Чэй эрэ, олоҥхолуох! - Блоги Якутии

2 года назад 307

Чэй эрэ, олоҥхолуох!

Кэбээйигэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, энтузиаст фольклорист Савелий Николаевич Тимофеев-Ыллык «Чэй, эрэ!» диэн фольклорнай ансаамбылы тэрийэн үлэлэтэр.

Онно Кэбээйи оскуолатыни IV «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ  (сал. С.С. Кривошапкина)  маҥнайгы кылаастан  сылдьаллар.

Норуот ырыатын толороллор, былыргылыы чабырҕаҕы этэллэр, Ойуунускай, Алампа курдук классик суруйааччылар хоһооннорун үөрэтэн, өйтөн ааҕаллар, сахалыы үҥкүүлэри толороллор (уус-уран салайааччы В.Н. Лугинова)  уонна С.Н. Тимофеев-Ыллык «Эмньик Элэмэс аттаах Эр Бэрдэ Элик үтүөтэ Эрдьигэн Бэргэн» олоҥхотун куолаан толороллор.

Оҕолор бары хомустаахтар. Бу ытыс саҕа үстүрүмүөннэрин норуот маастара, Кэбээйи олохтооҕо А.А. Киренскэй оҥорон биэрбитэ.

Үөрэнээччилэр Попова Марина, Каратаева Алина, Лепчиков Евдор, Левин Максим, Афанасьева Сайаана, Левина Лилия, Полятинскай Артём, Аргунов Павел, Орлов Коля, Сыроватская Карина “Чэй, эрэ” ансаамбылга дьарыктаналларын олус сөбүлүүллэр. Кыраларыттан үөрүйэх буоланнар, уһун тиэкиһи нойосуус үөрэтэллэрин ыарырҕаппаттар.

Биллэн турар, элбэх оҕоҕо олоҥхолотор, тылларын чочуйар, ырыаларын-тойуктарын үөрэтэр, артыыстаан ааҕарга уһуйар сыралаах үлэ буоллаҕа эбээт. Маныаха эбии үөрэхтээһин педагогтара Софья Прокопьевна Слепцова уонна Зоя Владимировна Максимова күүс-көмө буолаллар.

Төрөппүттэр бука бары оҕолорун туһугар олус кыһамньылаахтар: барыларыгар хомус атыылаһан биэрэн, икки төгүл сахалыы сиэдэрэй таҥаһы тиктэрэн, тиэкистэрин үөрэтэргэ көмөлөһөн, араас куонкурустарга кыттылларын өйөөн.

“Чэй, эрэ!” ансаамбыл түөрт сыл устата ситиһиитэ элбэх. Төһө да хамсык турбутун иһин, олорон хаалбакка, араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ холонон көрдүлэр.

Кэбээйи бөһүөлэгэр  сахалыы эйгэни тэрийэр норуот маастара Елизавета Константиновна Софронеева балаҕаныгар ыытыллар бары тэрээһиннэргэ кытталлар. Бу соторутааҕыта балаҕаҥҥа Таатта олоҥхоһуттарын маастар-кылаастарыгар уһуйуллубуттара.

 Кыраайы үөрэтэр музей, «Сайдам» норуот айымньытын дьиэтэ, Г.Кобяков аатынан олохтоох библиотека, «Кустук» уһуйаан иитээччитэ Татьяна Давыдовна Максимова оҕолорбутун өрүү тэрээһиннэригэр ыҥыран  кытыннараллар.

Ырыаҕа “Кэрэ эйгэ” оскуолатын педагога Эверстова Анна Александровна уһуйар. Оҕолор «Утум» араас жанр куонкуруһугар Гран-при буолбуттара, бу соторутааҕыта олоҥхо хайысхатын тутуһан үлэлиир  Кэбээйи улууһун Мастаах орто оскуолата (ЮНЕСКО ассоциированнай  оскуолата) ыыппыт «Олоҥхоһут уол оҕо» диэн  регионнааҕы күрэххэ кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүттэрэ. “Бриллиантовые нотки” норуоттар икки ардыларынааҕы фестиваль-куонкуруска I степеннээх дипломант буоллулар.

Добавить комментарий