Саха кыыһын аатын өрүү үрдэтэ сырыт! - Блоги Якутии

11 месяцев назад 5402

Саха кыыһын аатын өрүү үрдэтэ сырыт!

“Cахалар бары маннык үрдүк уҥуохтааххыт, өйдөөххүт уонна кыраһыабайгыт дуо?” – диэн ыйыталлара киниттэн Анапаҕа бииргэ үөрэнэр оҕолоро.

Оччоҕо Валя хайҕабыл аҥаардаах тыллартан долгуйан, истиҥник мичээрдиирэ, оттон биһиги ону истэн, норуотун туһунан атын дойдуга үтүө өйдөбүлү биэрэр балтыбытынан киэн туттарбыт.

Чахчыта да, Валентина Михайлова оҕо эрдэҕиттэн таһым уонна дьоһун киһи. Ол иһин Ставропольга буолбут “Мисс Студенчество России” күрэххэ биир бэйэм миэстэлэһиэ диэн бүк эрэллээҕим. Оннук да буолла – “Вице Мисс Студенчество России” уонна “Мисс Грация” ааттары сүктэ.

Кини билигин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет омук тылын салаатын I кууруһугар үөрэнэр. Оскуола эрдэҕиттэн уопсастыбанньык кыыс устудьуоннар түмсүүлэрин көхтөөх чилиэнэ.

Дьокуускай Мархатын 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын кыһыл көмүс мэтээллээх быйыл сайын бүтэрбитэ.

Дьиҥэр, байыаннай дьайыылар саҕаланыахтарын иннинэ кини Анапа үөрэнээччитэ этэ: дьиэ кэргэнинэн онно көһөн тиийэн олорбуттара. Онтон сэбилэниилээх күүстэр киирсиилэрин дуораана чугаһа бэрдиттэн куотунан, Мархаларыгар кэлэн кыстаабыттара. Ол эрээри өтөрүнэн  бүтүө суох дуу диэн, быйыл Михайловтар төттөрү соҕуруу иччитэх турбут дьиэлэригэр барбыттара, оттон оччугуй эрдэҕиттэн бэйэтин бэркэ дьаһанан көрүнэр (самостоятельнай) кыыс Валя Сахатын Сиригэр үөрэнэ хаалбыта.

Анапаҕа даҕаны кини туйгуннук үөрэнэн, кылааһыттан соҕотоҕун кыһыл аттестаттаах тохсуһу түмүктээбитэ. Аҕыйах сыл онно олороору, Хара муора кытылын оҕолоругар лиидэр буолбута.

Уһун дьылыгыр уҥуохтаах, номоҕон кэрэ сэбэрэлээх үҥкүүһүт кыыһы муода устуудьуйалара бэлиэтии көрөннөр, Москуба подиумнарын устун хаамтара кытта илдьэллэрэ.   Ол туһунан хаһан эрэ “Хатан” сурунаалга суруйарбар, “Тугу саамай ахтаҕын Сахаҥ Сириттэн?” – диэн ыйыппыппар, Валя: “Саха тыйаатырын иһинэн үлэлиир “Күн оҕолоро” куруһуокпун”, – диэбитэ.  Артыыс Ньургуйаана Шадрина салайбыт дьарыгар сылдьыбыта. Өссө “Саха” НКИХ оҕолорго биэриитин  ыытара.

Марха оскуолата кининэн киэн туттара саарбаҕа суох. Байыаннай балаһыанньанан төннөн кэлбитигэр, бары олус үөрбүттэрэ. Чуолаан кылааһын оҕолоро. Онно ансаамбылга үҥкүүлүүрэ, олимпиадаларга кыттара уонна туох баар уопсай үлэҕэ инники күөҥҥэ сылдьара.

“Итиччэ соҕуруу үөрэнэн баран, көмүс мэтээллээх бүтэрэн баран, киин кыһаларга тоҕо туттарсан көрбөтүҥ?” – диэн туоһуласпыппар, Валя: “Соҕуруу хайдаҕын билэбин, онно хас биирдии киһи бэйэтин бэйэтигэр бүгэн сылдьар курдук. Оттон Саха Сиригэр ыччат түмсүүлээх уонна сомоҕолоһуу тыына күүстээх. Манна устудьуон сылларым быдан сэргэхтик ааһыахтара диэн эрэнэбин” , – диэн хоруйдаабыта.

Ол эппитин курдук, устудьуоннуур сыллара чаҕылхайдык саҕаланан эрэллэр. Биһиги университеппыт, кырдьыга да, ыччаты киһи быһыытынан сайыннарыыгы туһуланан үлэлиирэ кэрэхсэбиллээх.

         Сахалар киһи хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин сэҥээрэр дьоммут. Валентина Михайлова Тааттаттан төрүттээх. Ийэтэ Мария Владимировна уустарынан аатырар Боппосовтар кыыстара, Уолбаҕа улааппыта. Ийэтинэн Хаҥалас Чкаловыттан тардыылаах. Кини аатынан соҕотох кыыһын Валентина диэн ааттаабыта. Бэйэтэ эмиэ уран тарбахтаах иистэнньэҥ, үөрэҕинэн учуутал идэлээх.

Аҕата Василий Романович Михайлов – Таатта Чычымаҕа. “Саха сатаабатаҕа суох” диэн кинини этиэххэ сөп. Анапаҕа тиийэн, аҕыйах сыл иһигэр соҕотоҕун үс дьиэни туппута омун буолбатах. Суохтан баары оҥорор эр бэрдэ тиэхиньикэҕэ да сыһыамах, спорка да ситиһиилээх. Үрдүк үөрэхтээх физкультурник, оскуолаҕа үлэлээбитэ.

Валентина бииргэ төрөөбүт төрдүөлэр. Бырааттара Богдан, Айхал уонна кырачаан балта, эдьиийдэригэр ыалдьа, Анапаттан Ставропольга кэлэн, нэдиэлэни быһа ыытыллыбыт куонкуруһу кэтээтилэр, көрдүлэр. Соҕуруу олорор дьоҥҥо кыыстара бүтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин аатын көмүскүү кэлэрэ, бука, өссө долгутуулаах буолуо.

Оттон Валентинаны “Вице Мисс Студенчество России” уонна “Мисс Грация” буолбутунан эҕэрдэлээн туран, саха кыыһын аатын бу курдук өрүү үрдэтэ сырыт диэн этэбит!

Сырдатта Анисия Иевлева

Добавить комментарий