2 года назад 1439
Кэрэҕэ тигистибит, кэрэҕэ сыһынныбыт
«Ньургун Боотур» опера-олоҥхо XXI үйэҕэ саҥа тыын ылан, саҥа анал (миссия) киэптэнэн, көрөөччү дьүүлүгэр таҕыста.
Олоҥхо өйө-санаата куппутугар кутулла сылдьарынан, наада күн тирээтэҕинэ, олоҥхо тылынан саҥаран да барарбытынан, кыахтаах айдарыылаах дьоммут туойан куйуһутунан да туралларынан, ол эбэтэр сахалыы саҥарар киһиэхэ барыбытыгар олоҥхо тыына баарын быһыытынан, ирдэбилбит да улахан.
Дьэ, ол эрээри кэпсэтиини саҥа тыын, саҥа анал (миссия) диэн саҕалаабытым быһыытынан, ити таһымҥа тугу, хайдах өйдөөбүппүн, хайдах ылыммыппын көрөөччү быһыытынан «хоммут уоспун хоҥнорон, өрөөбүт уоспун өһүлэн» сайгыччы этэн көрүүм.
Бу опера-олоҥхо саҥа тыыннаммытын көрөөччү билиһиннэрэр суруктан өйдөөбүтүнэн барар. Бу сурукка испэктээк ааптара, туруорааччы-режиссер А.С. Борисов уонна айымньы сүрүн ис хоһоонун саҥа көрүҥүн эрэдээктэрэ М. Докторова ааттарыгар болҕомто хатанар. Салгыы суруктан айыы аймаҕын көмүскээччи Ньургун Боотур кэккэлэһэ эйгэлэри, үлүскэннээх үйэлэри, быһылааннаах кэмнэри, былдьаһыктаах дьыллары, соһуччу уустуктары – бука барыларын тоҕута сынньан, курдат ааһар уратылаах уонна кэлэр кэм, үтүө үйэ (эйэлээх көҥүл олох, үрдүк өй эйгэтин) си бэлиэтэ (символ) буолар аналлааҕа тыктарыллар. Ол эбэтэр Ньургун Боотур саҥа анала – киһи аймах (человечество) уонна аныгы цивилизация дьылҕатын көмүскээһинэ, аан дойдуну сабардыы бүрүйбүт Ап-Чарай быатын быһа охсон, Сир планетатыгар күнү күлүмүрдэтии! Онон олоҥхобут ускуустуба үрдүк таһымыгар операҕа тахсан, эйгэни ыраастыыр, куту-сүрү сааһылыыр, өркөн өйү сытыылыыр кыаҕа өссө күүскэ чопчуланар.
Ити курдук билсиһэ олордохпуна, симфоническай оркестр, саха матыыптарынан сырдык-хараҥа солбуйсууларын дьүрүскэн тыаһынан оонньотон, көрөөччүнү турукка киллэрэр, өйү-санааны сааһылаан, араас иэйиини истэргэ, ылынарга бэлэмниир. Опера былаһын тухары муусука доҕуһуолун Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын симфоническай оркестра, «Виртуозы Якутии» скрипачтар ансаамбыллара, Олоҥхо тыйаатырын мусукааннара эҥкилэ суох оонньоон, көрөөччү истиҥ биһирэбилин ыллылар. Классическай муусука быыһыгар хомус, кырыымпа тыаһа сахалыы турукка киллэрэн иһэллэр, онон сыанаҕа буолар түгэннэр көрөөччүгэ бэрт сытыытык тиийэннэр, иэйии бары утаҕын уһугуннараллар.
Опера-олоҥхону көрөөччү биир тыынынан көрбүт сүрүн төрүөттэрэ, мин саныахпар, манныктар:
1. Аан дойду бүгүҥҥү туругар Ап-Чарай быата глобализация уобараһыгар сөп түбэһэр. Аллараа дойду хончоҥнос үөнэ-көйүүрэ, көтөр кынаттааҕа, сүүрэр атахтааҕа тиллэннэр, алдьархай аармыйатыгар кубулуйан, айыы дьонун Ап-Чарай силимигэр сөллүбэт гына хам хараҕалаан, сырдык күүһү мөлтөтөллөрө бэртик да бэрилиннэ! Сырдык-хараҥа күүстэр күрсүүлэрэ, үс дойду кулугутун туллаҥнатар көстүүлэрэ, бухатыырдар киирсиилэрин сэргэ айылҕа көстүүлэринэн, аан талҕа тоҕо тардыллар тыаһынан-ууһунан, сырдык-хараҥа солбуйсуутунан доҕуһуолламмыта иэйиини өрүкүтэр, күүркэтэр, тыҥааһыны сытыырхатар. Бу олоҥхо биир уратыта – көрөөччү ис туругун ыраастыыр биир ньымата буолла.
2. Орто дойду – «алаҕаркаан-тэтэгэркээн алтан ньээкэ уйа» диэн уйаҕастык хоһуллан, «саха киһилээн айыы аймаҕа» олохсуйбут дойдута. Онон Орто дойду дьонун ичигэһинэн илгийэр итии тыыннаах, сырдык өҥнөөх таҥаһа-саба, ото-маһа, дьиэтэ-уота ырааһы ыралыыр, сырдыгы олохсутар иэйиини уһугуннараллар.
Орто дойду модун тирээбилэ – түөрт кырыылаах алтан баҕана – аар баҕах да буолар, ытык сэргэ да курдук ылыныллар – уйгулаах олоҕу кэрэһэлиир, баараҕай тутуу, модун дурда-хахха. Орто дойду – айыы аймаҕын аарыма алаһа дьиэтэ, көмүс ньээкэ уйата буолан, кырдьык даҕаны, үрүҥ тыыннарын өллөйдөтөр, хара тыыннарын хараһыйтарар дурдалара-хаххалара! Дьэ, ол да иһин, бу Орто дойду кэрэтин, үтүө-мааны биһиктэрин көмүскүү, айыы бухатыырдара өлөрү-тиллэри кэрэйбэккэ, адьарай бииһин утары бараллара – олоҥхо сүрүн идиэйэтэ.
3. Тыһыынчанан сылларга олоҥхону биир киһи толорон кэлбит буоллаҕына, аныгы үйэҕэ ырыа, тойук, дьүрүскэн тыас, уот-күөс уонна видео албаһынан таҥаска тыктарыллар дьүһүйүү олоҥхо омунун, фантазия күүһүн бэркэ биэрэллэр. Маныаха сахалар сүрүн уратыбыт – сиэрбит-туоммут толору арыллыбыта – киэн туттуу, бэйэ норуотугар сүгүрүйүү санаатын сахпыта саарбахтаммат. Оттон сорохтор омуктарын саҥа хараҕынан да көрбүт буолуохтарын сөп.
Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, олоҥхо тыынын тута сылдьар дьон, бу ускуустуба үрдүк таһымыгар турар көрүҥҥэ – операҕа – олус табыллан киирбиттэрэ үөрдэр. Кыталыктар үҥкүүлэрэ балет артыыстарын толоруутугар кэрэ бэлиэтэ буолбуттара өйдөнөр: саха үйэ тухары кыталыгы кэрэни, сырдыгы, ырааһы эрэ кытары сыһыары тутар.
4. Айыы ойууна – олоҥхо ис тыынын тутан, сиэри-туому ситэрэн, айыы дьоно айылҕалыын алтыһаннар, ойуун Үрдүк Айыыларга быһа ситимҥэ тахсара бэртик бэрилиннэ. Кини арыалдьыттара, айыы намыһын удаҕаттар, сир-дойду иччитэ Аан Алахчын хотун – опера-олоҥхо тутулугар ойуччу миэстэни ылар, ытык өйдөбүллэри тута сылдьар сүдү араҥа. Бу көннөрү киһи өйүгэр олохсуйар сүдү уобарастар куту-сүрү сааһылыыр, өйү-санааны чэбдигирдэр аналлаахтар, ол бу туруорууга эмиэ көһүннэ: Айыы ойуунун эйгэтэ сырдык өҥ, дьоһун, наҕыл хамсаныы, «инчэҕэй эттээх, сиик-туман тыыннаах икки атахтаахтан»туспа эйгэҕэ, атын турукка сылдьар аналлаах күүстээх араҥа. Кинилэр кыраҕа ымыттыбат, атыҥҥа аралдьыйбат дьонтон тэйиҥи си бэлиэ уобарастар; айыы аймаҕын уустук түгэннэригэр, ыарахан кэмнэригэр сөптөөх тылынан-өһүнэн, алгыһынан арчылыыр, сиэри-туому толорор, өйөбүл, тирэх буолар, олоҥхо тылынан дьүһүйдэххэ, «суон дурда, халыҥ хахха, үрүҥ тыын өллөйө, хара тыын хараһыга» буолар аналларын толорор – айыы тыыннара.
5. Манна Аан дойдуну сабардаан, хараҥаны тардыммыт Ап-Чарай быатын утары Айыы Умсуур удаҕан сэттэ салаалаах Аптаах Кымньыыны Ньургун Боотурга утары уунара – бу олоҥхо-опера биир күүстээх көстүүтэ. Киһи аймаҕы хам хараҕалыыр, тыынар тыыннааҕы ыга кэлгийэн, ыллар ылан иһэр Ап-Чарай хааннаах илимэ-быата уонна күн сырдыгынан күлүмүрдүүр, сэттэ салаата сэттэ садарах уотунан доҕуһуолланар, аптанан-хомуһуннанан, кэлэр сэттэ салаалаах Аптаах Кымньыы – утарыта турар тэҥ күүстэр. Сырдык уонна хараҥа, үрүҥ уонна хара, үтүө уонна мөкү – ОЛОХ уонна ӨЛҮҮ! Олоҥхо ити сүрүн ис хоһооно опера-олоҥхо билиҥҥи туруоруутугар, быһах биитин курдук кылаана ситэри кырыыланан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тыҥааһына өссө күүркэйэн тиийдэ. Аптаах Кымньыы уот курбуу чаҕылҕан буолан, Ньургун Боотур илиитинэн Ап-Чарай быаны быһыта охсоро – модун көстүү, бигэ эрэл! Олоҥхо ис тыынын тута сылдьар саха көрөөччүлэрэ маны өрө күүрэ ылынан, Ньургун Боотур баһылыктаах айыы бухатыырдарын өлөр-тиллэр охсуһууларыгар тэҥҥэ тыына олордубут ээ!
6. Орто дойду дьоно – самныбат саргылаах, босхо бастаах, бокуйар сүһүөхтээх, сиик-туман тыыннаах, симэһиннээх эттээх отут биэс биис ууһа — тимир килиэ таҥастаах, иирэр илбис дьайыҥнаах абааһы бииһин утары тэҥэ суох киирсиигэ киирэр туруулаһар кэмэ билиҥҥи олохпут көстүүтэ курдук көһүннэ. Биир бэйэм оннук ылынным. Омос көрдөххө, абааһы бииһэ хамсанара дохсуна, туохтан да тутуллан көрбөтө, харан ылбата – барытын ибили сотон иһэрэ, дьэ, дьулаан! Ол эрээри үрдүк күүстэр айыы аймаҕар Аптаах Кымньыыны утары уунан, олох аартыгар суолу арыйбыттарын, Ньургун Боотур мүччү туппакка, бииртэн биир моһолу туораан, дьоннорун босхолоон, өлбүтү тириэрэн – бука бары түмсэн, сомоҕолоһон, Ап-Чарай быаны быһа охсоллор. Сир үрдүгэр ЭРЭЛИ төнүннэрэллэр! Маны эдэр даҕаны, эмэн даҕаны көрөөччү тутатына илэ өйдүү охсубатах да буоллаҕына, ис кутунан ылыммытыгар, иҥэриммитигэр, өйдөөбүтүгэр саарбахтаабаппын.
7. Олоҥхо-опера биир күүстээх өрүтэ – си бэлиэлэр (символлар) оонньооһуннара! Биир өттүнэн Сир шарын санатар, иккис өттүнэн олох эргийэн кэлэ турарын бэлиэтиир – сүүнэ улахан төгүрүк ии. Орто дойду олоҕун кэрэһилиир алтан баҕана, үс баараҕай сэргэ, киһи аймахха дурда-хахха буолар аналламмыт өлбөт мэҥэ уута, сэттэ салаалаах Аптаах Кымньыы!
Олоҥхо киэҥ фантазията операҕа аныгы олох тыынынан көстөн кэллилэр: өлүү суолун аргыстара: Ап-Чарай быа, Аллараа дойду хончоҥнос үөнэ-көйүүрэ тимир килиэ куйахтаах бүтүн аармыйа буола кубулуйуута, сиргэ олох быстыбакка чэчирии турарын, кэрэни кэрэхсээһин бэлиэтэ – кыталык кыыллар. Бу си бэлиэлэр бука бары олоҥхо-операҕа анал миэстэлээхтэр, туспа соруктаахтар.
Манна маҥнай соччо өйдүү охсубатах биир суолбун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Операны көрө олордоххо, Аллараа дойдубут иччититтэн – Абааһы уолуттан саҕалаан, бука бары өрө лиһигирэйэн, сыыдамнара, бараллара-кэлэллэрэ элбэҕэ, дьулурҕата; иккис өттүнэн, таҥастара-саптара, тутта-хапта сылдьаллара, туттар тэриллэрэ – барыта туспа дойду тыына чахчы баар уонна айыы аймаҕын … быдан баһыйар курдуктар. Бэйи эрэ, тоҕо итинник буолуохтааҕый?! Мин патриоттуу санаам итини олох ылыммата. Кэлин өйдөөтөххө, бу эмиэ иһэ истээх быһыылаах. Олоҥхону ааҕан, айыы уонна абааһы толкуйун, онтон тахсар дьайыыларын ырыттахха, тэҥнээн көрдөххө, ити да быһаарыллар эбит. Айыы дьоно, Айыы бухатыыра толкуйдаан, утум-ситим дьайыыны оҥорор кыахтаах буоллахтарына, абааһы бииһигэр – ол суох. Кинилэр тугу барытын тутатына оҥорон, уҥа-хаҥас дайбаһан иһэллэр. Ол үксүгэр тутах, сыыһалаах, эндирдээх буолан, уһугар кинилэр мэлдьи хотторуулаах хаалаллар. Манна да оннук эбит!
8. Туйаарыма Куо кута – бу норуот, өссө чопчулаатахха, киһи аймах кута. Кутун былдьаппыт кэрэ кыыс өлбүт тэҥэ. Кута суох норуот тугу да күттүөннээҕи оҥорор кыаҕа суох, ычатын ылларан, бырда быстар аакка барар. Оттон кутун былдьаппыт киһи аймах хайдах буоларый? Олох аҕыйах сыл анараа өттүгэр диэри «кутун былдьаппыт киһи аймах» диэн өйдөбүл суох эбит буоллаҕына, аан дойду билиҥҥи туругун итинтэн атыннык хайдах этиэххэ сөбүй? Кутун былдьатан эрэр киһи аймах өрө күүрэн туран кэллэҕинэ, быыһанар суолу-ииһи булуо суоҕа дуо? Булуохтаах!!! Булуо даҕаны! Онуоха Аптаах Кымньыы наада! Олоҥхоҕо ону Айыы Умсуур удаҕан биэрэр эбит буоллаҕына, күн бүгүн ол олохтон бэйэтиттэн тахсар АЙЫЫ СУОЛА буолуохтаах.
Орто дойдуга саҥа улаатан, сибэкки курдук үүнэн эрэр кэрэчээн кыыс оҕо – Туйаарыма Куо – Аллараа дойду түүнүктээх олоҕор түбэһэр түрбүөннээх кэмэ, хараҥа олоҕо операҕа бэрт сытыытык көстөр. Олох аһыытын-ньулуунун билэ илик уу ньулдьаҕай Туйаарыма Куо манна өркөн өйүнэн дьулаан күтүрү кытары күрсэн хоттордор даҕаны, кини сырдыкка баҕата, олоххо дьулуура кыайан тахсар – тиллэн кэлэн, олох олорор кыахтанар. Олоҥхо сырдык идиэйэтэ бу буоллаҕа!
9. Опера-олоҥхону үрдүк таһымнаах ырыа,тойук олус киэргэттэ. Г.М. Кривошапко аатынан Судаарыстыбаннай филармония хора (салайааччы О.Птицына) опера былаһын тухары айымньы ис хоһоонуттан таһааран, ис күүрээни арыт күүркэтэн, арыт сымнатан, арыт тыҥааһын муҥутуур үрдүгэр тиэрдэн, ырыа киһиэхэ дьайар күүһүн чаҕылхайдык көрдөрдүлэр. Маныаха Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын кылыһахтаах тойуктара олус бэркэ дьүөрэлэһэн, биир ансаамбыл курдук дьүрүһүйбүтэ, аны ырыалары симфоническай оркестр уонна саха үстүрүмүөннэрэ доҕуһуоллаабыттара – хатыламмат дьүрүскэни үөскэттилэр. Кырдьык даҕаны, олоҥхо сирин-уотун дорҕоонноро, тыаһа-ууһа бу киэһэ киэҥ куйаарга кыырайа көттүлэр! Кинилэр лыҥкынас тыастарыгар уйдаран, биһиги куппут-сүрбүт өрө күүрдэ, иэммит ирэн, көхсүбүт көнөн, куппут куоһанан, ыраастанан таҕыстыбыт.
Опера-олоҥхонон кэрэҕэ тигистибит, кэрэҕэ сыһынныбыт. Онон түмүккэ Б.Ф Неустроев-Мандар Уус кэрэ туһунан этиитинэн бигэргэтиим: «Кэрэ диэн – сүдү күүс. Аан дойду таһаатынан саймаарыйа тарҕаан, хас биирдии иэдьэгэй мэйиилээх, иннинэн сирэйдээх, иэгэйэр икки атахтаах нохтолоох тойон сүрэҕин долгутан, хайҕахтаах хара быарын хамсатан, куттан кукка кутуллан, сүртэн сүргэ сүүрүгүрэн, удьуортан удьуорга бэриллэн уһаан-тэнийэн, улам-улам уоҕуран-тэттэн, Аан Ийэ дайды айдааннаах-аймалҕаннаах олоҕун өйүн-төйүн булларар, уоскутар-уҕарытар, манньытар-сылаанньытар суос-соҕотох быыһанар күүспүт буолар».
Бу кылгас бэлиэтээһиҥҥэ кэрэни олохсутар сүдү айымньы көннөрү көрөөччүгэ туох санааны тиэрдибитин этэргэ холоннум. Опера-олоҥхо – бүтүн кэлэктиип, улахан хамаанда, ааптар, режиссер А.С. Борисов сүдү үлэлэрин түмүгэ. Манна кыра-улахан диэн туттуллубат, барыта суолталаах, биир күдьүс үрдүк таһымнаах. Бу – култуурабыт улахан ситиһиитэ, барыбыт үөрүүбүт, киэн туттуубут!
Екатерина Чехордуна, этнопедагог,
үөрэх билимин хандьыдаата.
Хаартыскалар Интернет ситимиттэн.