Сыыппараҕа дьүһүйэн, куйаарга үйэтитэн   - Блоги Якутии

2 года назад 397

Сыыппараҕа дьүһүйэн, куйаарга үйэтитэн  

Өлүөнэ өрүһүнэн устан кэлбит өбүгэлэрбит аара хайаларга ойуулаабыттара-бичийбиттэрэ, үтүмэн сыллар тухары суураллыбакка,  ааспыт кэм кэрэхсэбиллээх кэрэһиттэрэ, кистэлэҥнээх кэпсээннэрэ буолан тураллар.

Ол уонча үйэ анараа өттүгэр соһону (охра) кырааска оҥостон уруһуйдаабыт дьон сыдьааннара – аныгы сахалар – билигин аны сыыппара көмөтүнэн куйаар ситимигэр хатыламмат хартыыналарын үйэтитэллэр. Онтукалара эмиэ сүппэккэ-симэлийбэккэ, быдан дьылларга хараллан хаалыаҕа диэн эрэнэбит…  

–Атын омуктартан хаалсыбакка, виртуальнай таһымҥа тэҥҥэ сайдан иһэр баҕаттан, олоҥхобут ураты уобарастарын цифровой эйгэҕэ киллэрээри, ыччаппыт төрүт култууратын сэҥээрэрин ситиһээри, бу “Fantasy Olonkho” мультимедийнай быыстапканы тэрийдибит, — диир Туйаара Стручкова. – Мин бырайыак ааптара буолабын. Бэйэбин билиһиннэрдэххэ, Национальнай архыыпка үлэлиибин, историк үөрэхтээхпин. Онон да буолуо, норуотум үгэһигэр, култууратыгар сыһыаннаах ыстатыйалары, кинигэлэри дьаныһан ааҕабын, иҥэн-тоҥон үөрэтэбин. Ити чинчийэр идэбин уонна иллэҥ кэммэр уруһуйдуур дьарыкпын ситимнээн, олоҥхо персонажтарын аныгы ньыманан дьүһүйэргэ холонобун.

Туйаара Стручкова (иккис), Светлана Яковлева (үһүс) Национальнай архыыпка бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин кытта

“Fantasy Olonkho” – бу мин соҕотох үлэм түмүгэ буолбатах, бүтүн хамаанда ситиһиитэ. Ол курдук, миэхэ кэлэктиибим, чуолаан тэбис-тэҥҥэ сүүрбүт-көппүт дьүөгэм Светлана Яковлева, төһүү күүс буоллулар. Идиэйэбин бастакынан кэлэр кэм [it-generator] академиятын дириэктэрэ Вячеслав Егоров өйөөбүтэ. Көмпүүтэр графикатын, анимацияны, 3D моделы эҥин оҥорорбутугар улаханнык көмөлөстүлэр. Киэҥ эйгэҕэ сиэтэн-сирдээн илдьээччинэн, бар дьоҥҥо билиһиннэрээччинэн “Саха Сирин култуурата” уопсастыбаннай түмсүүнү сүрүннүүр Сардаана Сыромятникова буолла. Оттон оруннаахтык ыйан-кэрдэн биэрэн сүбэлээбит киһим – Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева.

“Олоҥхо Экспо-2022” быыстапка аһыллыытыгар

Дьэ, быыстапкабытыгар 2D уонна 3D киэптээх 68 үлэ кытынна. Барытын көрдөрүүгэ туруордубут.  Онуоха тиэмэлэринэн түөрт салааҕа араардыбыт.

Бастакыга – айыылар, удаҕаннар, ойууннар.

Иккискэ – абааһылар, Аллараа дойду адьарайдара.

Үһүскэ – бухатыырдар, Орто дойду олохтоохторо

Төрдүскэ –  охсуһуу түгэннэриттэн уруһуйдар.

Маны таһынан, “digital fasion” диэн саҥа сүүрээни киллэрдибит. Технология уонна дизайн колледжын устудьуоннара  сахалыы таҥастары ойуулаатылар. Ону анал 3D-ачыкынан көрдөххө, бу аттыгынан муода көрдөрө сылдьар курдук буолаллар. Дьиҥэр, бириэмэ баара буоллар, ити виртуальнай көстүүмнэри бэйэҥ кэтэн көрөр курдук оҥоруохтаах этибит.

Бу мультимедийнай галерея уратыта – хартыыналар хамсыыллар. Анимацияларын барытын бэйэм, этэргэ дылы, утуйбакка да олорон оҥордум.

Үчүгэйэ диэн, бу быыстапканан сибээстээн, урут бары тус-туспа сылдьыбыт цифровой худуоһунньуктар түмсэн, “Сообщество художников-индивидуалистов” диэни тэрийдибит. Социальнай ситимнэргэ бөлөхтөөх буоллбут. Бэйэ-бэйэбитин кытта билсэн, уопут атастаһан, мантан ыла өссө саҥа таһымҥа тахсан иһиэхпит.

Сардаана Сыромятникова, “Саха Сирин култуурата” уопсастыбаннай түмсүүнү сүрүннээччи:

–Ким да этиитэ-көрдөһүүтэ суох бэйэлэрин баҕаларынан төрүт култуурабытын тарҕатарга кыһаллар ыччат баарыттан үөрэбит. Туйааралаах Светлана бу бырайыактарын кэпсээбиттэригэр, бэркэ биһирээбиппит. Сүбэ-ама ыллыннар диэн, бастаан “Архетип” арт-бөлөх худуоһунньуктара Александр Неустроевтыын, Людмила Федоровалыын билиһиннэрбиппит. Кинилэр эмиэ олоҥхону ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба нөҥүө пропагандалыыллар. Аны туран, олоҥхо туһунан улахан туох да өйдөбүлэ суох сылдьан, мээнэ  уруһуйдаан кэбиһэр олуона соҕус буолуо диэммит, биир ый устата кыттааччыларбытын олоҥхо эйгэтигэр киллэрэр уһуйууларга сырытыннардыбыт. Ол курдук, Олоҥхо институтун дириэктэрин солбуйааччы Руслан Анисимов лиэксийэ аахта, Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хотугу норуоттар проблемаларыгар институт үлэһитэ Александра Прокопьева саха оһуорун-мандарын билиһиннэрэн кэпсээтэ, Айталина Степанова аҕатын, олоҥхону ойуулаабыт худуоһунньук Тимофей Степанов хартыыналарын ырытан сэһэргээтэ. Цифровой худуоһунньук Николай Мочкин маастар-кылааһыгар дьарыктаннылар, быйылгы “Олоҥхо баттл” кыайыылааҕа Анастасия Алексеевалыын, итиэннэ Олоҥхо тыйаатырын артыыстарын кытта көрсүһүүлэр тэрилиннилэр, олоҥхо тылынан уһуллубут “Сис” киинэни көрдүлэр. Итиннэ ылбыт билиилэрэ уруһуйдуулларыгар тирэх буолбута чахчы.

Катерина Кузнецова, кыттааччы:

–Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы институтун иһинэн “Цифровой дизайн” диэн салаа аһыллыбыта. Онно үһүс кууруска үөрэнэбин. Биһиги хайысхабытынан буолан, бу быыстапкаҕа элбэх устудьуон кытынна. Мин олоҥхоҕо баар персонаһы – моҕойу – бэйэм көрүүбүнэн ойуулаабытым, ону бииргэ үөрэнэр дьүөгэм 3D киэпкэ көһөрбүтэ. Бүгүн бэртээхэй үлэлэри көрөн кэрэхсээтим.

Михаил Чоросов, кыттааччы:

– Мин “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа аниматор-худуоһунньугунан үлэлиибин. “Тооко” диэн сахалыы мультигы оҥоро сылдьабыт, кулунчук туһунан.

“Fantasy Olonkho” быыстапкаҕа “Ньургун Боотур, “Ойуун” уонна “Арсан Дуолай” диэн уруһуйдарбынан кытынным. Туйаара Стручкова цифровой худуоһунньуктары түмпүтүгэр махтанабын.

Егор Николаев, көрөөччү:

-Тиэхиньикэни кытта ускуустуба тэҥҥэ сайдан иһэр буоллаҕа дии. Арааһынай графическай программаларынан оҥорбуттар быһыылаах, хас биирдиилэрэ хатыламматтар. Биллэн турар, кыраларыттан “Уолт Дисней” мультиктарын, “Марвел” комикстарын, дьоппуон анимэларын көрө улааппыт буоланнар, уруһуйдарыгар ол сабыдыала улаханнык көстөр. 14 саастарыттан саҕалаан кыттыбыт буоланнар, таһымнара эмиэ араас эбит. Оскуола оҕолоро да маладьыастар. Ыччаппыт бу цифровой ойуулуур-дьүһүннүүр хайысханы толору баһылааннар, улуу олоҥхобутун хас эмэ сиэрийэлээх мультик гынан таһаараллара буоллар…

“Fantasy Olonkho” мультимедийнай галерея Олоҥхо декадатын чэрчитинэн “Арассыыйа – мин  устуоруйам” историческай пааркаҕа аһылынна. Маны сэргэ тэҥинэн «Путь олонхо длиною в век» диэн быыстапка көрдөрүүгэ турда.

Манна “Симэх” уус-уран оҥоһук ускуустубатын киинэ, СӨ тимир уустарын сойууһа, Хомус аан дойдутааҕы түмэлэ, Аудиовизуальнай нэһилиэстибэ киинэ, Национальнай архыып, Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларыгар институт, Национальнай бибилэтиэкэ биир үйэ иһигэр олоҥхо сайдыытын кэрэһилиир сэдэх экспонаттары билиһиннэрэллэр.  

Ол курдук, Иннокентий Гурьевич Теплоухов-Тимофеев “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” (1955),  Николай Петрович Старостин “Төлөн хара аттаах Төрүөт Бэргэн” (1945), Николай Иванович Степанов-Ноорой “Оҕо улуу Ньургун бухатыыр” (1940), “Эрэйдээх-буруйдаах эр соҕотох” (1940), “Айдаан Буурай бухатыыр” (1940) олоҥхолору оччотооҕу кэмҥэ норуот айымньытын дьиэлэригэр методистарынан үлэлээбит дьон илиилэринэн суруйан хаалларбыт рукопистарын көрдөрүүгэ уурдулар.

Куйаар-кодунан киирэн, ааспыт үйэ улуу олоҥхоһуттарын толорууларын устан ылбыттарын истиэххитин сөп.

Олоҥхо-испэктээктэргэ анаан айыллыбыт, былыргы саха таҥаһын үтүктэн тигиллибит, итиэннэ Августина Филиппова кэллиэксийэтиттэн көстүүмнэри, археологическай хаһыыларга булуллубут түҥ былыргы симэхтэри, үрүҥ көмүстэн киэргэллэри, биилээх оҥоһуктары, кылынан-сиэлинэн паннолары кэрэхсиэххит.

Быыстапка сэтинньи 18 күнүттэн ахсынньы 11 күнүгэр диэри турар. Куоттарбакка көрөргүтүгэр ыҥырабын.

 

Добавить комментарий