕэллээхпит. Ойуунускай этэн турар: “Саха инникитин олоҥхоҕо суруллубутун курдук олордоҕуна, уһун тыыннаах буолуоҕа”, — диэн. Итини мин норуотугар кэриэс тылын курдук ылынабын.
Олоҥхо тугунан түмүктэнэр? Бухатыырбыт биис ууһун баһылыга буолар. Ол аата кини саханы тэнитиэхтээх. Оччотугар биһиги сүрүн миссиябыт – ахсааммытын элбэтиэхтээхпит, омук быһыытынан барҕарыахтаах эбиппит.
Олоҥхо 10 сылын тэрийэр национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков аатыттан Валентина Бочонина эҕэрдэлээтэ уонна олоҥхоҕо ыытыллар үлэни кылгастык сырдатта:
– 2005 сыллаахха, ЮНЕСКО быһаарыытынан, олоҥхобут киһи аймах чулуу айымньытынан ааттаныаҕыттан ыла, Олоҥхо бастакы 10 сыла ситиһиилээхтик, онтон бу иккис 10 сыла өссө көдьүүстээхтик ыытылла турар. Олоҥхо ыһыахтара ыһыллаллар, ассоциация үлэлиир, о.д.а. Аны, Олоҥхо дьиэлэрин тиһигэ олохтонно. 2027 сылга диэри бу тиһик чопчу сааһыланыа. Ил Дархан сүбэһитэ Андрей Борисов бэйэтинэн иилээн-саҕалаан үлэлэтиэ. Билигин матырыйаалынай хааччыллыы боппуруоһа быһаарыллар.
Бу сайын Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр эпическэй нэһилиэстибэ норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтэ ыччакка тэриллибитэ. Манна Азербайджан, Киргизия, Армения, Монголия, Турция, Калмыкия, Тыва, Башкирия, Алтаай, Бурятия дойдулара киирбиттэрэ. Саха кыыһа Зоя Стрекаловская салайар. Кини Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы институтун фольклорга салаатын сэбиэдиссэйэ. Бу күннэргэ Киргизияҕа манаасчыттар сийиэстэригэр бастакы хардыыларын оҥоро барбыта.
Аны туран, Ил Дархаммыт төрүт дьарыкпытын илдьэ сылдьар 7 олоҥхоһукка, 7 ууска уонна 7 оһуокайдьыкка истипиэндьийэ анаата. Бу бириэмийэни эмиэ Александр Николаевич салайыытынан кэмитиэт көҕүлээбитэ. Кини бэйэтэ “Аан дойду норуоттарын эпостара” норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциация вице-бэрэсидьиэнэ буолар. “Аан дойду эпическэй пааматынньыктара” диэн бырайыагы сүрүннүүр. Араас омуктар эпостарын хардарыта тылбаастыыр үлэни ыытар. Холобура, бу “Дьулуруйар Ньургун Боотур” алтаайдыы, кыргыыстыы саҥарбыта. Билигин башкирдыы уонна тыбаалыы тылбаастанан тахсарын күүтэбит. Киргиистэр “Манаас” (2014), алтаайдар “Маадай Хара” (2017), башкирдар “Ураал Баатыр”, тыбаалар “Кунан Хара” (2022) эпостара сахалыы тылбаастанан бэчээттэннилэр.
Ити курдук, олоҥхо эйгэтигэр киллэрэр этиилэр кэннилэриттэн Афанасий Николаевич “дьулусханнаах дьолуо маҥан халлаан дьураатыгар тура төрүөбүт, дьулусхан субуйа сүүрүк дьураа хара аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотур” туһунан олоҥхону толорорун бары иһийэн, иһигэр киирэн олорон иһиттибит.
Түмүктэммитин кэннэ, биллэр олоҥхоһут Валентин Исаков бу курдук бэртээхэй сыанабылы биэрдэ:
-Билэргит курдук, “Ньургун Боотур” олоҥхо 36 тыһыынча устуруокалаах улахан айымньы буолар. Персонажтарын ырыалара да уһуннар. Ону Афанасий Попов сатабыллаахтык кылгатан, сюжетнай өттүн бэртээхэйдик таҥан, киһи кэпсээн курдук истэ олорорун гына сааһылаан, оруобуна биир чаас толоруллар гына оҥорбут. Сорох сиринэн бэйэтин тылынан эбэн этэрэ кэрэхсэбиллээх. Олоҥхо дьоруойдарын ырыалара-тойуктара бары хатыламмат уратылар. Онон улуу олоҥхоһуттар дойдулара – Тааттаҕа – үтүө олоҥхоһут баар буолбутунан эҕэрдэлиэххэйиҥ!
Афанасий Николаевич нэһилиэгин дьонун олоҥхоҕо эмиэ уһуйар. Дьохсоҕоттор бөлөҕүнэн куолаан толорууга ситиһии бөҕөлөөхтөр.
Манна даҕатан эттэххэ, Поповтар дьиэ кэргэн оҕолоро бары чаҕылхай талааннаахтар. Улахан уоллара, норуодунай артыыс Николай Попов бу күннэргэ Москуба Большой уонна Санкт-Петербург Мариинскай тыйаатырдарыгар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” операҕа Үрүҥ Уолан оруолун толоро сылдьар.
Бу дьоро киэһэ оруобуна Хомус күнүгэр буолбута. Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыгы Петр Захаров: “Олоҥхобут күннээх, хомуспут күннээх, аны оһуохайбыт күнэ баар буоларын ситиһиэххэйиҥ”, — диэтэ.
Чахчы да, оһуохайбытын Арассыыйа култуурунай нэһилиэстибэтин матырыйаалынайа суох эбийиэгин быһыытынан билинэр сэртипикээти өрөспүүбүлүкэбитигэр туттардылар. Онон Оһуохай күнэ да олохтонуо диэн эрэнэбит…
Сырдатта Анисия Иевлева