“Дьулуруйар Ньургун Боотур” саҥардылынна, “Кунан Хара” сахалыы саҥарда - Блоги Якутии

2 года назад 374

“Дьулуруйар Ньургун Боотур” саҥардылынна, “Кунан Хара” сахалыы саҥарда

Олоҥхо декадатын биир сүрүн тэрээһининэн икки бэртээхэй кинигэни билиһиннэрии буолла: Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото сахалыы толору тиэкиһинэн иккистээн бэчээттэнэн тахсыбытын уонна тыбаа омук уус тыллааҕа Чанчы-Хоо Ооржак “Кунан Хара” эпоһын тылбааһын.

         2020 сыллаахха таатталар СӨ Бырабыыталыстыбатыгар туһаайан: “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо кинигэтэ наһаа аҕыйах, ол иһин Саха АССР 100 сылыгар эбии таһаараргыт буоллар”, – диэн туруорсубуттар.

         Ити кинилэр этиилэрин ылынан, өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүн былааныгар киллэрэн, 4 мөл. солк. суумалаах үп көрүллэн, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” 1500 эксэмпилээринэн күн сирин хаттаан көрдө. “2003 сыллаахха Ойуунускай төрөөбүтэ 110 сылынан тахсыбыт кинигэ уларытыллыбакка, соннук толору бэчээттэннэ. Этэргэ дылы, кумааҕыта саҥардылынна. Бибилэтиэкэлэргэ 500 кинигэни биэрдибит», – диэтэ  култуура миниистирэ Юрий Куприянов “Арассыыйа – мин устуоруйам” историческай пааркаҕа ыытыллыбыт презентацияҕа.

–1999 сыллаахха Бишкеккэ “Аан дойду эпостара” кэмпириэнсийэ буолбута. Онно биһиги олоҥхобут Гомер “Илиада”, киргиистэр “Манаас”, бүрээттэр “Гэсэр”,  нууччалар “Слово о полку Игореве”, ньиэмэстэр «Песнь о Нибелунгах» курдук сүдү эпическэй айымньыларын испииһэктэригэр киллэриллибитэ, — диэн кэпсиир Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бэрэсидьиэнэ Евгения Михайлова.– Ол сугулаан кэнниттэн А.Н. Жирков уонна В.В. Илларионов олоҥхону тылбаас нөҥүө аан дойду таһымыгар таһаарарга эппиттэрэ. Онон “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” ангылычаан тылыгар тылбаастаан, омук сирдэринэн тарҕаппыппыт. Онуоха Кембридж университетын бибилэтиэкэрэ “отзыв” суруйан ыыппыт этэ: “Хорсун хоодуоттар дьоруойдуу быһыыларын сэһэргиир түҥ былыргы айымньы диэн “Илиада” эрэ дии саныырым. Ону баара, оннооҕор өссө киэҥ уонна дириҥ ис хоһоонноох, куйаарынан эргийэр далааһыннаах олоҥхо диэн баар эбит” диэн. Билигин глобализация, цифровизация, урбанизация, о.д.а. курдук балысханнык барар бырассыастар кэмнэригэр биһиги өбүгэлэрбититтэн хаалбыт култуурунай нэһилиэстибэни симэлитиэ, сүтэриэ суохтаахпыт. Маныаха Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков олоҥхону тарҕатыыга, харыстааһыҥҥа, үйэтитиигэ уонна сайыннарыыга утумнаах үлэни ыытара кэрэхсэбиллээх.

Ол курдук, А.Н. Жирков “Аан дойду норуоттарын эпическэй пааматынньыктара” диэн сиэрийэни олохтоон, ол бырайыак чэрчитинэн “Кунан Хара” сахалыы тылбаастанан таҕыста.

-Бу 4-с кинигэ буолар. Ити иннинэ киргиистэр “Манаас” (2014), алтаайдар “Маадай Хара” (2017), башкирдар “Ураал Баатыр” эпостара бэчээттэнэн турар. Александр Николаевич тылбаас нөҥүө норуоттар култуураларын алтыһыннарар, доҕордоһуу далаһатын уурар үлэни сүрүннүүр, салайар-тэрийэр эрэ буолбатах, кини өссө тус бэйэтинэн хас биирдии тиэкиһи сыныйан көрөр-истэр, хонтуруоллуур. “Кунан Хара” – бу кини тылбааска бастакы холонуута буолбатах. Владимир Санги, Чингиз Айтматов айымньыларын тылбаастаан турар. Ону туспа кинигэ гынан таһаарыахпыт, — диэн кэпсээтэ “Айар” кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров.

“Кунан Хараны” Александр Жирков ийэ айымньыттан (М.Б. Кунгаа подстрочнигыттан), оттон Альбина Борисова А.А. Кудияров нууччалыы тылбааһыттан сахалыы саҥардыбыттар.

РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын култуураларын уонна тылларын институтун тылбааска кафедратын доцена Акулина Васильева “Кунан Хараны” ырыппытын дириэктэр Гаврил Торотоев иһитиннэрдэ:

         -Фольклору тылбаастыырга икки сүрүн хайысха баар: академическай (научнай) уонна уус-уран. Уус-уран эстетическэй дуоһуйууну биэрэр уонна ураты култуураны билиһиннэрэр аналлаах. Оттон академическай диэн фольклорга, этнографияҕа, историяҕа, тылга идэтийбит дьоҥҥо туһуланар толору тылбаас ааттанар. “Кунан Хара” уус-уран тылбааһын Альбина Борисова, оттон академическай тылбааһын Александр Жирков оҥордулар.

Александр Жирков тылбааһыгар сүрүннээн дорҕоонунан көһөрүү (транскрипция) туттуллубут – сахалыы саҥа Далай Байбыҥ, Сай Тойуҥ, Тимир Бөҕө уо.д.а. анал ааттарга иһиллэр. Оттон Альбина Борисова тылбааһа, нууччалыы тылбааска олоҕурбут буолан, транслитерация ньыматынан тылбаастаммыт: Далай-Байбын, Сай-Тоюн, Демир-Моге. Көрөргүт курдук, А.Борисова төрүт тиэкискэ баар анал ааттары хайдах баалларынан уларыппакка тиэрдибит буоллаҕына, А.Жирков тылбаастаныан сөптөөҕү барытын сахатыппыт: Узун-Назын дангына –Уһун Куо, Арзылан-Кара ат – Хахай Хара ат.

Маарыннатан тылбаас (А. Жирков “шыяан” диэн саҥа аллайыыны “дьээ-эрэ!”, А. Борисова “фрукта” диэни “отон”), саҥа тылы айан таһаарыы (таҥды чемижи – пища горы – хайа аһа (А.Ж), хайа үөрэ (А.Б), быһааран тылбаас (кинигэ кэннигэр “Бэлиэтээһиннэргэ” суруллубуттар), сүһэн ылыы, о.д.а. ньымалары туттубуттар.

Александр Жирков тылбааһа чочуллубут дорҕоон дьүөрэһиилээх 7-8 сүһүөхтээх устуруокалартан турар, онон  ат сүүрэн иһэрин курдук тэтимнээх. А. Борисова тылбааһа нууччалыы тиэкиһи батыһар диибит эрээри, кини саха төрүт ырыата-хоһооно хайдах үөскүүрүн билэр буолан, тылбааһа кэккэлэтэн этиилэргэ олоҕурар.

Үчүгэйэ диэн, бу кинигэҕэ тиэкис устуруокаларын ахсын нүөмэрдээх. Онон ханнык этии хайдах тылбаастаммытын тута булан ылаҕын. Бу чинчийэргэ, ырытарга улахан көмөлөөх.

–Александр Николаевич  атын омук ийэ тылыттан тылбааһы кыайа-хото туппутун сөхтүм, — диир Олоҥхо киинин сэбиэдиссэйэ Агафья Захарова. – “Кунан Хара” 5440 устуруокалаах кылгас эпос эрээри, сюжета бэрт интэриэһинэй. Тыбаалар диэн олус символическай өйдөөх-санаалаах омуктар эбит. Туох баар эпизодтара  барыта таайтарыылаах. Александр Николаевич  “Кунан Хараны” уу сахалыы саҥардыбыта кэрэхсэбиллээх. Холобура, сэргиир тылларын “дьээ” диэбитэ, хас саҥаларын “маннык эппитэ”, “итинник диэбит”, “эбит” диэн тылларынан түмүктүүрэ — сахалыы истиҥник иһиллэр. Олох биир тыынынан ааҕыллар олоҥхо буолбут.

“Дьулуруйар Ньургун Боотур” бу иккистээн тахсыытыгар кыттыгастаах курдук сананабын. Ол курдук, экспертнэй суругун суруйбутум. Онтон икки түгэни сырдатыам. Бастатан туран, Ойуунускай тыыннааҕар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” бастакы ырыатын Поляков диэн Ленинград киһитэ тылбаастаабыт. Ону Ойуунускай бэйэтэ сөбүлээн, илии баттаан, 4 томунан бэчээттэтээри бэлэмнээн баран, хаайыллан хаалан, ол кыайан тахсыбатах. Архыыптан ону булбут киһи диэн учуонайдарга этэбин. Аны туран, Гражданскай кодекс 1281-с нүөмэрдээх ыстатыйатыгар сурулларынан, репрессияламмыт суруйааччы ааптарыскай быраабын болдьоҕо уһаан биэрэр эбит. Оччотугар Ойуунускай 1955 сыл ахсынньы 15 күнүгэр реабилитацияламмыт буоллаҕына, 70 сылы аахтахха, 2026 сыл ахсынньы 15 күнүгэр кини ааптарыскай быраабын болдьоҕо бүтэр. Ол кэнниттэн нэһилиэстибэтэ барыта өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр бэриллэр. Дьэ, оччоҕо улуу киһибит айымньытын туох да харгыһа суох таһаарар буолабыт.

–Билэргит курдук, Саха АССР 100 сылынан “Ньургун Боотур” олоҥхону саҥалыы тыыннаан туруордубут. Бу сотору Санкт-Петербург Мариинскай, Москуба куорат Большой тыйаатырдарыгар көрдөрө бараары сылдьабыт. Ойуунускай “Ньургун Боотуру” отут суол араас олоҥхоттон таҥан суруйбут буолан, хас аахтаҕын ахсын саҥаттан саҥаны арыйан иһэҕин. Ол курдук, кини библияны дьэбириэйдэр олоҥхолоро диэн ааттыыр. Оттон биһиги олоҥхобутугар аан дойду омуктарын олоҥхото барыта түмүллэн сылдьар. Ол иһин бу испэктээкпитигэр скифтэр, хуннар, шумердар, түүрдэр көстөн ааһалларын бэркиһээмэриҥ, — диэн сэһэргээтэ Духуобунас академиятын бэрэсидьиэнэ Андрей Борисов.

— Ойуунускай Тыл уонна култуура институтун иһинэн фольклор салаатын аһан, олоҥхо архыыба тэриллибитэ. Онно саха фольклористара, гражданскай эбээһинэстэрин курдук ылынан, 130-ча олоҥхону хомуйан хаалларбыттар. Ити базаттан ылан, 21 томнаах “Саха боотурдара” диэн сиэрийэни таһаардыбыт. Олоҥхо ыһыаҕын ахсын кинигэ бэлэмнээн, норуоппутугар бэлэх уунабыт. Онуоха А.Н. Жирков тирэх, сүбэ-ама, өйөбүл буолар. Биһиги дьоллоох омукпут, судаарыстыба таһымыгар үлэлиир дьоммут олоҥхону өйдүүр уонна өйүүр буолан, үлэ күүскэ ыытыллар. Александр Жирков тылбаастабыт “Кунан Харата” Сайаан-Алтаай түүрдэрин эпоһа буолар. Сайаан-Алтаай эпоһын саха олоҥхотун кытта тэҥнээн, Иннокентий Пухов үөрэппитэ. Кини уонна Александр Жирков — иккиэн уус алданнар. Онон билигин “Уус Алдан – олоҥхо биһигэ” диир толору кыахтаахпыт, — диэтэ Светлана Мухоплева, Гуманитарннай чинчийиилэр уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар проблемаларын институтун научнай үлэһитэ.  

–Александр Николаевич Михаил Ефимовичтыын Буотамаҕа тахсан сынньанааччылар. Дьэ, онно кэпсэтэллэрин магнитофоҥҥа уһулбутум эбитэ буоллар, бэйэтэ туспа кэрэхсэбиллэх кэпсээн буолуо этэ, — диир бастакы бэрэсидьиэммит көмөлөһөөччүтэ Сергей Попов. — 1993 сыл ахсынньыга  Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылын ЮНЕСКО таһымыгар Парижка бэлиэтээбиппит. Оннук улахан “стартан” олоҥхону сөргүтүүбүт саҕаламмыта. Үчүгэйэ диэн, онон тохтоон хаалбакка, олоҥхобутун сылтан сыл ахсын саҥа кирбиигэ таһааран иһэрбит үөрдэр. Михаил Ефимович этэр: “Олоҥхо диэн көр-оонньуу, ырыа-тойук эрэ буолбатах, бу норуоппут сырдык ыраҕа тардыһыыта, үлэ-хамнас көстүүтэ, дьон туһугар туруулаһыы”, — диэн.

 Олоҕун олоҥхону үөрэтиигэ анаабыт бэрэпиэссэр, эпосовед Василий Илларионов:

-1999 сыллаахха Киргизия Бишкек куоратыгар “Эпосы народов мира” кэмпириэнсийэҕэ Александр Жирков олоҥхо идиэйэтин, ис хоһоонун, суолтатын сиһилии быһааран, культурологическай-историческай өттүнэн арыйан, дьоһуннаах дакылааты аахпыта. Бары сэргээн, ол кэнниттэн олоҥхобутун чулуу эпическэй айымньылар кэккэлэригэр киллэрбиттэрэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Аан дойду норуоттарын эпостара” ассоциация тэриллибитэ. Онно Александр Жирков вице-бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Кини олоҥхону тылбаас нөҥүө тарҕатыыга “Аан дойду эпическэй пааматынньыктара” бырайыага сүҥкэн суолталаах.

Марианна Степанова, Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы:

– “Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ” диэн кластер И.А. Сивцева салайыытынан уонча сыл үлэлээтэ. Бу бырайыак дьэҥкэ өйдөттө: олоҥхо диэн ханна эрэ ыраах сылдьар эйгэ буолбатаҕын, хас биирдии саха киһитин өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар иҥэн сылдьарын. Ойуунускай “Якутская сказка (олонхо), ее сюжет и содержание” диэн научнай ыстатыйаларын хомуурунньугун Таатта уопсастыбаннаһа бүттүүн ырытан турабыт. Олоҥхо эйгэтигэр чугаһаан, күннээҕи олохпутугар киллэрэн эрэрбит үөрдэр.

Кинигэлэр биһирэмнэрин “Олоҥхо” ассоциация бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина иилээн-саҕалаан ыытта. СӨ Тас сибээскэ миниистирин солбуйааччы Сергей Хатылыков, тыыбалар Саха Сиринээҕи түмсүүлэриттэн Зоя Хоюгооловна Шартан-Оол, Олоҥхо научнай институтуттан Раиса Корякина, СӨ норуоттарын ассамбляетын хос бэрэссэдээтэлэ Яна Игнатьева эҕэрдэлээтилэр.

Ойуунускай хаан-уруу сиэн балта, норуодунай суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах, бу күн Александр Николаевичка бэлэхтээри аҕалбыт чороонун тутан туран, үс дойдулаах сирбит быһыыта олоҥхоҕо чороон курдук ойууланарын быһаарда уонна эттэ: “Кыһарҕаннаах ыарахан кэмҥэ, сааны-батаһы хостуур тэҥэ, биһиги “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхобутун таһаардыбыт. Бу эмиэ ураты суолталаах: тирэх буолуоҕа”, — диэтэ.

Кырдьык даҕаны, дьалхааннаах быыһык кэмҥэ олоҥхобут, төрүт култуурабыт, сиэрбит-туоммут, үгэспит уонна сахалыы тылбыт саргылаах өйү-санааны угуохтара, мөлтөөбүт күүспүтүгэр эрчими эбиэхтэрэ, сэниэ биэриэхтэрэ, уйулҕабытын уоскутуохтара, куппутун бөҕөргөтүөхтэрэ…

Добавить комментарий