Cахалыы сэһэргиибит
1 год назад
1373
Ил Дархан истипиэндьийэтин туоһу суругун туттулар
Олоҥхо күнүн көрсө, Ил Дархан Айсен Николаев олоҥхону толорооччуларга, оһуокай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар, норуот маастардарыгар анал истипиэндьийэтин туттарда.
Үгэс буолбут төрүт дьарыкпытын, култуурабытын илдьэ, сайыннара, тарҕата, уһуйа сылдьааччыларга Ил Дархан ис сүрэҕиттэн махтанна. Кини сайдыы балысханнык барар бу тэтимнээх кэмигэр, күннэтэ уларыйа турар аан дойдуга төрүт култуурабытыгар тирэниэхтээхпитин тоһоҕолоон эттэ. Ол иһин кэнники сылларга бу эйгэҕэ болҕомто уураллара өссө улааппытын бэлиэтээтэ. Ол курдук, Олоҥхо дьиэлэрин тэрийии, Олоҥхо ыһыаҕын сайын ахсын ыытыы, Оһуокай күнүн олохтооһун курдук дьоһуннаах дьаһаллар көдьүүстээх буолуохтарын бигэргэттэ.
Оннук көҕүлүүр дьаһаллартан биирдэстэрэ – Ил Дархан былырыын олохтообут истипиэндьийэтэ. Дьэ, быйыл биир сыл устата ый ахсын 30 тыһыынча солкуобай суумалаах биһирэм төлөбүрү кимнээх ылар чиэскэ тигистилэр?
ОҺУОКАЙ ЭТЭЭЧЧИЛЭР
ТИМИР УУСТАРА
НОРУОТ МААСТАРДАРА
ОЛОҤХОҺУТТАР
СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, олоҥхоһут, Ил Дархан стипендиата, ыччаты олоҥхоҕо уһуйар маастар, Олоҥхо тыйаатырын үлэһитэ Никандр Прокопьевич ТИМОФЕЕВка (Сунтаар) үйэ-саас бэриллэр истипиэндьийэни анаатылар.
Ытык киһибит харда тылыгар Сэмэн Данилов “Оҕо олоҥхото” диэн хоһоонун алгыс курдук ааҕан иһитиннэрдэ.