11 месяцев назад 465
«Эргиччи эриэккэс» – эҥин эгэлгэ
Бүлүү Илбэҥэтигэр ахсынньы 15 күнүгэр Учуутал уонна уһуйааччы, итиэннэ нэһилиэкпитигэр Үйэтитии сыллара түмүктэнэн эрэллэринэн «Эргиччи эриэккэс» диэн бэрт сонун быыстапкалаах тэрээһин буолан ааста.
Учууталлар үлэлэрин таhынан сѳбүлүүр араас малларын, сылы сылынан мунньубут кэллиэксийэлэрин оскуола оҕолоругар уонна тѳрѳппүттэргэ аҕалан кѳрдѳрдүлэр.
Бу ураты дьарык быыстапкаҕа И.Н. Жиркова таас сувенирдарын, чуораанчыкатарын;
У.Н. Никифорова ньуоскаларын, брелоктарын, чуораанчыкатарын;
А.С. Винокурова статуэткаларын, гжель оҥоһуктарын;
Р.Р. Алексеева араас сылларга үѳрэнээччилэриттэн туппут аккырыыккаларын;
М.Е. Кириллина, С.Д. Оленова халаандаардарын;
С.Н. Николаева туос иһиттэрин кѳрѳн биһирээтибит.
Быыстапкаҕа нэһилиэк олохтоох коллекционера И.В. Филиппов олус сэдэх кинигэлэринэн, урукку учуобунньуктарынан, тэтэрээттэринэн, үѳрэх тээбириннэринэн, сиэпкэ укта сылдьар кыра халандаардарынан дьон болҕомтотун тарта, ССРС кэмин санатан ылларда
Бу тэрээһиҥҥэ алын кылаас учуутала Ирина Николаевна Жиркова оҕолору ааҕыыга угуйан ыҥырыы тэрийдэ.
Кинигэ – билии-кѳрүү бараммат, ѳй-санаа уостубат кылаата, үтүѳҕэ-кэрэҕэ үѳрэтээччи, киһи дууһатын байытааччы, санааны күүрдээччи-күүһүрдээччи, билии биэрээччи, үтүѳ санааны угааччы. Киһи аймах кѳлүѳнэттэн кѳлүѳнэҕэ, үйэттэн үйэҕэ муспут баай уопута, билбитэ-кѳрбүтэ барыта кинигэҕэ тиһиллэр. Ол иһин кинигэттэн ааспыт үйэлэри билэбит, кэлэр кэмнэри сабаҕалыыбыт. Хомойуох иһин, аныгы үйэҕэ оҕо кинигэни ааҕара биллэ аччаата диэн, бу тэрээһиҥҥэ анал литератураттан Никифоров Тимур( I кылаас), Васильев Саша (III кылаас), Алексеева Куннээйэ (VIII кылаас), Яковлева Рада (X кылаас) уонна алын кылаас учуутала Оленова Светалана Дмитриевна доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр.
Оҕолорго биир интэриэһинэй, туһалаах «Литературный батл» хамаанданан оонньууну нуучча тылын уонна литературатын учуутала Винокурова Алина Семеновна тэрийдэ. Манна ѳйтѳн хоһоон ааҕыытыгар, ѳс хоһооннорун, хартыынанан таайбараҥнары таайарга уо.д.а күрэхтэhэн, минньигэс кэмпиэттэринэн наҕараадаланнылар.
Түмүккэ кыттыбыт бары коллекционердарга махтанан, анал ааттаах сертификаттары туттардылар. Олус туһалаах, сонун күн ааспытыттан бары дуоhуйа астынныбыт.
Антонова Наташа, XI кылаас
«Кѳмүс бѳрүѳ» пост эдкора
Илбэҥэ, Бүлүү