Архивы Олонхо - Блоги Якутии

8 месяцев назад

Олоҥхону чинчийэр оҕолор

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, Аммаҕа кулун тутар 21-22 күннэригэр «Ысыах олонхо в Амге: эпос, диалог поколений, взгляд в будущее» диэн научнай-методическай XIV кэмпириэнсийэ ыытыллар. Бу кэмпириэнсийэҕэ кыттыахтаах 17 оҕо, Амма улууһун Мээндиги, Бөтүҥ, Өнньүөс, Болугур, Эмис, Соморсун, Сулҕаччы, Абаҕа оскуолаларыттан түмүллэн, чинчийэр эспэдииссийэни тэринэн, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр үлэлээтилэр. -Аммалар “Айыы намыһын ырыаһыттар” диэн бырайыактаахпыт. Ол чэрчитинэн Далее…

11 месяцев назад

Олоҥхолоох ыччат – Олоҥхо ыһыахтаах Аммаҕа

“Олоҥхолоох айан” суола Тааттаттан Аммаҕа тыргыллан, ахсынньы 14 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин Айыы балаҕаныгар тиэртэ. Онно дэлэгээссийэни улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, Олоҥхо ассоциациятын Амматааҕы филиалын бэрэссэдээтэлэ Ньургуйаана Ивановна Илларионованы кытта култуура салалтата көрүстэ.          Үйэлээҕи үксэтэ, үтүөнү үөдүтэ сылдьар ырыаһыт ыллам ыччаты Айыы балаҕанын дириэктэрэ Василий Васильевич Кочаткин арчылаата, сырыылара сатанарыгар аман тылынан алҕаата. Ньургуйаана Далее…

11 месяцев назад

Ытык Таатта Ытык Күөлүгэр

Улуу олоҥхоһуттар уутуйан үөскээбит, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” айыллыбыт, уран тыл маастардара тахсыбыт ытык Таатта сиригэр “Олоҥхолоох айан: ноо!” ыччат десана сырыытын Ытык Күөлүнэн түмүктээтэ. Дэлэгээссийэни Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр көрүстүлэр, тыйаатыры көрдөрдүлэр. “Оҕобун маннык дьыссаакка үөрэ-көтө биэриэм этэ…” Оҕону олоҥхо педагогикатынан иитэр “Арылы Кустук” үөрэхтээһин уопсастыбаннай түмсүүтүн көрдөһүүтүнэн, “Олоҥхолоох айан: ноо!” десант кыттыылаахтара Ытык Күөлгэ Далее…

12 месяцев назад

Мэҥэ тойуктаах норуоттарга холобур буолабыт

Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сыл ыам ыйын 17 күнүнээҕи дьаһалыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ үбүлээһининэн, олоҥхо энциклопедията хомуллан-таҥыллан оҥоһуллуохтаах. Бу научнай үлэ 5 томнаах буолар: бастакыта – олоҥхоһуттарга, иккиһэ – олоҥхо сюжеттарыгар, үсүһэ – олоҥхо персонажтарыгар, төрдүһэ – олоҥхо уопсастыбаҕа суолтатыгар, бэсиһэ – олоҥхону билим таһымыгар үөрэтии түмүктэригэр ананыаҕа. Олоҥхоһуттар тустарынан бастакы том номнуо кэлэр 2024 Далее…

12 месяцев назад

Ил Дархан истипиэндьийэтин туоһу суругун туттулар

Олоҥхо күнүн көрсө, Ил Дархан Айсен Николаев олоҥхону толорооччуларга, оһуокай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар анал истипиэндьийэтин туттарда. Үгэс буолбут төрүт дьарыкпытын, култуурабытын илдьэ, сайыннара, тарҕата, уһуйа сылдьааччыларга Ил Дархан ис сүрэҕиттэн махтанна. Кини сайдыы балысханнык барар бу тэтимнээх кэмигэр, күннэтэ уларыйа турар аан дойдуга төрүт култуурабытыгар тирэниэхтээхпитин тоһоҕолоон эттэ. Ол иһин кэнники сылларга бу эйгэҕэ Далее…

1 год назад

Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата

Таатталар быйылгы иккис “Иис-Уус-Ас ФЕСТ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээллэрин улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаатылар. Онон тэрээһин сүрүн санаатынан, тутуһуллар тосхолунан, ситиһиллэр соругунан суруйааччы хоһоонун үйэлээх этиитэ бигэргэммит – “Мин туйгун норуотум – айар күүс кыһата”. Чахчыта да, икки күн устата талааннаахтар оҥоһуктарын быыстапкатын,  сатабылларын, дьоҕурдарын көрөн сөхтүбүт. Манна даҕатан эттэххэ, бу култуурунай-үөрэтэр форум иитинэн Далее…

1 год назад

XVI төгүлүн ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөн сиригэр.

Саха норуота былыр – былыргыттан үлэһит дьонун-сэргэтин ыһыах ыһан уруйдуур-айхаллыыр үгэстээх. Умнулла быһыытыйбыт олоҥхобутун чөлүгэр түһэрэргэ үгүс үлэ ыытыллар. Бу күннэргэ ыраах, таас хайалары уҥуордаан, Өймөкөөн улууһун Томторугар ХVI төгүлүн ыытыллыр Олоҥхо ыһыаҕа ыһылынна. И.С.Жараев аатынан СӨ норуоттарын Аудиовизуальнай нэһилиэстибэ национальнай киинин үлэһиттэрэ Семен Андреев уонна Марина Винокурова бу тэрээһиҥҥэ баран үлэлээн кэллилэр. Оператор Семен Далее…

16-республиканский-ысыах-Олонхо.

1 год назад

Өксөкүлээх туһаайбыт суолунан…

Өймөкөөннөр үс бастыҥ дьоннорун мэтириэттэригэр бастакы гильдиялаах меценат атыыһыт Ньукулай Кырбаһааҥкыны, суруйааччы Николай Заболоцкай-Чысхааны кытта айар тыл аҕатын Алексей Елисеевич Кулаковскайы киллэрэллэр эбит. Оттон билэрбит курдук, кини Таатта киһитэ эбээт, ол эрээри Өймөкөөҥҥө сэттэтэ кэлэ сылдьыбыт, фольклордарын чинчийбит, Үрэх Төрдө диэн сиргэ ыһыах ыспыт буолан,Өксөкүлээҕи улуустарын сураҕырдыбыт бэйэлэрин киһилэринэн ааттыыллар. Сөп ээ, Алексей Елисеевич Кулаковскай Далее…

1 год назад

“Ситим” ситимнээтэ

         С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра быйылгы сезонун аан дойдутааҕы премьеранан түмүктээтэ: “Ситим” диэн испэктээгинэн.          “Биһиги тыйаатырбыт саҥалыы сайдар суоллары тобулар. Репертуарбыт хатыламмат туруорууларынан кэҥииригэр, кэнсиэртиир бырагыраамабыт сонун үҥкүүлэринэн хаҥыырыгар дьулуһабыт” диэн суруйар “Ситим” испэктээк буклетын аан тылыгар Үҥкүү национальнай тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев.  “Ол туһуттан Арассыыйа аатырбыт театральнай диэйэтэллэрин кытта кыттыгас Далее…

2 года назад

Дьааҥы – олоҥхо түһэ

«Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан алгыһын ыл» диэн саха өһүн хоһооно этэринии, настаабынньык-фольклорист, олоҥхону чинчийээччи, бэрэпиэссэр, филологическай билим дуоктара Василий Васильевич Илларионов уонна Саха Сиригэр геокультурнай сайдыы институтун үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Сардана Семеновна Брызгалова, научнай-култуурунай экспедицияларын чэрчитинэн, муус устар 20 күнүгэр Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын ураһа саалатыгар Дьааҥы Ийэ олоҥхоһута Д.А. Томская-Чаайка төрөөбүтэ 110 сылыгар Далее…