2 года назад 660
Дьааҥы – олоҥхо түһэ
«Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан алгыһын ыл» диэн саха өһүн хоһооно этэринии, настаабынньык-фольклорист, олоҥхону чинчийээччи, бэрэпиэссэр, филологическай билим дуоктара Василий Васильевич Илларионов уонна Саха Сиригэр геокультурнай сайдыы институтун үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна Сардана Семеновна Брызгалова, научнай-култуурунай экспедицияларын чэрчитинэн, муус устар 20 күнүгэр Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын ураһа саалатыгар Дьааҥы Ийэ олоҥхоһута Д.А. Томская-Чаайка төрөөбүтэ 110 сылыгар анаммыт «Дьааҥы – олоҥхо түһэ» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кытыннылар.
Дьааҥы олоҥхотугар аналлаах дьоро түһүлгэни Дьааҥы улууһугар Олоҥхо ассоциацията (салайааччы Е.В. Ноговицына) иилээн-саҕалаан тэрийдэ.
Кэмпириэнсийэ ыҥырыылаах ыалдьыттара – Эҥэттэн Даарыйа Андреевна Томская-Чаайка сиэн балта, Дьааҥы ураты олоҥхотун тарҕатааччы, уһуйааччы Мария Афанасьевна Стручкова, «Олоҥхону тарҕатыыга бастыҥ» үрдүк анал ааттаах Ия Ильинична Стручкова – кэмпириэнсийэ таһымын үрдэттилэр.
Түмсүү сүрүн соруктара:
– Дьааҥы олоҥхотун уонна олоҥхоһуттарын үйэтитии;
-олоҥхону чинчийии, үйэтитии, олоҥхолооһун үөрүйэхтэрин сайыннарыы;
-Аар Айылҕа Ытык эргиирин харыстыыр өйдөбүллэри олоҥхоҕо олоҕуран ырытыы;
-2023 сылга Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии;
-тэрийэр түмсүүнү күүһүрдүү, ыйыллыбыт хайысхаларынан үлэ хаамыытын ырытыһыы, түмүү.
Дьоһун суолталаах тэрээһиҥҥэ Дьааҥы улууһун Эҥэ, Табалаах, Верхоянскай куорат, Боруулаах, Дулҕалаах, Боронук, Арыылаах, Баатаҕай нэһилиэктэриттэн култуура, үөрэх эйгэтигэр үлэлиир 60-ча киһи кыттыыны ылла.
Тэрээһиммит аһыллыыта киэн туттар ырыаһыттарбыт – Баатаҕайтан Прасковья Антонова, Боронуктан Анна Горохова – дьааҥылыы ырыаларынан саҕаланна. Оскуола дириэктэрэ Нина Афанасьевна Потапова бары мустубут ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ.
Оскуолабыт ураһатыгар лыык курдук элбэх киһи киирэн, миэстэлэрин булбуттарын кэннэ, «Кындыа» ансаамбыл кыталык кыргыттарын (салайааччы Л.Ю. Заборовская) «Алгыс» үҥкүүлэринэн мустубут ыалдьыттары уруйдуу көрүстүлэр. Е.А. Слепцова салайааччылаах III кылаас үөрэнээччилэрэ Афанасий Томскай «Эриэдэ Бэргэн» сээм олоҥхотун оонньоон көрдөрбүттэрин ыалдьыттар олус сэргээтилэр.
Кэмпириэнсийэ киирии тылын ытыктабыллаах ыалдьыппыт В.В. Илларионов саҕалаата. Кини аан тылыгар кэмпиэринсийэ сүрүн хайысхатын салайан, кыттааччылар уонна бары мустубут дьон бүгүҥҥү үлэбит инники кэскилин, суолтатын торумнаан биэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Февронья Васильевна Шишигина Махтал суруктарын, кинигэлэрин Ия Ильиничнага Стручковаҕа, Мария Афанасьевна Стручковаҕа туттартаата.
Сардаана Семеновна Брызгалова 2016 сыллаахха Дьааҥы улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Х ыһыаҕын тэрийээччитин быһыытынан үлэлээбитин истиҥник ахтан ылла. Дьааҥы ырыата-тойуга уратытын бэлиэтээтэ. Салгыы Андрей Саввич Борисов салайар инстутуттан уонна Олоҥхо тыйаатырыттан Махтал суруктары туттарда.
Кэмпирэнсийэ үлэтигэр маннык дакылааттары иһиттибит:
1. Рожина Амелия, III кылаас, Боронук орто оскуолата, «Кыыллар ааттарыгар түөлбэ тылларын билэҕин дуо?», салайааччы Е.А. Слепцова.
2. Артем Иванов, III кылаас, Боронук орто оскуолата, «Мои первые стихи», салайааччы Е.А. Слепцова.
3. Сахая Николаевна Бегишева, Боронук орто оскуолатын нуучча тылыгар, литэрэтиирэтигэр учуутала, «Тимофей Васильевич Чээбий сыдьааннара».
4. Сандриан Бегишев, Боронук орто оскуолатын I кыл. үөрэнээччитэ, «Модун Эр Соҕотох» олоҥхоттон быһа тардыы, салайааччы С.Н. Бегишева.
5. Евдокия Васильевна Ефимова, Марфа Николаевна Юмшанова, Верхоянскай М.Л. Новгородов аатынан орто оскуолатын бибилэтиэкэрдэрэ, «Эрбэҕэр Эрчимнээх Элитэр Бэргэн» олоҥхо геройдарын куукула оҥорон билиһиннэрии» тиэмэнэн алын кылаас оҕолоро олоҥхо дьоруойдарын оонньотон көрдөрдүлэр.
6. Сардана Михайловна Горохова, Боронук орто оскуолатын саха тылыгар, литэрэтиирэтигэр учуутала, «Дьааҥы олоҥхолорун үөрэтиигэ электроннай-цифровой ньымалары туттуу».
7. Наталия Степанова, Боронук орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ, «Мин төрдүм – Ырыабыстар», салайааччы С.М. Горохова.
8. Николай Соловьев, Боронук орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ, «История Бустахского наслега в преданиях», салайааччы С.М. Горохова .
9. Другин Айысхаан, Боронук орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ, «Жирков Роман Андреевич», салайааччы С.М. Горохова.
10. Афанасий Эверстов «Стручков И.И. олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы», VII кылаас, Табалаах орто оскуолата, салайааччы Э.Г. Эверстова.
11. Ия Ильинична Стручкова, Табалаах орто оскуолата, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, «Дьааҥы – олоҥхо уутуйан сайдыбыт дойдута».
12. Мария Афанасьевна Стручкова, Сайдыы нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ, «Д.А. Томская-Чаайка».
13. Снежана Бурцева, Эҥэ орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ, Даарыйа Томская-Чаайка «Күн Күөһэҥсэ» олоҥхотун толоруута.
14. Таисия Васильевна Кривошапкина, Дулҕалаах И.И. Котельников аатынан орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, «Олоҥхо – олохпут сылаас эйгэтэ».
15. Прасковья Николаевна Антонова, Баатаҕай култуура уонна спорт киинин уус-уран салайааччыта, «Аныгы олох олоҥхоһуттара».
16. Светлана Иннокентьевна Сыромятникова, Дулҕалаах И.И. Котельников аатынан орто оскуолата, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, «Бииктэр Стручков – «Дьуулаҕа Дьуһаал” олоҥхолорун уратылара».
1. София Степановна Рязанская, Боруулаах култуура киинин бэтэрээнэ, авторскай олоҥхото.
18. Марина Егоровна Новгородова, Боруулаах орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, «Алын кылаас оҕотугар олоҥхону үөрэтии суолтата».
Хас биирдии дакылаат ураты буолла. Биһиэхэ, Дьааҥыга, бэл диэтэр, Саха Сирин биллэр олоҥхоһута Тимофей Захаров-Чээбий сыдьааннара бааллар эбит.
В.В. Илларионов кэмпириэнсийэ үлэтин, истибит дакылааттарын үрдүктүк сыаналаата. Александр Миддендорф 1842-1845 сылларга Саха Сиригэр экспедицияҕа кэлэ сылдьан суоллааҕы бэлиэтээһиннэригэр «Эриэдэ Бэргэн» диэн олоҥхону быһа тардан киллэрбит. “Онон бу олоҥхо төрдө Дьааҥыттан буолуон сөп”, – диэтэ эпосовед.
“Дьааҥыга аан бастаан сээм олоҥхо үөскээбит буолуон сөп” диэн сабаҕалааһын баарын 1944 сыллаахха Дьааҥыга фольклорнай экспедицияҕа кэлэ сылдьыбыт А.А. Саввин-Өндөрүүскэ Саабын “оҕо, дьахтар олоҥхото” диэн бэлиэтээбитин Василий Васильевич ыйда. Сардаана Михайловна Горохова дакылаатыгар Дьааҥы олоҥхотун үйэтитиигэ аныгы технологиялары туттан үлэлиирэ олус наадалааҕын чорботон бэлиэтээтэ.
Екатерина Васильевна Ноговицына Олоҥхо институтун дириэктэрэ Руслан Анисимов анал суруктарын, уопуту тарҕатыы туоһуларын кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарыгар туттарда.
Салгыы Сардаана Семеновна Брызгалова салайааччылаах «Дьааҥыга – олоңхо эйгэтэ» диэн төгүрүк остуол ыытылынна. Сардаана Семеновна уопсастыбаннаһы түмэр «ТҮМҮҮ» бырайыак үлэтин кэпсээтэ. «ТҮМҮҮ» уопсастыбаҕа чилиэн быһыытынан киирбиттэрин туоһулуур анал бэлиэлэри В.В. Илларионовка, Верхоянскай куорат баһылыга М.М. Садовниковка, оскуолабыт дириэктэрэ Н.А. Потаповаҕа, учууталларга туттартаата.
Сардаана Семеновна өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлии турар Олоҥхо дьиэлэрин билиһиннэрдэ. Дьааҥыга Олоҥхо дьиэтин тутуу туһунан кэпсэтиини иилээтэ. Екатерина Васильевна Ноговицына Дьааҥы улууһугар Олоҥхо эйгэтин кэҥэтии хайдах-туох хайысхалааҕын сырдатта, хас биирдии нэһилиэк бэйэтин уратытын тутуһан, тус суоллаах-иистээх сайдар тосхоллооҕун ыйда.
Боронук орто оскуолатын иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччыта Акулина Трофимовна Стручкова «Геокультурное образовательное пространство как ресурс развития личности» – «Түөлбэ эйгэтин үгэһин иитии үлэтигэр киллэрии», «СУОЛ – проект «Создание Условий для Образовательной Лестницы» диэн тиэмэлээх Боронук орто оскуолатын инновационнай үлэтин сырдатта.
Кэпсэтиигэ Дьааҥы култууратын эдэр салайааччыта Владимир Артемьевич Мишуков Олоҥхо дьиэтин тутуу туһунан, В.З. Кириллина аатынан оройуоннааҕы кыраайы үөрэтэр “Тымныы чыпчаала” түмэл научнай сотруднига Наталья Гаврильевна Лаптева санааларын эттилэр.
Кэмпириэнсийэбитин Боруулаах нэһилиэгин уран тарбахтаахтарын оҥоһуктарын быыстапката уһулуччу киэргэттэ. Манна Боронуктан төрүттээх Вера Максимовна Гермогенова, Жанна Матвеевна Слепцова, София Степановна Рязанская Дьааҥы олоҥхотун дьоруойдарын куукулалара, сылгы кылыттан-сиэлиттэн, мастан, араас ньыманан оҥорбут уус-уран оңоһуктарын көрөөччүлэр бары биһирээтилэр.
«Дьааҥы – олоҥхо түһэ» диэн сүдү суолталаах тэрээһиммит ураты чаҕылхай киэргэлинэн Дьааҥы кэскиллээх олоҥхоһута Прасковья Антонова «Таас кыыһа Таастаана Куо» үҥкүү доҕуоллаах олоҥхотун киэһэтэ буолла. Үҥкүүлэри Л.Ю. Заборовская салайааччылаах «Кындыа» уонна А.В. Малькова салайааччыллаах «Иэйии», «Сарыал», «Айылҕан» ансаамбыллар туруордулар. Олоҥхону ырыанан киэргэттэ – эдэр ырыаһыт Алан Гондолаев. Хомус тардааччы – Прасковья Антонова кыра уола Леонид Антонов.
Онон «Дьааҥы – олоҥхо түһэ» улуустааҕы тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьон бука бары санаа атастаһан, уопут тарҕатан, Дьааҥы ырыата-олоҥхото сайда турар эбит диэн үтүө тускуллаах өйдөбүл өссө күүскэ олохсуйда.
Дьааҥыбытыгар Олоҥхо ыһыаҕын ыытарбытыгар алтыспыт үтүө дьоммутун кытта тиһикпитин быспакка үлэлиирбит саҥа сайдар саҕахтары арыйар. Саханы саха дэппит Улуу Олоҥхобут биһигини түмэр, сайыннарар, олохпут уйгутун ууһатар сырдык күүс буола турдун. Василий Васильевич Илларионовка, Сардаана Семеновна Брызгаловаҕа, бары ыалдьыттарга, бэйэбит кыыспытыгар Екатерина Васильевна Ноговицынаҕа үрдүк таһымнаах кэмпириэнсийэни тэрийбиккитигэр, кыттыбыккытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит.
Акулина Стручкова,
Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын
иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы,
саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала.