1 год назад 542
Ойуунан олоҥхолообута
Ким да солооботох, тэпсибэтэх, хаампатах суолунан бастакы барар хаһан баҕарар уустук. Сыралааҕын-сылаалааҕын ааһан, Махатма Ганди эппитинии: «Сначала они тебя не замечают, потом смеются над тобой, затем борются с тобой. А потом ты побеждаешь».
Итинник эндирдээх суолу СӨ норуодунай худуоһунньуга Тимофей Андреевич Степанов ааспыта. Олоҥхону, ойууннааһыны, сиэри-туому улаханнык сэҥээрбэт кэмнэригэр кини, илиитин араарбакка, саха итэҕэлигэр, төрүт култууратыгар, үгэһигэр сиэрийэнэн хартыыналары суруйбута.
Сэбиэскэй кэмҥэ ону ылыммакка кириитикэлээбит да түгэннэрэ баара. Ол эрээри бу күн сиригэр бэйэтин аналын өйдөөбүт, ол ону толорорго соругу туруоруммут киһини ханнык да самнарар саҥа салыннарбат, туох да мэһэй харгыстаабат. Норуот сайдар кэскилин, инники төлкөтүн тас дьайыылартан тутулуга суох оннук көҥүл дьон эрэ түстүүллэр, укулаатын, тирэҕин, оҥкулун оҥорон биэрэллэр…
Бастакы
Олоҥхо күнүнэн өрөспүүбүлүкэбитигэр араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Дьэ, оруобуна бу бэлиэ кэмҥэ олоҥхобутун ойуунан дьүһүйбүт норуодунай худуоһунньукпут, ССРС худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Сибииргэ уонна Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ анал үөрэхтээх бастакы реставратор, 300-чэкэ хартыынаны чөлүгэр түһэрбит, 200-чэкэ хартыынаны бэйэтэ уруһуйдаабыт чулуу киһибит Тимофей Степанов күн сирин көрбүт. Онон сэтинньи 22 күнүгэр, төрөөбүтэ 80 сылынан, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр үс төгүл үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Бастакы үөрүү – бибилэтиэкэҕэ галерея аһылынна. Маныаха бастакы экспонатынан Тимофей Степанов “Благословение” диэн алгыстаах хартыыната буолла. Кыһыл лиэнтэни быһар чиэс худуоһунньук төрөппүт кыыһыгар Айталина Белолюбскаяҕа уонна Национальнай бибилэтиэкэ дириэктэрин солбуйааччы Светлана Поповаҕа сүктэрилиннэ.
Иккис үөрүү – бибилэтиэкэ библиографияҕа киинэ “Степанов Тимофей Андреевич, народный художник Республики Саха (Якутия), член Союза художников России” диэн библиографическай ыйынньыгы бэлэмнээн таһаарда. Манна худуоһунньук аатын кытта ситимнээх туох баар матырыйаал барыта түмүллэн киирдэ. Ол туһунан бу киин сэбиэдиссэйэ Лидия Федорова сиһилии кэпсээтэ.
Үһүс үөрүү – Тимофей Степанов туһунан “Уҥуор көстөр суһумнуур сулуһум” диэн ахтыы кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
– Аҕабыт бу күн сириттэн күрэммитэ 18 сыл буолбутун кэннэ биирдэ бу ахтыылар хомуурунньуга таҕыста. “Сайдам” издательствоҕа 300 эксэмпилээринэн бэчээттэннэ. Дириэктэр Марфа Петровна Лыткинаҕа, хомуйан оҥорбут Феврония Николаевна Егороваҕа уонна эрэдээктэр Гаврил Петрович Стручковка олус махтанабын, – Айталина Тимофеевна үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттарга, кинигэлэри автографтаан, босхо түҥэттэ.
Бастакы экспонат, бастакы ыйынньык уонна ахтыы бастакы кинигэтэ тахсыбытынан “Бастакы ньургуhун” диэн дьүрүскэни музыкальнай кэллиэс устудьуоннара Ольга Саввинова, Виктория Алексеева уһуйааччылара Инга Геннадьевна Карымовалыын доҕуһуоллаан иһитиннэрдилэр.
РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев аман тылынан алҕаата.
СӨ норуодунай артыыһа Григорий Петров “Киһиэхэ төрөөбүт сирэ, дойдута” ырыаны истиҥ иэйиилээхтик толорон долгутта.
Култуура кэллиэһин бастакы кууруһун устудьуона Камилла Васильева хомус тардан дьүрүһүттэ.
Ахтылҕан…
Тимофей Степанов 1943 сыллаахха Сунтаар улууһун Күндэйэтигэр күн сирин көрбүтэ. Онон Сунтаар улууһуттан баһылык солбуйааччыта Гаврил Еремеев, оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Дария Кривошапкина кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
Кинилэргэ туһаайан, историческай наука кандидата Пантелеймон Петров Сунтаар сэлиэнньэтин биир эмэ уулуссатыгар Тимофей Степанов аатын иҥэрэргэ тыл көтөхтө.
Оттон Хотугулуу-Илиҥҥи университет доцена, устуоруйа билимин хандьыдаата Светлана Петрова худуоһунньук үлэлэрэ саха норуотун култуурунай кода буолалларын ыйан туран, сөптөөхтүк харайыы боппуруоһун бырабыыталыстыба болҕомтоҕо ылыан наадатын эттэ:
“Хартыына киһи буолбатах, бэйэтин харыстаммат. Сорох уруһуйдара усулуобуйата суох сиргэ тураллар. Холобура, Чап уустарын түмэлигэр. Олор 30 сылынан хайдах буолаллар? Ким ону реставрациялыыр?”.
Олоҥхо тиэмэтигэр үгүстүк алтыспыт биир дойдулааҕа, эпосовед, бэрэпиэссэр Василий Илларионов худуоһунньук огдообото Нина Егоровна Санниковаҕа улаханнык махтанна, саха дьахталларыгар холобур буолар кэргэн буоларын бэлиэтээтэ.
– Тимофей олох ырааҕынан эҥсэн толкуйдуу сылдьар киһи буолан, күннээҕи олохтон тэйиччи соҕуһа, этэргэ дылы, таҥаһын да көрүммэтэ. 42 сааһыгар диэри оннук сулумах сылдьыбыта. Нина Егоровна тулаайах киһини көрөн-истэн, алмаас гына күлүмүрдэппитэ. Тимофей ийэтэ кини биирдээҕэр тыына быстыбыт, аҕата элбэх оҕону соҕотоҕун сатаан көрбөт буолан, Тимофейы дьааһылаҕа, онтон устунан оҕо дьиэтигэр ииттэрэ биэрэр. Онон ийэ тапталын билбэккэ улааппыт киһи Нинатын таптаан “маама” диэн ааттыыра. Тимофей оскуола кэннитэн “Элгээйи” сопхуоска 3 сыл ыанньыксыттаан, харчытын сыттыгар уган мунньан, талаанын сайыннараары, Дьокуускайга художественнай училищеҕа туттарсан киирэр. Онтон аармыйаҕа ытык иэһин төлөөн баран, Ленинградка живопись, скульптура уонна архитектура Репин аатынан үнүстүүтүгэр үрдэтинэр. Кини элбэҕи ааҕара. Айыылар, абааһылар тустарынан уһун күнү быһа кэпсэтэрбит. Ол көрүүлэрин кыраасканан дьүһүйэн, хартыыналарын олоҥхолоторо.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатыгар уһуннук үлэлээбит экэнэмиичэскэй наука дуоктара Александр Пахомов:
– Олоҥхобутун 2006 сыллаахха ЮНЕСКО киһи аймах өйүнэн уонна тылынан айбыт чулуу айымньытынан ааттаабыта. Ону бигэргэтэргэ Тимофей Степанов репродукцияларын илдьэн көрдөрбүттэрэ. Олоҥхо туһунан өйдөбүлү ол уруһуйдартан толору ылбыттара мэлдьэх буолбатах.
Тимофей Степанов олус сэмэйэ. Мин күтүөппүнээн, аатырбыт иллюзионист Федор Колосовтыын доҕордоһоро. Биирдэ үһүөн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сототун диэки балыктыы барбыппыт. Онно Тимофейбыт булка-алка улаханнык наадыйбакка, үс күн устата айылҕаны уруһуйдаан тахсыбыта. Айдарыылаах киһи айылҕаттан дьоҕуругар оннук бэриниилээх буолар эбит.
Наука уонна орто анал үөрэх миниистиринэн үлэлиир кэммэр кэргэнэ Нина Егоровна кэлэн, Тимофей Андреевич хаарыан үлэлэрэ таас дьиэҕэ сатаан үчүгэйдик хараллыбакка, буорту буолаары гыммыттарын кэпсээбитэ. Онон мусуой дьиэтин тутуутун ыытан, онно министиэристибэбиттэн 2 штаты көрөн, хамнастаах үлэһиттээх тэрилтэ буола сылдьыбыта. Тыа сириттэн орто анал идэлэргэ уһуйулла кэлбит оҕолору булгуччу ити түмэлгэ сырытыннарарбыт, саха ураты култууратын Т.А. Степанов уруһуйдарын нөҥүө билсиһэллэрэ.
Кэлин кини библия кэпсээннэринэн, христианскай итэҕэл тиэмэтигэр бүтүн цикл хартыыналары ойуулаабыта. Ону көрдөрөөрү, Владыка Зосиманы мусуойугар илдьэ бара сылдьыбытым. Олус сэҥээрбитэ, чугастык ылыммыта.
Суруналыыс, суруйааччы Иван Николаев-Уххан:
-Мин “Саха сахатынан кэрэ” диэн этиибин 1992 с. “Сахаада” хаһыакка Тимофей Степанов туһунан суруйуубар аан бастаан туттубутум. Кинилиин уруһуй диэн тугун ырытартан саҕалаан, элбэҕи анааран кэпсэтэрбит. 90-с сылларга саха өйүн түмэр “Алтан сэргэ” диэн түмсүүнү тэрийэ сылдьыбыппыт. Онно Тимофей кэлэн, санаатын үллэстэрэ. Саха итэҕэлигэр, култууратыгар, олоҥхотугар таһыччы билиилээҕэ. Тоҕо диэтэххэ, кини онон олороро. “Мүлдьү Бөҕө” олоҥхону оскуолаҕа киириэн иннинэ аахпыт этэ. Оттон туох баар түҥ былыргы өйдөбүллэрбит барыта олоҥхоҕо бааллар эбээт. Ол кини айар үлэтигэр сүрүн суолталаах буолбута.
Зинаида Иванова-Унарова, РФ уонна СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, бэрэпиэссэр:
– Бу билигин бары хайҕыыбыт. Оттон мин 1986 сыллаахха иккис быыстапкатын кэнниттэн санаа атастаһыытыгар сылдьыбытым. Ол түүн үксүбүт да утуйбатах этибит. Сорохтор аһара быһыта-орута саҥардыбыт быһыылаах диэн суобаһарҕаан. Сорохтор бу киһи салгыы хайдах буоларыттан долгуйан. Уруһуй сокуонун кэстэ диэн кириитикэлээбиттэрэ. Онуоха Суорун Омоллоон күүскэ киирсибитэ. Халыыптан тахсар туох куһаҕаннааҕын, саҥалыы тэринэр уолдьаспытын эппитэ. Тимофей олоҥхонон улааппыт буолан, итэҕэл, сиэр-туом кини ис кутугар баара: сүрэҕэр, дууһатыгар, өйүгэр-санаатыгар. Ол иһин ити тиэмэлэргэ хартыыналара дьиҥнээх курдуктар, чахчы бу олоххо маннык баар диэн өйдөбүлү үөскэтэллэр.
Ольга Скорикова, Саха Сирин худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ:
-Биһиги сойууспут Уһук Илиҥҥэ биир бөдөҥнөрө буолар. Күн бүгүн 129 чилиэннээхпит. Хас биирдиилэрэ ураты буочардаах, туспа кэпсэнэр устуоруйалаах. Тимофей Степанов бэйэтин кэмигэр ханна да хатыламмат тус суолун солообута кэрэхсэбиллээх. Мин живописец Афанасий Собакин кыыһа буоламмын, аҕа көлүөнэ худуоһунньуктары көрө, билэ улааппытым. Ол иһин Тимофей Степановы ырыталларын өйдүүбүн. Сүрүнэ, кини быыстапкатыгар дьон-сэргэ уруккуттан кэтэспитин, хаһан эрэ сүтэрбитин булбут курдук үөрбүтэ буолар.
Афанасий Романов, норуодунай худуоһунньук, скульптор, “СӨ худуоһунньуктарын айар сойууһа” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ:
-Тималыын мин 1975 сылтан билсэрим. Ленинградка үөрэнэр кэммититтэн. Туохха да кыһаммат холку баҕайы курдуга эрээри, былаана олус элбэҕэ. Арааһа, онтон 70 бырыһыанын эрэ толорбута буолуо. Мин билигин саҥа олоҥхоҕо ылсан үлэлээн эрэр эбит буоллахпына, Тима ону үйэ аҥаара анараа өттүгэр өйдөөн саҕалаабыта сөхтөрөр.
Надежда Толбонова, култуура үтүөлээх үлэһитэ:
-Тимофей Андреевич олоҥхоҕо хоһуйуллар эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотоҕун олоҕун айар үлэтигэр көрсөн ааспыта. Биир идэлээхтэрэ атарахсыппыт, туораппыт да кэмнэрэ баара. Бастакы быыстапкатын 40 сааһыгар тэрийбитэ, 50 сааһыгар диэри худуоһунньуктар сойуустарыгар чилиэн буолбакка сылдьыбыта. Ол эрээри кини аакка-суолга наадыйбата. Дьалкыйбат толору кымыстаах чороон курдук, духуобунай эйгэтинэн толорута.
Валентина Павлова, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ:
– 90-с сылларга бу бибилэтиэкэҕэ араас элбэх аһаҕас кэпсэтиилэр, ырытыылар буолаллара. Төрүт култуурабыт диэн тугуй? Сахалар итэҕэлбит? Ыһыаҕы ыһыы. Саха дьахтара хайдах буолуохтааҕый? Онно барытыгар Тимофей Андреевич көхтөөхтүк кыттара. Уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй олоххо оруола онон эмиэ улахана.
Ем. Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай түмэлтэн Людмила Подпругина, Р.П. Романов аатынан художественнай училищеттан Мария Федорова, “Репинканы” бүтэриэҕиттэн сааһын тухары үлэлээбит художественнай мусуойуттан Галина Неустроева кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
Национальнай художественнай мусуойга “Волшебный мир олонхо” диэн хартыыналарын,
оттон Национальнай бибилэтиэкэҕэ «Киҥкиниир киэҥ куйаар илдьитэ» диэн киниэхэ сыһыаннаах кинигэлэр, ыстатыйалар, сурунааллар быыстапкаларын тэрийдилэр.
Онон сылдьан көрүҥ, олоҥхо курдук дириҥ, киэҥ, муҥура көстүбэт бөлүһүөк-худуоһунньук баай нэһилиэстибэтиттэн таҥыллыбыт хартыыналарын билсиҥ.
Сырдатта Анисия Иевлева,
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинин уонна куйаар ситимин хаартыскалара.